Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаайыыттан илдьит (ааҕааччы суруга)

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаайыыттан илдьит (ааҕааччы суруга)

K
edersaas.ru Категорията суох
06.04.2018 19:30
Редакциябытыгар сурук кэллэ. Ыарахан олохтоох саха ыччата хараҥа хаайыттан санаатын суруйбут. Сурук ис хоһооно уларыйбата. «Мин бэйэм туспунан эмиэ суруйарга сананным. Доҕотторум билэллэринэн мин Лэкиэс диэн буолабын, толору сааһым 28-ым буолар. Тоҕо киһи хаайыыга киирдэҕинэ куһаҕаннык санаан, мөкүтүн эрэ ырыталларый? Киһи кыһыйыах, өссө эбэн кэпсииллэр ээ… Арай киһи өллөҕүнэ, «ол киһи барахсан, оннук үтүө майгылаах, маннык үчүгэй киһи этэ» диэн, куһаҕанын тумна саҥараллар. edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат. Мин 18 сааспын туолан баран, ытык иэспин төлөөн, 2 сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. 2006 сылтан онно-манна быстах үлэлээн көрбүтүм. Дьоллоох Дьокуускай куоракка сылдьан биир кыыһы сүрэхпинэн сөбүлээбитим, харахпынан хайҕаабытым. Кинини эккирэтэн дойдутугар барбытым. Онно тиийэн, дьонуттан көҥүл ылан, ыал буолан дьолломмутум. Тута кылбаа кыталык кыыс оҕоломмуппут. Мин дьиэ кэргэммин иитэр баҕаттан идэбинэн суоппардаабытым, быстах атыны да үлэлээбитим. Кыаҕым баарынан харчы мунньан, дьиэ туттубуппут, массыына ылыммыппыт. Билбэт дойдубар тиийбит буоламмын, кими да билбэт этим, бастаан утаа доҕотторум да суохтара. Дьиэ туттарбар, массыына атыылаһарбар биир да аймахпыттан солкуобай да харчыны көрдөөбөтөҕүм, кредит да ылбатаҕым. Ол кэннэ кыралаан ону-маны атыылааан саҕалаабытым. Дьокуускайга диэр таксилыырым, ол сылдьан таарыйа кууһунан атыылыыр маҕаһыынтан табаар таһарым. Оннук эргинэн, кэлин маҕаһыын арыйбытым. Дьонум туохха наадыйалларын барытын баар оҥоро сатыыр этим. Бэйэм элбэх оҕолоох ыалга иитиллибит буоламмын оҕо сааһым ыараханнык ааспыта. Ол иһин бэйэм оҕобор баҕарбытын барытын ылан биэрэ сатыырым. Онтон кэргэним дьүөгэлэриттэн хаалсымаары суоппар быраабыгар үөрэммитэ, оуноха кыра массыына ылан биэрбитим. Бу суруйарым курдук барыта боростуой баҕайы буотах этэ. Ыарахаттары син биир көрсөрүм. Дьэ, атахпар туран эрэбин дии санаммытым. Доҕор-атас да элбээбитэ, аймахатарым кэлэллэрэ-бараллара. Туох диэн албынныахпыный? Бэйэм сыыһабар, акаарыбар мээнэ испэт киһи аһыы утаҕы иһэммин, сокуону утараммын хараҥа хаайыыга киирбитим. Билигин хааллыбытым 1 сыл 2 ый буолла. Ол кэмҥэ, дьэ, уларыйыы бөҕө. Олоҕум алдьанна. Кэргэммэр мин куһаҕаммын, ону-маны кэпсээбиттэр. Кэргэним оччолооҕу истэн баран, маҕаһыыммытын, массыынабытын атыылаабыт. Хаайыыга олороммун атастарбар эрийтэлээбитим, «тугун, хайдаҕын билиҥ» диэн дьаһайдым. Биир нэдиэлэнэн манныгы эрэ истиэм дии санаабатаҕым. Бииктэр диэн тастыҥ убайдаахпын. Ол Бииктэр мин туспунан кэргэммэр ону-маны эбэн кэпсээбит, бэйэтин кэргэнин быраҕан, мин кэргэммэр кэлбит. Оннугу истэммин уһуну-киэни толкуйдаабакка, уолаттарбар этэн, «ойоҕоһун ааҕыҥ» диэбитим. Уолаттарым кырбаабыттар этэ, ол кэннэ Бииктэр ханна эрэ куоппут. Ханна баарын билбэппин. Бииргэ төрөөбүттэрбин көрдөһөн оҕобун ылларбытым. Билигин оҕом улахан эдьиийбэр баар. Дьокуускайга баар дьиэбин куортамнаан, харчытынан оҕобун иитэллэр. Кэргэним, оҕом ийэтэ баҕар кэлэн бырастыы көрдөһөн, кыыспытын ылан, бэйэтэ иитиэ дии санаабытым. Онтум олох да ол киһитин көрдөөн, ханна эрэ барбыт. Ол аата оҕотунааҕар эр киһи күндү дуо? Ама мин 11 сыл тухары оннук киһитин билбэккэ кэргэн оҥостон олорбутум дуо? 8
сыл тухары ситиспит ситиһиим биир сыл иһигэр барыта сүттэ. Бу олоххо миигин аны биир эрэ дьоллуур – оҕом. Кини мин баар-суох күндү киһим. Хаайыыттан таҕыстахпына барытын саҥаттаан саҕалыыбын, оҕобун хайаан да атаҕар туруоруом. Оттон иккистээн ыал буоларым ыарахан буолара буолуо. Миэхэ, хаайыыга олоро сылдьыбыт киһиэхэ, биир эмэ кыыс кэргэн тахсыа дуо? Оҕобун бэйэтин оҕотун курдук таптыа, сыаналыа дуо? Дьон хаайыылаах киһини олох туора көрөллөр дии… Мин биири этиэм этэ: эһиги чугас дьоҥҥут хаайыыга түбэстэҕинэ, эбэтэр номнуо олорор буоллаҕына, кини туһунан туора дьон саҥарарын олох истимэҥ, итэҕэйимэҥ! Ол син биир хабаатыннаран, бэйэлэриттэн эбэн кэпсииллэр. Ол кэриэтэ дьоҥҥутуттан бэйэлэриттэн ыйытыҥ, хаайыыга олорор киһи албыннаабата буолуо дии саныыбын. Хаайыыга ким баҕар киириэн сөп. Чэ, манан мин сурукпун түмүктүүбүн. Олоххутун таптааҥ, сыаналааҥ. Дьоҥҥутугар эрэниҥ, күүтүҥ! Махтал эйгэлээх Урааҥхай Лэкиэс.
edersaas.ru сайтан