Кэпсээ
Войти Регистрация

Илиитэ суох оҕо

Главная / Кэпсээн арааһа / Илиитэ суох оҕо

K
edersaas.ru Категорията суох
05.04.2018 21:01
Оҕо төрүүр дьиэтигэр сарсыардааҥҥы көрүү буолла. Быраас Галина Гаврильевна киирэ-тахса төрүүр дьахталлары көрө сылдьар. Палаата иһигэр сытааччылар «бүгүн ким эмит оҕолонуо дуо?» диэн таайбыта буолустулар. Сорох дьахталлар олус өр сытаннар: “Чэ, кэлэр күнүгэр тахсар ини,»- дэһэстилэр. Манна дьэ кэпсээн баар сирэ. Арыт ким эмит олоҕун кистэлэҥ кэпсээнин кэпсиир, ол аайы иһийэн ылаллар. Эмискэ бэҕэһээ киирбит кыыстара оронуттан сулбу ойон тура эккирээтэ, ону кытта тэҥҥэ муоста хаанынан халыйда. Ыһыы-хаһыы буолла. Дьахталлар кыыска сүүрэн тиийдилэр. Быраас, сиэстирэ бу баар буола түстүлэр, ороҥҥо сытыардылар. Санитарка түргэн үлүгэрдик каталка таҥкынатан аҕалан, кыыһы ылан бардылар. — Гаврильевна быыһыа, – диэтэ Тамара. Сэһэргэһии кыайан тахсыбата,бары сэмээр кыыстарын кэтээтилэр. Күнүс сиэстирэттэн ыйыппыттарыгар: — Этэҥҥэ быыһанна, уол үһү, -диэтэ. Хас киилэлээҕин эҥин эппэтэ. Наһаа соһуйдулар, итинник кэпсэппитигэр. Урут үөрэн-көтөн кэпсээччилэр дии. Истэригэр бары санаа бөҕөҕө түстүлэр. Киэһэҥҥи сиэстирэттэн Тамара тулуйумуна ыйытта: — Маарыын сарсыарда оҕоломмут кыыс хайдаҕый? — Оҕото куһаҕан. — Ээ, барахсан ыараханнык оҕолонноҕо, хаана тоҕо барта дии…- Тамаралара быһаара оҕуста уонна өссө туох эмит диэҕэ диэн көрөн турда. Сиэстирэ тугу да эппэккэ түргэн үлүгэрдик тахсан барбыта. Ол курдук, Тоняҕа оҕотун көрдөрбөтөхтөрө . Кыыс киэһээҥҥи сиэстирэттэн көрдөһөн, оҕотун көрөр буолла. Суулаах кып-кыра киһини аҕалан, кып-кыратык көрдөрөөт илдьэ бардылар. Быраас олох боппута даҕаны буоллар, сиэстирэ аһынан көрдөрдө. Тоня оҕотун ыраахтан даҕаны көрдөр наһаа үөрдэ. Бэйэтэ сэниэтэ суоҕун эҥин умнан оронугар олороору гыммыта, төбөтө эргиийэн төттөрү сыппыта. Түргэнник үтүөрбүт киһи оҕобун аҕалыа этилэр дии санаата. Дьоно ас уонна сурук ыыппыттар, оҕоҕо, бастаккы сиэннэригэр үөрбүттэрин туһунан биир даҕаны тылы эппэтэхтэр. Хата ийэлэрэ туох эрэ диэн өйдөммөт гына суруйбут. «Оҕоҥ мөлтөх» эҥин диэбит. Тоня оҕотун саныы сытан сэниэтэ эстибит буолан утуйан хаалла. Галина Гаврильевна маннык түбэлтэҕэ түбэһэ илигэ. Арай үөрэтэн эрэ билэрэ. Араас итэҕэстээх оҕолор төрүүллэр диэн истэрэ. Барахсаны көрөн киһи сүрэҕэ ыалдьар. Кыыс дьонун кытта сэрэнэн төлөпүөнүнэн кэпсэппитигэр, Тоня ийэ кынна ытаабыта уонна: «Кыыска этимэҥ, бэйэм кэпсэтиэм,» — диэн быһаарбыта. Галина бу түүн утуйбата, тоҕо, туохтан маннык киһи айылларын таайа сатаата. Айылҕабыт, аспыт-үөлбүт, салгыммыт сатараан иһэр дииллэриттэн диэҕи былыр эмиэ маннык оҕолор төрүүллэрэ дииллэрэ. Арай ону билиҥҥи курдук иһитиннэрии суох буолан биллибэккэ хаалара. Чып кистэлэҥ этэ буоллаҕа. Оттон сахалыы толкуйдаан көрдөҕүнэ, оҕо искэ сылдьан ситэри сайдыбакка буолуон сөп курдук эбит. Былыр абааһы оҕото дииллэрэ маннык оҕолору, аата ынырыгын! Дьиҥэр, оннук буолбатах ээ. Бу айылҕа атаҕастаабыт дьоно. Кинилэр бэйэлэрин оннук санамматтар, дьон сатыырын барытын оҥоро, көрө-билэ сатыыллар. Баҕар, дьоно буруйу сэмэни оҥорбуттарын иһин, кэлэр көлүөнэлэригэр инник бэриллэрэ дуу… Били оҥорбут сэтиҥ сэттэ көлүөнэҕэр батыһар дииллэрэ дии. Толору туохтара барыта баар дьон
итэҕэстээхпит дэнэллэрин истэр кыһыылаах баайы. Ол гынан баран оннук дьон олоххо эрэллэрэ суоҕуттан инник сананаллара дуу. Ити сытан сарсын кыыстыын хайдах кэпсэтиэн эргитэ санаата. «Ийэ кынна туох дииригэр наадыйбаппын, оҕо ийэтэ бэйэтэ быһаарыа буоллаҕа дии», — диэн Галина быһаарынна. у үлэтин наһаа таптыыр. Манна үлэлиир эйгэтэ ыраас. Оҕону ким даҕаны быраҕа илик. Урут үс сыл атын улуус киинигэр үлэлии сылдьыбыттаах, онно нэһиилэ үлэлээбитэ. Дьон оҕолорун мал курдук хаалларан баралларын онно билбитэ ээ. Онтон кыра кыыһын ылан кэлбитэ. Оҕолорун быстах санааттан, күһэйииттэн хааллараахтыыр буоллахтара. Саат-суут курдук саныыллара. Ыарыһах эбэтэр киһиттэн итэҕэстээх киһини туора көрөллөрө. Дьон барыта эҥкилэ суох үчүгэй эрэ буолуохтаахтарыныы саныыллара. Арай билигин оннук иитии диэххэ дуу, ааһан эрэрэ олус бэрт. Ол былыр үрдүк сололоохтор эҥкилэ суох түөгүрүччү үчүгэй буолаары, итинник оҕо төрөөтөҕүнэ кистээн ханна эмит ииттэрэ ыыталлара эбит. Чэ, утуйуохха сарсыҥҥыны сарсын быһаарыа. Сарсыарда быраас киирэрин Тоня кэтэһэ сытта. Бүгүн олох ама буолбут, оҕотун эрэ саныыр, аны үүтэ киирэн эрэр. Аан аһыллыбытыгар Галина Гаврильевна сандааран киирэн кэлбитигэр Тоня барахсан үөрбүтүөн. -Хайа,Тонечка, доруобуйабыт хайдаҕый? Аһаатыҥ дуо?- давлениятын кэмэйдээн барда. -Давлениябыт оннугар түспүт. Оччоҕо оҕобун аҕалаллар дуо?-тулуйбакка Тоня ыксыы-ыксыы ыйытта. -Тохтоо,өссө сэниэ киирэ түстүн, һөөп? Эйиэхэ кэһиибин аҕаллым, хата, ону сии-сии кэпсэтэ түһүөххэ дуу. Галина кыыс хайа дойдуттан кэлбитин, туох дьоннооҕн туоһуласта. Тоня эбээтигэр иитиллибит эбит. Ийэтэ иккис кэргэнинээн олорор үһү. Аҕата кини иккилээҕэр оһолго түбэһэн өлөөхтөөбүт. Эбэм кэлиэхтээх этэ дьонум оҕоломмуппун биллэрдэхтэринэ диир. Ону истэн баран Галина Гаврильевна үөрдэ, эбэтэ чахчы оҕону хааллартарыа суоҕа. -Чэ, сөп, тохтуу түһэн баран, бүттэхпинэ киирэ сылдьыам, — диэт, мичээрдии мичээрдии тахсан барда. Тоня ийэтэ аттыгар суох буолан бу бырааһын ийэтин дуу, эдьиийин дуу курдук санаата. «Эбэм төһө эрэ үөрэр уол сиэннэммититтэн», — диэхтээтэ. Түөрт чаас саҕана быраас киирэн кэллэ уонна аттыгар кэлэн олорон эрэ оргууй сэрэнээн-сэрэнээн эттэ: -Тоня, оҕо арыт атын буолан төрөөччү. Эн уолчааныҥ эмиэ оннук, — диэтэ. Тоня бастаан хайдах атынын сатаан өйдөөбөтө онтон ыйытта: -Ыарыһах дуо? Мин оҕобун хайдах баҕарар буолбутун таптыыбын, кини тыыннаах эрэ буоллун, — оҕото илиитэ суоҕун билэн, долгуйан илиитин мускуммахтаата . Галина Гаврильевна Тоня уоскуйбутун кэннэ эттэ: -Суох, муус доруобай… Сорох онто-манта итэҕэс буолар, эн соһуйумаар… -Илиитэ суох дуо?.. Тонялаах Галина Гаврильевна чочумча саҥата суох олордулар. -Чэ,буоллун, — диэхтээтэ кыыс, талларан эрэллэригэр дылы. Ол кэмҥэ оруобуна эмиирэ кытааппытын биллэ: -Эмиийим кытааппыт уонна ыалдьар, — диэтэ. -Хайаа, үүтүҥ киирдэҕэ, билигин оҕоҕун аҕалыам, — дии-дии бырааһа тахсан барда. Тоня дэлби долгуйда, оронун туппахтаата, баттаҕын көннөрүннэ эҥин. Гаврильевна хобулуга тоһугураан тыаһыырын кытта оҕону көтөҕөн баран бу баар буола түстэ. Тоня
салҕалыы-салҕалыы оҕотун илиитигэр ылан сүрэҕэр сыһыары тутта. Кыыс көтөҕөн олордоҕуна: -Дьэ эрэ, биһи аччыктаатыбыт, ийэбитин эмиэххэ эрэ, — ытыһын-ытыһыгар ньуххарын-ньуххарына, Галина Гаврильевна бэйэтэ аһаары гыммыт киһи курдук буолла. Тоня аата долгуйан, туймааран бэл хараҕа ирим-дьирим буолла. Оҕото сэниэлээхтик эмэн чобургатта. Бастаан ыалдьар этэ, онтон улам эмиийэ сымнаан барда. Оҕото тото охсон утуйан хаалла. -Чэ, аны киэһэ аҕалыахтара. Эн эмиэ утуйан сынньан. Тоня хантан утуйуой, кэргэнин дьоно туох дииллэрэ буолла: «Арба даҕаны, ол иһин ийэ кынна инник суруйбут эбит дии. Оо, ол аата оҕоҕун ылыма диэбит дуу?.. Аата сүрүн, оттон Кешам туох даҕаны диэн суруйбатах этэ. Бүгүн суруйара буолуо, кини оҕобутун хааллар диэбэт ини?» — кыыс иһигэр эрэллээх, хайаан оҕотуттан аккаастаныай диэн. Кешатын арай, ийэтэ дэлби иирдиэн сөп. Эс, ол эрэн доҕоро оннук гыныа суоҕа. Аҕа кынна туох диирэ буолла? Ийэтэ чугас суоҕа куһаҕанын. Эбэтин аһынар, ол гынан баран оҕоҕо ийэ син биир сүрэҕэр саамай чугас киһитэ буоларын бу сытан биллэ. Ийэ буолан билигин санаата олоччу уларыйда. Урут арыт ийэтигэр кыыһырыах санаата кэлэрэ ээ… Кешаҕа ийэтэ: «Оҕоҕут илиитэ суох үһү», — диэн эппит. Уол онно соһуйта даҕаны этэ, хайдах илиитэ суох оҕо төрүөҕэй диэн. Саатар табаарыстара оҕоҕун сууйуохха диэн сордоотулар. Бүгүн бииргэ үлэлиир уолун хоһугар мустуох буоллулар. Киэһэ ас атыылаһан онно тиийдэ. Сууйдулар, ол гынан баран итирэр гына испэтэ. Хата, дьоно оҕо оонньуура, таҥаһа бэлэх аҕалтар. Ол быыһыгар: «Кеша, аҕа буолан дуоспуруннаммыккын дуу, саҥаҥ-иҥэҥ аҕыйааабыт», — дии-дии күлсэллэр. Кини ыксыыбын диэн эрдэ барда. Дьиэтигэр тиийэн, хоско бэлэхтэри арыйан көрө олордоҕуна, ийэтэ киирэн кэлэн, эмиэ даҕаны көрдөһөрдүү, эмиэ даҕаны сүбэлиирдии, эмиэ даҕаны модьуйардыы эттэ: -Тонялыын кэпсэтиэҥ этэ… Оҕону төрүүр дьиэҕэ быраҕан таҕыстын. Эдэр дьоҥҥут, өссө даҕаны оҕолонуоххут. Итинник оҕону көрөн, олоххутун эрэйгэ тэбимэҥ дуу… -Ийээ… Онтон биһи оҕобут дии хайдах буоллун?- Кеша куолаһа титирэстээн ылла, умса тутттан олорон саҥата суох хараҕын уута сүүрдэ. «Тоҕо мин оҕом маннык төрөөтөй?» диэн санаа төбөтүгэр киирдэ. Ол гынан баран итэҕэстээх дьон бааллар, кимнээҕэр киһи киһитэ буолаллар дии. Бүгүн Галина Гаврильевна Тоняҕа оҕотун биэрэргэ сананна. Кыыс онно бэлэм буолла, туруга даҕаны түргэнник чөлүгэр түһэн иһэр. Сиэстирэлэр: «Оҕотун аһата киллэрдэхпитинэ таптаан аҕай биэрэр,»- дииллэр. Кэлэн оҕо хоһун өҥөйөн турар буолар үһү. Арай бу ийэ кынна олох аккаас сурук суруйабыт диэн сүрдээх. Чэ-чэ, ону саныамыахха, сах-салаатын. Оҕону көтөҕөн баран Тоняҕа барда. -Үтүө сарсыарданан! Биһиги ийэбитигэр кэллибит. Бүгүҥҥүттэн оҕоҕун бэйэҥ көрөҕүн, — диэт, уолу көтөхтөрөн кэбистэ. -Аата үчүгэйииин! Баһыыба, Галина Гаврильевна, махталбын хайдах этиэхпин билбэппин, — оҕотун сыллаамахтаан ылла. — Тоня, миэхэ саамай улахан махталынан бу кырачаан киһи ийэтиниин өрүүтүн
бииргэ сылдьара, дьоллоох оҕо саастанара буолуо, — диэн баран Тоняны сыллаан ылла. -Чэ эрэ, бу остуолга сытыар оҕоҕун уонна суутун өһүл, суулуурга үөрэтиэм, -диэтэ Галина Гаврильевна. Тоня сууну сүөрэн баран саҥа аллайда: -Хайаа…оҕом илиилээх дии кыып-кыйа!-үөрэн харахтара мичилиспиттэрэ киһи тылынан эппэт дьоло этэ. Олох илиитэ бүлгүнүнэн суоҕа буолуо дии санаахтаабыта тоҥолоҕор диэри баар эбит дии! «Маннык этин-хаанын массаастаар» диэн көрдөрдө. Оҕолорун чороччу суулаан кэбистилэр. Галина Гаврильевна бу кыыһы дьиэтигэр туох күүтэрин санаатаҕына утуйар уута көтүөх курдук. Кэргэнэ сурук суруйбутугар, оҕо туһунан туох даҕаны диэбэтэх үһү. Ол эмиэ үөрдэр, адьас хааллар эҥин диэбэтэх ээ. Урут үлэлээбит сиригэр араас тахсааччы, доп-доруобай оҕолоруттан олох кыккыраччы аккаастанааччылар, хайдах да этэн, сорохтору иннилэрин ылбатаҕа. Оҕону күн сирин көрөрүгэр көмөлөспүт киһиэхэ бу олус ыарахан буолара. Галина Гаврильевна бэйэтэ түөрт оҕолооҕо, кыра кыыстыын биэстэр. Бэһис кыыһы иитэ ылбытыгар дьоно соһуйбатахтара. Оҕо эрдэҕиттэн наһаа оҕомсох үһү. Ийэтэ түүн-күнүс кыыһа хайдах тулуйан сылдьарын сөҕөөччү. Оҕолоро кыраларыгар тыаҕа олорон оҕо эрэ төрөтүө дуу, быраас барытыгар сүүрэр буоллаҕа. Дьон илиитэ суох оҕо төрөөбүт үһү диэн сонун оҥостон баран сотору умнубуттара. Кинилэргэ оннук оҕо төрөөбөтөх буоллаҕа, соһуйбуттара буолан баран илиитэ суох дьон баар дии, оннук ини дии санаабыттара. Арай икки төбөлөөҕө буоллар дьиктиргиэх этилэрэ дуу. Дьон ылбычча соһуйбат билигин. Итэҕэстээх-быһаҕастаах даҕаны киһини урукку курдук туораппаттар. Тэҥ киһи курдук көрөллөр, онтон улаханнык үөрэр Галина Гаврильевна. Бүгүн Тоняҕа күнүс Кешата сурук ыыппыт, ону сиэстирэ кыыс киллэрэн биэрдэ. «Туох диэбитэ буолла, оҕоттон аккаастан диэбит буоллаҕына, эбэбэр барыахпыт», — диэн санаа Тоняҕа кылам гынан ааста. Илиитэ салҕалыы-салҕалыы суругу нэһиилэ арыйда, хараҕа сүүрэлээн сатаан аахпата, сурук кылгаһыттан сүрэҕэ тохтуу сыыста: «Күндү дьонум, оҕом уонна тапталлаах киһим Тонюлям!!! Балыыһаттан тахсар таҥаскытын атыыластым. Ахтабын, күүтэбин. Аҕаҕыт», — диэбит уонна улахан дааны сүрэҕи уруһуйдаабыт. Оо! Кешам, махтанабын биһини таптыыргар», — дии-дии суругу харса суох сыллаата. Утуйа сытар оҕотугар чугаһаан сонунун кэпсии турда: -Сарсын биһиги аҕабытыгар барабыт. Эбээлэрбитигэр, эһэбитигэр, дьоммутугар… Көҥүл Кыыс Батсаап бөлөхтөн. Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан