Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күһүҥҥү түүн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күһүҥҥү түүн
K
edersaas.ru
Категорията суох
02.04.2018 22:22
Маннык хахсаат тыаллаах күһүҥҥү түүннэргэ соҕотохсуйан, суорҕаммар сууланан сытан, түннүгүм анныгар тэлибириир саһархай сэбирдэхтэрин аймана ыһар бэйэм курдук сааһыран эрэр хатыҥмынаан иккиэйэх курдукпут. Хаһан эрэ бу эргэ дьиэм түннүгүн нөҥүө кинини маныырым. Оччолорго, эдэр, акаары сааспар кинини таптаан, сүрэхпин аһан аҕыйах күҥҥэ-дьылга бэриллибит кистэлэҥ тапталбынан муҥурданан дьоллонор этим. edersaas.ru Биһиги хайдах билсиспиппитий? Мин оччолорго биэлсэр, үөрэҕин саҥа бүтэрэн кыракый нэһилиэккэ үлэлии кэлбит кыыс, тоҕо эрэ аан бастакы көрсүбүт киһибин испэр олус чугастык ылыммытым. Кини оччолорго нэһилиэккэ тутаах үлэһит, барыны-бары дьаһайар, номнуо орто сааһын лаппа ааһан эрэр кэмэ этэ. Хараҕым уутунан сыттыкпын сиигитэн утуйбатах муҥкук түүннэрим олус уһун курдуктара. Кэлин өйдөөбүтүм, олоҕум барыта да оннук хараҥа түүн кэриэтэ, ама, ааһан эрэр дуу. Билигин 40-чабар номнуо чугаһаан эрэбин… Оттон кини сүрэҕин кылгас кэмҥэ сүүйэн таптал минньигэһин билбит дьоллоох күннэрим эчи кэмчилэрин. Саатар биирдэ бэриллэр олохпор тапталлаах киһибиттэн оҕо күүтэр дьолу билбэтэхпин. «Миигиттэн оҕо күүтэр буоллаххына, көрсүһэр буолуохпут» диэн субу баардыы сибигинэйэр истиҥ тылларгын ити күһүҥҥү курус тыал илдьэ барбыта быданнаата. Хайдах эйигин угуйан бу боруогу атыллатан, билигин чугас доҕор оҥостубут сыттыкпар сэргэстэһэ сытар дьолу билээхтээбитим буолла. Хайдах этэй? Киэһээҥҥи сыралаах үлэм кэнниттэн кэлэн чэйбин өрүнэн, кими эрэ күүппүттүү түннүкпүн маныыр идэлэммитим. Эмискэ массыынаҥ уота мин дьиэм иннигэр хорус гына тохтообутугар, оо, сүрэҕим оҕото тэптэҕэ, долгуйдаҕа сүрүөн. Эн куруук буоларыныы, киэҥ харахтаргынан дьиэни эргиччи көрөн киирэн кэлбитиҥ. Соһуччу көтөн түспүт киһилии эмиэ да симиттэн аан таһыгар турбутуҥ. Эн биһикки ардыбытыгар биллибэт ситим баарын мин сэрэйэр буолан, саҥата суох утары көрөн турбутум. Онуоха эн: «Геля, массыынам уруула бэйэтэ эн дьиэҕэр салайда» диэн баран мүчүк гыммытыҥ. Мин кутаа уоттуу умайа сылдьар сүрэхпин ол киэһэ эйиэхэ аспытым. Ол кэннэ эйигин бэйэм эрэ бас билэр курдук санаммытым. Эн тус олоххор, оҕолоргор тоҕо эрэ кыһамматаҕым. Онтон эн миигинэн оонньоон, саараан баран ааммын букатыннаахтык саппытыҥ. Эмиэ ол уруккубун санатар күһүҥҥү түүн иһийэн мин сүрэхпин иһиллиир курдук. Билигин мин уруккум курдук тырыбынаабыт эдэр кыыс буолбатахпын. Ол эрээри, олохпун оҥосто сатаабакка эйигин ымыы оҥостон сылдьыбыт буруйбар, эн биһикки сыппыт сыттыкпытын кууһабын, киниэхэ эрэ сүрэҕим кистэлин кэпсиибин. Урут амтаһыйа сылдьыбыт умнуллан эрэр имэҥим уотун хаһан даҕаны күөдьүппэппин билэбин. Түөрт уончалаах соҕотох дьахтар дьолун булара уустук дииллэр. Баҕар, ол куорат эҥээр олорооччуларга судургу буолуо. Оттон тыа сиригэр олорор, үйэтигэр биир эр киһини билбит сулумах сүрэххэ ким талаһыай? Арай, саатар биир күһүҥҥү түүнү бэлэхтээн, уруккуҥ курдук киирэн кэлэн, күүстээх илиилэргинэн куустаргын, төһө да билигин модьураан, соноон сырыттарбын, эн таскар эдэр кыыстыы сэгэйэ көрөн, иирэ талахтыы эриллэҥнээн көрүөм эбитэ дуу… Ол эрээри, саатар биирдэ көрсөн
кэпсэппит, истиҥник мичээр бэлэхтэһэн ааспыт киһи дуу диэн саныыбын эрээри, эн миэхэ аны наадыйбаккын. Ыал эһэтэ буолан эбээһинэһиҥ элбээн уруулгун аны мин диэки салайбаккын… ХАРАҤАЧЧЫ, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан