Кэпсээ
Войти
Регистрация
Боломуочунай
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Боломуочунай
K
edersaas.ru
Категорията суох
26.04.2018 18:55
Ааспыт үйэ иккис аҥаарын саҥатыгар 1955 с. Хаҥалас улууһун 2 Малдьаҕар (Бөртө) нэһилиэгин оччотооҕуга (Орджоникидзевскай оройуон), Булгаанин холкуоһун бэрэссэдээтэлинэн олорбут Гавриил Петрович Васильев оннугар райкомнар Аҕа дойду сэриитин кыттылааҕа, икки уордьаннаах, Мэҥэ киһитин Сомсуон Яковлевич Зыковы ыыталлар. edersaas.ru Ол кэмҥэ олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн 2 Дьөппөн киһитэ Гавриил Егорович Фёдоров—Хасхатар Хабырыыс диэн киһи үлэлии олорбут. Сомсуон Яковлевич кэллэ кэлээт, нэһилиэк хаһаайстыбатын кытары билсиһэр, итэҕэһи-быһаҕаһы көрөр-истэр уонна мунньахха олохтоохтору кытары үлэни-хамнаһы, нэһилиэк кэскилин туһунан бэрт истинник кэпсэтэн, элбэх боппуруоһу быһаарсан, ол киэһээ хойутаан тарҕаһаллар. Ити кэмтэн ылата олохтоох актыбыыстары уонна оччотооҕу нэһилиэк салайааччыларын бэйэтин тула түмэ тардан күүскэ үлэлээн-хамсаан барар. Туруоруллубут соругу, сүрүннүүр үлэни сөптөөхтүк былаанныыр уонна ону толорууну тэрийэр дьоҕурдаах киһини бэлиэтии көрөн, оскуола дириэктэрин, Маалтааныттан төрүттээх Ольга Васильевна Яковлеваны олохтоох ыччаты кытары үлэлииригэр соруйар. Ольга Васильевна ол күнтэн ыла бэйэтин тустаах үлэтин таһынан ыччаты уус-уран самодеятельность тула түмэ тардан үлэтин саҕалаабыта. Кини көмөлөһөөччүлэринэн нуучча кыыһа Евгения Александровна Маслова олохтоох оскуолаҕа учуталынан үлэлиирэ уонна Тиит Арыыттан сылдьар Исакова диэн кыыс баара. Оччотооҕу кэмҥэ холкуос сүөһүтэ арыыга Баҕадьа, Пятилетка, Сыһыы, Харыйа сирдэринэн 4 пиэримэнэн турара. Онон, элбэх үлэһит, ыччат, оҕо онно ыалынан кыстыыллара. Сомсуон Яковлевич эдэр ыччат хойутаабакка репетицияланалларыгар , арыыттан Улахан-Ааҥҥа тахсалларыгар-киирэллэригэр уонна ыаллыы сытар нэһилиэктэргэ баран кэнсиэрдээн кэлэллэригэр диэн иккилии көлүүр аты анаан, хас пиэримэ аайы аттары аһатан туруоттарара, ол аата аҕыс ат көрүллэрэ. Ыччаттар куоталаһа-куоталаһа аттарын симээн, дуҕаларын араастаан кырааскалаан, онно чуораан иилэн, бэрт көхтөөхтүк ырыа-тойук аргыстаах, хойутааһына суох киэһээ 8 чааска урукку эргэ оскуолаҕа мусталлара. Ким хойутаабыт оччотооҕу ирдэбил быһыытынан мөҕүллэрэ, миэрэҕэ да тардыллыан сөптөөҕө. Оҕуруот аһын олордуутугар, көрүтүүгэр-истиитигэр Яков Ким уонна Василий диэн кэриэйдэр баалларын анаталыыр. Кинилэргэ үөрэнээччилэринэн Сөдөөт Львовы, Михаил Гурьевы—Маргыар Мэхээскэни уонна кини уолун Николайы-Моротто Ньукуусканы сыһыартыыр. Ол сылтан ылата оҕуруот аһын – хортуоппуйу, моркуобу, сүбүөкүлэни, хаппыыстаны уонна атын да араас үүнээйини хото үүннэрэннэр, сүөһү сиригэр диэн түрүнүөппүһү өлгөмнүк ыланнар, уопсай ыам сүөһүтүн үүтэ көрдөрүүтэ биллэрдии үрдээбитэ. Ол курдук, биирдии ынах сылга 900 киилэ үүтү биэрэрин ситиспиттэрэ. 1956 сыллааҕы биир ынах ыамын көрдөрүүтүнэн 900 киилэ үүтү ыан, Мария Павловна Решетникова оройуон киинигэр Покровскайга быыстапкаҕа ыытыллыбыта. Онно ырбааҕы таҥаһынан наҕараадалаабыттарыгар наһаа үөрбүтүн туһунан кэпсиирэ. Сомсуон Яковлевич үлэлиир кэмигэр холкуос көрдөрүтэ бары өттүнэн үрдээбитэ, онон үлэһит дьон сыллааҕы доҕуоттарын ылаллара даҕаны ботуччу буолбута. Самодеятельность кыттыылаахтара оройуон үрдүнэн биллэн барбыттара, ол сиэринэн өрөспүүблүкэҕэ лауреат, дипломан аатын да ылары эрэллээхтик ситиспиттэр. Онтон 1948-1956 сылларга Варвара Михайловна Афанасьева— Мэҥнээх Балбаара оннооҕор Москубаҕа баран, Сийиэс дыбарыаһыгар сойуус талааннаахтарын бэстибээлигэр кыттан, “Туйаарыма Куо” ырыатын ыллаан улахан ситиһиилэнэн турардаах. Г.П. Васильев уонна С.Я.
Зыков бэрэссэдээтэллээн олороннор, нэһилиэккэ элбэх тиэхиньикэни ылары ситиспиттэрэ. Хаһан баҕарар икки атахтаах олоҕор уонна уопсастыбаҕа даҕаны кими эрэ ордугурҕааһын, бэрт былдьаһыы диэн баар суол. Хайаларын эрэ үҥсүүтүнэн 1956 сыл күһүнүгэр балаҕан ыйын иккис аҥаарыгар биир үтүө күн райкомтан соһуччу бэрэссэдээтэл үлэтин-хамнаһын, сыыппаралар көрдөрүүлэрин уонна холкуос хаһаайстыбатын ис-тас туругун бэрэбиэркэлии Сибиряков диэн боломуочунайы ыыппыттара кэлэр. Ол саҕана нэһилиэк хонтуората илин хайаҕа урукку почта дьиэтигэр баара. Сомсуон Яковлевич бэрэбиэсчитин Енохов Илья Егорович – Оҕутуоппуй Ылдьааны ыҥыттаран ылар. Ылдьаа ыарыһах киһи. Ол гынан баран, биир тыллаах, чаһыы курдук толоругас, баатынан өрүскэ сылдьарга киниттэн ордук киһи суоҕун тэҥэ үһү. Бэрэссэдээтэл киһитэ кэлбитигэр: “Дьэ, Ылдьаа, боломуочунай кэллэ, үлэбитин бэрэбиэккэлии, кинини арыыга киллэрэн ыскылааттары, пиэримэлэри уонна тугу көрүөн баҕарарын барытын көрдөрөөр, кладовщикка уонна пиэрмэлэр сэбиэдиссэйдэригэр тиксэрээр. Бүттэххитинэ, сарсын тахсаргыт буолуо. Ылдьаа, мин аллараа киирдим, халлаан тыалыран эрэр”, – диэн баран тахсан баран хаалар. Киһилэрин кэтэһэ сатаан бараннар боломуочунай ыксыыр. Онон, Сомсуон Яковлевич киһитин илдьэ аллараа кытылга түһэллэр. Ылдьаалара онно олорор эбит. “Хайа тоҕо тахсан эппэтин?” – диэбиттэригэр киһилэрэ: “Халлаан тыалыран эрэр, эбиэттэн киэһээ киирбэппит дуо?” диэбитин Сибиряков киирэргэ эппит. “Дьэ, буоллун даҕаны!”, – диэн ботугураан баран, Ылдьаа баатын ууга анньар, бэрэссэдээтэл дьонун кытылга алгыы хаалар. Бааттаахтарбыт ойооско дылы бэрт эрэллээхтик усталлар, онтон ойоостон арыыга диэри өрүс баалыран, дьоммут бааттара айаас соноҕос курдук өрө мөхсө сылдьыбыт үһү. Ылдьаа туран эрэ эрдэр киһи эбит. Онно эбии бааттарыгар уу киирэн ыксаталаабыт. Боломуочунай киһи эрэ буоллар: “Ууга түһүөхпүт, төннүөххэ», – диэн ыксаабыт саҥата иһиллибит. “Суох киирэбит, бэйэн эппитин, киһи тылын истибэтэҕин, хата ууну бас, тимириэххин баҕарбат буоллаххына”, – диэн эппиэт иһиллибит. Ол ыккардыгар уу бааттарын оттотунан буолбут. Олорор киһибит ыстаана илийбит уонна төннүөххэ да төннүөххэ диэн хаайбыт. “Хата баскын эрдиинэн хампы охсуом, ууну бас түргэнник, тимирэн өлбөт буоллаххына”, – диэн Ылдьаа дьиннээхтии кыыһырбыт. Боломуочунай тэҥнэһиэ дуо, тоҥон уонна кутталыттан даҕаны сап-салыбырас буолбут, уу баһарга аналлаах тууйас баар эбит. Ону ууга өрө мөхсө сылдьарын кыайан туппатын Ылдьаа куттаан эрдиинэн сыыһа-халты охсуталаабыта буолбут. Онно дьэ, туйаһын тутан арыыга тийиэхтэригэр диэри уутун бас да бас буолбут. Сарсыныгар дьоммут киэһээлик арыыттан бүтэрэн тахсаллар. Тахсаат боломуочунай киһитин Гавриил Егоровичка сэбиэккэ үҥсэр, онуоха сэбиэт даҕаны, бэрэссэдээтэл даҕаны киһилэрин көмүскээн Сибиряковы саҥардыбатахтар – баар суох киһибит, толоругас уонна биир тыллаах диэннэр. Боломуочунай колхуос үлэтигэр киһи баайсыах айылааҕын булбатах, Ылдьааттан ураты. Ону бэйэтэ арыыга киирэри модьуйбута диэннэр ол үҥсүү таах хаалбыта. Райкомҥа ол саҕына бырааттыы Елисеевтэр диэн Дьобулҕа дьонноро үлэлииллэрэ, бу туора оройуон киһитин С.Я. Зыковы туоратарга олор күүскэ ылсыбыт курдуктар. Аны райкомнар Сомсуон Яковлевичка доруобуйатынан киирбиттэр. Ол
курдук: “Путёвка биэрэбит, соҕуруу баран эмтэнэн кэл, доруобуйаҕын көннөрүн. сэрии бэтэрээнэ буоллаҕын”, – диэннэр араастаан ньымааттаан, күһэйэн даҕаны соҕуруу ыытан тураллар. Ити 1956 с. этэ. Сочи биир санаторийыттан эргиллэн кэлэригэр миэстэтигэр Гаврил Егорович Фёдоровы—Хасхатар Хабырыыһы олордубут этилэр. С.Я. Зыков кэлэн докумуоннарын туттаран, илии баттаһан бүтэн баран, сыллааҕы мунньахха Бөртө дьонун иннигэр уйадыйан туран иһирэх тыл эппит: “Үтүө майгылаах, хорсун үлэһит дьоннуун элбэх таһаарыылаах үлэбит уонна өссө даҕаны элбэҕи ситиһэрбит хаалла диэбит”. Сомсуон Яковлевич элбэх быланнааҕын кэпсээбит. “Бэрт былдьаһааччылар сүгүн үлэлэппэтилэр, мин өлөн-охтон биэриэм суоҕа, килиэппин булунуом”, – диэн баран толору саала дохсун ытыһын тыаһынан доҕуһуоллатан, бакаалаһан аргыый тахсан барбыт. Улахан Аантан барбытын кэннэ Сомсуон Яковлевиһи Тааттаҕа аныыллар, онно тиийэн аны таатталары өрө тардыбыт. Бу билигин үтүөкэннээх киһи Сомсуон Яковлевич Зыков оҕолоро, сиэннэрэ бааллара буолуо. Кинилэртэн биир эмэ маннык дьону түмэ тардар дьоҕурдаах, таһаарыылаах уонна аттарыылаах үлэһит эһэлэрин утумнаабыттара буолуо диэн эрэнэ хаалабыт. Билигин ХХI үйэҕэ олоробут? онон урукку олох «аймахтаһыы, куомуннаһыы» содула суох буолуохтаах. Киһини кыһыл тылынан буолбакка? дьыалатынан-куолатынан көрүөххэ наада. Итини мин чуолаан салайар үлэһиттэргэ этэбин. Саханы саха оҥорбут тыа сирэ – тыаттан тахсаллар бары улахан дьоммут. Онон, нэһилиэк баһылыктара бэйэҕит тула тус санаалаах-көрүүлээх, нэһилиэк сайдарын туһугар кыһанар дьону түмэ тардыахтааххыт. Оччотугар баһылык үлэтэ түмүктээх уонна таһаарылаах буолуоҕа. Иннокентий КОНОНОВ-Бөртө Уола, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан