Главная / Кэпсээннэр / Аргыстаспыт
Добавить комментарий
(Хараҥа хос)
Михаил улахан совхоз кырыы отделениетын биригэдьиирэ. Былаан эккирэтиһиитэ, социалистическай куоталаһыы, түүннэри-күннэри үлэ. Михаил уонтан тахса биэрэстэлээх совхоз киинигэр мунньахха сылдьан баран ыкса киэһэ сыарҕалаах атынан дьиэлээн испит. Төһө да кыһын оройо буоллар бэрт ичигэс, ыйдаҥалаах киэһэ буолбут. Ол иһэн көрдөҕүнэ сыһыы саҕатыгар суол кытыытыгар тобугун ааһар уһун сонноох киһи турар эбит. «Бай, бачча киэһэ эмиэ киммит сатыылаан истэҕэй» — диэн санаан ылар. Бэдэр бэргэһэтин сирэйигэр саба түспүт кырыатын тэбэнэр. Суол кытыытыгар мааны баҕайы, түүлээххэ дэлби сууламмыт кулуһун курдук уһун уҥуохтаах дьахтар турарыгар тиийэн атын тохтотор. Дьахтар туох да саҥата суох сыарҕа кэннигэр олорор. Михаил дьахтары хараҕын кырыытынан одуулаһар. «Мааны да барахсан, эдэр оҕо эбит, кыраһыабай да көрүҥнээх, кимиэхэ баран истэҕэй? Таах тоҥо иһиэхтээҕэр кэпсэтэн көрбүт киһи» — дии санаан. — Тукаам, кимиэхэ баран иһэҕин? — Диэн ыйытар. Кыыс кыраһыабай сирэйин кистиирдии түҥнэри хайыһар. — Тукаам, ханнык ыалга түһэҕин? — Михаил лаппыйан ыйытар. Эппиэт суох. «Дьэ эмиэ кэлиэх сириттэн кэлбит. Бэйэҕин билинэр барахсан иһэҕин ээ» — диэн санаан ылар. Сөбүлээбэтэхтии көхсүн этиппэхтиир. Түргэн тэтиминэн сиэлэн иһэр атын быһа биэрэр. Иһийэн турар сис тыаны быһа түһэн киэҥ нэлэмэн алааска сыыйылыннаран киирэллэр. Ыаллар уоттара сандаара түһэллэр.
— Тукаам… — Михаил эргиллибитэ ханнык да кыыс олоро сылдьыбатаҕын курдук сыарҕата кураанах буолан соһутар. «Алааска киирэрбэр олорон испитэ ээ, ити икки ардыгар түргэнник сиэлэн иһэр аттан хайдах түһэн хаалыай? » — Диэн санаа охсуллар. Атын тохтотон кэннин хайыспыта киһи түһэн хааман иһэр сибикитэ биллибэт. Михаил коммунист киһи айыыны-абааһыны билиммэт да буоллар бэркэ дьиктиргиир, дьиибэргиир. Дэриэбинэҕэ киирэн иһэн били олордубут кыыһа суол кытыытынан сиртэн-буортан тэйбиттии бу хааман иһэрин ситэ баттаабыта Уйбаныаптар олбуордарын иһигэр киирэн хаалар. «Туох сатанатай доҕоор? Бу икки ардыгар хайдах кэлэ оҕустаҕай. Тугун дьиибэтэй? » — Диэн үгүһү толкуйдуу барбакка атын муоһатын күрүөҕэ иилэ быраҕаат олбуор иһигэр көтөн түһэр. Кыыһа күүлэ аанын аһан киирэн эрэрин көрөн, атаҕын тэбэммитэ буолаат, дьиэҕэ киирэр. Ыаллара киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары, остуол тарда сылдьаллар эбит.
— Їок, Михаил кэллэ. Чэ, хата кэлэн чэйдэс. Эбэҥ балыгын амсай — диэн дьиэ хаһаайына Бүөтүр үөрэ-көтө көрсөр.
— Баһыыбаларыҥ, субу мунньахтан кэллим — Михаил сылдьа үөрэммит ыалыгар сонун, бэргэһэтин устан ыйыыр. Остуолга кэлэн олорор. Сэмээр дьиэҕэ киирбит кыыһы кэтэһэр да дьиэлээхтэртэн ураты ким да көстүбэт. Бэркэ дьиктиргиир да, ыалыгар ону биллэрбэт. Ирэ-хоро аһаан бүтэн тахсаары туран ыалларыттан ыйытар: «Бу киэһэ ким да киирэ сылдьыбата дуо? » — Диир.
— Эн кэннэ ким да киирэ илик этэ. Ким кэлиэхтээх этэй? Хардары ыйытааччы буоллулар.
— Маста тиэйээр диэн мааҥыын Бааска трактористка путевка суруйбутум. Кэлэ сылдьыбатах эбит дии — диэн Михаил тахсан барда. «Хараҕым иирбит буоллаҕа» — диэн түмүк оҥостор. Сарсыарда хонтуоратыгар олордоҕуна уку-сакы туттан ыала Бүөтүр Уйбаныап киирэн остуол утары олоппоско олорор. Саҥата суох телеграмманы уунар. Михаил бүк тутуллубут телеграмманы ылан тэниччи тардан ааҕаат сүрэҕэ «мөҕүл» гынан ылар.
Уйбаныаптар соҕуруу Новосибирскай куоракка юридическай институкка үөрэнэр кыыстара Нина оһолго түбэһэн хомолтолоохтук өлбүтүн туһунан кэпсиир телеграмма буолан хаалар. Михаил бэҕэһээ киэһээҥҥи буолбут түбэлтэни санаан «дьик» гына түһэр. «Буолар да эбит. Былыргылар этэллэринии, киһи үөрүн кэритэ сылдьалларын кытта аргыстаспыт, кэпсэтэ сатаабыт эбиппин» — диэн салла санаан ылбыт. Ийэ айылҕа биллибэт дьикти, таайыллыбат, дакаастаммат түбэлтэтэ үтүмэн үгүс буоллаҕа…
Владимир Тарабукин.
(Хараҥа хос)
Михаил улахан совхоз кырыы отделениетын биригэдьиирэ. Былаан эккирэтиһиитэ, социалистическай куоталаһыы, түүннэри-күннэри үлэ. Михаил уонтан тахса биэрэстэлээх совхоз киинигэр мунньахха сылдьан баран ыкса киэһэ сыарҕалаах атынан дьиэлээн испит. Төһө да кыһын оройо буоллар бэрт ичигэс, ыйдаҥалаах киэһэ буолбут. Ол иһэн көрдөҕүнэ сыһыы саҕатыгар суол кытыытыгар тобугун ааһар уһун сонноох киһи турар эбит. «Бай, бачча киэһэ эмиэ киммит сатыылаан истэҕэй» — диэн санаан ылар. Бэдэр бэргэһэтин сирэйигэр саба түспүт кырыатын тэбэнэр. Суол кытыытыгар мааны баҕайы, түүлээххэ дэлби сууламмыт кулуһун курдук уһун уҥуохтаах дьахтар турарыгар тиийэн атын тохтотор. Дьахтар туох да саҥата суох сыарҕа кэннигэр олорор. Михаил дьахтары хараҕын кырыытынан одуулаһар. «Мааны да барахсан, эдэр оҕо эбит, кыраһыабай да көрүҥнээх, кимиэхэ баран истэҕэй? Таах тоҥо иһиэхтээҕэр кэпсэтэн көрбүт киһи» — дии санаан. — Тукаам, кимиэхэ баран иһэҕин? — Диэн ыйытар. Кыыс кыраһыабай сирэйин кистиирдии түҥнэри хайыһар.
— Тукаам, ханнык ыалга түһэҕин? — Михаил лаппыйан ыйытар. Эппиэт суох. «Дьэ эмиэ кэлиэх сириттэн кэлбит. Бэйэҕин билинэр барахсан иһэҕин ээ» — диэн санаан ылар. Сөбүлээбэтэхтии көхсүн этиппэхтиир. Түргэн тэтиминэн сиэлэн иһэр атын быһа биэрэр. Иһийэн турар сис тыаны быһа түһэн киэҥ нэлэмэн алааска сыыйылыннаран киирэллэр. Ыаллар уоттара сандаара түһэллэр.