Кэпсээ
Войти Регистрация

Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын түмүгэ таҕыста

Главная / Кэпсээн арааһа / Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын түмүгэ таҕыста

K
edersaas.ru Категорията суох
30.03.2018 19:14
21-с төгүлүн ыытыллар Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар 70-тан тахса эдэр ааптар араас улуустартан кэлэн кытынна. edersaas.ru Мунньах арыллыытыгар ыччат миниистирэ Афанасий Владимиров, култуура миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, СӨ суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров, «Сахамедиа» холдинг генеральнай дриэктэрин э.т. Афанасий Ноев уонна норуодунай суруйааччылар кыттыыны ыллылар. Кинилэр эдэрдэргэ бэйэлэрин түс-бас тылларын, үтүө сүбэлэрин анаатылар. “Сиппит-хоппут толкуйдаах, олоҕун бүтүннүү литератураҕа аныыбын диир киһи дьиҥнээх суруйааччы буолар кыахтаах. Онон эдэр ааптардар талаан кыымын хараххыт харатын курдук харыстаан, үөрэнэн, элбэхтик ааҕан, билэн-көрөн, сайдан иһэргит ирдэнэр. Литература сиэркилэ курдук, олоҕу тыктаран көрдөрөр. Биһиги кэммит историятын эһиги тыктаран көрдөрүөххүт, онон бэйэҕитигэр улахан ирдэбиллэри туруоруҥ”, — диэн сүбэлээтилэр. Сүбэ мунньах 1989 сылтан тохтуу сылдьан баран, 2004 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. Ол кэмтэн ыла сүүрбэччэ кинигэ, хомуурунньук бэчээттэнэн таҕыста, 14 киһи Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар мэктиэлэнэн киирдэ. Эдэр литератордар сэбиэттэрэ тэрилиннэ. Ити барыта эдэрдэри кытары үлэ түмүгэ. Наталья Харлампьева литератураны сайыннарарга улахан суолталаах тэрээһини өйүүллэрин иһин Ил Дархаҥҥа, ыччат, култуура министиэристибэлэригэр, “Бичик” кинигэ кыһатыгар махтанна. Ол да буоллар, айар эйгэҕэ кэккэ кыһалҕалар суох буолбатахтар. “Саха литературатын классиктара”, “Норуодунай суруйааччылар”, “Хотугу норуоттар суруйааччылара” көмүс сериялар былааннанан тахса тураллар, номнуо 30 том бэчээттэннэ. Быйыл бу серияларга уонна бүддьүөттэн үбүлэнэн тахсар кинигэлэргэ көрүллүбүт субсидия кээмэйэ 30 мөлүйүөнтэн икки төгүл кыччаата. Бу 14 мөлүйүөҥҥэ 40 эрэ кинигэ тахсар кыахтаах. Тылбаас кыһалҕата сытыытык турар. Урут Семен Данилов сойууһу салайан олорон, Литературнай институкка саха оҕолорун ыытан, тылбаасчыттар бөлөхтөрүн астарбыта. Билигин маннык дьаһаныы кэм ирдэбилэ буолбута көһүннэ. Ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар араас тэрээһиннэргэ, өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө ыытыллар куонкуруска эдэрдэри көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырда. Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар бастакы күн “Тыыннаах автограф” диэн Поэзия киэһэтэ, иккис күн эдэрдэр айымньыларыгар анаммыт биэчэр буолла. Бу күн дойду үрдүнэн траур биллэриллибитин быһыытынан, кутурҕан аргыстаах, санньыар тыыннаах хоһооннор ааҕылыннылар. Суруйааччылар – араас идэлээх дьон Быйылгы мунньах уратыта – аан бастаан талар түһүмэҕи киллэрэн, баҕалаах дьонтон айымньыларын ыыттаран баран, талан ыллылар. Ол курдук барыта 107 сайаапка киирбититтэн, 80-ча кыттааччы талыллыбыта. Онон мөлтөх үлэ суоҕун кэриэтэ. Урут секциялар салайааччылара: “уруокка олорон бооччойбут өйтөн суруйууларын, сахалыы шрибэ суоҕу, тэтэрээт илииһигэр илиинэн суруллубуту, о.д.а. аҕалаллар” диэн этэллэрэ оруннаах. Айымньыны сыаналата аҕаларга эрдэттэн бэлэмнээн, чочуйан, этэргэ дылы, “арыы курдук таптайан”, сыа-сым курдук тутан бэриллиэхтээх буоллаҕа. Кыттааччылар бары араас улуустартан, оройуоннартан кэлбиттэр. Мэҥэ Хаҥаластан “Таммахтар”, Горнайтан “Дьүрүскэн”, Ленскэйтэн “Фламинго”, Сунтаартан “Ньургуһун”, Дьокуускайтан “Сэргэлээх уоттара”, “Аартык”, о.д.а. литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Аны
туран, тыл үөрэхтээхтэрэ, учууталлар, устудьуоннар эрэ буолбакка, араас интэриэһинэй идэлээх дьон кэлэн кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, буҕаалтырдар, юристар, инженер, тутааччы, табаһыт, нэһилиэк сэбиэтин депутата, землеустроитель, атыыһыт, аэропорт пресс-сулууспатын үлэһитэ, культуролог, библиотекарь, повар-кондитер, автосервис үлэһитэ, норуот маастара, ыччат лиидэрэ, кулууп дириэктэрэ, ырыаһыт, хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы, историческай наука кандидата, муора аалларын механига, программист, социальнай педагог, хореограф, тыйаатыр литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ, ИДьМ бэтэрээнэ бааллар. Омос көрдөххө, кинилэр литератураҕа туох сыһыаннаахтарый диэх курдук. Ол эрээри, бары да айар үлэ умсулҕаныгар ылларбыт, сорохторо кинигэлээх, сурунаалларга, хаһыаттарга бэчээттэммит, сэһэн да суруйарга холонор дьон. Бастыҥнар ааттаннылар Кириитикэ Быйылгыттан кириитикэ уонна драматургия секциялара диэн саҥа хайысхалар үлэлээтилэр. Бу семинарга ырытааччыларынан суруйааччылар Николай Винокуров – Урсун, Павел Харитонов – Ойуку, филологическай наука кандидата Лидия Романова үлэлээтилэр. Барыта аҕыс киһи сайаапкаласпытыттан сэттэ ааптар кытынна. Семинар салайааччылара кириитикэ эйгэтигэр билигин реферативнай ырытыылар баалларын ыйдылар. Ону таһынан аҥаардастыы уруйунан-айхалынан доҕуһуолланар кириитикэттэн, ырытыыттан туттунуохха наадатын бэлиэтээтилэр. Секция түмүгүнэн Таатта улууһуттан сылдьар Ольга Макарова айымньыларын туспа кинигэнэн бэччээттииригэр мэктиэлээтилэр. Драматургия Эдэрдэр сүбэ мунньахтарыгар урукку сылларга драма секцията диэн 80-с сылларга күүскэ үлэлээн баран, кэлин тохтоон хаалбыта. Драматургия туспа секция быһыытынан быйыл төрдүс төгүлүн ыытылынна. Секцияҕа барыта 11 ааптар кытынна. Ырытааччыларынан суурйааччылар Василий Васильев – Харысхал, Иван Иннокентьев, филологическай наука кандидата Мария Кириллина, Саха театрын дириэктэрэ Анатолий Николаев, режиссер Руслан Тараховскай үлэлээтилэр. Ырытааччылар барыта 26 үлэни көрдүлэр. Ырытыһыы түмүгүнэн Ираида Коркина – Чугдаара анал бириэмийэнэн наҕараадаланна. Чурапчыттан сылдьар Мария Саввина үлэлэрин туспа кинигэнэн оҥорон таһаарарыгар мэктиэлээтилэр. Хотугу норуоттар литературалара Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларын семинарын суруйааччылар Николай Калитин, Николай Курилов иилээн-саҕалаан ыыттылар. Быйыл бу семинарга хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кытынна. Барыта 19 сайаапка киирбититтэн 14 киһи айымньылара ырытылыннылар. Саха сирин хотугу улуустарын таһынан Хабаровскай кыраайтан кытары кэлэн кытыннылар. Түмүккэ Хабаровскайтан сылдьар Марина Безносова анал бириэмийэ хаһаайынынан буолла. Ону таһынан Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүттэн сылдьар Петр Неустроев кинигэ бэчээттэтэн таһаарарыгар мэктиэлээтилэр. Проза 40-тан тахса айымньы киирбит, 11 ааптар үлэлэрин көрдүлэр. Суруйааччылар Николай Лугинов, Сэмэн Тумат, Елена Слепцова-Куорсуннаах, Данил Макеев, тылбаасчыт Аита Шапошникова, учуонай Саргылаана Ноева ырыттылар. Ааптардар соргулаах сүбэни, сэмэни да ылынар, толкуйдаммыт, ыйааһыннаах ыйытыылары биэрэр, 25-40 саастаах, айар-тутар саастарын үгэнигэр сылдьар дьон. Олус эдэркээн да, сааһырбыт да дьон буолбатахтар. Сунтаар Элгээйититтэн сылдьар Анатолий Кириллин-Толикус кинигэ таһаарарга мэктиэлэннэ. Кини нэһилиэк дьаһалтатыгар сир үлэһитэ, юрист идэлээх. Элбэхтик омук суруйааччыларын ааҕар эбит, ол иһин кини айымньыларыгар ол сүүрээн көстөн ылар. Дьокуускай аэропорда (ген. дириэктэр Н. Местников) быйыл эдэрдэри өйөөн, анал бириэмийэлэрин анаата. Биэс секциянан бастыҥнар 10-нуу тыһ. солкуобайдаах бириэмийэни туттулар. Прозаҕа маннык бириэмийэни Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар Варя
Егорова-Чэмэлиинэ тутта. Татьяна Поскачина-Татыйык икки сэһэни аҕалбыт. Мантан “Учуутал күннүгэ” диэн сэһэнэ бэлиэтэннэ, “Чолбон” сурунаалга бэчээттэнэргэ мэктиэлэннэ. Эдэр ааптардар хомуурунньуктарыгар бэчээттэнэргэ Татыйык, Наталья Рязанская, Чугдаара, Василина Попова, Николай Петров, Анна Колосова мэктиэлэннилэр. Нууччалыы тыллаах литература Манна 20 киһи (5 ааптар – кэтэхтэн) кытынна. Манна фэнтезиттэн, мистикаттан саҕалаан, араас жанр барыта көстүбүт. Ленскэйтэн “Фламинго” айар түмсүү чилиэнэ, ИДЬМ бэтэрээнэ Михаил Сиванков Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар киирэргэ мэктиэлэннэ. Кини урут регионнар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга таһымнаахтык кыттыбыт эбит. Максим Эверстов анал бириэмийэни тутта. Оттон сахалыы, нууччалыы иэйиилээх хоһооннору суруйар, кириитикэҕэ холонор Ольга Фролова-Янцен кинигэтин таһаарарга мэктиэлэннэ. Гордей Спиридонов, Саргылаана Сандаар айымньылара хомуурунньукка бэчээттэниэхтэрэ. Поэзия Бастакы түһүмэххэ 55 сайаапкаттан 22 кыттааччыны талан ыллылар. Манна Горнай улууһун эдэр литератордарын “Дьүрүскэн” түмсүүлэрин чилиэнэ Мария Андреева бастыҥынан ааттанан, бириэмийэнэн наҕараадаланна уонна кинигэҕэ мэктиэлэннэ. Секция арыйыытынан Николай Васильевы-Харыйалаах Уолун ааттаатылар, култуура министиэристибэтэ туруорбут бирииһинэн – планшетынан наҕараадаланна. Кинигэлэрин бэчээттэтэргэ Айсен Никитин, Римма Крылова мэктиэлэннилэр. Хомуурунньукка Владислав Аргунов, Василий Рожин, Ньургун Захаров айымньылара бэчээттэниэ. Ол эрээри, дьыала бирииһигэр буолбатах. Саҥа билиини-көрүүнү ылыы, айар үлэҕэ хайысханы чопчулуур, итэҕэстэри туоратар сүбэни-аманы истии, биир санаалаахтары кытары билсии-көрсүү, ураты эйгэҕэ киирии — бу буоллаҕа, аартыгы арыйар, инникигэ сирдиир сырдык күүс… Умнуллубат күннэр Сүбэ мунньах үөрүүлээх сабыллыытыгар СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын ис бэлиитикэ департаменын салайааччытынан анаммыт Афанасий Владимиров саҥа дуоһунаһыгар тахсыбыт үлэтин бастакы күнүн эдэр суруйааччылардыын атаарда. Кини ыччат миниистиринэн үлэлии олорон үс сүбэ мунньаҕы өйөөбүтэ, эдэр суруйааччылар кинигэлэрэ тахсарыгар көмөлөспүтэ. “Ханнык да балаһыанньаҕа биһиги доҕордоһуубут тулхадыйыа суоҕа, былааннаммыт үлэ барыта олоххо киириэҕэ”, — диэн кини эрэннэрдэ. Эдэр эрдэҕиттэн духуобунай настаабынньык оҥостубут суруйааччылара Павел Харитонов-Ойуку уонна Баһылай Харысхал бу саалаҕа баалларыттан, тэҥҥэ алтыһа сылдьарыттан үөрэрин биллэрдэ. Бары кыттааччылар ааттарыттан Ираида Коркина-Чугдаара эттэ: —Драматурдар секцияларыгар аан бастаан кытынным, ол мин олохпор хаһан да умнуллубат, үөрүүлээх түгэнинэн буолла. Драматурдар режиссеру кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиэхтээхтэрин, ханнык баҕарар айымньы үчүгэйдик чочуллуохтааҕын туһунан билилбит. Бу икки күн устата биһиги чугас учууталларбытын, настаабынньыктарбытын булбут курдук сананныбыт, кинилэр сүбэлэрэ, алгыс тыллара үрдүккэ кынаттаатылар, салгыы үлэлииргэ, айарга-тутарга иэс баайдылар. Бэлиэтээн эттэххэ, сүбэ мунньаҕы Саха сирин суруйааччыларын сойууһа, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация, ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин уонна култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэлэрэ тэрийэн ыыттылар. Тэрээһин үлэтин сүрүнүн сойуус иһинэн тэриллибит Эдэр литератордар сэбиэттэрэ сүүрэн-көтөн тэрийдэ. Түмүккэ кинилэри министиэристибэлэр Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадалаатылар. “Чолбон” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Гаврил Андросовка “Култуура туйгуна”, “Айыы кыһата” оскуола учуутала, Эдэр литератордар сэбиэттэрин салайааччы Рустам Каженкиҥҥа “Ыччат бэлиитикэтин туйгуна” бэлиэлэри туттардылар. Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Мария Васильева (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
edersaas.ru сайтан