Кэпсээ
Войти Регистрация

Тайҕа таайыллыбатах таптала

Главная / Кэпсээн арааһа / Тайҕа таайыллыбатах таптала

K
edersaas.ru Категорията суох
03.01.2023 18:00
Виктория кэргэнэ барыаҕыттан дьиэтигэр тэһийимээри гынна. Бэйэтин баҕатынан туттарбыт, силигин ситэрбит, сахалыы тыыннаабыт киэҥ уораҕайыгар сирдээҕи олох тохтоон хаалбытын тэҥэ буолла. Аһыыр аһа да ас буолбат, сытар ороно да манньыппат. Саатар, кэргэнэ кэнники төлөпүөннээн да абыраабата. Бэйэтэ эрийэн көрдөҕүнэ «недоступнайтан» атыны билбэт. Ол да буоллар, Виктория үлэтиттэн бүттэ да, атахтара дьиэтигэр сирдии тураллар. Атыы-эргиэн килэйбит-халайбыт кииннэрин кэрийэрин, кимнээҕи эрэ кытта кафеларга олорон хобу-сиби хобугунаһарын сөбүлээбэт. Маҕаһыыҥҥа сылдьан да, тугу атыылаһыай, дьиэтин иһэ тобус-толору симиллибит хоппо курдук, бары-барыта баар. Атын дьахталлар курдук, муодунай сурунааллары көрө-көрө, дьиэтин ис бараанын улаханнык уларыта сатаабат даҕаны. Ол кэриэтэ сыл аайы муораҕа баран сынньаныа. Виктория биир ардахтаах киэһэ: «Аһара соҕотохсуйаары гынным. Любаны ыҥырбыт киһи дуу, кыратык сэлэһэ түстэххэ туох баарый? Сериалбын сарсын да хос «төнүннэрэн» көрүөм буоллаҕа», — дии санаата уонна төлөпүөнүн үрдүгэр түстэ. Любата хата ардах түһэ турарыгар кыһаллыбата, кэлиэх буолан сөбүлэстэ. Дьиэлээх хаһаайка ыалдьытыгар тугу астыыр толкуйугар түстэ. Соҕотох буолан, улаханнык астамматаҕа да ыраатта. «Пиццата астыахха! Онно-манна сакаастыы сатаабакка, бэйэ астаабыта быдан минньигэс уонна тотоойу буолуо», — дии санаата уонна халадыынньыгыттан оҕуруот астарын хостотолоото. Сотору Любата хас да суумкалаах киирэн кэллэ. Остуолга оҕуруот аһа арааһа тэлгэммитин көрөн, олус үөрдэ уонна: — Вика, чааһынай дьиэҕэ көспүккүт биллэр эбит. Оҕуруотуҥ барыта бэйэҥ илиигэр! Даача да наадата суох! — элбэх саҥалаах дьүөгэтэ кутан-симэн кэбистэ. — Оннук буоллаҕа-аа. Таас дьиэбитигэр кыыспыт кэргэнинээн хаалбыттара. Куоракка мас дьиэлээх диэн дьол эбит, — диир Люба. — Сыттыын-сымардыын атын. Кылаабынайа, үөһээ ыалларым кырааннарын саппакка ууну ыытыахтара диэн куттал аны суох. — Этэр эттэҕинэ, ыалларгыт үйэлэрин тухары эрэйдээбиттэрэ. — Дьиэлээхтэр бэйэлэрэ олорбокко, наар дьоҥҥо уларсыкка биэрэллэрэ. Хата быйыл атыылаан, дьоһуннаах ыал кэлбит диэн кыыһым үөрэ сылдьаахтыыр. — Чэ, бээ, атын дьон хааллын. Германыҥ Намҥа тахсан төһө бэркэ сынньана сылдьар? — Намҥа даа? Дойдутугар, илин эҥээргэ, тахсыбыта. — Оо, дьүөгээ, билбэккэ олороохтуугун дуо? Сураҕа Намҥа тахсыбыттар үһү ээ, — Люба үөннээх баҕайытык дьүөгэтин диэки көрөн ылла. — Намҥа даа… Кимниин? — Виктория муорустаах ыстакаанын мүччү тута сыста. — Бу кыыс, тугу эрэ булкуйаҕын ээ. — Чэ-чэ, саҕалаатым да этэн баран үүрүллүөм. Кэргэҥҥин өссө аэропорт таһынааҕы маҕаһыыҥҥа ас атыылаһа сылдьарын көрбүттэр. Массыынатыгар биһиэхэ соторутааҕыта аутсорсинынан дьиэ сууйа кэлбит кыыс олорор үһү. Билигин дьахталлар хобугунаһыы бөҕөлөр, ордук хамнастарын кыайан үрдэттэрбэтэх дьахталлар абатыйаллар. Ханнык эрэ дьиэ сууйааччы кэлэн, киһибитин илдьэ барда дэһэллэр… — Люба, тугу-тугу кэпсиириҥ буолла? Герман хайдах да оннук буолуон сатаммат. Массыынаҕа атын дьахтары көрбүт да буоллахтарына, баҕар, аараттан олорсубут аргыс буолуо. Айан аргыстаах буолар баҕайыта! — Оо, билигин да кэнэҥҥиэн. Чэ, буоллун. Киэҥ көҕμстэниэххэ наада. Ол ханнык эрэ ааһан иһэр дьахтар аайыттан Герман олоҕун алдьатыа суоҕа. Эн да ууга-уокка түһүмэ! Аралдьыйа түһэн баран төннүө буоллаҕа… — Люба өс саҕа буолла. — Бэйэҥ да иһиҥ-таһыҥ биллибэт, тоҥкуруун киһигин. Эр дьону билбэккэ дылы. — Люба, түксү! — Виктория остуолуттан ойон туран, төлөпүөнүн үрдүгэр түстэ. Илиитэ салҕалаабытын кистээри дьүөгэтигэр кэннинэн турда. Төлөпүөнэ эппиэттээн да бэрт. Кэргэнэ барбытын сарсыныттан ватсапка киирэ да сылдьыбатах. «Мин буоллаҕына, дойдутугар сылдьар диэн олох да улахаҥҥа уурбатаҕым. Кини курдук төлөпүөн доҕордоох киһи араарбыта дьээбэ эбит… Герман хара маҥнайгыттан албыннаабыт! Тыала суохха мас хамсаабат. Намҥа бардым диэбитэ буоллар, мин токкоолоһорбун билэр буоллаҕа!» — дии саныы турда. — Оччону истэн баран тоҕо тыл аҥаарын да быктарбатаххыный? — Дьон олоҕор орооһуохпун баҕарбатаҕым, — Люба, ыалдьыттаан бүтэрин биллэрэн, хомунан барда. — Нам бу турар дии, тахса сылдьан бэрэбиэркэлээ, харыларыттан харбаа ээ, — ыалдьыта холкутуйа сатыы-сатыы саҥарбыта сытыы кымньыынан сырбаппыттыы иһилиннэ. — Харыларыттан харбаа буолан, уоруйахха дылы. — Кистээбит буолла да, уоруйах буолбакка?! Хата ити ситэ сиэбэтэх пиццаҕын миэхэ биэрэн ыытаҕын дуо? Мантан киэһэ тугу да астаммат инибин. Эйиэхэ кэлээри дьиэбэр да киирэ сылдьыбатаҕым, — Люба тахсар ааҥҥа сирэйин-хараҕын көрүнэн үтүөмсүйэн ааста. Кини обургу айаҕын саба туппаккын. «Харыларыттан харбаа!» Кэбис, оннукка тиийбэтэх киһи! * * * Бэрт соторутааҥҥа диэри кэргэнэ эйэҕэстик көрөрүгэр, киэһэ буолла да сылаастык имэрийэригэр, оронноругар сытан эрэ таптаһа сатыырыгар иэдэс биэрэ сылдьыбыт Виктория ону барытын суохтаата. Нэдиэлэ анараа өттүгэр маннык турукка киириэҥ диэбиттэрэ буоллар, итэҕэйэн да бэрт этэ. «Вика, эн кэнники кэмҥэ миэхэ наһаа да тымныйдыҥ. Ыалдьаҕын дуо? Ыалдьар буоллаххына, быраастарга көрдөрүнүөххүн. Тоҕо миэхэ тоҥкурууҥҥунуй? Билигин да сааһыра иликпит, эйигин кытары уруккубут курдук сыһыаммыт истиҥ буолуон баҕарабын. Онтон эн киһи чугаґыа эрэ кэрэх, айаас ат курдук мөхсө түһэҕин. Киһилии таптаспакка, миигин эр киһилии кыахпын эһэн да бүтэрдиҥ быһыылаах! Бырастыы, аһаҕастык билинэргэ тиийбиппэр…» — диэн соторутааҕыта кэргэнинээн кэпсэтиилэрэ дьахтар кулгааҕар субу баардыы иһиллэн кэллэ. «Ама мин тоҥ сыһыаммыттан сылтаан атын дьахтарга аралдьыйыа дуо? Герман наһаа бэрээдэктээх, чиэһинэй ээ. Хайа күн үөрэҕин бүтэриэҕиттэн дьахталлар ортолоругар үлэлээн кэллэ да, биирдэ да оннук күнүүлүүр быһыыга-майгыга тириэрдибэтэҕэ. Арай, арай…» Виктория иирбэ-таарба санааларга ылларан, кэргэнинээн ааспыт олоҕун эргитэ санаан эридьиэстии олордо. Үөһээттэн ыйыллыбыт аналбын толорон, оҕо төрөттүм диэн биир дьахтар олоҕун олорбут курдук сананара. Кэргэнэ да куруук аттыгар баар, кинини таптыыр, харыстыыр. Дьиэ-уот тутуннулар. «…Онтон ордук дьахтарга туох наада үһүө? Эдэр дьон курдук санаатах аайы таҕылы ханнарар кэмнэрбит аастылар ини. Онто да суох тэҥҥэ кырдьыахпыт турдаҕа», — диэн Виктория кэргэнинээн олохторо сатарыйбатыгар бигэ эрэллээҕэ. * * * Зоя Герман Герасимович көрдөһүүтүн ылынан, кинини манна хааларын көҥүллээбитэ. Нэдиэлэ устата олус иллээхтик, эйэ-дэмнээхтик олордулар. Герман Герасимович кыыс өйө-санаата ырааһын, билэрэ-көрөрө элбэҕин, санаатын уурдаҕына тугу барытын бүтэрэн-оһорон кэбиһэрин сөҕөр. «Туппута торуоска» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Күн аайы айылҕа кэрэ туонатыттан хатыламмат дьикти көстүүлэри холустаҕа түһэрдэ. Кырааскатын өҥүн табара, дьүөрэлиирэ да астыннарар. Мэтириэти хаһан да оҥоро иликпин диир да, Герман Герасимовиґы үүт-мас ойуулаан, элбэҕи билбит-көрбүт, кыраҕа ымыттыбат сүрэҕин өрүкүттэ. Зоя кэлбит киэһэлэригэр кыратык килбигийэ, кыбыста туттара ханна да суох буолан хаалбыта. Киэһээҥҥи кутаа аттыгар олорон: — Герман Герасимович, мин эмиэ эйигиттэн биир көрдөһүүлээхпин, — диэбитэ. — Зоя, тугу да ыйыт… толорорго бэлэммин. — Герман Герасимович, эн биһикки бары өттүнэн тус-туһунан дьоммут. Аттаах сатыыны кытары аргыстаспат. Эн манна хаалан сынньанар буоллаххына хаал. Миэхэ олох мэһэйдиэҥ суоҕа. Куорат дьоно биир кэбиниэккэ хаайтаран олороргутун көрө-көрө аһынабын. Арай биири этэбин — миигин баһаалыста тарбаххынан да таарыйыма уонна дьахтар, эр киһи икки ардыгар этиллэр кэрэкэ тыллары миэхэ анаама… Итэҕэйиэм да, ылыныам да суоҕа! — Бай! — Герман Герасимович соһуйбута буолбута уонна, умуллан эрэр кутааҕа эбии мас быраҕан биэрээри, дьоҕус саґаан диэки хаампыта. Сотору кини мас кыбыныылаах кэлбитигэр эдэр дьахтар: — Мин сүрэҕим бааһа билигин да оһо илик! — диэт, үүтээнин диэки сүүрбүтэ. Герман Зоя көрдөһүүтүн өйдөөн, сүрэҕэ нүөлүйэн ылбыта. Маннык кэрэ бэйэлээх аттыгар да сылдьара, кини кыайбатаҕын кыайа-хото, үлэни-хамнаһы үмүрүтэ, күн аайы балыктаан, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэрэ дьол биир түгэнэ буоллаҕа. Тайҕа хаһаайынын курдук сананан, Зоя аҕата ситэрбэтэх үлэлэрин ситэрдэ, баҕар, ааһан иһэр айанньыкка наада буолуо диэн санааттан, үүтээҥҥэ туох наадалааҕы барытын оҥордо, астара да орто, хаһааска хаалар чинчилэннэ. Барыта санаа хоту салаллан истэр да, хаһан эрэ маннык үтүө түгэннэр түмүктэнэр үгэстээхтэр. Намылы, Оҕуруоттаах, «Тайҕа таайыллыбатах таптала» (Бичик, 2019) кинигэттэн.
edersaas.ru сайтан