Кэпсээ
Войти Регистрация

Кимиэхэ — сүтүк, кимиэхэ — манньа...

Главная / Кэпсээн арааһа / Кимиэхэ — сүтүк, кимиэхэ — манньа...

K
kyym.ru сайтан Айымньы
31.05.2021 16:43
Сааскы кустааһын болдьоҕо тиийэн кэллэ. Эр дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сиргэ-уокка тахсаары тиргиллэ сылдьаллар. Кыттыгастарын кытары ким тугу ылыахтааҕын чуолкайдаһаллар, сэптэрин-сэбиргэллэрин бэрийэллэр. Били «ас» даҕаны умнууга хаалбат. Мин, хоту биир саас буолбут түгэни санаан, сонньуйан ыллым.   Андылыыр күөлбүтүгэр мотуордаах оҥочонон эрэ тиийиллэр. Ол саас муус бөҕөтө халҕаһалыы анньыбыта. Ол иһин, оҥочобутун куттала суох сиргэ тардан баран, сыыр үрдүгэр чэйдии олордубут. Арай биир толору таһаҕастаах «Крымнаах» киһи, мотуорун өрө көтөхтөрөөрү бэнсииннээх икки кэниистирэни холбуу баайан, оҥочотун түннүгүн иннигэр уурунан баран, айаннаан ньирилэтэн ааста. Биһигини көрдө да, тохтообото. Уолаттар: «Бандераа!» — диэн хаһыыталастылар да, киһилэрэ кыһаммата. Кутаа таһыгар араас кэпсээн-ипсээн, күлүү-салыы, сезон аһыллыытын бэлиэтээһин ханна барыай. Ол курдук үөрэн-көтөн, астына дьээбэлэһэн, кэргэттэрбит астаабыт астарын аһаан баран, балааккаларбытыгар киирэн утуйдубут. Сарсыарда мутук тостор, муус кырылыыр тыаһыттан уһуктубуппут, Володябыт (били, ааспыт киһибит) арбы-сарбы буолан, саата да, үрүсээгэ да суох саллаҥнаан кэллэ. «Уолаттар, табыллыбатым, киэһэ хараҥаран хаалан, «Крыммын» чаалкалаан баран, хордоҕоско утуйа тахсыбытым, муус илдьэ барбыт. Эһиги көрбөтүгүт дуо?» — диэн ыйытта. «Сылайбыт» дьон ону көрүөхпүт дуо — мэлигир буоллаҕа дии. Ол да буоллар аһаан, сэргэхсийэн баран, көрдүү барарга быһаарынныбыт. Наар дьээбэтинэн баппат Упаа Баанньа: «Хамнаспыт — биир иһит испиир», — диэбитин киһитэ: «Булбуккутун барытын да ылыҥ», — диэн сөбүлэстэ. Уолаттар икки бөлөҕүнэн хайдан, биирэ салгыы үрэх үөһээ өттүн көрө, иккис  аллараа бардылар. Мин табаарыспыныын ас астыы хааллыбыт. Хата, өр буолбатылар, аллараа барбыт дьон «Крымы» состорбутунан бу тиийэн кэллилэр. Аптамаат саата тааһын уҥа өттүгэр хороччу турар, мала, эрэһиинэ тыыта барыта баар.  Володябыт үөһэ барсыбыт буолан, кинини кэтэһэ таарыйа, уолаттар «дьэҥдьиир» оҥордулар. Били «булбуккутун барытын да ылаарыҥ» диэн көҥүллээтэҕэ дии. Багааһынньыгын көрдүлэр, үрүсээгин хастылар, олбохтор анныларын чинчийдилэр, таҥаһын да бигээн көрдүлэр — тугу да булбатылар. Айаҕалыы сатаан, ботуруоннаах паачыкалары эмиэ туппахтаатылар. Мэлийии буолла. «Туга да суох сылдьар эбит эбэтэр хоммут сиригэр кистээбит», — дэһистилэр. Ол аамылана сырыттахтарына хаар түстэ, тымныйда. Бары балааккаларга тарҕастыбыт. Өр-өтөр буолбата — иккис бөлөхпүт тиийэн кэллэ. Володя оҥочотун ыраахтан билбит, үөрэн тииһэ килэбэчийэр. Кэлэн хас биирдии бэйэбитин кытары илии тутуһан баһыыбалаата. Упаа Баанньа  балааккатыттан орҕостон тахсан: «Хайа, били, манньаҥ?! Биһиги оҥочоҕун чүүччэйдибит да, тугу да булбатыбыт, албын киһи эбиккин», — диэн баран, өссө ону-маны кыһыылааҕы этэн эрдэҕинэ, киһитэ мүчүк гынаат, аллараа сүүрэн түстэ. Ол гынан оҥочотугар төҥкөҥнөөн эрэрэ да, түргэн бэйэлээхтик биир бытыылканы кылбаппытынан ойон кэллэ. «Чугас да сытары булбат эрэттэргит!» — диэн төттөрү баайсан, тыҥаары гыммыт балаһыанньаны сымнатта. Дьэ, эбэтээ, балысхан үөрүү буолла... Аһаан-сиэн аамылыктанан быһаарсыбыппыт, Володя оҥочотун паньыара муостатын анныгар кистиир сирдээх эбит. Оттон уолаттар оҥочону туора үрэхтэн, талахха чаалкатын быатыттан иилистэн турарын булбуттар эбит.   Николай ПЕТРОВ.
kyym.ru сайтан