Кэпсээ
Войти
Регистрация
Итэҕэстээх төрөөбүт буруйбар (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Итэҕэстээх төрөөбүт буруйбар (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.11.2023 11:00
«Мин айылҕаттан улахан итэҕэстээх төрөөбүтүм. Уҥуохпунан кыра буолан, Хаарылык Уйбаан диэн ааты адьас кыра эрдэхпинэ иҥэрбиттэрэ…» — диэн массыынабыт суоппара ис иһиттэн иччилээх курдук сөҥ куолаһынан кэпсээнин саҕалаабыта. Кини сырдык, лаппа кэтит соҕус саннылаах, ньыгыл былчыҥнаах, көстүүлээх соҕус кыра киһи этэ. Улуу Өлүөнэ эбэбитин паромунан туоруур уһун бириэмэбитин халтайга бараамаары, кини кэпсээнин истээри, төрдүөн Хаарылык Уйбааны өрө мыҥаан баран олордубут. «Мин хаарыаннаах оҕо сааһым детдуомҥа ааспыта. Ийэбин бүдүк-бадык өйдүүбүн. Айбыт аҕам туһунан тугу да билбэппин. Ийэм улахан истээх сылдьан миигин оҕо дьиэтигэр сиэтэн аҕалбыта. Ытыы-ытыы, миигин кууһан ылан баран: «Баһаалыста, куһаҕан ийэҕин бырастыы гын!» — диэбитэ уонна төннүбэттии ааны сабан тахсан барбыта. Ытаабыппын, хараастыбыппын өйдөөбөппүн. Баҕар миигин мантан ылыа диэн санаалар элэс гынан ааспыттара да, төһө да кэтэстэрбин, кэлбэтин билэр этим. Оҕо сааһым сүрүн остуоруйата манна саҕаламмыта. Улаатан истэҕим ахсын, бэлиэтиир буолбутум – мин саастыылаахтарым бары миигин уҥуохтарынан ситэн, өндөйөн испиттэрэ. Биирдэ, Анна Ивановна диэн баспытааталбыт миигин сиэтэн ылан баран, туспа хоско илдьэ барбыта уонна уоскутар куолаһынан оргууйдук: «Уйбаанчык, эн атыттартан ураты оҕо буолан эрэҕин. Уҥуоҕуҥ сатаан аны улааппат…» — диэн уһуннук-киэҥник быһаарбыта уонна миигин аһыммыттыы көрбүтэ. Мин улаханнык ытаабат оҕо этим, ол иһин барытын өйдөөбүтүм уонна буолуохтааҕын курдук ылыммытым. Хаһан эрэ син биир улаатыам диэн эрэнэр этим. Сыл-хонук аастар ааһан испитэ. Мин уон биэс сааспын туолуута, биһиэхэ биир бааһынайдыҥы сирэйдээх, намчы бэйэлээх уон түөрт саастаах кыыһы аҕалбыттара. Бары кинини сонурҕаан, хас хардыытын барытын кэтии-маныы сылдьыбыппыт. Сиһигэр дылы уһун суһуоҕун биир гына өрүнэрэ, онтуката долгун курдук хаамтаҕын ахсын долгулдьуйара билиҥҥээҥҥэ диэри харахпар баар. Улаатан эрэр оҕолор буоларбыт быһыытынан, үөрэҕи таһынан, субуоталарга үҥкүүнү-битиини тэрийэллэрэ, эҥин-араас ырыаһыттар кэлэн, ыллаан-туойан, сэргэхситэн ааһаллара. Мин оччолорго бэйэм саастыыта син элбэх доҕоттордооҕум, барыларын кытта тапсар этим. Ол гынан баран, биир үтүө күн Бааска диэн үчүгэй доҕорбун кытта хаһан да эйэлэспэттии кыыһырсыбытым. Кыргыттар күннэригэр аналлаах үҥкүү киэһэтэ буолбута. Мин баар-суох үчүгэй таҥаспын таҥнан, одьукулуонунан ыстарынан баран, сиэркилэ иннигэр бэйэбин көрүммүтүм. Улахан төбөбүн кытта санным, илиим-атаҕым бэйэ-бэйэлэригэр барсыспат буола уларыйбыттар. Сирэйим мыччыстыбыт курдук. Манна дьэ бэйэбин өйдөөн көрбүтүм доҕоор, мин барыларыттааҕар куһаҕан, мөкү дьүһүннээх эбиппин. Ол да буоллар, эр санаабын ылынан, бааһынай кыыспар сурук суруйарга сананным. Кумааҕылаах уруучука ылан баран, остуолга олорон суруйан эрдэхпинэ хоско Бааска киирэн кэллэ. — Уйбаанчык, хайа тугу суруйан эрэҕин? Мин соһуйан ойон турдум уонна саппыыскабын тэтэрээт анныгар кистии ууран кэбистим. Бааска күлүү гыммыттыы миигин ойутан туруоран баран, илииспин былдьаан ылла уонна доргуччу аахпытынан барда: «Лия! Мин эйиигин олус диэн сөбүлүү көрөбүн…» Мин ситэ аахтарбакка, кыбыстаммын, былдьыы сатаан ойуоккалаатым. Ол тухары Бааскам, күлэ-күлэ кумааҕыны
илиитигэр үөһэ тута сырытта. Мин кытара-кытара табаарыспыттан ааттаһан көрдүм, албыннаһа да сатаатым. «Пахай! Уйбаан! Маннык марба буолан баран, хайдах маннык кэрэ кыыска сурук суруйаҕын?» — диэн Бааска күлэ-күлэ хоһу тула сүүрэкэлээтэ. Мин да киһи буолбатах үһүбүн дуо? Түмүгэр кэлэн, тулуйа сатаан баран, кыйаханным, кыыһырдым уонна ойон кэлэн бараммын сутурукпунан быарга биэрдим. Киһим ыарыытыттан олоро түстэ, онтон мин илииспин төттөрү былдьаан ылан баран, көрүдүөргэ куотан таҕыстым. Кэннибиттэн уолум сүүрэн таҕыста уонна миигин эккирэппитинэн барда. Кыра киһи бытааным бэрт буолан дуу, хайдах дуу, Бааска ситэ баттаан ылан, биирдэ сирэйгэ сырбатан баран, илииспин былдьаата уонна иккиһин саайаары сутуругунан киирэн эрдэҕинэ ойоҕоспутугар хатан часкыыр иһилиннэ. — Уолаттар!!! Бүтүҥ! Иккиэн эргиллэ түспүппүт, кыраһаабыссабыт Лия бэйэтэ-бэйэтинэн турар эбит. Уолуйбут сирэйин-хараҕын көрөн, киһи эрэ буоллар, иккиэн тохтоон сирэйбитин умса туттуннубут. Мин кыбыстыаҕынан-кыбыстан баран, тугу саҥарарбын, туох диэн быһаарарбын билбэккэ тылбын ыйыстан турдум. Бэл диэтэр, уолуйа долгуйбуппуттан, көлөһүнүм көхсүм устун сарт гына саккыраата. Бу кэмҥэ, Лия хатан часкыырын истэннэр оҕолор бары сүүрэн кэллилэр уонна биһигини халыҥ хахха буолан бүрүйэ түстүлэр. Бааска, аттыгар доҕотторо баардарынан туһанан, эр санаата киирдэ быһыылаах уонна Лияны утары көрдө уонна: «Лия, бу киһи эйиэхэ суруйбут», — диэтэ уонна сурукпун киниэхэ туттаран кэбистэ. Мин ону көрөн баран, сирэйим итийэ түстэ уонна кыбыстан-саатан, оҕолору үтэйтээн, кирилиэһинэн аллараа сүүрэн, таһырдьа ыстанным. Сөрүүн сааскы салгыҥҥа тоҥон, төттөрү-таары хаамыталыы сырыттахпына, Лия иһирдьэттэн тахсан кэллэ. Мин киниттэн куотардыы төттөрү киирээри гыммыппар, кыыһым иннибэр утары турунан кэбистэ. Бу кэмҥэ саҥабыттан матан, чуумпуран хааллым. Оттон Лия иннибэр суругу кумалаан бырахта уонна: «Уйбаанчык! Суруккун аахтым… Баһаалыста бырастыы гын! Мин эн курдуктары кытта сатаан доҕордоспоппун», — диэтэ уонна дьиэҕэ дьылыс гынан хаалла. Мин тымныы уунан саба ыстарбыттыы сананным. Доҕотторум иһирдьэ үнкүүгэ киллэрбиттэрин кэннэ даҕаны, дөйөн хаалбыт курдук буолан сырыттым. Оҕолор бары үнкүүлээн өрө тэбэллэр, дьолломмуттар аҕай. Мин үөрэ сатаабытым да иһин, хайдах эрэ, кулгаахпар Лия «эн курдуктары кытта доҕордоспоппун» диэбит тыллара хатыланан, иһиллэ тураллар. Түмүгэр, оҕолортон барыларыттан күрэнэн, хоспор сүүрэн тиийдим, ороммор сыттым уонна хаһан да ытаабатахпын ытаан, хараҕым уутунан сууннум. Кырдьык, мин курдук мөкүлэри, кыра уҥуохтаах хаарылыктары кытта уһун көнө уҥуохтаах кыраһаабыссалар хаһан доҕордоһуохтарай? Ити күнтэн ылата, мин Бааскалыын кэпсэппэт буолбутум, дьонтон-сэргэттэн туора туттарым, кыргыттары утары көрбөтүм. Доҕотторум көмөтүнэн киһи буолан сылдьыбытым, хаста да бэйэбэр тиийиниэх санаалар үөскүү сылдьыбыттара. Оннук сылдьан, оскуолабын ортотук үөрэнэн бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн киирдим. Үөрэнэр сылларбар, эмиэ биир кэрэ кыыһы таптаан сордоннум. Кини миигин син-биир көрбөт диэн улаханнык аахыйбакка, оттон-мастан тардыһан үөрэнэ сырыттым. Ол быыһыгар үлэлээн-хамнаан, сорох күн стадиоҥҥа сүүрэн, тренажернайга сылдьан аралдьыйар идэлэнним. Биирдэ, үөрэнэн бүтэн баран,
тохтобул сиргэ тиийбиппэр, били таптыы көрөр кыыһым оптуобус кэтэһэ турар эбит. Мин долгуйбут санаабар, атын сири одуулаан, ыксыыр киһи курдук туттан-хаптан суол түгэҕин өҥөйтөлөөтүм. Ол турдахпына, ойоҕоспор синньигэс нарын куолас иһилиннэ. — Дорообо Ваня! Көрбүтүм, били бииргэ кэтэхтэн үөрэнэр кэрэ кыыһым аттыбар кэлэн мин диэки хара харахтарын туһаайан турар эбит. Миэхэ этэрин итэҕэйбэккэ, дьиктиргээн туох диэн хардарарбын билбэккэ: «Эн миигин этэҕин дуо?» — диэтим. — Эйиигин. Миигин билбэтиҥ дуо? Лирабын дии. Бииргэ үөрэнэр киһигин хайдах билбэтэҕэ буолаҕын? — Аа…мм… туман бөҕөтө… билбэтим…дорообо! — Хасыһы кэтэһэҕин? — Ээ… уон төрдүһү. Оттон эн? — Тыый, мин эмиэ ону кэтэһэ турабын. Мин долгуйбуппун биллэрбэккэ гына сатааммын, син кэпсэттим. Оптуобуска киирэн да баран, хайдах эрэ, уопсай тыл булан, кэпсэтиһэн бардыбыт. Кыыһым наһаа эйэҕэстик мичээрдиирэ, чараас чараастык күлэн саһыгырыыра. Хата, уҥуоҕунан, наһаа уһун буолбатах этэ. Миэхэ син барсыан сөбүн курдуга. Ол күн дьиэбэр тиийэн, бэйэбин сиэркилэҕэ дьэ өйдөөн көрбүтүм – хайдах эрэ тупсубут курдукпун. Санным, илиим былчыҥа үллэн, моонньум соноон, бухатыыр моһуонугар майгынныыр быһыыламмыппын. Оннооҕор, уҥуоҕум син улааппыт курдук буолбут. Ити кэннэ, тулалыыр эйгэбин сыныйа одуулуурбунан, мин дьонтон улахан итэҕэһэ суох буолан хаалбыппын, үрдүкпүнэн син кыра уҥуохтаахтары кытта тэҥнэспиппин. Ама, маннык буолуон син дуо диэн, интернети, кинигэни хасыһан аахпытым, кырдьык, хаарылык дьон биирдэ эмит ортоһуор кыра уҥуохтаах дьон саҕа буолуохтарын син диэни булан ыллым. Оо, мин онно төһөлөөх үөрэн, ытыы сыһан, дьылҕабар махтанным буолла? Сотору кэминэн, Лираны кытта ыкса доҕордуу буолан, арахсыспаттыы холбоспуппут. Ыал буолан, бур-бур буруо таһаарынан, икки оҕолонон, улуус киинигэр ньир-бааччы олоробут. Лирам дьыссаакка баспытааталлыыр, оттон мин оскуолаҕа үөрэхпинэн физкультура учууталабын. Бу билигин уоппускам кэмигэр таксилаабыта буолабын. Билигин дьоллооҕунан ааҕынабын эрээри, итэҕэстээх төрөөбүт буруйбар, чугас аймах дьон тиийбэтэ олохпор ыарахаттары үөскэтэр. Эрдэ улахан итэҕэспинэн кыра уҥуохпун ааҕар этим. Онтон билигин орто дойдуга олорор олоҕум өссө кэрэ буолуоҕун амарах аҕа, эйэҕэс ийэ, мааны балыс-быраат, убай-эдьиий истиҥ сыһыаннара тиийбэт. Дьылҕа ити курдук ыйаахтаах буоллаҕа, хайыахпыный?» — диэн, Хаарылык Уйбаан кэпсээнин түмүктээбит киһилии, чугаһаабыт кытылы одуулуу олордо. Сиэбиттэн суотабайын хостоон кимиэхэ эрэ эрийдэ. — Алуо, Лирочка, бу куоракка киирэн эрэбит. Тоҕо эрийдим даа? Кэрэ куоласкын истээри… Чэ, минньигэстик аһааҥ-сиэҥ! Чыычаахтары мин ааппыттан сыллаан ыл! Чэ, таптыыбын, сыллыыбын…ахтан аҥарым эрэ хаалла… Уйбаан төлөпүөнүн уурда, өрө тыынна уонна массыынатын собуоттаата. Үгүс массыыналары кытта үтүрүһэн Туймаада хочотун кытылыгар киирдибит. 2013с.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан