Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мин эйигин өрүү таптыам (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мин эйигин өрүү таптыам (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
15.04.2018 15:07
Сап-саҕаттан… Хаһан эрэ мин эмиэ устудьуон аймах үрдүк аатын сүгэн, биир көмүс күһүн Дьоллоох Дьокуускай куоракка чугастааҕы улуустан үөрэнэ киирбитим. Этиһии – охсуһуу, айдаан – араллаан быыһынан ырыаҕа ылламмыт Сэргэлээх уопсайын олохтооҕо буолбутум. Үөрэхпэр тутатына кыһаллыбыт буолан, билигин да эрэйдэммэккэ, ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын. www.edersaas.ru Ол курдук икки сыл биллибэккэ ааспыта, түргэнник үөрэхпин бүтэрэн, дэриэбинэҕэ үлэлии барарбын ыралыырым. Иллэҥ кэм көһүннэ да библиотекалары кэрийэр үгэстээҕим. Биир сааскы өрөбүл күн эрдэ туран эмиэ ааҕар дьиэ диэки тиэтэллээхтик хаампытым. Сүрэҕим тугу эрэ сэрэйбиттии күүскэ-күүскэ тэбэн ылаталыыра. Мин туохтан долгуйарбын таайа сатыыбын, өйүм хоппот. Буоларын курдук, библиотека иһэ сессия чугаһаан дьонунан туолбут. Нэһиилэ миэстэ булан олороот, конспектарбын оҥорбутунан бардым. Сатахха түннүк нөҥүө күн сырылаччы тыгар. Мин түүн аанньа утуйбатах бэйэм, уум кэлэн сыыйа нухарыйан бардым. Төһө өр оннук олорбуппун билбэппин, арай ким эрэ аттыбар кэлэн баран: “Манна ким да суох да? Олоруохха син дуо?” — диэтэ. Мин соһуйан дьигис гына түстүм, нэһиилэ төбөбүн өндөтөн көрдүм уонна «Аа, олор — олор» диэтим. Бу олорон хайдах долгуйбуппун, куолаһым титирээн ылбытын бэйэм да билбэккэ хааллым. Аттыбар кэлэн олорбут уол сирэйин быстах түгэҥҥэ көрөн аһардым. «Ханна эрэ көрбүт уолум ээ» диэн үгүһү толкуйдуу олордум. Уруокпун да сүгүн аахпатым, өйүм-санаам барыта эмискэ бу уол буолла. Тоҕо эрэ кини мин олоҕум суолтата буоларын тутатына сэрэйбитим быһыылаах. Хайдах эрэ гынан билсиэхпин баҕарбытым. Кэпсэтиини бу диэн өйдөөбөппүн ким саҕалаабытын, бука диэн сэрэйдэххэ, мин ини. Ол гынан билистибит, кини аата Миша диэн эбит. Иһиттэххэ судургу, этэргэ дылы «Россия улахан аҥаара Миша», киһи долгуйара суох эрээри, бэйэм да билбэппинэн, бу күнтэн ыла тыынар салгыным, аһыыр аһым, утуйар уум барыта МИША буолбута. Ол курдук син балайда өр кэпсэтэн ,Амматтан сылдьарын, БГФ – га үөрэнэрин, спортсменын уонна, саамай үөрбүтүм, биир уопсайга олорорбутун билбитим. Тоҕо эрэ кинини мин бу иннинэ биирдэ да көрбөт этим. Дьэ, дьиибэ. Миша кэпсээннээх, көрдөөх-нардаах доҕор буолан биэрдэ, саҥалаах бэйэм тылбын ыйыстыбыттыы оргууй аттынан хааман испитим эрэ. Бииргэ аргыстаһан уопсай дьиэбитигэр кэлбиппин да билбэккэ хаалбытым. Бу түгэнтэн ыла мин олоҕум тосту уларыйбыта… Саас… Таптал… Күн-дьыл биллибэккэ ааһан испитэ. Мин киниэхэ күннэтэ ыллардар ылларан, бэйэм бэйэбин да билбэт буолбутум. Кырдьык, ол сылдьан Мишалыын ыга табаарыстаспытым, иккиэн бииргэ уруокпутун да ааҕарбыт, киинэҕэ да барар түгэммит элбээбитэ. Таһырдьа сылыйан, иикиэн сиэттиспитинэн Дьокуускай киэҥ уулуссаларын устун саҥата суох хаамсарбыт, биһигиттэн ордук дьоллоох бу сиргэ суоҕун кэриэтэ этэ. Сэргэлээхпит уопсайын чуумпу киэһэлэрин гитаранан ыллаан иккиэн бииргэ атаарарбыт. Миша миэхэ анаан ырыа бөҕөтүн айбыта. Биир киэһэ сибэкки тутуурдаах кэлбитэ уонна тапталыгар билиммитэ. Бу күнтэн тапталбыт өссө күүһүрэн биэрбитэ. Мишалыын
эрэ инникибин саныырым, оҕолорум аҕаларын кини эрэ мөссүөнүгэр көрөрүм. Эдэр сааспар хаһан да хатыламмат кэрэ күннэрим этилэр. Дьылҕабар махтанабын, инник сырдык, ыраас майгылаах, миигин дьоллообут киһилиин олохпун холбообутугар… Сайыҥҥы сессиябытын иккиэн этэҥҥэ сабан, кини дойдутугар Аммалаабыта, мин Уус Алданнаатым. Хаста даҕаны барыс, дьоммун кытта билис диэбитин ,барбатаҕым. Сайыны быһа төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбит, күн аайы кини эрийэрин эрэ күүтэрим. Быстах санаа Өр-өтөр буолбакка көмүс күһүн тиийэн кэлбитэ, эмиэ биир үөрэх сыла үүммүтэ. Мишалыын көрсөн, уруккубут курдук сылдьыбыппыт, тапталга өссө күүстээхтик бэриммитим. Мин саҕа дьоллоох суоҕа… Үөрэх, библиотека эрэ ыарыылаах киһи кинини кытта буолаарыбын оҥосто-оҥосто куорат устун хаамарым, кулууп-күүлэй аргыстаммытым. Ол сылдьан бэйэм курдук оҕолордуун билсэн, устунан аһыы утаҕы да иһэр буолбутум, табахтан да туора хаампатаҕым. Билигин санаатахха, төттөрүтүн Мишаҕа үчүгэй буолаарыбын да сырдыкка тардыһыахтааҕым буолуо этэ. Биир киэһэ Мишабыттан көҥүл ылан, чугас дьүөгэм төрөөбүт күнүгэр кулуупка бардыбыт. Миша: «Сэрэнэ сылдьаар, күүтэрбин умнума, эрдэ кэлээр» дии хаалбыта. Түүҥҥү кулууппутугар тиийэн, көҥүл ылбычча мин ыһылла-тоҕулла үҥкүүлээтим, ол быыһыгар аһыы утахтан да маппатым. Биһиги куруукпутугар икки уолаттар кэлэн үҥкүүлэстилэр. Ол сылдьан билистибит, кинилэри кытта салҕыы дьиэҕэ (хаатаҕа) барар буоллубут. Уопсайбар күүтэ хаалбыт Мишам устунан умнуллубутун бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Ньургуннаах Илья киирбит-тахсыбыт уолаттар, массыына булан дьиэҕэ тиийэ оҕустубут. Тиийэн аһаатыбыт, ол быыһыгар мин Ньургунтан хараҕым арахпат. Тоҕо? Кини арылхай харахтара, элэккэй мичээрэ тута сүрэҕим ортотунан киирдэ. Куруук биир Мишаттан атын уолу көрбөт буолан, Ньургуну бэлиэтии көрдүм. Кини мин одуулуурбун да сэрэйдэ быһыылаах. Сотору аттыбар кэлэн олорунан кэбистэ, эбиитин кууһан ылла. Мин долгуйан саҥабыттан маттым, хайдах да буолуохпун, ханна да барыахпын билбэтим, устунан бэринэн кэбистим. Биирдэ өйдөөбүтүм, Ньургуннуун сыллаһа олорор эбиппин, сиргэммиттии ойон турдум. Чаһыны көрбүтүм сарсыарда алта буолбут, төлөпүөммэр Миша сүүрбэттэн тахсата эрийбит. Мин сып-сап хомунан, дьүөгэбин уһугуннаран, уопсайдыырга быһаарынным. «Бэйэм билиэм!!!» Уопсайга тиийбитим, Миша үөрэнэ тахсыбакка, хоспут аанын иннигэр олорор эбит. Мин көрөөт кинини аһынным, ол эрэн, арыгы-табах сыттаахпыттан, хойутаабыппыттан харааста санаатым. Миша кэлбиппитин көрөн, ханна бачча өр сылдьыбыппытын, эрийбитигэр тоҕо ылбатахпын ыйыталаһа сатаата. Мин уолаттары кытта дьиэҕэ олорон арыгы испиппитин кэпсээтим, албынныахпын баҕарбатаҕым. Онно кыыһыран, Миша бастакытын миэхэ хаһыытаабыта: «Манна мин эйигин күүтэн олоруохтаахпын, оттон эн атын уоллуун биир дьиэҕэ хонон туруохтааххын!» Мин сылайбытым да бэрдиттэн буолуо, хонон турбут диэбит буола-буола дии санааммын: «Бэйэм билиэм!!! Бу сир анныгар эйигиттэн да ордук уолаттар бааллар ини, миэхэ хаһыытаама, хаһыытатар атын кыыста бул, хостон таҕыс уонна хаһан да кэлимэ, бар!!!» диэн хаһыытаатым. Миша соһуйда быһыылаах, миигиттэн кэлэйбит, хомойбут сирэйдээх тахсан баран хаалбыта. Мин, Мишаны уоскуйа түһэн баран кэлэр ини дии санаан, оҥостон утуйан хааллым. Саҥа таптал
Ол күн үөрэммэтэҕим. Киэһэлик уһуктан, Миша кэлэ сылдьыбатаҕын, эрийбэтэҕин билэн, дьэ, биирдэ өйдөөбүтүм тугу гыммыппын. Бэйэм эрийэ сатаабытым, төлөпүөнүн арааран кэбиспит этэ, онтон хоһугар тиийбитим, уолаттара күүлэйдии барбыта диэбиттэрэ. Мин бу түүн утуйбатаҕым, иэстэһэр, онтон бырастыы гыныа дии санаабытым. Суох, кини ол курдук сүппүтэ. Хата, ол оннугар били төрөөбүт күҥҥэ билсибит Ньургунум эрийэрэ, киинэҕэ ыҥырара. Мин таах олоруом дуо, барсан-кэлсэн испитим. Устунан Мишаны умнан, Ньургунтан күнүм-ыйым тахсар буолбута. Ньургуннуун инникибит суоҕун сэрэйэр этим, ол эрэн, киниэхэ ылардар-ылларан испитим. Оннооҕор үһүс курс бүтүүтүгэр, Ньургун миигин кытта Уус Алданнаабыта. Дьонум үөрэ -көтө көрсүбүттэрэ, түргэнник ыал оҥороору ынырык этилэр. Мин Ньургуну таптаабытым. Киниэхэ эр киһи туох баар хаачыстыбата барыта баара — үөрэхтээҕэ, майгыта көнөтө, туттуута — хаптыыта түргэнэ… Ол эрэн, мин Мишабын умнубатаҕым. Ньургуҥҥа куруук Мишаны көрдүү сатыырым, кинилиин наар тэҥниир идэлэммитим. Миша суоҕун курдук суох. Мин төһө да дьоллоох буолларбын, күннэтэ умуллан тугу да гыныахпын билбэтим. Бэйэм да билбэппинэн өйүм-санаам барыта Миша… Миша… Миша… Мин эйигин өрүү таптыам! Төрдүс куурус этэҥҥэ түмүктэнэн эрэр кэмэ этэ. Саас. Сессия ортолообута. Мин сарсыҥҥы эксээмэммэр бэлэмнэнээри библиотека диэки хаамтым. Тоҕо эрэ долгуйабын уонна бэйэбин уоскута иһэбин: «Аата, бастакы курс оҕотугар диэри, библиотекаҕа муннахпыный?» дии-дии тиийэн кэллим. Устудьуон аймах бары сессияҕа бэлэмнэнэн, библиотека иһэ ыы-быччары. Нэһиилэ түннүк аттыгар биир миэстэни булан олороот, кинигэбин хаһыспытынан бардым. Бөлүүн түүн реферат оҥорон сылайдахпыын, кыратык нуктаан ыларга сананным. Сатахха сааскы күн харахпар оонньоон утуйан хааллым. Төһө өр олорбутум буоллар, эмискэ санныбын тоҥсуйбуттарыгар уһуктан кэллим уонна: “Манна ким да суох да? Олоруохха син дуо?” диэтилэр. Мин төбөбүн өндөтөн көрбүтүм, бэркэ сөбүлүү көрөр уоттаах харах миигин одуулуур эбит. КИНИ??? КИНИ!!! КИНИ… МИША… Бу күнү мин хаһан даҕаны умнуом суоҕа. Билигин күннэтэ мин тапталлаах кэргэним Михаил, кыракый уолчааным Айхал баалларыттан дьоллонобун. Устудьуоннуур көмүс күннэрим Мишалыын көрсүһүннэрбитигэр олуһун махтанабын. P.S. Тапталгытын харыстааҥ, таптааҥ уонна таптатыҥ. Быстах санааҕа хаһан даҕаны ылларымаҥ. Оттон бу кэпсээммин суруйарга иэйии киллэрбит Доминик Джокер «Если ты со мной» ырыатыгар махтал. Кустук Кистэлэҥэ, www.edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан