Кэпсээ
Войти Регистрация

Отчуттар

Главная / Кэпсээн арааһа / Отчуттар

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.12.2019 16:55
Сай оройо ааһан, отчут-масчыт үлэтэ үгэннээн турар кэмэ. Сахабыт сирин кэмнэммэт киэҥ киэлитэ, налыы сыһыы алаастара, түбэ сирдэрэ, оннооҕор быттыкка, хоойго саспыт өтөх сирдэр, үрэх төрдүлэрэ урукку кэмҥэ отчутунан туолар эбит буоллахтарына, билигин – атын хартыына. Хото оттуурга табыгастаах көнө ньуурдаах алаастар хас да чааска араарыллан чааһынай киһи оттуурун кэтэспиттии налыйбыттар. Эрдэһит, кыахтаах, тиэхиньикэлээх өттө былыр үйэҕэ өлүүлээх сирин тараҕайдаан, күрүөтүн иһигэр сайын быйаҥын чөкөтө охсон хараммыта харахха быраҕыллар. Оттон кыаммат хаһан да хайаахтыай, сыр-мыр саҥа саҕалаан, отун туруоруо өссө да эрдэ курдук. Сорох сир олох да сэтиэнэҕинэн көрбүтэ быданнаабыт. Ол да гыннар, от үлэтэ барар, тыа дьоно буһа-хата үлэлиир. Ол аайы күнтэн күн сыһыы-толоон лөглөспүт чөмөх бугулларынан туолар. Ол курдук биир бөһүөлэк отчуттара, быйыл сирдэрин уу ылан, лаппа хойут, Ылдьыын таҥара кэннэ биирдэ, оттуу киирэргэ күһэлиннилэр. Куонаан Силэпсиэптээх бу бүгүн эрэ оҥостон-адьынан сыл аайы оттуур ходуһаларыгар ыалынан көһөн күккүрээн киирдилэр. Дьиэҕэ күүс үлэни кыайбат эбэлэрэ Даайа эрэ “сүөһүтүн көрө” диэн хаалла. Отчуттарбыт да диэн үксэ — оҕо-дьахтар. Куонаан кэннэ кэргэнэ Ыстапаанньыйа, саҥардыы хороччу улаатан эрэр уоллаах кыыһа уонна быраата Силип. Соруктара диэн — быйыл бу аҕыйах гаа сирдэриттэн икки орто оту ылыахтаахтар. Инньэ эрэ гыннахтарына, сыл тахсар чинчилээхтэр. Атын сирдэрэ хаһыс эмэ сылын уута түспэккэ, ото буомурбута ыраатта. Онон бука бары аҕаларыттан биир да салаа оту хаалларбат сорудахтаах сылдьаллар. Сиргэ киирбит сиэринэн маҥнай айах тутан сирдэрин аһаттылар, эбэлэрин да умнубатылар. Улахан отчуттар ходуһа үүнүүтүн көрө диэн хаамтылар. Таарыйа, сирдэрин кыраныыссатын көрдүлэр. Остуолбалара сыл аайы оннуттан сыҕарыйар идэлээҕин бэркэ билэллэр. Ыаллыы оттуур киһилэрэ буолуохсут, кыраны да барыһыран абыранаары, бэс ыйын саҥата остуолба сыҕарыта оонньуурун үгүс киһи билэр. Сырыы аайы ол айдаана, биэс бугул сыыһа баҕалаах буоллаҕа. Куонааннаах кыһыыта бэрт диэн, биэс бугул туһуттан этиһэри-эллэһэри абааһы көрдөллөр да, саҥата суох хаалбаттар. Былырыын оннооҕор охсуһа сыһан турардаахтар. Онтон өһүрэн, ыаллара Оппуонньа, оттоон бүтээт, ходуһа аанын аһан улахан эрэйгэ тэппиттээх. Хаарыан отторун былырыын сайылык сүөһүтэ киирэн тэпсэн ааспыт этэ. Куһаҕан киһи наар аанньа буоллаҕа. Быйыл ол хатыламматар ханнык. Сэрэйбит сэрэх, остуолбалара биэс миэтэрэ кэриҥэ сири иһирдьэ киирбит. Анараа күтүр өй аҥаардаах диэҕи эмиэ да байан-тайан олорор курдук уонна туга тиийбэккэ өрүскэлэһэрин оннооҕор бииргэ оттооччулара өйдөөбөттөр. Бу сырыыга ыаллара аах эрдэ киирбиттэр быһыылаах: барытын ыраастаан барбыттар. Билигин эбэ арыытыгар киирбиттэр. Кинилэр да буоллар тиэхиньикэлэрин арыыга көтүтэн киллэрбэтэхтэр, илиинэн оттоон ампаалыктана сылдьаллар. Түөһү ааһар гына үүммүт уу отун быыһыттан, били, остуолба көһөрөр Оппуонньа илэ бэйэтинэн багдаллан турар. Дьоҕойон, тобугар тиийэ сабдыйбыт илиитинэн тугу эрэ далбаатаан, дьонун хамаандалаан хаһыытыыр, тугу туойара ис хоһооно суох биир кэм
ордоотуур саҥа буолан иһиллэр. Киһилии киһи эбитэ буоллар, ыаллыы оттооччулара киирбиттэрин көрсө, кэпсэтэ кэлиэх эбит. Чэ, саатар эрэ, кэлбэтин. Куонааннаах Ыстапаанньыйа отторо үүнүүтүттэн астынан-дуоһуйан отууларыгар тиийдилэр. Сыр-мыр аһаат, эр дьон эти үөрэтэ таарыйа таас сирдэрин оҕустулар. Эрдэ бүтэн отууларыгар таҕыстылар. Анараа дьон да эт элэйиэр диэри үлэлиир санаата суох күн арҕаалыы да илигинэ өтөхтөрүн буллулар быһыылаах: Оппуонньа ордоотуура уурайан, алаас чыычааҕын ырыата, дьэ иһиллэр буолла. Биһиги дьоммут киэһээ астарын аһаат, түгэн көстүбүччэ эбэҕэ киирэн илим үттүлэр. Арыы отун тэпсэллэрин көрдөҕүнэ, били киһи сүгүн сырытыннарбата эрэбил. «Күөл – миэнэ» диэтэҕинэ да көҥүл. Ама дьон абааһыны кытта майаачылаһар санаалара суох. Инньэ гынан сыл аайы уоруйах кэриэтэ балыктыыллар. Куонааннаах илимнэрин үтэн, санааларын ситэн төннөллөрүн диэки алаас анараа баһыгар Оппуонньа күргүйэ доҕуһуоллаах ырыа-тойук саҕаланна. Дьоҕойон, саатар, ыллыыра кытта ыас аргыстаах буоллаҕа үһү. Били, саҥата суох бүгүрү үлэһит быраата Сиидэркэ эрэйдээҕи кэм да түүрэйдиир быһыылаах. Анарааҥҥыта төһө эмэ убайыттан үскэл киһи утары этэрэ суох буолан, наар суос бэринэр идэлээх. Инньэ гынан «биригээдэни» убай урааҥхай иилиир-саҕалыыр. Куонаан отчуттара өр буолбакка, тута утуйан буккураан хааллылар. Уу ньулдьаҕай оҕолор барахсаттар кыра айантан сылайдахтара. Чэ, бээ, үөрэнэн иһиэхтэрэ, кимнээҕэр туруу отчут буолан тахсыахтара. Куонаан арааһы эргитэ саныы-саныы утуйар уута уйгууран, хараҕын да симмэккэ балаакка оройун кыҥастаһа сытта. Сатахха, ыаллара охсуһан бардылар дуу, ый-хай бөҕөнү түһэрэн эрэллэр. Эмискэ саа эстэр тыаһа алаас үрдүнэн сатараата. Куонаан соһуйан олоро түспүтүн да билбэккэ хаалла. “Сатаналар туох буоллахтарай, аһаан-сиэн баран, эҥин дьүһүн буолуохтара” диэн, Куонаан, баҕарбатар да, балааккатыттан тахсан тула олоотоото. Арай эбэни кыйа биир багдаллыбыт киһи сүүрэн күлүгүлдьүйэн аҕай эрэр эбит. Тэлиэс-былаас дайбаахайданан, дьэ, сүүрэн быыппастыы. Арааһа, Оппуонньа илэ бэйэтэ быһыылаах. Сүүрээччи сол курдук сүүрбүтүн кубулуппакка иһэн, хомус диэки тиийээт, ханна эрэ ньимис гынан хаалла. Арааһа, андаатар уйатыгар түстэ ээ, ити диэки дьаама, оҥхой буолунай буолуохтаах. Чэ, сырыттаххыт ээ. Куонаан, сапсыйан кэбиһээт, балааккатыгар киирэн утуйан хаалла. Арай түүн үөһүн саҕана хайалара эрэ кэлэн балаакканы тарбыыр тыаһыттан уһукта биэрдэ. Тура тэбинэн таска тахсыбыта, Оппуонньа быраата Сиидэркэ орто холуочук кэлэн балаакка ааныгар турар эбит. Бэркэ ыгылыйбыт дьүһүннээх. Өссө ытаабыт дуу, хайа сах дуу — илийбит иэдэһигэр кир-хох сыстан, дьүһүн-бодо буолан турар. Куонаан туох буолбутун сураһан билбитэ, бу дьон убайыныын сатаспакка бурайсыбыттар. Тиһэҕэр убай быраатын сыспыт, онтон кыһыйан Сиидэркэ саатын харбаан ылбыт да, салгыны ытан хабылыннарбыт. Анарааҥҥыта өс киирбэх куттанан, куотан куйуһута турбут. Ол аньыыта онон, баччааҥҥа диэри суох үһү. Быраат ытыыр, убайын аһыйар, ууга түстэҕэ диир. Атын отчуттара, атахтарыгар уйуттар кыахтаахтара, айахтарын муҥунан «Оппуонньаа...» — дии-дии алааһы аймаан эрэллэрэ иһиллэр. Куонаан хайыай, Сиидэркэни сиэппитинэн күөлгэ
киирэн, эрэһиинэ тыыга олорон күөлү уһаты-туора сыыйаллар. Ол сылдьалларын тухары санааҕа-онооҕо баттаппыт Сиидэркэ муҥнаах ууну өҥөйө-өҥөйө «Оппоос, Оппоос», — диэн, субу ууга умса түһүөхтүү, мэктиэтигэр, салҕалас куолаһынан убайын ыҥырар. Ол аайы бу, оҕо курдук омуннаах дьону Куонаан ис-иһиттэн аһыныах санаата кытта кииртэлээн ылар. Сол курдук чаас кэриҥэ күөлү биир гына устан, көрдөөн да тугу да булбакка хайа-хайалара отууларыгар төннөллөр. Бу айдааҥҥа уһуктар диэни билбэккэ Куонаан дьоно утуйан буккуруу сыталлар. Куонаан утуйар уута бу быһылаантан олох да көтөн, тугу гыныан билиминэ кутаа оттон чэй өрдө, санааҕа ылларан табахтыы олордо. «Чахчы, киһи ууга түспүт буоллаҕына, бөһүөлэккэ киириэххэ наада. Оо, сордоох, итиччэ кылгас үйэлэниэх быатыгар, харамнаспыта буолуо дуо... Муҥнаах, оҕо-уруу диэни хаалларбакка бараахтаатаҕа...». Ити икки ардыгар Куонаан бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэнэн төбөтүн тоҥсунна. «Бу туох буоллум, аньыы, аны өлбүтэ-тыыннааҕа биллэ да илик киһини көмөн эрэбин дуу, сатана баар ини», — дии санаат, таах олоруохтааҕар мааҕын Оппуонньа сүүрбүт сирин хайан күөлү кыйа барда. Күөл кытыытынааҕы дулҕалаах сир сымнаҕас буоругар эттээх киһи атаралаабыт суола бу ырылыччы көстө сытар, ууга киирбит суола суох, хомуска тиийбэтэх. Бай, арай иннигэр хомус диэки Оппуонньа курдук киһи сиртэн быга сытар эбит! Оо, ол иһин даҕаны, түөһүн тылыгар диэри дьаамаҕа түспүт. Хайдах баппытай, арааһа, андаатар уйатыгар кыбыллан хаалбыт быһыылаах. Омуна суох биир былас холобурдаах илиитинэн оттон-мастан ыга тутуспут уонна оннук утуйан буккураан хаалбыт. «Ол аата мааҕын сүүрэн иһэн түспүт буоллаҕа дуу, таах да өр сыппыт эбит», — диэн, Сиидэркэ утуйа сытар киһини аһыммыттыы көрдө, аатынан ыҥыран уһугуннара сатаата. “Дьаамалаах” киһи Куонаан ыҥыран хаһыытыырыттан нэһиилэ хараҕын атытан тулатын олоотоото. Саҥа таһаарааччыны таба көрөн, кимин таайа сатыырдыы кыластаста, онтон эмискэ үлүгэр бүтэн хаалбыт куолаһынан: «Тугу көрөн тураҕын, ыл, ороо дуу, хайаа дуу...» — диэн кыыкынаата. Куонаан өр мадьыктаһан, ураҕастанан хайаан киһитин син олуйан-моһуйан таһаарда. Дьэ, дьүһүн-бодо, илийэрин ааһан бүтүннүү уу ньамаҕын бүрүммүт киһини арыаллаан дьонугар илтэ. Быраата Сиидэркэ убайын көрөн үөрүүтүттэн сүүрэн маадьаҥнаан кэлэн кууһаары гыммытын анарааҥҥыта «Чөт... бадарааҥҥа биһиллээри...» — диэн чугаһаппата. Оппуонньа киһи эрэ буоллар бу быһылааныттан сааппыттыы Куонаан хараҕын утары көрбөтө, махтаныан тыла да тахсыбата. Саҥата суох куруускаҕа кутан биэрбит үрүҥүн Куонаан аатыгар амсайдаҕа буолаат, бэйэтин дьонун диэки атыллаата. Сарсыныгар ыаллара дьон хомунан дьиэлээн эрэр тыастара иһилиннэ. Ааһан иһэн Сиидэркэ таарыйан ааста, аны икки хонон баран, отторун киирэн кэбиһэллэр үһү. Бөлүүн Оппуонньа ууга хонон сыыстарбыт, эбиитин дьонун ыҥыра сатаан күөмэйэ олох бүппүт үһү. Куонаан түүн утуйбатаҕа таайан отун кыайа туппата. “Чэ, бээ, сарсын” диэн эрдэ отуутун булла. Киэһэтин улахан уола от охсор сириттэн дьикти сонуннаах кэллэ: «Аҕаа, онно остуолбаны көһөрбүттэр... Турбут
сиригэр биэс бугулу аҕалан уурбуттар». Куонаан уолун тугу-тугу кэпсиирий диэн кыраныыссатын диэки хаамта. Тиийэн көрбүтэ, кырдьык, остуолбалара биэс миэтэрэ кэриҥэ сири тас өттүн диэки сыҕарыйбыт. Быһата, урукку олохтоох сирин булбут. Ыраас сиргэ биэс бугул лэчигирэһэн хантан эрэ көтөн түспүттэр. Наһыылка суолуттан көрдөххө, арыы диэкиттэн айаннаан кэлбиттэр. Куонаан, бэркиһээн, күлэн ылла. Кэм буолуо, дьикти киһи махтанара да дьикти буоллаҕа. Бу түбэлтэ кэнниттэн Куонааннаах сирдэриттэн санааларын хоту икки оту ылан кыстыыр отторун булбуттара. Тиһэх отторун Оппуонньа быраата Сиидэркэ кэлэн тыраахтарынан кэбиһэн биэрбитэ. Арааһа, ол убайын сорудаҕа быһыылааҕа. Куонаан тоҕо эрэ чэпчээбиттии өрө тыыммыта. Сөп ээ, этиһэн-эллэһэн бүттэхтэрэ. Чэ, бээ, эһиилгэ диэри хайдах буолар. “Айанньыт” остуолба олохтоохтук олордо эрэ, суох эрэ, сааһыары эмиэ атахтанар дуу. Уоскуйарга эрдэ... Н.Титова.
kyym.ru сайтан