Кэпсээ
Войти
Регистрация
СААС УСТАР (СЭҺЭН САЛГЫЫТА)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ СААС УСТАР (СЭҺЭН САЛГЫЫТА)
K
edersaas.ru
Категорията суох
15.03.2018 19:00
Тимурдаах Дьокуускайга кэлэн Бүөккэ доҕоругар түстүлэр. Бүөккэ атаһа дембеллэр кэлбиттэрин бэлиэтиир санаалаах. Арыгы нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ атыыланар буолбут. Бээтинсэҕэ эрэ биэрэллэр эбит. Талоннаах буолуохтаах эбиккин. Дьэ онон бэһиэлэй бээтинсэ күн, уолаттар талон көрдөһөн хаамсаллар. Тимур арыгы иһиэн баҕарбатар да, уолаттарга көх-нэм буолан батыаккалаһа сырытта. Соһуйбут тугут курдук харахтаах, көмөрүнэн биспит курдук хаастаах Настята өйүттэн тахсан биэрбэтэ. Главпочтамтан баран звоннаһыан баҕарар. Үнүр арыгыны кыыстан долгуйара бэрдин эрэ иһин испитэ. Арыгы талонун ханнык эрэ үспүкүлээннэр бэчээттээн оҥороллор эбит. Бүөккэ обургу ханнык эрэ омуктартан талон атыыласта. — Хайа доҕор, омуктар пропискалаах дьон курдук талону бэйэбитигэр атыылыыллар дуу? — Омуктар өссө, билиҥҥитэ аҕыйахтар. — Манна пааркаҕа нууччалар сахалары киэһэ сырытыннарбат буолан тураллар. — Хайа доҕор, тоҕоо? Бэйэбит дойдубутугар пааркаҕа тиийэн оһуохайдаабаппыт дуо оччоҕо? — Нууччалар бары биир сомоҕо буолан сылдьаллар. Биһиги улууһунан хайдыһан, атааннаһабыт. — Ону туһаналлар буоллаҕа дии, оччоҕуна… — Биирдэ эмэ түмсэн бэйэ бодотун тардыныахха баар этэ. Уолаттар ити курдук күө-дьаа кэпсэтэн бара турдулар. Субуота күн элбэх буолан хомуллан тахсан ууллуссанан баран иһэллэр. Устудьуоннар эбии холбостулар. Уулуссанан киэптии баран истэхтэрин аайы өссө элбээн истилэр. Плакаттаах дьоннор эбилиннилэр. Бары пааркаҕа тоҕо сууллан киирбиттэригэр «убайдар” үрүө-тараа куоттулар. — Уолаттар, тохтооҥ! Кими да тыытымаҥ, таарыйымаҥ! — Охсуһуу суох буолуохтаах. — Паарканы бэйэ илиитигэр ыллыбыт да бүттэ, — диэн онтон-мантан буойар саҥалар иһилиннилэр. Сахалары бэйэлэрин дойдуларыгар сынньанар сирдэригэр сырытыннарбат дьон, үргүбүт табалыы сырыстылар. Хата, улахан охсуһуута суох ааста. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Тимур Дьокуускайга аҕыйах күн тардыллан сырытта. Дьонун кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттэ. Балта барахсан, убайа кэлэрин күүтэр аҕай эбит. Эдьиийэ атын нэһилиэккэ кэргэн тахсан олорор. Тимур нэһилиэгэр үлэ суох буолан манна холтууралаан, харчы оҥоро түһэн баран тиийиэх буолла. Тимур маҥнай куруусчуттаата. Биирдэ үлэтиттэн кэлэн истэҕинэ икки «убайдар» тохтоттулар. Табах көрдөөтүлэр. — Не курю, — диэт ааһан эрдэҕинэ биирэ эргилиннэри тарта уонна охсон сырбаппытын Тимур аһаран биэрээт, сыҥаахха туттарда. Биир уола кэтэҕэ кэҕис гынаат, тас уорҕатынан барда. Иккиһэ кэннинэн чугуйа сырытта. Ол мучумаан кэмигэр милииссийэ массыыната кэллэ да, иккиэннэрин тутаттаан ылла. Үһүс уол ат буолан, туран эрдэҕинэ көрөннөр эмиэ туттулар. Тимур бэйэлэрэ түстүлэр диэн быһаарса сатаата да истиэх бэйэлээх буолуохтара дуо, отделенияҕа илдьэ бардылар. Тимуру хаамыраҕа хатаатылар. Биир нуучча киһитэ баар эбит. Наара ороҥҥо сытта. Төһө өр утуйа түһэн ылбыта буолла, хаамыра аана аһыллан хачыгырыырыттан уһуктан кэллэ. Икки холуочук саха уолаттарын бырахтылар. Биир үскэл уол Тимуру кытта кэпсэттэ уонна утуйа сытар «убайы» ойутан туруорда. Муннукка туалеттыыр улахан бидон турар. Хаппаҕа суох буолан сыта аҥылыйар. Уолаттар ол уолу үлтү күргүйдээн, бидоҥҥа хаппах гынан
олортулар. Киһилэрэ өс киирбэх ону бүөлээн, ардахтаабыт тураах курдук олороохтуур. Үскэл киһи Тимуру хантан сылдьарын эҥин ыҋыталаһаат: — Быраат? Туох эмэ биилээх, уһуктаах баар буолаайах? — Суох буоллаҕа дии, хайаары гынныҥ? — Мин испин хайа тардынан очоҕоспут моонньубар бааныам. — Эс, ама, хайдах буоллуҥ доҕор! — Оччоҕо миигин балыыһаҕа илдьиэхтэрэ, онтон күрүөм. — Ол оннук бэйэлээх туох буруйу оҥордугут? — Ээ, кыра буоллаҕа дии. Тимур бу, арааһа, уруккута хаайылаахтар быһыылаах диэн сэрэйдэ. Иккис киһитэ эмиэ «убайы» күргүйдүүр. — Аны, давай поднял задницу! — тураатын кытта бидоҥҥа ииктээн чырылатта. — Ээй фуу, закрывай там! — үскэл киһи сарылаабытыгар «хаппах» төттөрү олордо. Тимуру бу дьон бүгүн утуталларын аата суох. Үскэл киһи оонньуур диэбитэ, кырдьык эбит, хантан эрэ кэнсиэрбэ бааҥкатын элээмэтин булан иһин тыыра сатыыр. Тимур итэҕэйбэккэ өҥөйөн көрдө. Кырдьык хаһатын дэлби тырыыпайдаабыт эбит. Үскэл киһиттэн ылтаһын тимирин былдьаан ылла. Тимуру сарсыныгар босхолоотулар. Уол арыгыны испитин кэмсинэ санаата. Балта биллэҕинэ төһө эрэ хомойор. Арыгы алдьатыытын уол этинэн хаанынан билбитэ. Дьоно кураанах бытыылка туттаран харчыланан иһэллэрэ. Дьиэлэригэр арыгыһыттар мустан охсустахтарына, Тимур балтыныын куттанан орон анныгар киирэн сыталларын уол санаата. Сороҕор ыалга куоталлара. Ыаллар ийэлэрэ, аҕалара арыгы испэккэ минньигэс сыттаах аһы аһыы олороллорун көрөн иҥсэрэллэрэ. Кинилэр мөлтөх таҥастаах, арыгы дьаар сыттаах дьиэлэриттэн куотан киирэн туралларыттан кыбысталлара. — Оо дьэ, бу оҕолор эрэйдээхтэр… — диэн ким эрэ аһыммыт саҥатын истэн ыган кэлбит харахтарын уутун көрдөрүмээри төттөрү тахсаллара. Кинилэр олохторун киинэ оҥорон көрдөрөр киһи, дьон төһө эрэ аһыныах этэ. Тимур арыгыны уонна иһиэм суоҕа диэн сорук туруорунна. Дьокуускайтан айаннаан кэлэн дьиэтигэр киирдэ. Балта үөрэн саҥа аллайаат, сүүрэн кэлбитин кууһан ыга тардан баттаҕын имэрийдэ. Дьонун кытта кэҕис гынан дорооболосто. Тимур эмиэ сопхуоска үлэлиир. Уоллара кэлиэҕиттэн дьоно иһэллэрин арыый аҕыйаттылар. Арай биирдэ Тимур киэһэ үлэтиттэн кэлбитэ дьоно эмиэ испиттэр. Мустубут дьону Тимур киирбит ааннарын буллартаата. Хата, почта кэлбит эбит, балта сурук биэрдэ. Били соҕуруу үөрэнэр кыыһа суруйбут. Истиҥ тыллаах сурук тутан уол үөрдэ. Киһиэхэ кыра да наада буоллаҕа. Билигин аҕай тымтыбыта суох буолла. Настята “куоракка кэл, көрсүөхпүт” диэн суруйбут. Тимур сопхуоска араас үлэҕэ сырытта. Харчы өлөрөн Настятыгар барарын күүтэр. Почтаттан эбэтэр төлөпүөннээх ыалтан кыыһын кытта кэпсэттэ. Дьон истиэ диэн наадатын эрэ кэпсэтэр. Хаарыаны, дьиэбэр төлөпүөннээҕим буоллар диэн уол баҕа санаалаах. Хаһан олох сайдан, киһи укта сылдьар төлөпүөннэнэр. Дьокуускайга пейджер диэн тэрил үөскээн эрэр үһү диэни иһиттэ. Тимур дьэ хамнас аахсан куоракка кэллэ. Настятын хайдах көрсүөхтээҕин, туох диэн кэпсэтиэхтээҕин өйүгэр оҥорон көрөр. Долгуйар. «Оо, привет. Настяя, тыый, сэгэрим оҕото, сүрэҕим сорҕото, аҕыннахпыан». Суох, мин сатаан итинник диэм суоҕа. Сахалар биһиги
нууччалардыы өрө салаһан итинник таптаспаппыт. Таптыырбытын испитигэр илдьэ сылдьабыт. Арай, кыратык «тэп» гыннардахпына саҥам элбиэ. Суох, суох испэппин. Балтыбар тылбын биэрбитим. Уолу ити курдук араас санаалар үүйэ-хаайа туталлар. Тимур Настятын көрсөөрү эмиэ Дьокуускай куоракка кэллэ. Аны ханнык аадырыска көрсөллөрүн кэпсэппэтэх буолан, ол кыһалҕата буолла. Почтаттан кыыс дьиэтигэр эрийдэ. — Дорооболоруҥ. — Дорообо. — Настя баар дуу? — уол билэр эрээри ыйыппыта буолла. — Кини куоракка барбыта, — арааһа, балта быһыылаах, чобуо кыыс эбит. — Дьокуускайга дуо? — Аһаа. — Мин эмиэ онтон эрийэбин. Кинини манна ханнык аадырыстан булуохха сөбүй? — Кини уоллаах ээ. — Ха..ханна ол? — Тимур туруупкатын төлө тута сыста. — Якутскайга баар. Онно көрсүөхтээхтэр. — Ээ, да… ол баҕар мин буолуом ди. Кинини хайдах булуохха сөбүҋ? — Кини пейджердаах, онно биллэ сырыт. — Ону хайдах гынабытый? Чэйиий, баһаалыста, түргэнник этиий. Бу почтаттан эрийдим. Ыксатан эрэллэр. — Ити почтаттан пейджер операторыгар звоннаа уонна бу номерга смста ыыттар — кыысчаан эдьиийин нүөмэрин эттэ. Тимур нэһиилэ ыйыталаһан смс ыыттарда. Көрсүөхтээх аадырыһын Настята ыыппыт. Оо дьэ, хаһан олохпут сайдан, америкалар курдук суотабай сибээһинэн сиэпкэ укта сылдьан кэпсэтэбит дии санаата Тимур. Тимурдаах Настя көрсүбүттэрэ. Кинилэр тапталлара аныгы дьон курдук өрө салаһан «таптыыбын, аҕынным, көмүөһүөм, чыычааҕым» да дэспэтэллэр, биир утары көрсөөһүнтэн кинилэр бэйэлэрин хайдах курдук таптаһалларын өйдөспүттэрэ. Хаһан даҕаны арахсыахпыт суоҕа диэбиттии ыга куустуһан турбуттара. Тапталларын биир тыла суох билбиттэрэ. 5 чааһа Сайыҥҥы нуһараҥ киэһэ киирэн эрэр күн сардаҥалара Өлүөнэ эбэ киэҥ ньууругар мэндээрэ саҕыллар. Эрэһэ долгуннар тэйиэккэлии оонньууллар. Хоптолор эргийэ көтөллөр. Кустар түһэн сүүрүгүнэн устан баран эмиэ өрө көтөн тахсаат, төттөрү тэлээрэн түһэллэр. Куба маҥан омук массыыната сыыйылыннаран кэлэн кытылга тохтоото. Тимур уол кыыһы сиэтэн түһэрдэ. Тимур үлэлээн хамнас аахсан массыына ылыммыта. Настятыныын хатааһылыы таарыйа айылҕаҕа кэллилэр. Аар хатыҥ нуолур солко күөх лабаатын анныгар кыыһы олорто. Уол уруһуйдуурун сөбүлүүр. Ол иһин кыыһы уруһуйдаары сөбүлэҥин ылбыта. Сиккиэр тыалга үрэллэ ыһыллар суһуоҕа, соһуйбуттуу көрбүт харааччы буспут моонньоҕон курдук хараҕа уолу үөрэтэрдии көрөр. Уол бу дьикти көстүүгэ сөбүлүүр кыыһын ыраас илиискэ түһэрдэ. Уол тоҕо эрэ илиитэ ибигириир. Араас дьону уруһуйдаата ини. Маннык долгуйбутун өйдөөбөт. — Хайа, төһө хаалла? — кыыс ыйыппытыгар уол ситэрбэккэ одуулаан олорорун билэн кыбыһынна. Настя бырдах сиириттэн веерынан сапсынар. Уол маннык чочуонай таһаалаах кэрэ сэбэрэлээх кыыһ төһө баҕарар өргө диэри уруһуйдуу олоруон баҕарар. Ол да буоллар бырдаҕа бэрт буолан кыыһы аһынна. — Чэ улахана бүттэ, сороҕун кэлин ситэриэм, — Тимур туран кыыска чугаһаата. Дыргыл сыттаах кумаар эминэн сотон биэрдэ. Аргыый суһуоҕун имэрийдэ. Өрүскэ сиэтэн киллэрдэ. Кытыл устун хаамтылар. Кытыл аартыгынан үөһэ таҕыстылар.
Алаас нэлэһийэн көһүннэ. Кэбиһиилээх оттор кэчигирэспиттэр. Саҥа охсуллубут от дыргыл сыта сиккиэр тыалга сайа охсор. Үөр сылгылар аһыы сылдьаллара көстөр. Биир кулунчук кэлэн, кыыстаах уолу сөхпүттүү көрөр. — Чээн, кулунчук дии. Кутуруга өссө будьурхай, киниэнэ… — кыыс таптаан ымманыйар. Хаартыскаҕа түһэрэр. Кулунчук кутуругун өрө көтөҕөн сиэлэн тамаһыйар. Тохтоон эмиэ эргиллэн көрөр. Хантан эрэ биир атыыр сылгы саалын токуруччу туттан, үөр атыырыгар кэллэ. Иккиэн сүүстэринэн харса түстүлэр. Илин атахтарынан табыйсан хаһыҥырастылар. Биирэ кулгааҕын ньылатан тииһэ атыгыраабытынан арҕаһыттан ытырда. Иккиһэ эргиллэ биэрээт, икки атаҕынан түөскэ тэптэ. Иккиэн үөрү тула сырыстылар. Биэлэр үмүөрүһэн хайаҕыт кыайар эбит диэбиттии көрөллөр. Сорох кулуннар онно эрэ кыһаммакка ийэлэрин эмэн чомурҕаталлар. Атыырдар балай эмэ сүүрэ сылдьан ытырсаллар, тэбиэлэһэллэр. Онтон туораттан кэлэн уонча биэни былдьаһа сатаабыт атыыр хотторон, тус хоту диэки бурҕайа турда. — Дьэ уол үөрүн былдьаппата, хотторбото, — маны барытын төлөпүөнүгэр уһула турбут Тимур этэр. — Хотторбута буоллар хайыа этэй? — кыыс сөҕөн ыйытар. — Хоттордоҕуна биир да биэтэ суох хаалар. Туораан биэрэр. — Ол тыйдар бааллар эбит дии. — Ити барыта тыһы тыйдар. Атыырдары үүртэлээн кэбиһэр. Атыыр тыйдар туспа үөр тэринэллэр. Ол сылдьан дьэ сүтэллэрэ эҥин үксүүр. — Оттон ол кулунчуктары? — кыыс эмиэ ыйытар. — Кыраларыгар сылдьаллар. Сороҕор атыыр тэбэн өлөрөн кэбиһэр. — Оо дьэ, барахсаттары — кыыс аһыммыттыы көрүтэлиир. *** Тимурдаах Настя холбоһон ыал буолбуттара. Билигин биирин туолбут уол оҕолоохтор. Күннэрэ киниттэн тахсар. Илиитин сараччы туттан хааман тоотоҥолуур. Таһырдьа тахсар үчүгэйин билэн, аан диэки ыйан тарбаҕа чороҥнуур. Ыскааптан иһити-хомуоһу барытын оруур. Ол иһин аҕата хос аанын, оҕоҕо түөһүгэр диэри, хаптаһынынан бүөлээтэ. Тимур үлэтиттэн кэлбитэ уола ийэтиттэн дьарыллан хоһун бүө хаптаһыныгар уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн турар. Ытаан бүтэн сыҥыргыыр. Аҕатын көрөн мэрбэҥниир. — Хайа, туох буоллугут? — Тимур оҕотун көтөҕөн сыллыыр. — Ыскааптан иһит бөҕөнү хостоон алдьаппыт. — Бу манна эрдэ хаайбатаҕыҥ дуо? — Тимур хос ааныгар хаптаһыннары бүөлүү кыбыппытын этэр. — Өҥөйөн туран хаһыытыыр. Онтон ити улахан массыына оонньуурун аҕалан онон салҕанан тахсыбыт. — Оо дьэ, чыычааҕым сыыһа. Син төбөтө үлэлиир эбит. — Эн урут эмиэ итинник буолуоҥ. — Оннук бөҕө буоллаҕа, ким оҕо сылдьыбатаҕа баарай. Мин оҕо сылдьан итии уулаах чаанньыгы үрдүбэр тоҕо тардыммытым. Арба, чаанньыккын оҕо тиийбэт сиригэр уура сырыт. — Оҕо, оҕо курдук оонньуурунан оонньообот. Киниэхэ иһит-хомуос наада. Ити сытыы баҕайы саха быһаҕынан далбаатана олорор этэ. — Ообун. Оҕом улааттаҕына булчут буолуо, — Тимур оҕотун таптаан ымманыйар. … Оҕо улаатара түргэн. Уоллара бэлиэр иккитин туолла. Ийэлэрэ иккис оҕотун төрөөрү сылдьар. Кыра бэдик ийэтин иһин сөҕө көрөр. … Тимур кэргэнин куоракка, сохраненияҕа киллэрбэккэ сылдьыбыта.
Арай түүн Настята ыарыйда. Тимур сөҕүөн иһин, эмискэ кэргэниттэн туох эрэ уута халыс гынна. Уол ыксаан ситэ таҥныбакка да сүүрүүнэн тахсан массыынатын собуоттуу оҕуста. Кэргэнин тиэйээт, балыыһа диэки бурҕатта. Ыксал буолан, уолларын дьиэтигэр утуйа сыттаҕына соҕотох хааллардылар. Ыал аҕата балыыһаны тиийэн тоҥсуйан дарбыйда. Утуктаан аҥаарыйбыт сиэстэрэ ааны арыйда. Тимур кылаабынай бырааһы ыҥыра охсоругар эттэ. Сиэстэрэ субуоннаан ыҥыраары, хоско киирэрэ уол көрдөҕүнэ эчи бытаанын. Быраас кэлээтин кытта кэргэнин туттараат, Тимур дьиэтигэр барда. Санаатыгар мааҕыҥҥы хартыына элэҥниир. Итиччэ элбэх туох уута муостаҕа халыйбыта буолла, дьахтар буолан төрүүр эрэй эбит, уол кэргэнин аһына санаата. Киниэхэ өссө иккис оҕо бэлэхтээри эрэйдэнэн эрдэҕэ. Билигин хайдах эрэ сытаахтыыр. Үнүр биир итирик киһи оҕотун харчытын ыла кэлбитин санаата. Харчытын биэрбэттэр. «Кэргэниҥ кэллэҕинэ бэйэтигэр биэриэхпит», — дииллэр. «Кини төрөөбүт да буоллун, мин эмиэ оҥорорбор эрэйдэммитим», — диэннээх этэ. Тимур ол киһи хайдах эрэйдэммитин хараҕар ойуулаан көрөр. Киһи да күлэр. Дьахтар курдук тоҕус ыйы быһа иһигэр иитиэхтээн эрэйдэммит суох ини. *** Киһи олоҕо чыычаах түннүгүнэн ааһарыныы элэҥниир. Тимурдаах иккис оҕолоро кыыс. Бэлиэр биэс ыйа буолла. Уоллара балтын бэрийэр. Көтөҕүөн баҕарарын дьоно буолумматтар. Кыыс суунарын сөбүлүүр буолан таастан тахсымаары гынар. Ууну булкуйан ыһыахтанара оҕоҕо үчүгэйэ бэрт буоллаҕа. Настя куоракка улааппыт кыыс буолан ынахха соччо сыстаҕаһа суох. Тимур кыра эрдэҕиттэн сүөһүгэ миккиллибит буолан, бэрийэри, ынаҕы ыыры сатыыр. Түөрт ынахтарын ыан үүтүн туттараллар. Өссө элбээтиннэрэр санаалаахтар. Тимур сааһыары титиигэр ынах ыы олордоҕуна атастара ааһан иһэн ыйыталлар: — Хайа доҕор, бу, ынаххын ойоххор тоҕо ыаппаккын? — Оҕолорун көрөр, дьиэтин түбүгэ элбэх. — Буолтун иһин, кыралаан сыһыарыаҥ этэ. Дьахтары аһары най ыытар куһаҕан. Атыттар үлэлээхтэр, оҕолоохтор да син барытын ситэрэн-хоторон иһэллэр эбээт. — Эһиги хайа диэки бардыгыт? — Тимур «чуур-чаар» гыннаран ынах ыан чырылата олорон атастарын ити этиилэриттэн кыбыстан, сирэйэ кытаран кэпсэтиини атыҥҥа уларытаары ыйыппыта буолла. Дьиҥэр, арыгы сыттаах дьон туохха сылдьаллара биллэр буоллаҕа. — Биһиги «абырах» көрдөһө сылдьабыт. Аллар атаспыт дьэ абыраа эрэ. Биир иһит сыанатына иэһээриий. — Харчы диэни бэйэбит көрбөтөхпүт ыраатта, — Тимур кырдьыгын этэр. — Эс, бу да киһи… Үүтү, сүөгэйи баһа сытан, баара буолуо. Киирэн ойоххуттан ыйытан көрүүй. — Хантан, үүппүт харчытын биэрбэтэхтэрэ ыраатта. — Чэ, чэ баара буолуо. Киирэн ыйыта сырыт, маҕаһыын сабыллара буолла, — үөлээннээхтэрэ эппиттэрин энчирэппэт дьон буолан биэрдилэр. Тимур үүтүн сиидэлээн баран дьиэтигэр киирэн Настяттан ыйытта. — Бүтэһик биэс мөһөөх баар, аһылыкка диэн уурбутум. Кинилэргэ биэрэн баран оҕобутугар памперс эҥин хайдах ылабыт? — Чэ биэрэн эриэххэ, маҕаһыынтан иэс суруйтарар инибит. — Маҕаһыыҥҥа онто да суох иэс бөҕөҕө киирдибит. Үнүр эмиэ ылбыттара дии. Хайдах төлөөбөт эрээри
көрдүү туралларый! — Настя кумааһынньыгыттан бүтэһик харчытын хостоон биэрдэ. Тимур атастарыгар таһааран биэрбитигэр үөрэн сэгэс гына түстүлэр. Эҕэ-дьаҕа буолан махтанан бардылар. Тимур ити атастарыттан харчы төннүбэтин билэр. Үлэлээбэккэ сылдьан туохтарынан төлүөхтэрэй. Дэриэбинэҕэ үлэ суох. Тимур кэргэнинээн иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр. Үлэ суох буолан дьон этэригэр дылы «ынах кутуругар сөрөннүлэр». Кэргэнэ биир үксүн онтон киҥэ-наара холлор. Тимур даҕаны кинини ынах ыырга үөрэтэ сатыыр. Үнүр Настя ыы олорбута. Ынах даҕаны иэтэр иэппэт киһилээх буолар. Эмиийин күүскэ тардыалаабытын сөбүлээбэккэ саахтаах кутуругунан сирэйгэ сырбаппыта. Онуоха кыйаханан, үөхсээт ынаҕы самыыга охсубута. — Настя, итинник сыһыаннастаххына ынаҕыҥ төттөрүтүн иэтиэ суоҕа. — Иэппэтин, фуу көрүүй, бу тугу гыннай? Ыа, бэйэҥ. — Оччоҕуна хайдах элбэх үүтү туттарабыт — Куоракка көһүөххэ. Манна дэриэбинэҕэ куһаҕан, айыкка. — Куораттан үлэ булбакка кэллибит этэ дии, — Тимур кэргэнин кэрэ сэбэрэтигэр ынах сааҕа сыстыбытын өрбөҕүнэн сотто. Кууһан, уураан уоскутта. — Барыта үчүгэй буолуоҕа Настя. Биһиги сүөһүбүтүн элбээтиннэриэхпит, кыаҕыран иһиэхпит буоллаҕа дии. — Ким билэр дьэ. Сүөһүнэн кыаҕырбыт дьону истэ иликпин. Дьон үксэ иэстэн-иэскэ олорор. Таах сибиэ үөрэммиппит. — Үчүгэй буолуо диэтим дии, — Тимур тапталлааҕын көтөҕөн ылан эргиттэ. Иккиэн күлүстүлэр. — Маамаа, оҕо ытыыр. Киирэн көрүүй, — уоллара тахсан оҕолорун көрбөккө бэйэлэрэ көтөхсө сылдьаллар диэбиттии көрөн турар эбит. Тимурдаах олохторо итинник кэминэн баран испитэ. Биирдэ Тимур атастарын кытта кустуу барсыбыта. Үгэстэринэн, доҕотторо баай барыылааҕы уоттаах утаҕынан айах туппуттара, күөх моҕойунан күндүлээбиттэрэ. Тимур куолутунан испэккэ, көннөрү көрсөн баран куруускатын төттөрү уурбута. — Көрсөн бараҥҥын иһиий доҕоор, тоҕо ууран кэбиһэҕин. — Биһигини убаастаабаккын дуо? Үрдүк үөрэхтээх киһи хайыаххыный. Биһигини аанньа ахтыбат буоллаҕыҥ. — Улахамсыйара буолуо, — эрдэ иһэн кэлбит икки уол үтэн-анньан көрөр. — Ол үөрэхтээх буоламмын хайаатым?! Син-биир эһиги курдук үлэм суох. Тимур өһүргэнэн куруускалаах буокканы түһэрэн кэбистэ. Аһыырҕатан сирэйин мырдыччы тутунна. — Оо уол, маладьыас. — Мэ, бу оҕурсууну. — Килиэптэ биэриҥ. — Дьэ, ити киһи быһыыта, — доҕотторо көх-нэм буолан тэптэрэн биэрдилэр. Тимур тэҥҥэ исиһэн, ис-иһиттэн сылаанньыйан доҕотторун кытта хаһааҥҥытааҕар да аһаҕастык кэпсэтэн, күлэ-үөрэ олордо. *** Сарсыныгар кэргэнэ Настя тардыалаан уһугуннарда. Дьиэтигэр баар эбит. Хайдах кэлбитин өйдөөбөт. Арай аҥаар хараҕа кыайан атыппат буолбут. Туран сиэркилэҕэ көрүммүтэ хараҕа кыһыл, күөх өҥнөнөн чуоҕурдаммыт. Мэктиэтигэр киилэ эт эбиллибит курдук буолбут. Төбөтүн иһэ дууҥ-дааҥ курдук. Тыла чороччу хаппыт. — Төһөҕө кэлбиппиний, саам баар дуо? — Туох бэйэлээҕин өйгүн сүтэриэххэр диэри арыгылаатыҥ? Сымыйанан кустаабыта буолан. Туох аанньа атастардаах курдук! Сааҥ маһа алдьаммыт. Батарантааһыҥ суох. Күөл итириккин Баанньа аҕалбыта, — ойоҕун саҥата умайыктанар. Тимур таһырдьа тахсан хотуолаан киирдэ. Ынахтарын даҕаны бэрийэр сэниэтэ суох. Сытынан кэбистэ. Икки күн ааһыыта Баанньа
баран охсубуттарын быһаарсыах диэн ыҥырбыта. Онно тиийэн охсуспут уолунуун иллэспит буолан эмиэ испиттэрэ. Онтон ханнык эрэ атаһа оҕоломмутун сууйбуттара. Тимур кыралаан арыгыга ылларан барбыта. Онтон сылтаан таптыыр кэргэнинээн киҥир-хаҥыр кэпсэтэрэ элбээбитэ. Устунан Настя иһэр эрин тулуйбакка арахсан, икки оҕотун кыбыммытынан дойдулаабыта. Тимурга бу ыарахан охсуу этэ. Бу санаатаҕына, атастара эмиэ арыгы туһуттан эмиэ кини курдук туруктаахтар этэ. Эмиэ арахсыы… Харах уута, айдаан төрүөтэ барыта амырыын утах, арыгы туһуттан этэ. Настята барбытын кэннэ ону эрэ күүппүттүү, амырыын атастара аттыгар баар буола охсубуттара. «Аһыналларын» биллэрбиттэрэ. Тимур биир киһи эмиэ кини курдук, балаһыанньаҕа киирэн баран дьиэтиттэн барытын бары атыылаан, бэл сүөһүлэрин сүүскэ биэрэн ый ыһыаҕа оҥорбутун санаата. Ол киһи атастара эмиэ баайа бүтүөн иннинэ арахсыбатахтара. Барыта бүппүтүн кэннэ, сиик курдук симэлийбиттэрэ. Мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр сатаан олоҕун оҥостубатаҕыттан сылтаан, моҥнон өлбүтэ. Тимур эмиэ ол киһи киэбин кэтиэн санаан, куйахата үмүрү тутта. Бүгүн эмиэ доҕотторо мустан «аһыналларын» эппитэ буолан, минскэй матасыыкылын атыылаатылар. Саҥа саата тоҕо эрэ көстүбэт. Бука, эмиэ ханна эрэ «атахтанан сүүрдэҕэ». Сэрэйдэххэ, атастара итирэн охто сыттаҕына бэйэлэрэ этэллэринии, «хаптардахтара» эбэтэр «батардахтара». Тимур өйүн-төйүн булан сүөһүлэрин даҕаны үчүгэйдик бэрийбэт. Атаһа Баанньа эмиэ кини курдук ойоҕо баран, муҥун ытанар. Эр киһини дьахтар эрэ тутар эбитин эбэтэр оҕо баар буоллаҕына арыый туттуналларын, киһи эрэ буоллар иһэ олорон кэпсэппитэ буолаллар. Баанньа Тимуру кытта «ханыы тардыспычча» кини дьиэтигэр соҕотох хаалбытын кэннэ «пропискаламмыт». Бүгүн Тимур итирэн охто сытан суланан муҥун ытыыр. — Оо, абаккам! Хаарыан тапталлаах оҕолорбун, ойохпун арыгыга атастастахпыан! Туохтаах буоламмын туоҕум кэлэн миигин тохтотуой…Кимнээх буоламмын кимим кэлэн миигин уоскутуой… Эһигиттэн ураты, — Тимур итирэн-кутуран ытаан санна дьигиҥнии сытта. Онтон туран ойоҕор эрийдэ. — Настя, сэгэриэм хаһан кэлэҕит? Кэлбэппит диигин дуо? Эһигинэ суох — олох суох. Эмтэниэм этэ буоллаҕа дии. Уонна хаһан да иһиэм суоҕа. Кырыыстаах аһы! — Тимур иирбитэ-итирбитэ биллибэттии муҥатыйар. *** Тимур арыгыга «умайа»сыһан балыыһаҕа сытар. Аад аһын аһаан өлө да сыһаахтаата. Үчүгэйэ диэн, Настята кэлбит. Оҕолорунаан көрсө кэлбиттэр. Уонна хаһан даҕаны иһиэ суох буолан кэргэнигэр мэктиэ тылын биэрдэ. Балыыһаҕа хаанын ыраастаан, арыгытын эмтээтилэр. Билигин көнөр аакка барда. Атастара эмиэ кэлэ сылдьыбыттара. Бу сырыыга Настята учаскуобайга сайабылыанньа суруйан, быгыалаабат оҥортоото. Тимур арыгы испэтэр эрэ төһүү үлэһит, ону-маны кэпсэтэн булара-талара бэйэтин гиэнэ. Арыгы киһини аҕыйах да кэм иһигэр боҕутуннарар эбит. Үлэлээн булбут сэбин-сэбиргэлин барытын атыылаан кэбиспит. Билигин эмиэ ону төттөрү буларга сыра, үлэ наада. Арыгы диэн амырыын адьынат, оннооҕор тойоттору кириэһилэттэн умса хойуоһуннарар. Таҥнары дапсыйан түһэрэр. Тимур сүөһүтүн элбэтэр санаалаах. Ону таһынан маһынан уһанан, арааһы оҥорон атыылыыр буолла. Тыа сиригэр үлэ суох диэн быар куустан олорбокко,
түбүгүрэн саҕалаата. Кыһын улахан тымныыга дьоҥҥо этэрбэс улларар. Халлаан арыый сылыйар кэмигэр дьоҥҥо саһаан маһа бэлэмниир. Кэргэнэ арыый ынахха сыһынна. Настя иистэнньэҥ үтүөтэ, талааннаах тарбахтаах мааныта эбит. Этэрбэс билэтин араас оһуордаан-мандардаан тигэр. Икки өттүттэн көмөлөөн, өйөһөн-убаһан син үп киллэриннилэр. *** Сааһыары кирэдьиит ылан, тыраахтар атыыластылар. Сайын Тимур бэйэтигэр үлэлиирин таһынан дьоҥҥо от охсон биэрэн, кирэдьиитин кыралаан төлөстө. Үүттэрин туттараллар даҕаны тук буолбат. Кэлин сыыйа сүөһүбүтүн элбээтиннэрдэхпитинэ үчүгэй буолуо диэн эрэх-турах санаалаахтар. Кыһалҕа арыый намыраатаҕына, үлэ ыарахана кыайтаран истэҕин аайы дьиэ иһигэр ыалга сылаас сыһыан олохсуйарын эдэр ыал биллилэр. Киҥир-хаҥыр кэпсэтэр төрүөттэрэ да суох буолар. Тимурга дьиэ кэргэниттэн ураты атын дьол диэн суох. Кинилэргэ чөл олох сыдьаайар. Таптал кыыма угуттуур. *** Күһүн. Тимурдаах хортуоска, хаппыыста үүннэрбиттэрэ өлгөмнүк үүммүт. Ону таһынан олбуордарыгар моонньоҕон, хаптаҕас үүннэрбиттэрэ, лабаалара нэһиилэ уйан намылыспыттар. Отучча угу олордубуттарыттан бүгүн Настя улахан оҕотунаан биир уктан түөрт биэдэрэни үргээтилэр. — Тыый, доҕоор, тоҕо бэрдэй үүммүтэ, — Тимур атаһа Баанньа кэлэн сөҕөр-махтайар. Баанньа эмиэ арыгытын эмтэтэн, ойоҕун, оҕотун аҕалан көнөн сылдьар. Тыраахтардаах, сэптээх атаһыгар Тимурга иилиҥкэй буолан холтууралаһар. Кини эмиэ ыал буолан, ииттинэн эрдэҕэ. Нэһилиэккэ үлэ суох буолан тугу да толкуйдаабакка, тобулбакка сырыттахха, тиийиммэт, түгэммэт кыһалҕа кыпчыйарыгар тиийэр. Саас сир ириитэ Баанньа Тимуртан моонньоҕон, хаптаҕас умнаһын олордоору ылбыта. Уктара үүммүттэрэ даҕаны аһа суох. Ол иһин ити бэркиһээбиттии ыйытар. — Отуруостактаргын хайдах олордубуккунуй? — Тимур доҕоруттан ыйытар. — Көннөрү лаппааккынан түөрэн олортоҕум дии. — Кини умнастарын силистэрэ эмиэ оҕурсу курдук туора, буор кырсынан үүнэр. Биир угу олордоргор балтараа миэтэрэ кэтиттээх, биир миэтэрэ дириҥнээх гына хаһаҕын. Уонна олордоргор хара буор, кумах кутаҕын, оччоҕо үчүгэйдик үүнэр, — Тимур быһаарар. — Оо, ол иһин даҕаны, үлэ бөҕө эбит дии, — Баанньа сөҕөн чыпчырынар. Тимурдаах Настя кэлин нэһилиэк биир бастыҥ, үлэһит ыалынан ааҕыллар буолбуттара. Үлэ суох буолан үрдүк үөрэхтэрин диплома төһө даҕаны ыскаап киэргэлэ буолан турдар, көмүс көлөһүннэрин аҕаан, үлэлээн-хамсаан дьон кэминэн кыаҕырбыттара. Иллээх дьиэ кэргэн аатын ылан, нэһилиэк араас тэрээһиннэригэр, уопсастыбаннай үлэҕэ кытталлара. Тимур амырыын аска арыгыга ыллара сылдьан, аад айаҕар түһэ сыспытын санаан билигин сонньуйар. Куһаҕан түүлү түһээбит курдук санаан, аһара сатыыр. «Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Родион Данилов-Ородьумаан Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан