Кэпсээ
Войти
Регистрация
Табыллыбат/Табыллыбыт таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Табыллыбат/Табыллыбыт таптал
K
edersaas.ru
Категорията суох
31.12.2022 18:00
Тохсунньу 1 күнэ, сэрэдэ. Саҥа дьылынан!!! Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн! Саҥа сылга саҥа олоҕу саҕалыырга!!! Былырыын диирим дуу, бэҕэһээ диирим дуу, Люсялаахха Саҥа дьылы көрсүбүппүт. Октябрь ийэтэ Сусанна Аркадьевна кэлбитэ. Мариналаах Андрей уонна мин, Егор — барыта аҕыс буолан бырааһынньыктаабыппыт. Егор, сулууспалаах киһи, уон иккини көрсөөт да, үлэтигэр барбыта. Биһиги түүн биир аҥаарга диэри үөрэ-көтө, ыллыы-туойа, чугас дьоммутун эҕэрдэлии, остуол хотойорунан астаах бырааһынньыктыы олорбуппут. Эбэлээх эһэбэр барбатым, бэйэлэрэ иккиэйэҕин эрэ бырааһынньыктыыр буолаахтаабыттар диэн хомойо санаабытым, хата, үөрүөм иһин, кыыстара дьиэ кэргэниниин Саҥа дьыллыы кэлбиттэр этэ. Иккиэннэрин кытта кэпсэппитим, хайдах курдук ахтарбын, таптыырбын эппитим. Онтон Юрий Поликарповичка эрийэ сылдьыбытым. Үөрбүтэ аҕай. Эҕэрдэлэспиппит. Оҕолорбун эҕэрдэлээри бассаап бөлөххө киирбитим, хайыы үйэ сүүстэн тахса ааҕыллыбатах сурук буолбут этэ. Арыйаан бассаабын сирэйигэр соҕотоҕун баҕана уотун сырдыгар уп-улахан көмүрүө хаар анныгар халлаан диэки хайыһан турар хаартыскатын туруорбут этэ. Ол анныгар «Саҥа дьылынан, күндү киһим. Эн эрэ дьоллоох буол…» диэн суруйбут. Ити тыллары бэйэбэр наһаа чугастык ылына санаабытым. Онтубуттан бэйэм күлбүтүм. Нэдиэлэ ахсын кыыһа уларыйар… Оскуола кыыһын бараары гынна. Ама, кинилэртэн ордон… … кини, хата, үөрүөм иһин, убайын аахха Саҥа дьыллаабыт этэ. … Түүн Сусанна Аркадьевна сиэнин кытта утуйа хаалбыттара. Люся, Марина буолан сирэй-харах оҥосто олорон сампаан испиппит уонна кулуупка барбыппыт. Хаһан да арыгы испэтэх киһи, ол сампаантан мэйиим биллэр-биллибэттик кулахачыҥныырга дылы гынара. Кулуупка тиийбиппит, үҥкүү-битии, көр-нар, Саҥа дьыл алыптаах түүнүн оройо этэ. Бары тупсубуттар, киэргэммиттэр, оҥостубуттар. Бары үөрбүттэр-көппүттэр — көрүөххэ олус үчүгэй. Дьүөгэлэрбиниин иилии туран үҥкүүлүү сырыттахпытына, Женя миэхэ сулбу хааман кэлбитэ уонна саҥата-иҥэтэ суох илиибиттэн сиэтэн фойеҕа таһаарбыта. Мин тугу да ситэ өйдүү иликпинэ, кыыһым киирэр аан диэки туһаайыынан сыҥаахпыттан тардан «ыйан» кэбистэ. Көрбүтүм, Егордаах Ванесса борук-сорукка куустуһан, сүүс-сүүстэриттэн өйөнсөн тугу эрэ бэрт истиҥник кэпсэтэ тураллара. Кинилэри эркин тула тардыллыбыт гирлянда дьэрэкээн уота сырдатара. Мин бу Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр хоптон-сиптэн босхолоно сатаан Егору сымыйанан хахха оҥосторбун тохтоторго санаммытым. Ону кытары тэбис-тэҥҥэ испэр туох эрэ сып-сылаас, истиҥ да истиҥ иэйии тыллан кэлбитэ, күлүөх-үөрүөх санаа киирбитэ. — Нинаа, хайдах буоллуҥ эн?! — Женя үргүбүт тугут курдук кип-киэҥ харахтара соһуйбут омунугар өссө кэҥээбиккэ дылы буолбуттар этэ. Кини кыйахаммыт куолаһыттан соһуйан «дьик» гынан ылбытым. Биирдэ өйдөөбүтүм, уостарым ыпсыбат буола мичээрдии турар эбиппин. — Егор дии, Нинкаа! Эбэтэр араҕыстыгыт дуу? — Мин төбөбүн быһа илгистэбин. — Биһиги холбоһо да сылдьыбатахпыт ээ. Дэриэбинэҕэ үлэлии кэлбит эдэр дьоҥҥо дьиэ тиийбэт кыһалҕатыттан, дьукаахтаһан олоробут. Уонна бүттэ. Биһиги ардыбытыгар хаһан да, туох да суоҕа. Онтон атына хоп-сип, ситэрэн эбэн кэпсээһин. Эн онно дуостал итэҕэйимэ, Женя, – бу билинии кэнниттэн мин саҕа чэпчээбит, көҥүл ыраас салгыны түөһүн муҥунан өрө эҕирийбит киһи бу орто дойдуга суоҕун кэриэтэ буолбута. Дьүөгэлэрбин кытта дуоһуйуохпутугар диэри дэлби үҥкүүлээн, бэркэ бырааһынньыктаан, сарсыарда биэс саҕана дьиэбитигэр кэлбиппит. Мин күлүүспүнэн ааммын аһа туран, арай, кирилиэһим долбууругар туох эрэ суулаах сытарын көрөн ылбытым — кыракый бэлэх хоруопката этэ. Ис испиттэн долгуйбутум, иэдэһим итий-итий гыммыта… баһаалыста, бу сытар бэлэх атын көһүппэтэх эрэ киһибиттэн буолбатын… Ааммын аһа охсоот, дьиэбэр киирбитим уонна сыгынньахтана да барбакка, долгуйан сап-салыбырас буолбут илиибинэн хаатын арыйбытым — үрүҥ көмүс сахалыы бэчээт биһилэх… киэргэтиллэн суруллубут омуктуу «N» буукубалаах… Туох эмэ аккырыыкка, сурук-бичик көрдөөтүм да, булбатым. Кэрэчээн уран оҥоһуулаах чочуонай биһилэҕи эргим-ургум тута, кэрэхсии олорон көрбүтүм — иһинэн эмиэ туох эрэ суруктаах эбит… сүрэҕим айахпынан сулбу ойон тахсыах курдук өрүтэ мөҕүстэ. Лаампа сырдыгар тутан туран аахпытым: «Таптыыбын. Арыйаан»… … Тас таҥаспын устан баран бу уран оҥоһуулаах биһилэҕи сыныйан одууластым, миэхэ анаммыт кистэлэҥ суругу хат-хат хаста да аахтым. Аата суох тарбахпар кэтэн көрдүм — анаабыт курдук. Мин тарбаҕым кэтитин кини хантан биллэҕэй… Эмискэ сулбу ойон турдум, таҥас ыскаабын ааныгар баар улахан сиэркилэҕэ чугаһаатым. Сиэркилэттэн миигин үчүгэй уус чочуйан оҥорбутун курдук чочуонай быһыытыгар сөрү-сөпкө олоро сылдьар хара, кылгас куруһуба былаачыйалаах, биилин ааһар хара уһун суһуохтаах, кип-киэҥинэн тэрбэччи көрбүт хара харахтаах кэрэ бэйэлээх саха кыыһа көрөн турара. Кини харахтарыгар дьол кыымнара көстөллөрө. Нарын обуйук уостарын биллэр-биллибэт истиҥ мичээр киэргэтэрэ… Ол мин этим. Ол мин буолабын… … Билэбин — акаарыбын… билэбин ээ, билэбин… тоҕо өйүм-санаам миигин бүгүнү быһа үөҕэрий, мөҕөрүй??? Арыйааҥҥа суруйаары гынан баран илиим барбата… … Егор эбиэт саҕана, утуйан туран чэйдии олордохпуна кэлбитэ. Кини киирэн остуолга утары олорбута. — Нина, – Егор уоһугар мичээр оонньуура. — Мин саҕа дьоллоох киһи бу орто дойдуга суоҕун курдук. Мин дьиҥнээх… сүрэҕим аҥаарын буллум ээ, быһыыта. — Соһуйуоҥ буолан баран, эһиги бииргэ буолбуккутуттан ордук мин дьолломмут курдукпун, – биһиги иккиэн тэбис-тэҥҥэ тэбэнэттээхтик күлүстүбүт. — Чахчы, эйиэхэ махталым муҥура суох, Нинка. Арай, эн миигин эрдэ бэйэҕэр чугаһаппытыҥ буоллар, мин бу маннык дьолу билиэм суоҕа эбитэ буолуо. Эн миэхэ кэнники хайдах эрэ эдьиийим курдук буолан хаалбыккын. — Егор, аата сүрүн! Саатар балтым диэххин. Хайдах эрэ кырытыннаран кэбистиҥ ээ, – өһүргэммиттии саҥа аллайдарбын да, эмиэ күлэн тоҕо барабын. — Суох, син биир эдьиийим курдуккун. Кырдьаҕас көрүҥнээххин диэн эппэппин. Эн көннөрү миигиннээҕэр быдан дириҥ толкуйдааххын. Барытын ырыҥалаан көрөҕүн. Эн эппитиҥ, сүбэлээбитиҥ куруук сөп буолар. Уопсайынан, киһи сааһа олоххо улахан оруолу оонньообот эбит. Улахан киһилии дириҥ толкуйдаах оҕолору уонна чычаас санаалаах аҕам саастаах дьону үгүстүк көрсөбүн. Эн оннук ураты дьонтон биирдэстэрэҕин. — Олох тост курдук эттиҥ. Махтал, братишка, – дьээбэлэнэн чэйдээх чааскыбын өрө көтөхтүм. Егор эмиэ сөбүлэһэрин биллэрэн чааскытын өрө уунна. …Арыйаан билигин ханна сылдьара… тугу гынара буолла. Тохсунньу 3 күнэ, бээтинсэ …Өй, Сүрэх мөккүөрэ… Тохсунньу 6 күнэ, бэнидиэнньик Оо, Айыы Таҥара, ама бу мин үһү дуо… … Тугу-тугу дьаабылана сылдьарым эбитэ буолла?! Бөөлүүн Галина Петровнаны түһээтим. Миигин дэлби мөхтө. Саҥатын истибэтим буолан баран, түрдэстибит хааһа уонна түргэн-түргэнник хамсыыр синньигэс уостара кыыһырарын туоһулууллара. Ат таппат аньыытыгар ылларбытым кэннэ кыыһыраахтаамына… Оо, Галина Петровна төһө эрэ кэлэйдэ… Кини миигиттэн олус элбэҕи кэтэһэрэ, «Мин оҕом үтүө суобастаах үчүгэй учуутал буолуо» диирэ. Онтукайа ханна баарый… аҕыйах ый үлэлээри… бу буола сылдьабын… айылааҕын, ханна эрэ баран хаалбыт киһи… … Оо, хайыах баҕайыбыный… бу тухары бэйэлээх бэйэбин албыннанан, бэйэм-бэйэбиттэн кистээн син сылдьыбытым ээ. Ол эрээри, салгыы сатаан маннык сылдьыа суохпун. Кинини эрэ санаабытынан утуйабын, түүлбэр түһээн көрөбүн, санаабытынан уһуктабын. Кинини эрэ көрөөрү үлэлии барабын. Кинини эрэ… саатар оҕо-оҕо курдук буолуоҕун, айылааҕын. Саатар, кини миигин сөбүлээбэтэҕэ буоллар. Баҕар, син сылдьыам эбитэ буолуо… билигин хайдах-туох буоларбын билбэппин. Дьон хобу-сиби тарҕатар дии-дии өһүргэнэн умайыктаммытым бу баарга дылы этэ. Онтум… … Кэбис, киниэхэ сыһыаммын туох да иһин биллэриэ суох тустаахпын. Баара-суоҕа онус эрэ кылаас ээ, саатар. Биэс ыйы хайдах эмэ тулуйуом уонна мантан барарга! Кэбис, мантан күрүүргэ… Тохсунньу 8 күнэ, сэрэдэ Бэҕэһээ Ороһуоспа бырааһынньыга ааста. Бүгүн представление көрдөрүөхтээх этибит да, биһиги дьолбутугар, сарсыҥҥыга көһөрбүттэр. Бэлэмнэниэх аатырбыппыт да, күннээҕи сүпсүлгэнтэн сылтаан биирдэ да мустан көрбөтүбүт. Түргэн үлүгэрдик тэриллэ охсубут бассаап бөлөҕөр тылынан эрэ быһаарсыы буолбута. Миигин улуу дьахтар, муода уонна кэрэ көстүү иконатынан биллэр Одри Хепберн буолаҕын диэн соһуттулар. Ону таһынан рекламаҕа массыына иһигэр олорор туох эрэ кыыс буолар үһүбүн. Улуу артыыстар да маннык бэлэмнэниитэ суох сыанаҕа тахсан оонньууллара биллибэт. «Импровизациялыыгыт» диэн куоһур тыллаах суругунан мунньахпыт түмүктэммитэ. Ол Одри Хепберн буоларбар Люсяттан чуолкалаах ободогун уларсыахтаахпын. «Завтрак у Тиффани» диэн биллэр киинэ көстөн ааһар үһү. Ыбылы киэргэнэн, оройбор дьоҕус хоруона, харахпар хара ачыкы, моойбор кылабачыгас киэргэл ону кытта хара уһун былаачыйа кэтэн баран киэргэллээх битириинэлэри өҥөҥнүү-өҥөҥнүү, аһыы-аһыы киирэн хаамыталаан тахсар үһүбүн. Киһи да күлэр… Егор атын ыалга дьукаах олоро барбыта үһүс күнэ буолла. Арааһа, Ванесса сөбүлээминэ, ити дьиэттэн бар диэтэҕэ буолуо. Учаскыабайбыт биир учуутал кыыстан атыҥҥа «көспүт» диэн ис хоһоонноох сүрдээх сонун төһө эрэ тарҕанна. Дьэ, тугу да кэпсээтиннэр. Мин дьиҥнээх ылы-чып кистэлэҥмин эрэ билбэтэллэр ханнык… Тохсунньу 13 күнүттэн үөрэх саҕаланар… эмиэ да сэмээр кэтэһэр курдукпун, эмиэ да… чугаһаатаҕын ахсын куттанарга дылы гынабын. … Арыйаан бассаабын хаартыската да, суруга да уларыйбат. Татьяна Поскачина-Татыйык. «Табыллыбат/Табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ» (Айар, 2021) кинигэттэн быһа тардан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан