Кэпсээ
Войти
Регистрация
Айыыһыт алҕаһа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Айыыһыт алҕаһа
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
16.12.2019 12:09
Уҥуор харааран көстөр алаас эргиннээҕи эргэнэ тыа үрдүн оргууй көмүс утахтарынан имэрийэн күн барахсан күкээрийэн эрдэҕинэ, иһийэ сыппыт алаас ыалын тэлгэһэтин эһээхэй оҕо ытаан бэбээрэр саҥата толордо. Саҥа күнү көрсө уу нууралы аймаабыт тыастан чугас баар сырдык уулаах эбэҕэ хорҕойбут чөккөөкүлэр көтөн күлүбүрээн тахсан, илин диэки көтөн куйуһута турдулар. Сотору буолаат, саҥа сиргэ оройунан түспүт айыы оҕото эһиэкэйдээн эҥээритэн тула баары уутуттан уһугуннараат, уоскуйан хам барда. Сайыҥҥы хаптаһын дьиэҕэ ийэ буолар дьол дьикти иэйиитигэр куустаран эдэрчи дьахтар күнү көрдөрбүт уол оҕотун ыга кууһан эмиийдэтэ олорор. Улаханнык илистибит, эрэйдэммит сэбэрэтигэр бэрт дьикти истиҥ мичээр саспыт. Дьолунан туолбут хара хараҕын кырачаан оҕотуттан араарбакка одуулуур, бэркэ нуоҕайбыт, налыйбыт дьүһүннээх. Айыыһыт анаабыт бэлэҕин олус күндүтүк сүрэҕэр хам кууһуон баҕарар да, кыракый бэйэлээҕи күүскэ тутан кэбиһиэм диэбиттии, хараҕынан хайгыы, сылаанньыйа үөрэ олорор. Хаҥас диэки бэрт томороон бэйэлээх сааһыра барбыт дьахтар алаадьы тиэстэтин охсон түбүгүрэ сылдьар. Ити кэннэ бу дьиэҕэ атын киһи баар сибикитэ биллибэт: – Саргыа, оҕоҕун эмискэ элбэхтэ эмиийдэтимэ, киинигэр үүт киирэн эрэйдиэ. Ол оннугар уһугунна да кыра-кыралаан аһат. Дьоммут төһөҕө кэлэллэрэ буолла? Бэҕэһээ тиһэх отторун кээспит буолуохтаахтар. Баанньа уол тиийэн кэпсээтэр, киһиҥ үлэни да хаалларан кэлээ ини, – диэн, били, тыйыс дьүһүннээх дьахтар кэпсии-кэпсии чарчыстыбыт илиитинэн тиэстэ охсубут ытыгын иһитигэр тэбии турда. Эдэр ийэ туох да диэн хардарбакка, бэлиэр тотон утуйан буккураабыт кырачаан уолун улаҕатыгар сытыаран баран, сэрэнэн тураары гынна. Саастаах дьахтар бэйэтин холугар сөбө суох сыыдамнык сүүрэн тиийэн Саргыны өйүү тутта. Сайылык хаптаһын дьиэтигэр күн сирин көрөөрү ыксаан-тиэтэйэн кэмиттэн эрдэлээн төрөөбүт уолчаан утуйан тыына сурдургуур. Окко сылдьар дьонугар кэрэ кэпсээн кэһиилээх Баанньа уол атынан көтүтэр. Сол киэһэ дьолуттан омуннурбут аҕа туос сатыы дьонугар тиийэн кэлэр. Эдэрдэр күнү көрбүттэрин Кэнчээри диэн сүрэхтииллэр. Сарсыныгар Кэнчээрилэрин илдьэ улгум акка мэҥэстэн сэлиэнньэҕэ киирэллэр. *** Эмиэ ити кэмҥэ куорат килэйбит-халайбыт эрэстэрээнигэр омуна суох биэс сүүсчэ ыалдьыттаах улахан уруу буола турар. Куорат сис ыалын атаах кыыһа Агаша бэйэтин холугар тэҥэ суох, дэриэбинэттэн сылдьар элбэх оҕолоох отчут-масчыт ыал улахан уолларыгар Уоһукка эргэ тахсан эрэр. Субурҕа кэриэтэ субуруйбут үс уһун остуол тухары мааны таҥаска сууламмыт тойот-хотут үтүөтэ мөтөйөн олорор. Төрдүс дьоҕус остуолга ыга симсэн оҥой-соҥой көрбүт, күҥҥэ хараарчы сиэппит дьон, уол аймахтара быһыылаах: ньимийэн олороллор. Бачча улахан урууну тэрийбит кийиит кыыс аҕата күндү көстүүмүн тиирэ кэтэн эдэрдэр аттыларыгар багдаллан олорор. Буолар быһыыттан дьолломмут, үөрбүт сибикитэ биллибэт. Сотору-сотору көхсүн этитэр, сиэбиттэн болотуогун хостоон көлөһүн аллыбыт сирэйин туора-маары сууралыыр. Араас суугун-сааҕын, иһит-хомуос тыаһа... Хайдах эрэ сатамньыта суох хартыына. Туга эрэ тиийбэт курдук... Эдэрдэр харахтарыгар дьол кыыма көстүбэт. Күһэллии, көҥүлү хаарчахтатыы... Кийиит кыыс
биллэ улааппыт иһэ уруу тэрээһинин сүрүн төрүөтэ буолбут бадахтаах. Ити кэмтэн ый ааспытын кэннэ Агаша ньыламан маҥан субалаах, кип-киэҥ чоҕулуччу көрбүт харахтаах уол оҕо маанытын төрөтөр. Уол, ордук эһэтин баппыт буолан, эһэтин аатынан Байбал буолар. Сүүһүн анныгар хараарар мэҥэ кытта “эһэтин киэнэ” аатырар. *** Ити кэмнэртэн бэлиэр сүүрбэччэ сыл ааһа охсубут. Саргылаах Саха сиригэр от ыйын үүт тураан күннэрэ тураллар. Кэнчээри быйыл сайылыгар тахсыбатыттан улаханнык мунчаарар. Оҕо эрдэҕиттэн сүүстэ тиэстибит алааһын харахтаабакка хаалар түгэнигэр олус да туорхаһыйар буоллаҕа. Саатар, биир күн баран сайыҥҥы симэҕин таҥныбыт өтөҕүн харахтаатар ньии... Ону баара, күн сарсын эһэҕиниин куораттыыгын да сабаас диэтилэр. Хайыай, барарыгар тиийэр. Үөрэниэн эмиэ наада курдук. Баҕар, кыаллар буоллаҕына, кэнэҕэһин үөрэхтээх, үлэһит киһи буолан дойдутугар эргиллиэ турдаҕа. Өрүү ахтар-саныыр тапталлаах Ааныскатын кэргэн ылыа. Саҥа дьиэ туттуо. Дьэ, оччоҕо дойдутугар олохтоохтук олоруо. Дьонун, ийэлээх аҕатын көрүө-истиэ. Билигин аҥаардас бэйэлэрин эрэ хааллартаан айаннаан эрдэҕэ. Быраат, балыс суоҕа тоҕо да куһаҕанай. Кини өрүү соҕотох буоларга төһө да үөрэннэр, чуҥкуйда да ону санаан тахсар. Ийэтэ Саргы кинини оҕолонон баран кэлин оҕоломмотох. Кэнчээри үс сыллааҕыта оскуоланы бүтэрэн, тута аармыйаҕа баран сулууспалаан кэлбитэ. Кэлээт, ол-бу быстах үлэҕэ сылдьыбыта. Бу быйыл ийэтэ Саргы күһэйэн кэриэтэ үөрэххэ ыытан эрэр. Уол бэйэтэ да ону омнуолаабат курдук. Билигин үөрэҕэ суох буор саха уһун сонноммот үйэтэ дииллэр. Оннук да быһыылаах. Ити дэриэбинэттэн ырааппакка олорон хаалбыт уолаттары да көрдөххө, соччо дьолломмут сибикилэрэ суох. Кэнчээри аҕыйах малын-салын хомуна оҕуста. Айаҥҥа үгүс тээбирини тиэйэ сылдьарын урут-уруккуттан да сөбүлээбэт. Сүрүнэ, саамай наадалааҕа баар буолла да сөп. Киэһэ эрдэ утуйар буолан, халлаан суһуктуйуута ойон турар идэлээх. Аармыйатааҕы эрэсиимин манна да кэлэн баран кэспэт. Ол сиэринэн, суунан-тараанан оронун эрдэ булла. Иннигэр туох күүтэрин ыралыы сытан утуйан буккураан хаалла. Арай ол сытан түһээтэҕинэ, сайылыгын күрүөтүн атыллаан тахсан эрэр эбит. Туох да харгыһа суох уһун суол устун айаннатар курдук. Ол хааман иһэн улам тэтимирэн үөһэ өрө көтөн тахсан, былыттар быыстарынан көтөн күпсүйэр. Иннигэр куорат киэҥ иэнэ былыт быыһынан туманнырар. Кэнчээри төрөөбүт-үөскээбит дойдум ханна хааллаҕай диэн, кэннин хайыһан кылата сатыыр да күттүөннээҕи булан көрбөт. Ыксаан, төттөрү эргиллэн төннө сатыыр да, биллибэт күүс төттөрү үтэйэр. Ол силлиэни кытта охсуһа сытан Кэнчээри уһукта биэрэр. Уһуктубута, халлаан сырдаан сарсыарда буола охсубут. Куоратчыттар үгүс сүпсүлгэнэ, майдаана суох айаҥҥа туруналлар. Суол былаһын тухары Кэнчээри соччото суох түүлүн саныы истэ. Ол да гыннар, биир тылы эһэтигэр быктарбата. Хайа-хайалара саҥата суох, кэпсэппэккэ айаннаатылар. Сол күн эбиэт саҕана тиийиэхтээх сирдэрин буллулар. *** Бу күннэргэ Кэнчээри үөрэххэ эрэйэ суох киирэн, ийэтин, аҕатын дьоллоото. Бэйэтэ даҕаны санаата туолан, сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Үөрэхтэрэ
лаппа күһүн биирдэ саҕаланар буолан, аҕыйах кэмҥэ оттоһо диэн дойдутугар бараары тэринэр. Бу киэһэ аймах дьонугар үөрэххэ киирбитин туһунан иһитиннэрэн, алгыс ылан иһийбит куорат устун аа-дьуо дьиэлээн иһэр. *** Уоһук эмиэ арыгылаан кэбиһэн, үлэтиттэн үүрүллүбүт. Агаша ол онтон ордук кыйаханан уолаттарын хаарыйар. Туох да үлэтэ суох иитимньи буолан олорор үс устудьуон уолун аҕаларынан сирэйдээн түүрэйдиир. Аҕаларын баппыт аньыыларын тугунан боруостаан аһатар-таҥыннарар ийэлэрин алы гыныахтарын билбэт уолаттар таһырдьаны былдьаһаллар. Өрүү итинник, кинилэри иитии бүппэт мөккүөрэ. Төһө да кинилэри ииппит-аһаппыт, улаатыннарбыт аатырдаллар, уолаттар борбуйдарын көтөҕүөхтэригэр диэри эһэлэрэ көрбүтэ-истибитэ. Өрүү иирсээн эҥээрдээх төрөппүттэр, төрөөбүт буруйдарыгар, уолаттарын харахтарын кырыытынан көрөллөрө. Ордук улахан уолун ийэтэ “дьоло суоҕум сүрүн төрдө — эн” диэн сирэй-харах анньара. Ол биирдэ эмэ. Арыгыны амсайбыт кэмигэр. Аҕалара кинилэр баардарыгар-суохтарыгар, хата, кыһаммат. Улахан убай Павел ыйыытын хоту икки игирэ бырааттара саппай уопсаллар. Өрүү маннык. Улахан аата улахан, тылын иһитиннэриэхтээх. Кэлиҥҥи күннэр Павел санаатын ытыйан ахан эрэллэр. Өрүү харчы суох майдаана. Үлэ эмиэ суох, оччоҕо тугу гынабыт диэн санаа аалбыта ыраатта. Эһэлэрин харчыта аны босхо кэлбэт. Атаах сиэнин аны хааччыйбат. Былырыын, биир үксүн ийэлэрэ үҥсэргээн, эһэтэ Байбал үс сиэнин көйгөтүппүтэ. Анараа кыра сиэннэргэ “көспүтэ”. Онон уолаттар харчы суох кыһалҕатын эттэринэн-хааннарынан билэн эрэллэр. Мааҕын билэр атастарыгар куруусчуттаан син харчыламмыттара. Онон уолаттар түүннэри үлэлиир маҕаһыыҥҥа тиийэн пиибэ атыыластылар. Санааны сайгыыр туһугар... Кытаанах соҕуһун көрдөөбүттэрин, хата, бэрээдэги тутуһар атыыһыт түбэһэн чаһы диэки ыйан кэбистэ, “пораньше надо приходить” диэн “сүбэлээтэ”. Уолаттар абыраллаах астарын илдьэ дьоҕус ыскаамыйаҕа тиийэн олордулар. Иһиттэрин түргэн үлүгэрдик кураанахтыы оҕустулар. Күнүскү күүстээх үлэттэн сылааларын дьэ таһаарбыттыы дьэргэҥнэһэ түстүлэр. Куорат дьоҕус кыбартаалын таах ньамалаһа-ньамалаһа туора-маары сыыйдылар. Ол сылдьан хайа эрэ улуус абитуриеннарын “үөрүгэр” түбэһэн кырбана да сыстылар. Нэһиилэ кыл мүччү атахха биллэрэн быыһаннылар. Санаалара хойдон дьиэлэрин диэки күлүгүлдьүһэн иһэн уун-утары иһэр соҕотох киһиэхэ кэтиллэ биэрдилэр. Биир-биэс тыла суох куобаҕы көрбүт модьугулуу ол киһи эрэйдээххэ ыстанан тиийдилэр да охсон-тэбэн кулааппайдаабытынан бардылар. Биир үксүн холуочук бэдиктэр өмүтүннэрэн кыайдылар. Соҕотох киһи холугар уол син өр утарылаһан баран оҕунна. Ииримтийэ кырыгырбыт бырааттыылар охтубут киһини хамсаабат буолуор диэри кырбаатылар. Онтон дьэ, уоскуйан, туох да буолбатаҕыныы, салгыы хаама турдулар. Кэннилэриттэн уонча оҕону субуруппут уулааҕынан-хаардааҕынан көрбүт дьэллик ыт үрэн моргуйа хаалла... *** Кэнчээри өйдөнөн кэлэ-кэлэ хат дириҥҥэ умсар. Хамсыы сатыыр да кыаҕа тиийбэт. Хараҕар бииргэм ийэтин, таптыыр Ааныскатын мөссүөнэ элэҥнээн олорор. Онтон эмиэ хараҥа барыйар. Кэнчээри уһуутаан ылар, хаһыытыан баҕарар да саҥата кыайан тахсыбат. Ынырык ыарыыттан эмиэ өй-мэй барар. Эмискэ хантан эрэ сырдык уот сандаарар, ону кытта Кэнчээри олус чэпчээбит курдук буолар... *** Сайылык хаптаһын дьиэтэ соҥуоран, барыйан турар. Алаас иһэ иһийбит
курдук уу чуумпу. Киирэн эрэр күн уота чаллах тииттэри кытархай өҥүнэн симээбитэ, умайан күлүбүрүү турарга дылылар. Өкүччү түспүт самнархай тииккэ олорор хара суор бэрт куһаҕаннык халаахтаабыта дьиктитик иһийбит чуумпуга бэрт иччилээхтик сатараата. Дьиэ иһигэр хаҥас диэки дөйүөрбүттүү таалан Саргы олороохтуур. Кубарыйбыт иэдэһигэр өр кэмҥэ кууран биэриэ суох харах уута тохтоло суох субуллар... Айыыһыт эмиэ ытыыр... Орто дойду олоҕор оҕо гына түһэрбит айыы оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин кэнэйдэһэн эрдэхтэрэ сүрүүн! Бу орто дойдуга үөрэ-көтө оҕо-уруу төрөтөн олоруох бэйэлэрэ быстах санааттан былаҕайга былдьаннахтара кыһыытыан... Икки атах, босхо бас төлкөтө төрүөҕэ төрүү да илигиттэн түҥнэстэр кэмэ кэллэ дуо? Санаа чычааһа, уолҕамчы өй киһи аймаҕы арааска да тиэрдэн эрэр буоллаҕа... М.Иванова. “Кыым” от ыйын 9 күнэ 2009 с. № 26 (21918)
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан