Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэҕэ уйата

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэҕэ уйата

K
29.12.2022 15:47
   Былыр-былыргыттан биллэринэн, «кэҕэ уйаламмат» диэн буолар. Кини атын чыычаах оҥостубут бэлэм уйатыгар кэлэн сымыыттаан кэбиһэр. Ол сымыыта, кини ханнык чыычаах уйатыгар сымыыттаабытыттан көрөн, тас дьүһүнэ кытта оннук өҥнөөх-дьүһүннээх буолар дииллэр. Кэҕэ оҕото сымыыттан тахсан баран, атын сымыыттары уйаттан аллара төкүнүтэлээн кэбиһэр. Сорохтор ону өссө «сиэн кэбиһэр» диэн ааттыыллар да, ол арааһа, сымыйа буолуо. Атын оҕолортон быдан улахан, күүстээх буоллаҕа. Тиһэҕэр тиийэн кини «ыал со­ҕотох оҕото» буолан мааныга-далбарга, тото аһаан улаатар. Чыычаах эрэйдээх бэйэтиттэн быдан улахан кэҕэ оҕотун тоторо сатаан эрэйдэнэр кэмигэр, ийэ кэҕэ сайыны быһа кэрэ чуор куолаһынан этэн-тыынан биһигини манньытар, көрүлүүр-нарылыыр.        Ол гынан баран былыргы кырдьаҕастар кэҕэ син биир атын көтөрдөр курдук уйаланарын, сымыыты баттыырын уонна ол уйата куһаҕаҥҥа эрэ көстөрүн кэпсээччилэр. Былыргылар этэллэринэн, кэҕэ баай тиит көҥдөйүгэр уйаланар үһү.    Сүүрбэттэн быдан тахса сыллааҕыта сопхуоска «разнорабочай» диэн үлэлээх түөрт доҕордуу уол күрүө оҥоруу­тугар үлэлээбиттэрэ. Атын сирдэргэ хайдаҕын билбэппин, оттон биһиэхэ ол саҕана «раз­норабочай» диэн аанньа ахтыллыбат, бэрээдэгэ суох эбэтэр буруйдаммыт дьону ыытар үлэ этэ. Кырдьык, туох да түптээх үлэтэ суох, ханан үүт-хайаҕас аҥайан хаалбытын бүөлүүр, күн аайы саҥаттан саҥа үлэ учаастагар быраҕыллар туох бэртээх буолуой...    Сып-сырылас куйааска, сир-халлаан силбэһэр хара былыт курдук бырдаҕын-сахсырҕатын, күлүмэнин ортотугар хара тыаны кэтэ сылдьан бүтэй күрүөнү оҥоруу, ыбыс-ыарахан үөл сиэрдийэни, кү­рүө баҕанатын сүгэ-сүгэ хаамыы – ыарахан үлэ. Даҕатан эттэххэ, ол биһиги саҕанааҕы үөн-көйүүр билигин суох. Урут оччолорго кумаара-күлүмэнэ ынырык буолар этэ.    Хаабыс ааттаах суоппар, «КамАЗка» сылдьыбыта. Чыккый эмиэ суоппар, соро­ҕор сопхуос дириэктэрин, соро­ҕор кылаабынай инженери таһар, сороҕор бодобуостуур, Хабах – сопхуос биир бэрт тырахтарыыһа, күҥҥэ биирдии гааны охсор туруу отчут, оттон Лөҥкө сопхуос туох баар уунан устар тырааныспарын барытын тэрийэр-дьаһайар «хапытаан» этилэр. Бу бары тиэхи­ньикэҕэ сыһыаннаах уолаттар, бука, сайыҥҥы өттүгэр массыына эҥин сүүрбэт буолан бары бииргэ муһуннахтара буолуо.    Уолаттар үлэлии сылдьан, бүтэйдэрэ ааһыахтаах сиринэн биир улахан, хаппыт, хас да кумалаана чөҥөрүйэн көстөр улахан көҥдөй маска кэтиллибиттэр. Маһы хайыылларын туһунан кыратык быһаарсыһа түһэн баран, биир бэртэрэ (чопчу хайаларын билбэппин) «дружбатын» гаастаан баран, эмэх тиити эрбээн куугунатан барбыт. Мастара иччитэх буолбатах эбит. Эрбии турдахтарына үөһээҥҥи көҥдөйтөн туох эрэ өрө тилигирээн тах­сан кынатын тыаһа ыраах ку­һуйа турбут. Ону көрөн уолаттар олус соһуйбуттар. «Туох көтөрүй ити? Кынатын тыаһа тоҕо сүрэй, тоҕо улаханай? Арааһа, орулуос кус бы­һыы­лаах, орулуоһу мас көҥ­дөйүгэр сымыыттыыр диэччилэр...» – диэн отур-ботур кэпсэтэн баран, салгыы эрбэтэн барбыттар. Мастара сууллуохча буолан эрдэҕинэ, аны биир көҥдөйтөн сайыҥҥылыы уот кугас өҥнөөх тииҥ ыстанан тахсан, мастан маска ойуолаан субуруҥнуу турбут. Ону ураҕаһынан мас суулла­рын салайан үтэ турбут уолаттар кэнниттэн көрөн соһуйан эрэ хаалбыттар. Хаабыс ону көрөн, дьэ, адьас улаханнык атыҥыраабыт: «Бу аат маһа онто-манта элбэҕэ бэрт эбит, абаа­һыны баран, турдун, эр­бээмиэҕиҥ». Атын уолаттар ону аахайбатахтар. Ол кэмҥэ адьас алларанан, бэрт куһаҕаннык хара-хара хардьы­гынаабытынан биир сиэрэй дьүһүннээх көтөр күлүк курдук көтөн, тыа быыһынан аҕы­йахта күлүҥнээн хаалбыт. «Кыр­бый быһыылаах» диэн сылыктыы турдахтарына, ол кө­төр­дөрө уолаттартан чугас мас үрдүгэр түһэн кэҕэлии «кукууктаан» барбыт. Уолаттар улаханнык соһуйбуттар уонна көрбөтөхтөрүн көрөн, бил­бэтэхтэрин билэн өрө уһуу­таһа, суугунаһа түспүттэр. Дьиҥинэн, билигин кэҕэ этэн бүппүт кэмэ буолуон сөп этэ да... Төһө да ол сэбиэскэй кэм­ҥэ ыччаты айыы-абааһы диэни баардылаабакка үөрэп­пит­тэрин иһин, уолаттар син саха дьоно буоллахтара, туох эрэ дьээбэлээх, сэттээх-сэлээннээх буолуон сөп дьыала оҥоһуллан эрэрин эттэринэн-хааннарынан сэрэйбиттэр. Ол эрээри, онто да суох сууллара кыра хаалан турар маһы салгыы эрбэтэн бааҕынатан түһэрбиттэр.    Кыайбыт-хоппут дьон суулларбыт мастарын үрдүгэр та­баахтыы олорбуттар. Ити кэмҥэ били чугас маска олорбут кэҕэлэрэ көтөн кэлэн, ку­һа­ҕан баҕайдык саҥара-са­ҥара, көҥөөн таарыйар-таарыйбат сиирэ-халты түһүтэ­лээн барбыт. Уолаттар дьэ со­һуйбуттар: «Ити тоҕо көҥүү­рүй? Бу кэҕэбит, арааһа, манна уйалаах быһыылаах. Кэҕэ уйаламмат диэччилэр. Хата, маспытын эрбэтэн көрүөҕүҥ, баҕар, кэҕэ уйатын булуохпут»... Этилиннэ – оҥоһулунна. Уолаттар үөс батааска биэрбэккэ, маһы отук хардаҕаһын саҕа кээмэйинэн быһан үөрэ­ҕэстээбитинэн барбыттар. Кэ­ҕэлэрэ ол кэм­ҥэ иччилээх ба­ҕайытык хардьыгынаан ха­һыыра-ха­һыы­ра тула көтө сыл­дьыбыт. Кырдьык, мас көҥ­дөйүгэр көтөр уйата баар эбит. Түөрт сымыыт баара мас охторугар илдьирийэн хаал­быт­тар, истэриттэн хараҥа өҥ­нөөх хааннаах салыҥ тохтубут.    Туох эрэ бэрдэ суох бы­һыы-майгы тахсыбытын, хойутаан да буоллар, уолаттар сэ­рэйбиттэр. Ол кэнниттэн тута эбитэ дуу, салгыы үлэлии түһэн баран дуу, эдэр дьон хоно сытар болуок дьиэлэригэр тэскилээбиттэр...    Уолаттар бэрт дьээбэлээх, кэҕэ уйалаах маһы суулларбыттарын туһунан сураҕы ол саҕана элбэх киһи истибитэ. Уолаттар бэйэлэрэ кэпсээтэхтэрэ буолуо, онно кинилэртэн атын киһи суоҕа.    Чахчыта да, бу туох да бэрдэ суох остуоруйа түмүгэ эмиэ хобдох буолбута. Ол сайы­ныгар нэһилиэкпитигэр үс уол өрүскэ сылдьан мотуор­даах оҥочолоро эргийэн ууга былдьаммыттара. Онтон иккитэ – били маһы суулларыыга сылдьыбыт уол. Эмиэ онно сылдьыспыт Лөҥкө икки-үс сыл буолан баран ыалдьан өлбүтэ. Чопчу туох ыарыытын билбэппин, «быара сыырастаан өллө» диэн кэпсииллэрэ. Өр эрэйдэнэн өлөөхтөөбүтэ. Саамай кэнникинэн Чыккый «энсэпэлиит» диэн ылла да ыһыктыбат, куһаҕан ыарыыга буулатан барбыта.    Биллэн турар, маны мин барытын «кэҕэ уйатын булбуттарыттан өлбүттэрэ» диэбэппин, баҕар, үөһэттэн суруллан кэлбит ыйаахтара оннуга буолуо. Ол эрээри, торулуур тоҥ маһы тоһута тыытар бөҕө-таҕа, доруобай эдэр уолаттар, куһаҕан маһы охторбуттарын кэннэ тута кэриэтэ, утуу-субуу өлбүттэрин нэһилиэгим дьоно бэркэ аньыырҕаан, сөҕөн-бэркиһээн хойукка диэри кэпсэтэллэрэ. Биолог учуонайдар кэҕэ уйаланарын-уйаламматын туһунан туох санаалаахтарын билбэппин, оттон тус бэйэм ол түбэлтэ кэнниттэн «кэҕэ уйата улахан куһаҕаны эрэ түүйэн көстөр эбит» диэн өйдөбүллээхпин.
kyym.ru сайтан