Кэпсээ
Войти Регистрация

Имэҥ диэннэрин биллэҕим...

Главная / Кэпсээн арааһа / Имэҥ диэннэрин биллэҕим...

K
29.12.2022 16:02
   Ол түгэни өйбөр эргиттэхпинэ, «син ахтардаах-саныырдаах эбиппин ээ» диэн испэр күлэн ылабын. Ыал буолан, кыргыттарым хороччу улаатан эрэр кэмнэрэ этэ. Кэргэмминиин кэнникинэн бииргэ төрөөбүттэр да курдук буолан хаалбыппыт. Кини мин туспар кыһаллар, мин эмиэ кини туһугар сүүрэбин-көтөбүн, оҕолорбут тустарыгар үлэлиибит-хамсыыбыт. Көмүс быраабыла курдук, нэдиэлэҕэ биирдэ, сороҕор көтөн, «кэргэннии эбээһинэстэрбитин» толорорбут. Оннук биир күрүс олохпутунан көннөрү ыал быһыытынан олордохпут дии. Атыҥҥа дураһыйар, оннугу саныыр да суоҕа.        Бүөккэбиниин устудьуоннуу сылдьан холбоспуппут. Онон кэргэммиттэн атыны билбэтэх киһи сырыылаах дьүөгэлэрбин улаханнык өйдөөбөт, мөҕүтэлиир да этим... Ол эрээри биир түгэн олохпун тиэрэ эргиппитэ, кыл түгэҥҥэ төрүт атын киһиэхэ кубулуппута. Бэйэм кыра тэрилтэ салайааччытабын, онон араас тэрээһиҥҥэ кыттыһабын, үлэлиибин-хамсыыбын. Оннук курдук улуус олоҕор бииргэ алтыһар кыыһым биир уокурукка дьокутаакка хандьыдаатынан турбута. Онон ыстаапка киирэммин, аҕытаассыйа үлэтигэр ылсан барбытым. Арай онно биһигини таһар массыына суоппара миигин бэрт дьиибэтик көрөр. Саҥа таһааран кэпсэппэтэр даҕаны, массыына сиэркилэтинэн кэтиир курдук, түһэн хаамтахпына, батыһыннара көрөрүн, кэтэхпинэн көрөр курдук, сэрэйэбин. Мин кинини иҥэн-тоҥон көрбөтөрбүн даҕаны, иһим түгэҕэр туох эрэ сылаас олохсуйбута. Сол курдук билсибэккэ, кэпсэппэккэ, хас даҕаны тэрилтэнэн, ыалынан сылдьыбыппыт.    Биир күн эмиэ ыалларынан аҕытаассыйаҕа сылдьан баран, ханна эмэ тиийэн олоро түһүөҕүҥ диэн буолбута. Ыстаап үлэһиттэрэ аһылык, арыгы ылбыттар этэ. Ити саас этэ. Онон өссө да хаардаах сиргэ тохтоон, кутаа оттон, эт ыһааран сиэччи буолбуппут. Сааскы салгын ырааһа сүрдээҕэ. Дьонтон сэрэнэн ыйыппытым – суоппарбыт Ылдьаа диэн ааттаах эбит. Ыаллыы улуустан саҥа көһөн кэлбит. Быыбарга кыайарбыт-хоторбут туһугар хаста даҕаны көтөхпүппүт. Мин, кыһыл арыгыбыттан холуочуйа быһыытыйан эр ылбыт киһи, Ылдьаа диэки хорсуннук утары көрүтэлиир буолбутум. Киһим миигин син биир эрдэ көрөрүн курдук тонолуппакка одуулуура. Ол курдук киэһэни быһа харахпытынан оонньоһон, дьиэлииргэ туруммуппут. Арай Ылдьаа мин туоруохтаах суолбун аһара көппүтэ. Барыларын дьиэлэригэр түһэртээн, иккиэйэх эрэ хаалбыппыт. Массыына кыһыҥҥы суолунан тыалаах сир диэки айанната турбута. Мин уолуйан, кэлиҥҥи олбоххо  харахпын кэҥэтэн олорбутум. Ол тухары саҥа суоҕа. Сүрэҕим тэбиитэ чэчэгэйбэр кытта биллэргэ дылыта. Тоҕо тохтото, түһүөхтээх сирбэр түһэ сатаабатахпыттан бэйэм да бэркиһиибин. Сотору массыына тохтоон, Ылдьаа массыына кэлиҥҥи аанын арыйан киирэн аттыбар олорбута уонна үөс-батааска биэрбэккэ уураабытынан барбыта. Үйэлээх сааспар субу курдук билбэт киһибэр соһуччу бэриниэм диэн, ити кэмҥэ диэри санаабакка сылдьыбытым. Кыл түгэнигэр тутуһуу-хабыһыы буолбута, Ылдьаа суптурута оборор уурааһыныгар бэйэм утары хардаран, мин бастакынан кини сонун устааччы буолбутум. Киһим таһыттан көрдөххө, оччо уохтаах-кылыннаах киһиэхэ майгыннаабат этэ да, күлүм түгэҥҥэ үйэбэр билбэтэх дьикти сылаанньыйыым этим-хааным устун сүүрбүтэ. Ким эрэ «ырыган дьон ороҥҥо үчүгэй буолаллар» диэбитэ кулгаахпар иһиллэн ааспыта. Ылдьаа, эдэр киһилии, олох үчүгэйэ. Ити киэһэ хаста эмэ хатылаабыта. Оттон Бүөккэм эрэйдээх эдэриттэн сэниэтэ суоҕа. Ол да буоллар, онтон атыны билбэтэх киһи, туох баарынан сөп буолан олордоҕум дии.    Дьэ, ити Ылдьааны билбит киэһэбиттэн мин, этэллэригэр дылы, 360 кыраадыс уларыйбытым. Нэһиилэ сирэйбин суунан, үрдүнэн-аннынан кырааскаламмыта буолаат, үлэбэр ойор бэйэм, сиэркилэҕэ көрүнэрим чаастатыйбыта. Дьон тупсубуппун бэлиэтиир буолбуттара. Наар дьиэбиттэн-уоппуттан, үлэбиттэн атыны билбэтэх киһи тулабын көрүнэр буолбутум. Ылдьаалыын ити сааһы, сайыны быһа суксуруспуппут. Массыына кэлиҥҥи олбоҕо ханан иһирдьэ киириилээҕин, туох туорайдааҕын барытын билбиппит. Кини сурук ыыппыт эбэтэр эрийбит буоллаҕына, биитэр көрсө түстэхпитинэ, имим кэйэрэ, туттардыын-хаптардыын, хаамардыын-сиимэрдиин уларыйарым. Төлөпүөҥҥэ кини миигин эр киһи, мин кинини дьахтар аатынан илдьэ сылдьарбыт. Суруйсарбытыгар смс бэлиэлэринэн бэйэбит алпаабыт толкуйдаабыппыт. Үйэлээх сааспар имэҥирбэтэхпин имэҥирбитим мин ол кэмҥэ! Тэрилтэ хотуна эрэ, ыал ийэтэ эрэ... Барыта умнуллубута. Мин дьолбор, чугас дьүөгэлэрбиттэн ураты ким да биһиги сыһыаммытын билбэтэх этэ. Ылдьаа күһүөрү куоракка киирбитигэр хаста даҕаны дьоммун көһөрөн, эккирэтэн барыахпын баҕарталаабытым. Арахсарга олох бэлэмэ суоҕум! Сылтах булан, куораттыырым элбээбитэ. Төһө баҕарар өр сылдьар баҕалааҕым да, эмиэ дьолбор буолара дуу, Ылдьаа сыһыаны тохтоторго быһаарыммыта. Кэргэнэ улаханнык ыарытыйан, балыыһа ыырдаммыттар этэ. Арахсыыны мин ыарыылаахтык ылыммытым. Үчүгэй айылҕалаах сиринэн кыһалҕата суох муҥ кыраайынан көтүтэн иһэн эмискэ тохтообукка тэҥнээҕэ. Онон, этиллэрин курдук, «алдьаммыт хоруудабар» төннөрбөр тиийдэҕим дии. Сыыйа олоҕум тэтимигэр киирэн, уоскуйбутум.    Кэлин, барыта умнулла быһыытыйбытын кэннэ, арыт тымныы көлөһүн сарт түһэрэ. Баҕар, ким эрэ оччолорго туора киһилэнэ сылдьыбыппын билэн, кэлэн дьоммор этиэ, кэпсиэ дии санаатахпына, уум кытта көтөрө. Сааһыраммын дуу, хайдах дуу, Ылдьааны бэйэтин көрүстэхпинэ, билигин, санаабар, махтанабын. Син киһи, дьахтар буолан, имэҥ диэннэрин билбит дьоҥҥо кииристэҕим.   М.А., Мэҥэ Хаҥалас.
kyym.ru сайтан