Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бадьара уола Сааба ойуун
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бадьара уола Сааба ойуун
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.01.2023 18:00
Алаас Болтоҥоҕо олохтоох, икки хараҕа суох, Бадьара уола Сааба ойуун диэн олорбут. Кини олус боростуой, сиэмэҕэ суох, үтүө ойуун эбитэ үһү. Арай биир күһүн Сааба ойуун Имигиттэ алааска баар өлүү өлбүгэ сирин отун Чочоолоп атыыра күрүөһүлээн сиир. Ас булбут сылгы үөрэ от сииртэн арахсыа баара дуо, бииргэм алдьата, күрүөһүлүү тураллар эбит. Мантан ыксаан, Бадьара уола Сааба ойуунтан Чочоолопко: «Атыыргын тут, мастаа! Оппун бүтэрэрэ кэллэ», — диэн илдьитэ быыстала суох кэлэ турар буолбут. Чочоолоп: «Күрүөҕүтүн киһилии тутар буолуҥ, сүрэҕэ суохтар», — диэн хомуруйан илдьит ыытар. Бадьара уола Сааба ойуун бэркэ кыһыйа истэр уонна, сирдьит ылан, Имигиттэ алааска барар. Ол тиийэн атыттан түһэн атыыр үөрэ турар сирин ботугуруу-ботугуруу ырааҕынан эргийэ хааман кэбиһэр. Уонна туох да кыһалҕата суох дьиэлиир. Арай, Чочоолоп сылгытын үөрэ Сааба ойуун эргийбит сириттэн, хайдах да үүрбүттэрин иһин, тахсыбаттар үһү. Инньэ гынан атыыр үөрэ бэркэ дьүдьэйбит, ырбыт. Турбут сирдэрин хара буорунан көрдөрбүттэр. Ол курдук, сир кырсын кирэн сиэбиттэр. Чочоолоп, дьэ ыксыыр. Бэркэ диэн ааттаһан-көрдөһөн туран, атыырын үөрүн Имигиттэ алаастан үүрэн таһааран, бэйэтин отунан аһатан, сыл таһаарбыта дииллэр. Ол курдук Сааба ойуун моһуоктаан, Чочоолобу дьулаппыта диэн кэпсииллэр. «Айдарыылаахтар» («Бичик», 2015) кинигэттэн. Хаартыска СИА архыыбыттан ылылынна
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан