Кэпсээ
Войти Регистрация

Өйдөммөт Өндөрүүс

Главная / Кэпсээн арааһа / Өйдөммөт Өндөрүүс

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
05.12.2019 17:09
Алта уончатыгар чугаһаабыт Оруоса эмээхсин хоспоҕун ыраастаан, күнү быһа быылы тыынан баран, дьиэтигэр киирэн киэһээ аһылыгын аһаабакка сытынан кэбистэ. Төҥкөйөн сылдыбытыттан сиһэ ыарыйда, дабылыанньата таҕыста. Эмээхсин ол сытан эдэр сааһын санаата... Үөрэҕин бүтэрбит сылыгар төрөөбүт нэһилиэгэр кэлэн оскуолаҕа нуучча тылын биридимиэтигэр учууталлаан барбыта. Ыарыһах ийэтин бүөбэйдээн, өр эргэ тахсыбакка сылдьыбыта. Ийэтэ өлбүтүн кэннэ, отутугар чугаһаан баран, Мэхээлэ Соруокун диэн эмиэ лаппа саастаах тырахтарыыс киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Мэхээлэлиин үс сыл олорон уол оҕоломмуттара. Уолларын Мэхээлэ былыр үйэҕэ суох буолбут аҕатын аатынан Өндөрүүскэ диэн сүрэхтээбиттэрэ. Син ыал-ыал тэҥэ дьиэ туттан, сүөһүлэнэн олорон барбыттара. Мэхээлэ күнү-күннүктээн сопхуоска от тиэйэрэ, ардыгар атын ыалга эмиэ отторун-мастарын тиэйэн абырыыра. Ол сылдьан, наар аанньа диэбиккэ дылы, дөрүн-дөрүн, онтон улам-улам дьиэтигэр холуочук кэлэрэ элбээбитэ. Ол кэлэн дьиэтигэр тойомсуйара, ыһыытыыра-хаһыытыыра. Оруоса муҥнааҕы «арыгыта булан аҕал да сабаас» диэн күргүйдүү-күргүйдүү баттаҕыттан соһон таһаарар этэ. Оо, билигин санаатахха, алыс да батталга, атаҕастабылга олорбут эбит. Атын кыргыттары кэргэннэрэ сирэйгэ сырбатыахтара эрэ кэрэх — куйбачыс гынан баран куотан, дьонноругар көһөн хаалаллара, ааттаталлара. Оруоса да көмүскэтэр киһилээҕэ буоллар, арахсан, ааны хайа быраҕан тахсан барыа этэ. Ону баара, кэлэр-барар сирэ суох, тулуйан олордоҕо эбээт. Чэ, төһөтүн да иһин, уонча сыл устата ыал аатын ылан олоро сырыттахтара. Өндөрүүскэ кэнниттэн оҕоломмотохторо. Уоллара сэттэтин туолан оскуолаҕа киирбит сылыгар, күһүн, муус саҥа тоҥноҕун утаа, Мэхээлэ эрэйдээх итириктии сылдьан үлүйэн өлөн хаалар. Оруоса, ырааҕынан убайын аахха уолун сиэппитинэн, улуус киинигэр көһөн киирэр. Кини дьолугар, оруобуна оскуолаҕа нуучча тылын учууталын миэстэтэ тахсан биэрэр. Кэлин ол оскуолаҕа биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлиир. Хата, «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» ааты иҥэрэн биэнсийэҕэ атааран кэбиһэллэр. Өндөрүүс оскуолатын бүтэрэр. Бэйэтин кыанар, спортсмен уол физкультура институтугар туттарсан киирэр. Үһүс кууруска сылдьан Айталыына Сэргиэйэбинэ диэн преподаватель дьахтары кэргэн ылар. Оруоса убайын ааҕы, дьүөгэлэрин кытта үөрэн-көтөн сыбаайба оҥорор түбүккэ түһэр. Ол эрээри Өндөрүүс Аайтатын кытта үөрэҕин бүтэриэр эрэ диэри олороллор. Уол оҕолоноллор. Өндөрүүспүт, аны туран, атын кыыска иирэн, икки саастаах оҕотун быраҕан арахсан барар. Саҥа дьахтара — куорат ыалын оҕото. Анарааҥҥылар: «Мааны кыыспыт хайаан да сыбаайбалыахтаах», — диэн Оруосаны түҥ-таҥ түһэрэн иккистээн сыбаайба оҥороллор. Айталыына Сэргиэйэбинэ дьүөгэтэ ол сыбаайбаҕа сылдьыбыт. Өндөрүүс атын баҕайытык саҥа кэргэнин Катяны үрүҥ былаачыйатын тэллэҕиттэн тута сылдьар үһү. Ону истэн, иһигэр кыһыйа саныыр. Үксүн быраҕыллыбыт дьахтар урукку кэргэниттэн, кини дьонуттан букатын тэйэн, олоҕун саҥаттан оҥосторго кыһаллар. Оттон Аайта, төттөрүтүн, кырачаан уолун эбэтиттэн тэйиппэт санааны ылынар. Иһигэр «уолун эппиэтинэһэ суох гына ииппитэ да, бэйэтэ сиэнин көрүстүн» дии саныыр. Оруоса барахсан онтон үөрээхтиир. Суос-соҕотох сиэнэ, кини көрдөҕүнэ, эһэтигэр Мэхээлэҕэ олус маарынныыр. Олох салгыы устар. Өндөрүүскэбит Катята хат буолар. Кыыстаналлар.
Катя дьоно аах күтүөттэрин олус маанылыыллар, талбытынан сырытыннараллар. Икки хостоох дьиэлэрин туран биэрэллэр. Бэйэлэрэ даачаларыгар гаас киллэртэрэн көһөллөр. Оттон Аайта оҕотун эбэтигэр Оруосаҕа хаалларан баран үлэтигэр тахсар. Куораппыт кыра диибит даҕаны Аайталаах Өндөрүүс, хата, алҕас даҕаны көрсө түспэттэр. Ити курдук өссө үс сыл ааһар. Оруоса икки сиэнин тэҥинэн бүөбэйдиир. Хайаларын да атаҕастаабат, ол гынан баран улахан сиэнин, биллэ хадаҕалыыр. Син олоруох дьон олоруо эбиттэр да... Арай быйыл сааһыары Оруоса дьиэтээҕи төлөпүөнэ өрө тылыгырыы түстэ. Кырдьаҕас киһи бачча хойут эрийбиттэриттэн, сүрэҕэ туох эрэ буолбутун биттэнэн битигирии тэптэ: — Олуо? — Алё-оо, маа, Өндөрүүс баран хаалла, — кийиитин Катя куолаһа титирэстии-титирэстии бөтөн барда. — Туох буоллугут, һыллыый? — Атын дьахтардаммыт. «Эйигин таптаабаппын», — оҕом эрэ туһугар олорбутум. Атын дьахтары таптыыбын. Кини миигиттэн оҕо күүтэр», — диэтэ. Катя маккыраччы ытаан барда. Оруоса эмиэ халлаана хараҥарда. Уолугар абара санаата: — Туох буолбут киһиний, һыллыый, ытаама, көрүөхпүт, баҕар, төннөн кэлиэ дии, — диэн кийиитин уоскуппута буолла. *** Оруоса сарсыныгар туран Өндөрүүһүн көрдүү куораттаата. Бэйэтэ да билбэт ханна барыан. Маҥнай Катя дьонугар тиийэ сырытта. Өндөрүүс биллибэтэҕэ нэдиэлэ буолбут. Катя ол тухары ытаан хараҕа сөллөччү иһэн хаалбыт, олох уоскуйбат. Оруоса ыйыталаһан-ыйыталаһан, уолун доҕотторуттан Өндөрүүс саҥа төлөпүөнүн нүөмэрин булла. *** — Олуо, дорообо, хайа, нохоо, туох буолбут киһигиний, эн бу? Ханна бааргыный? — Дорообо, ийээ, мин көһөн барбытым ээ. Билигин саҥа кэргэммэр олоробун. — Оттон оҕо-ооҥ? — Оттон ийэтин кытта олордоҕо дии. — «Олордоҕо дии...!» — диэбит буола-буола өссө. Кими батаҥҥын итинник буоллуҥ, ханна бааргын этэ оҕус, көрсүөххэ. — Эн наһаа онно тиийэн кэлбэт буоллаҕыҥ дии. Дабаай, мин эйигин билигин кэлэн массыынанан ылыам, — диэтэ Өндөрүүс. Ийэлээх уол көрсөрүн көрүстүлэр даҕаны дуоннаах кэпсэтии тахсыбата. Өндөрүүс иннин биэрбэтэ, «саҥа тапталбын ойох ылабын да сабаас» диэтэ. Буолар буолбутун кэннэ Оруоса эмээхсин хайыай, этэ сатаан баран төттөрү дэриэбинэтигэр төнүннэ. *** Өндөрүүс, дьиҥэр, оннук куһаҕан киһибин дии санаммат. Уол оҕото буоллаҕа эбээт. Үрдүк үөрэхтээх, сөбүлүүр үлэлээх. Саханы элбэтиэххэ наада, саханы тэнитиэххэ наада. Киһи олоҕо диэн, хайдах биир сиргэ тэпсэҥнии туруой, үстүү сыл буола-буола саҥаны таптаабыта ол кини буруйа буолбатах. Кыргыттар, дьахталлар бэйэлэрэ эрийсэллэр, илин-кэлин түһэллэр дии саныыр. Өндөрүүс — куорат улахан хампаанньатыгар тутаах испэсэлиис. Бүгүн лоп курдук аҕыс аҥаары ааһыыта үлэтигэр кэлэн массыынатын хорус гыннарда. Табаҕын уматынна. Ол туран атаһын, кэллиэгэтин Баасканы көрсө түстэ. Бааската: — Хайа, дорообо! Доо, бэҕэһээ манна кэргэниҥ кэлэ сылдьыбыта дии. Айдаан бөҕөтө. Николай Илларионовичка киирэ сылдьыбыта. Бүгүн эйигин кытта кэпсэтэрэ буолуо, — диэтэ. — Аата, ким барыта мин олохпор орооһон хааллаҕай? — диэн баран, Өндөрүүс тииһин быыһынан
силлээн «чыырк» гыннарда. *** Өндөрүүс кэбиниэтигэр киирбитэ, сэкирэтээр Николай Илларионович ыҥыртарарын туһунан эттэ. Николай Илларионович, бэрт дьиппиэн хараахтардаах киһи, дьахтары кытта хаһан да мөккүһэ барбат, оттон эр дьоҥҥо эр киһилии кытаанахтык сыһыаннаһар. — Андрей Семенович, бэҕэһээ манна кэргэниҥ Екатерина Даниловна кэлэ сырытта. Арахсаары сылдьар эбиккит дии. Мин эйигин солбуйааччы гынаары, дуоһунаскын үрдэтээри, хамнаскын эбээри сылдьыбытым. Кэргэҥҥин кытта араҕыстаххына, «дорогуой», ити миэстэ эйиэхэ хаһан да тиксиэ суоҕа. Эр киһи карьератын оҥостор буоллаҕына, бастатан туран, репутациятын туһунан толкуйдуохтаах. Сэттэ сиринэн сүүрэ сырыттаххына, эн тылгын ким истиэй, ким аанньа ахтыай? Эр киһи киитэрэй буолуохтаах. Саҥа пассияҥ оҕолоноору сылдьар буоллаҕына, хаһан да саахсаҕа сүүрүмэ. Оҕо дьаалатынан төрүө, улаатыа, эн «неофициально» көмөлөһүөҥ буоллаҕа дии. Чэ, мин этэрбин эттим. Онон, Андрей Семенович, толкуйдан. Николай Илларионович кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, көмпүүтэрин холбоон атыны кыҥастаһан барда. *** Оруоса эмээхсин ынахтарын ыан киирэн баран, үүт сиидэлии турдаҕына, эмиэ төлөпүөнэ тыаһаата. Бу сырыыга олох билбэт дьахтара саҥарда. — Розалия Петровна дуо, дорооболоруҥ. Бу мин, Яна эрийэбин. Мин Андрейга кэргэн тахсыахтаах этим, кини сүтэн хаалла. Хайдах гынарбын билбэппин. — Хайдах гыныаххыный оттон. Ыал олоҕун алдьатан бараҥҥын. Оҕолору аһыммаккын. Бэйэҥ эрэ иннигин толкуйдуугун. Олох мин уолбар чугаһаама. Бардаҕа дии, ол аата. — Суох, бырастыы гыныҥ. Кини... Кини бэйэтэ миигин албынныы сылдьыбыт. Мин кини кэргэннээҕин туһунан олох да билбэт этим. Билигин икки ыйдаахпын. —Туох диигин? — Оҕо күүтэбин. — Оо, дьэ, сордоох да киһи. Бээрэ, эн тугу үлэлиигин? — Мин устудьуоҥкабын, төрдүс кууруспун, математика учуутала буолуохтаахпын. Уопсайга олоробун. Ыраах Ленскэй улууһуттан сылдьабын. Соҕотох ийэлээхпин. Инбэлиит. Киниэхэ тугу да этэ иликпин. Оруоса кыыһы аһына санаата. — Андрейы бүтэһигин хаһан көрсүбүккүнүй? Туох диэбитэй? — Ыраатта кэлэ сылдьыбыта. «Холбоспот буоллубут, кэргэннээхпин эппэккэ сылдьыбытым. Наһаа сүрэ бэрт, кэргэммиттэн араҕыстахпына... Мин хайа кыалларынан, көмөлөһө сатыам» диэбитэ уонна сүтэн хаалла. *** Ити мучумаан кэннэ өссө үс сыл ааспыта. Оттон Оруоса олорбутун курдук олороохтуур. Кэлин ыарытыйар буолла. Саас да ылан иһэр. Улахан сиэнэ аҕыстаах, иккис кылааһы бүтэрбит, орто сиэнэ алталаах, оттон кыра сиэнэ иккитин ааспыт. Бу сырыыга үһүөннэрин сайылата таһаарар буоллулар. Ол иһин Оруоса хоспоҕун ыраастаата, оһоҕор мантан инньэ алаадьы буһарыаҕа, күөс өрүөҕэ. Сайын дэриэбинэҕэ уоттара баран хаалааччы. Били, бэдиктэр сөтүөлээн, аччыктаан кэлиэхтэрэ ээ. Улахан уол оскуолата бүппүт, ийэтэ Аайта сайын абитуриеннары кытта үлэлиир буолбут. Оттон Катя уоппускатын ылан Сочига сынньана барар үһү. Кыра «кийиит» Яна ийэтэ былырыын өлөн хаалан, адьас тулаайахсыйда. Ол иһин оҕото эбэтигэр кэлэн сайылыыр. Табылыннаҕына, Оруосаҕа олоро хаалыахтаах, үлэ көрдүөхтээх. Оттон Өндөрүүс үс сиринэн элимиэн төлүү-төлүү уоппуската суох үлэлиир. Ол да буоллар — тойон, элбэх харчылаах. «Бээрэ,
өрүс суола аһыллыбыт үһү. Туран уотта оттуохха», —диэн ботугуруу-ботугуруу Оруоса оронуттан турда. Светлана Тимофеева.
kyym.ru сайтан