Кэпсээ
Войти Регистрация

Бастакы булдум

Главная / Кэпсээн арааһа / Бастакы булдум

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.12.2022 15:53
   Бу түбэлтэ 1982 сыллаахха буолбута быһыылааҕа... Оччолорго тохсус кылааска үөрэнэрим. Сайын аайы ат көлө звенотугар тахсан оттуурум. Оҕолор звеноҕа элбэх буоларбыт. Онон оонньуу-көрүлүү таарыйа үөрэ-көтө оттуурбут. Күһүнүн буһа-хата үлэлээн, эт-сиин да өттүнэн сайдан, оҕо санаабытыгар, бары да бүтүннүү быыппастар быччыҥ бөҕөтө буолан бөһүөлэккэ киирэрбит. Билигин олорон ол оҕо саас кэмнэрин санаатахха, астык да буолар эбит. Тууй-сиэ, бэйи, кэпсээммиттэн олус туора халыйан бараары гынным быһыылаах. Бэйэм бултуурбун, айылҕаҕа сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Ити – кылгастык эттэххэ. Саас-күһүн кус-хаас кэлэр кэмин көтүппэппин. Төрөөбүт бөһүөлэгим ууларыгар тахсан, дьэ, астына сытабын, ньалыар ууну кэрийэбин. Улахан да булка хаста да сылдьан турардаахпын. Ол гынан баран киһи бастакы булда үйэ-саас тухары умнуллубат дьикти буолар эбит.        Сайын ортолоон турдаҕына, биир үтүө күн биригэдьиир ыҥыртарда. Киһим биригээдэҕэ бултуурга диэн толуон көрүллүбүтүн сэмээр эттэ. Миигин үчүгэй үлэлээҕим иһин, сынньата таарыйа диэн, Тырахтарыыс Туолугу кытта бултата ыытабын диэтэ. Кырдьыга даҕаны, бэйэм итинник сырыыга барсыахпын баҕарарым туһунан хаста да бэйэтигэр биллэрэн турардааҕым. Баҕар, ол да иһин буолуо, киһим миигин ыҥыртарбыта. Уолаттарга бултаһа барсар улахан былдьаһык, мээнэ киһи тиксибэт дьыалата буолара. Онон улахан үөрүүнэн сөбүлэстим.    Иккиэн харабыыннанан, саа-садах иилинэн тайҕабытыгар таҕыстыбыт. Тырахтарыыс Туолук – биэс уончатыгар чугаһаабыт, сопхуос биир туруу үлэһитэ. Кэпсээнэ-ипсээнэ бэрт кэмчи киһи. Ол эрээри хаһыаты, сурунаалы сөбүлээн ааҕар эристиин. Аан дойду сонунун барытын тэһиппэккэ билэр курдуга. Онтун эбиэт кэмигэр хайаан да аттыгар олорооччуга кэпсиир идэлээҕин өйдүүбүн. Оҕолор кинини сымнаҕас майгылааҕын иһин сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Онон кинилиин түбэһэн барбыппытыттан эмиэ үөрэрим.     Киһим булт ханна баар буолуохтааҕын эндэппэккэ билэрэ. Бэрт эрэллээхтик иннин хоту түһүнэн испитэ. Оннук хас да арыы тыаны, кыра алаас курдук ырааһыйалары уҥуордаан, төгүрүччү хойуу тыалаах, оттоох-мастаах сиргэ кэлбиппит. Киэһэнэн бырдаҕа, күлүмэнэ сүрдэнэн барбыта. Ону ол диэбэккэ, олус улахана суох күөлү чугастааҕы ойуур саҕатынан үөмэн кэрийэ барбыппыт. Арай ол иһэн, киһим «чохчос гын» диэн бэлиэ биэрбитэ. Мин биир-биэс тыла суох хаптас гыннаҕым дии. Тырахтарыыһым ыйар сирин диэки көрбүтүм, күөл кытыытыгар ууга тайах турар эбит. Бука, үөнтэн уонна куйаастан куотан сөрүүкүү киирбит буолуохтаах. Киһибин кытта сүбэлэһэн баран, кытылга тахсарын күүтэргэ быһаарынныбыт. Оннук чочумча олорбохтоотубут ээ. Аргыһым олох ыксаабат быһыылааҕа, арай «тыаһаама» эрэ диир. Хата, тыалбыт да биһиги диэки үрэр буолан, тайах үргэн хааларыгар төрүөт суох курдуга.    Борук-сорук буолбутун кэннэ, тайахпыт дьэ хамсаата. Аа-дьуо уһун атахтарынан хардыылаан кытыл диэки хаамта. Биһиги сэргэхсийэ түстүбүт. Кыра-кыралаан тайахпыт баран иһэр хайысхатын диэки чугаһаан биэрдибит. Арай киһим холку куолаһынан «ытарга бэлэмнэн» диэтэ. Мин хайдах эрэ ыксаан ыллым, сүрэҕим бип-битиргэс буола түстэ. Ол эрээри эр санаабын киллэрэн, үгүһү толкуйдуу барбакка, киһим хамаандалаатын кытта иһин диэки туһаайан баран, ытан ньиргиттим. Тайах, дьиһигийэ түһээт, ойуур диэки харбаста. Киһим «өссө ыт!» диэн хаһыытаата. Сүүрэн иһэн тайаҕы моонньун диэки кыҥаат, өссө биирдэ ыттым. Бу сырыыга кыылбыт тохтоон хаалла. Тура түстэ. Онтон хайдах эрэ дьиибэ баҕайытык байааттаҥнаан баран, атаҕа адаарыс гыныар диэри сууллан түстэ. «Маладьыас!» – диэн саҥа иһиллээтин кытта, Тырахтарыыс тайах диэки сүүрэн иһэрин көрөн хааллым.    Сайыҥҥы сырдык халлаан анныгар, сөрүүҥҥэ тайахпытын бэрт түргэнник астаан, төһө кыайарбытынан эти үрүсээктэрбитигэр хааланан, ордугун тириитигэр суулаан, маска кистии ууран баран отуубутугар төннүбүппүт. Сарсыныгар аттаах кэлэн, ордук эти тиэнэн илдьэ барбыппыт. Этэ туох да буолбатах этэ.   В.Неустроев, Бороҕон сэл., Уус Алдан улууһа.   Уолуйан хаалбыттаахпын      Ол сыл Нуотара үрэх киэҥ сиригэр-уотугар булчуттар өлгөмнүк бултуйбуттара. Ол да иһин буолуо, дьонтон хаалсымаары, арай биир үтүө күн биһиги эмиэ кырдьаҕас доҕорбун Уйбааны кытта сирбитигэр «бултуу, сынньана» диэн ааттаан таҕыстыбыт. Оччолорго эдэрбин, сопхуоска саҥардыы огурунуомунан үлэлээн эрэбин. Пиэрмэҕэ айанныыр сопхуос массыынатын суоппарын көрдөһөн, аарааҥҥа диэри барыстыбыт уонна бэркэ билэр сирбит диэки сатыы түһүнэн кэбистибит. Киһи кыһыйыах, кэлбит күммүт киэһэтигэр дэлби инчэҕэй хаар түстэ, тыал-куус бөҕөтө буолла. Онон икки күн кэриэтэ үүтээммититтэн улаханнык быкпакка, хата, аҕалбыт «өйүө­бү­түттэн» ону-маны сэһэр­гэһэ таа­рыйа, бэрт кыралаан амсайа олордубут. Үһүс күммүтүгэр ыраас халлааннаах чаҕылхай күн үүннэ. «Арааһа, бүгүн Байанай мичик гынар буолла быһыылаах» диэн күлүкпүтүгэр имнэннибит. Түргэн үлүгэрдик хомунан-иминэн баран, хара тыаны ахтыбыт дьон киэбинэн иннибит хоту түһүнэн кэбистибит.    Хара тыанан хааман иһэн, булчут хааммыт оонньоон, күө-дьаа сэһэммитин-сэппэммитин тохтотон, тыаһы-ууһу иһиллээн, чуумпуран ыларбыт элбээн истэ. Өр бултаабатах да, бултуйбатах да дьон кыра да булка баҕаран, көтөр-сүүрэр суолун-ииһин үөрэтэ истибит. Арай оннук үөмэн-чүөмэн истэхпитинэ, киһим эмискэ:    – Бээ, тохтоо эрэ! Мутук то­һунна, – диэн өрөйө-чөрөйө түстэ.    Кырдьык, Уйбаан эппитин курдук, биһигиттэн 50-ча миэтэрэ ыраах турар тииттэр быыстарынан туох эрэ бороҥ өҥнөөх күлүкүс гынан ааспытын көрөн аһардыбыт. Тоҕо эрэ «кырдьаҕас быһыылаах» диэн санаа иккиэммитигэр тута күлүм гынна. Эппит сааһа аһылынна.    Киһим сирэйэ-хараҕа бэркэ турбут көрүҥнээх. Иннин хоту үөмэн барда. Мин да хаалсыбатым, киһим кэнниттэн саппай уопсан истим. Кырдьаҕаһы уун-утары көрсөрбүттэн төһө да салла санаатарбын, үөрүйэх булчукка – Уйбааҥҥа – эрэнэрим оччо улахан.    Бороҥ күлүкүс гыммыт сиригэр чугаһаан, өҥөйөн көрбүппүт, ол сиргэ сүрдээх баараҕай тиит суулла сытар эбит. Быһата, аар тайҕа хаһаайына ол анныгар кы­һыҥҥы уутугар-хаарыгар киирээ­ри, арҕах оҥостубут быһыы­лаа­ҕа. Оттон бэйэтэ ол аттыгар бап­па­ҕайын, түүтүн салана-ырааста­на олорор бадахтаах. Арай биир түгэҥҥэ киһи сытын ылла быһыы­лаах: кулгаахтара чоройо түстүлэр. Кыл түгэнигэр адьырҕабыт ой дуораана буолан иһиллиэр диэри бэрт иччилээхтик часкыйда. Мин, кырдьаҕаһы бачча чугастан көрбөтөх киһи, көхсүм хараҕа аһыллан, уҥуохтарым халыр босхо баран хааллылар. Ол кэннэ туох-ханнык буолбутун үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Өйүм баайыллыбыт быһыылааҕа. Кырдьаҕас уун-утары сүүрэн иһэрэ да, «пус-пас» буола түспүтэ.    Биирдэ өйдөммүтүм, Уйбааным туох эрэ диэн хаһыытыы турара:    – Ноо, дьэ, киһи бөҕөтөҕүн дии! Туох ааттаах уолуйдуҥ?! Акаа­рытык киирэн биэрэн, чуут был­дьана сыстыбыт. Маннык тү­гэҥ­ҥэ туттуммахтаан хаалар куолута, – диэн сэмэлиир тыла-өһө иһилиннэ.    Уйбаан ол кырдьаҕаһы иккитэ бэргэнник ытан суулларбыт этэ. Сааһа иккитэ-үһэ быһыылааҕа. Сүрдээх эмис этэ.   Мэхээлэ Бөтүрүөп, Дьокуускай к.   Дьикти ас-үөл      Урут хоту үлэлиир кэмнэрбэр табаһыттар ыстаадаларыгар бэрт элбэхтик сылдьарым. Ордук ненец Сейка Вэла ыстаадатыгар үгүстүк кэлэн барарым. Кини туһунан үйэ-саас тухары өлбөт-сүппэт үтүө өйдөбүллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, бу хоту дойду хорсун хоһууна сырыы аайы миигин тугунан эмэ сөхтөрөрө.    Биир үтүө күн сарсыарда чэйдээн баран киһим:    – Билигин эн биһикки эт аҕала барыахпыт. Икки күн анараа өттүгэр тайаҕы бултаабытым. Бүөрүн уонна сүрэҕин бэйэбин кытта илдьэ кэлбитим. Атынын бултаабыт сирбэр тириинэн саба бүрүйэн хаалларбытым, – диэтэ.    – Ыраах дуо? – диэн ыйытабын.    – Суох, уон биэс килэмиэтир.    2 чаас курдук тэринэн баран, айаннаатыбыт. Табаларбытыгар икки чэпчэки уонна түөрт таһаҕас уурар наарталары көлүйдүбүт.   Таба сыатыгар буспут тайах уоһа        Били сирбитигэр тиийэн баран, эппитин тиэйбитинэн бардыбыт. Тайах, кырдьык, аарыма эбит этэ. Аҥаардас илин өттүн аҥаара бэйэм саҕа ыйааһыннааҕа. Оннук тоҥ эти өрөһөлүү тиэнэн баран, төттөрү айаннаатыбыт. Ыстаадаҕа кэлээт, Сейка эттэ:    – Төбөтүн чуумҥа киллэриэх. Ойоҕум Ари хаһан да амсайбатах аскын астыаҕа.    Нөҥүө күнүгэр Сейка бастакы ойоҕо Ари эрдэ туран, төбөнү астаабытынан барда. Тириитин сүлэн ылла. Үөһээ уонна аллараа уостарын араартаата. Онтон балачча уһуннук түүлэрин уокка сиэттэ. Ол кэннэ бэркэ кичэйэн туран хоруорбут түүлэрин кыһыйда. Салгыы сууйан баран, туустаах ууга ууран, 2 чаас устата буһарда. Буһуон 10-15 мүнүүтэ иннинэ 3-4 лавр сэбирдэҕин бырахта. Буспут уостары сойута түһэн баран, уһун синньигэс гына бысталаата уонна таба сыатыгар хобордооххо тэтэриэр диэри ыһаарылаата.     Ол кэмҥэ табаһыт иккис кэргэнэ Лена остуол тарта. Килиэп, саахар уурталаата уонна чэй кутаттаата. Бу бүлүүдэ олус минньигэс этэ.   Бэйэ симэһинигэр буспут кырса      60-с сыллар саҕаланыыла­ры­гар Ямал «Ныдинскай» соп­хуо­һугар, кырса пиэрмэтигэр сүрүн зоотехнигынан үлэлээбитим. Оччолорго пиэрмэҕэ 320 ийэ кырса баара.    Күһүөрү кыылларбытын өлө­рөр кэммит кэлбитэ. Тириилэрин сүлэн ылан баран, эттэрин булууска уган иһэрбит. Ол кырса этин пиэрмэ атын кыылыгар-сүөлүгэр аһылык гынарбыт.    Ол сылдьан бэлиэтии көр­дөх­пүнэ, тирии сүлээччи ненецтэр үлэ­лээн бүтэн баран, хайаан да кырса этин дьиэлэригэр илдьэ бараллара. Ону Аркани Неркагы диэн ненецтэн:     – Ити кырса этин ыттаргын аһа­таары ылаҕын дуо? – диэн ыйыттым.    – Ыттары даа? – диэн ки­һим, хата, соһуйда аҕай. – Бэйэм кыралаан сиэрибин ылабын. Тыҥаны эмтииргэ сүр­дээх үчүгэй. Этэ да олус мин­ньигэс.    Итэҕэйбэт буоллаххына, ыалдьыттыы кэлээр. Ойо­ҕум хас күн аайы буһарар.    Ыҥырыыттан батынан кэ­би­һэр сатаммат буолан, биир өрөбүл күн дьоммор тиийэ сырыттым уонна дьиэлээх хаһаайкаттан хайдах кырсаны астыырын токкоолостум:    – Бастаан эти кыратык тоҥоро түһэбин.    – Кыратык диэн төһө уһун­нук? – диэн сэҥээрэбин.    – Нэдиэлэ кэриҥэ. Ол кэннэ бытархай гына бысталыыбын. Салгыы 8-10 чаас устата ууга туруора түһэбин. Ити икки ардыгар уубун 2-3-тэ уларытабын. Онтон эппин хостоон таһааран хочуолга угабын. Уулуубун, туустуубун уонна мөлтөх уокка буһарбытынан барабын. Биир чаас кэриҥэ бэйэтин симэһинигэр буспутун кэннэ, лууктуубун, лавр сэбирдэҕин угабын уонна чаас аҥаара тэптэрэбин.    Боруобалаан баран, оннук айыылаах үчүгэй аһылык дии са­наа­батаҕым. Туох эрэ хос ам­таннааҕа. Сии үөрүйэх киһи сыаналыыра буолуо. Тус бэйэм сөбү­лээбэтэҕим, тайа­ҕым уоһа ордук минньигэс этэ. Баҕар, кыр­дьык, эмтээҕэ буолуо ээ... Анатолий Мухачев, Дьокуускай к. Бэлэмнээтэ Илья ОКОНЕШНИКОВ.
kyym.ru сайтан