Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыһыах саҕана

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыһыах саҕана

K
13.01.2023 12:36
Быйыл дьикти сайын сатыылаан эрэр. Сааһыары, ыам ыйын ортотун диэки, тымныыта анаан өһөөбүт курдуга: тыал да тыал, чараас таҥаһынан быга да сорунума. Ол иннинэ, кырдьык, күн-дьыл бэркэ иһийэ сылдьыбыта, дьон, ордук эдэр ыччат, «мантан инньэ өҥүрүк куйаас кэлэр» диэбиттии, «сыбыдахтаныы» бөҕөтө буолбуттара. Чэ, ол кыргыттар барахсаттар, үтүктүспүт курдук, хара хоппуруон колгуоккаларын кэппиттэрэ туох буолуой, дьэ, ооһой-мооһой көрбүт уолаттары көрүөҥ этэ – кип-киэҥ суортуктаах (били, үкчү Билбэтчэйи ойуулуулларын курдук таҥастаах-саптаах) былҕаһыйалларын. «Саамай тиритэр-кууллайар сирбитин салгылатар тоҕоостоох кэммит кэллэ» дии саныыллара эбитэ дуу? Кыыс аймах, ол мары-маадьаҕар, сороҕо уҥуох сула, сороҕо хайа эрэ омук киэнигэр дылы, бүтүннүү түү бытыгыраабыт атахтаах урааҥхайдары көрөн, туох дии саныыра буолла?! Ымсыыран, көҕүйэн кэлэллэрэ эрэ, суох эрэ, ким билиэй. Өстүөппэ (оскуолатыгар Степан Павловичтан атыннык ааттаабаттар), хоту улууска учууталлаабыта хаһыс да сылыгар барбыт ыччат, былырыыҥҥыттан бэттэх эксээмэн бүттэ да уоппускатыгар киин сиргэ дугуйданар идэлэннэ. Уһук Хоту тылланан кэлиэ­ҕиттэн сайын аайы кирпииччэ, от биригээдэтигэр оҕолору кытары үлэлээтэ. Ол дойдуга маҥнай утаа бырдаҕа бэрдиттэн даамын биэрэ сыспыта: бу хойууккаларын, ытыраллара абытайын! Киһини саараама тыыннарбат үлүгэрэ, өҥүрүк куйаас сатыылаан да турдар, бириһиэн сонноох, хара сиэк­кэлээх, быһата, халыҥнык таҥ­нан-саптан сырыттаххына эрэ сатанар. Хара сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥэ диэри (өссө дьиэҕэр бырдах киирбэтэх буол­лаҕына) – наар кумаар быыгынас саҥата! Ол эрээри киһи обургу туохха барытыгар начаас үөрэнэр эбит, оттон хоту дойду оҕолоругар бу сонун буолбатах, быыкааларыттан үөрүйэхтэр, өссө хайа да сиргэ наар манныга буолуо дии саныыр буолуохтаахтар. Оскуолаҕа бүтэһик чуораан кэнниттэн саас аайы саха тылын учуутала идэлээх киһиэхэ – Өстүөппэҕэ – «ыһыаҕы үөрүүлээхтик аһыы сиэрин-туомун толороҕун, саатар, биир-икки оһуокай түһүлгэтин тэрийэҕин» диэн эппиэттээх сорудаҕы сүктэрэллэрэ. Бастакы сылыгар ыксаталаан ылбыта: саха тылын учуутала, эбиитин оһуокай омуннаахтык тэнийбит оройуонугар төрөө­бүт-үөскээбит эрээри, бу санаан көрдөҕүнэ, биирдэ да үҥкүү тылын эппэтэх, түһүлгэни төрүттээбэтэх урааҥхай эбит! Төрөөбүт нэһилиэгэр эдэрдиин-эмэнниин эһиэкэйгэ бэркэ эҥээрдэһэллэрэ, арай түҥнэри сүргүөхтээххэ дылы, кини эрэ чиэски сылдьара. Саатар, үнүбэрсиэккэ үөрэнэр сылларыгар «бу наада буолуо» диэн, преподавателлэр тэрийэр куруһуоктарыгар төрүт сыстыбатах. Булгуччулаах диэн моһуйбуттара буоллар, ханна барыай – сылдьан үҥкүү тылын таһаарарга холкутук үөрэниэ этэ. Онон манна учууталлар уопсай дьиэлэригэр бүгэн олорон, эппиэттээх сорудаҕы бырабааллаппат инниттэн оһуокай тылын этэргэ, туойарга, алгыырга үөрэммитэ. Кылыһаҕа, төһө да сатамматар, санаатыгар, добуочча туойан доллоһутар, эһиэкэйдээн эҥээритэр буолбута. Хоту дойду дьоно, оһуокай диэҥҥэ умньамматаллар да, төрүт култуураны сөргүтэргэ төһө кыалларынан кытта сатыыллара. Өстүөппэ оһуока­йыгар нэһилиэк далбар хотуттара, илэмэ-салама түһэн, хоннох-тоҕонох үллэстэн налырдаһан барбыттарыгар, бэл, уолуҥ балай эмэ долгуй­талаан ылбыта. Дьэ, кырдьык, саха омук күн эргииригэр сөп түбэһиннэрэн сайгылдьыйа хаа­мара, үрдүккэ «көтөн» күөрэҥниирэ үчүгэй да буолар эбит! Күүскэр күүс эбиллэр курдук, аттыгар тэҥҥэ
күөгэлдьиһэр кэрэ дьахтарыҥ истиҥ санаата (имэҥэ-дьалыҥа кытта!) эмиэ бэриллэргэ дылы. Бу кэмҥэ Өс­түөп­пэни аллар атастара, биир дойдулаахтара көрөллөрө буоллар, арааһа, соһуйбуттара бэрдиттэн айахтарын атан, балачча турбахтыахтара эбитэ буолуо. * * * Үрүҥ Тунах ыһыах! Бу туһунан санаатаҕына, хайа да киһи сүрэҕэ эппэҥниир, долгуйар. Өстүөппэ быдан эрдэттэн, инньэ хаар ууллан барыаҕыттан, «оо, дьэ, ыйтан ордугунан ыһыах буолуо баар дии!» диэн, бэл, утуйар уута кытта көтөрө. Ол гынан баран, били, сааһы быһа күүппүт тэрээһинэ кэллэҕинэ, хайдах эрэ уостан-намыраан хаалара. Онтуттан хомойоро, туохтан эрэ маппыт курдук сананара. Былырыын куорат ыһыаҕар сылдьаары бэркэ эрэйдэммитэ. Эдьиийэ «айака, итиитэ сүрдэммит, аанньата суох доруобуйалаах киһи сөрүүн дьиэттэн ханна да быгыа суох» диэн мас-таас курдук аккаастаммыта. Өстүөппэ, хас да сыл устата куорат ыһыаҕын көрбөтөх киһи, Үс Хатыҥҥа айаннаабыта. Оптуобуска ыһыахчыт лыык курдук симиллэн, дэлби «ньиэрбэ хаата» буолан, хас эмэ чааһы быһа (ол быыһыгар добуочча тохтуу-тохтуу) айаннаан тиийбитэ. Ыһыах аһыллыытын, хойутаан хаалан, ыраахтан туран эрэ көрбүтэ. Элбэх мэтээлин кэчигирэччи иилиммит биир бэтэрээн «биэтэһигэр олорсон» киирээри гыммытын бэлииссийэлэр дуостал чугаһаппатахтара. Инньэ гынан күрүөһүт сүөһү курдук онон-манан быыһылыы сатаабыта сатамматаҕа. Аны, утаппычча, быырпах иһээри бытыылканы аспыта үп-үрүҥ күүгэнинэн төлө биэрэн, сирэй-харах, таҥас-сап бүппүтэ. Бас быстар сыанатыгар үтэһэлээх эт атыылаһан сиэри гыммыта биир накаас – кытаанаҕа сүрдээх. Били, Эрилик Эристиин «Хачыгыр» диэн кэпсээнигэр тириини үтэн сииллэрэ бу курдук хоччорхойо эбитэ дуу? Дьэ, ити курдук буһан-көөнньөн (саатар, биир да билэр киһитин көрсүбэтэҕэ), Өстүөппэ дэлби быыл-буор буолан, дьиэтин быдан эрдэ булбута. Быйыл онтон кэһэйэн уонна чугастык саныыр Киристиинэтэ барахсан эрдэ илдьит ыытан, дойдутугар уонтан тахса чааһы супту таксыынан айаннаан кэлбитэ. Дойдута барахсан үтүөкэн да айылҕалаах эбит! Оҕо сылдьан ол туһунан өйүгэр ончу оҕустаран көрбөт этэ, ол эрээри Уһук Хоту үлэлиир кэмнэригэр төрөөбүт сирин-уотун олус да ахтара, суохтуура. Түһээн, хатыҥ чараҥ быыһынан хаамара, ардыгар үрдүк чагданан күүлэйдиирэ... оттон сайылыгын, кустаах көлүччэтин, дьэдьэннээх халдьаайытын туһунан тугу эбии этиэҥий. Уһуктан баран ити барыта илэ буолбатаҕыттан хомойоро. Дьэ, онто бу – төрөөбүт бөһүөлэгэр кэлэн сырыттаҕа. Киристиинэ – Өстүөппэттэн биэс хас сыл аҕа, кэргэнэ иллэрээ сыллаахха ууга былдьаммыт аҥаардас дьахтар, ыҥырыкка сылдьар биэлсэр. Хайа оройуонтан кэлбитин бу диэн чопчу билбэт эбит. Өстүөппэ онуска үөрэнэ сылдьан байаҥкамаакка хамыы­һыйаҕа киирбитигэр мед­училище устудьуона кыыс быраактыкаҕа кэлбит быһыы­лааҕа. Сырдык сэбэрэлээх, кугастыҥы баттахтаах, үрүҥ халааттаах, ис киирбэх дьүһүннээх кыыс хирург оҕонньорго илии-атах буолара. Онно Өстүөппэ кыбыстыбытын эриэхсит! Кыбыстыах быатыгар, кыра сылдьан, уута оргуйан, хаппаҕа лабыгырыы турар чаанньыгы кытыыга тардаары ньилбэгин буһарбыттааҕа. Хирург уолу устуул үрдүгэр таһааран баран, килэриччи оһон хаалбыт хайа сахтааҕы бааһы, тэтэрээт лииһин туруупкалыы тута-тута, кыҥастаһан аҕай биэрбитэ уонна бырактыкаан кыыска этэн
суруйтарааччы буолбута. Бу иннинэ сыбыс-сыгынньах турар уолу иннинэн, кэннинэн эргитэ сылдьан, сороҕор төҥкөтө-төҥкөтө туппахтаан аҕай биэрбитэ. Устуулга, кыыс иннигэр, сол курдук сыгынньах туран, Өстүөппэ аны «саллаата уһуктан, чиккэйэн» кэлбитэ. Хата, хирург уолу устуулуттан түһэрэн, киэр хайыһыннаран, инчэҕэй маарыланы эрийэ тутан баран, тараһаҕа кууһуннарбытыгар «били-билитэ» сонно налыс гынан хаалбыта. Итини барытын чоххо баттаабыт курдук иэдэстээх бырактыкаан кыыс көрөн олорбута. Нөҥүө сылыгар Киристиинэ үөрэҕин бүтэрэн, бөһүөлэккэ үлэлии кэлбитэ, эбиитин олохтоох биригэдьиир киһиэхэ (Өстүөппэ ырааҕынан уруута) кэргэн тахсан, кийиит буолбута. Эдэр үлэһит туохтан да иҥнибэккэ, ыраах-чугас диэбэккэ ыҥырыкка сылдьара, ол да иһин дьон-сэргэ ытыктабылын түргэнник ылбыта. Ыраах учаастакка тиийэн оҕолоноору талыыта киирэ сытар дьахтары быыһаабыта, бэл, биирдэ убаҕастаабатаҕа хас эмэ хоммут сылгыһыты тутан-хабан чэпчэтиннэрбитэ. Итини барытын истэ-билэ сылдьар Өстүөппэ, били, байаҥкамааттааҕы түбэлтэтин санаатаҕына да, төрүт кыбыстыбат буолан хаалбыта. Быһата, сүр баттаппыта. Ол эрээри Киристиинэ кэнсиэргэ үҥкүүлээн тэлээрдэҕинэ, буута бүтүннүү кылбайан көһүннэҕинэ, силин быһа ыйыстыбытын билбэккэ да хаалара уонна ырааҕынан аймаҕар – биэлсэр кэргэнэ биригэдьииргэ – күнүүлүөх санаата кэлэрэ. * * * Ол кэмтэн ыла элбэх дьыл-күн ааста, Өстүөппэ хас эмэ сыл ыстаастаах учуутал буолан, дойдутугар бу үктэннэҕэ. Уол ийэтэ иллэрээ сыллааҕыта эмискэ ыалдьан өлбүтэ, онон, ырааҕынан да буоллар, аймах киһи сиэринэн Киристиинэ кинилэр дьиэлэригэр олороро. Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт да эбит. Өстүөппэ үөрэххэ туттарса барыан аҕай иннинэ биригэдьиир таайын массыынатыгар олорсон өрүскэ сөтүө­лүү киирбиттээҕэ. Онно Киристиинэ саҥардыы кийиит буолан сылдьара. Таайын кытта кытылтан тэйбэккэ ыттыы харбаан такыаланаллара, онуоха холоотоххо, киин оройуонтан төрүттээх биэлсэр саҥаһа ыраах сиринэн харбаан уунаҥнатара. Сөтүөлээн бүтэн, Киристиинэ тэйиччи талах кэннигэр таҥаһын уларыттыбыта, оттон Өстүөппэ таайын кытта сонно, көрдөрбүтүнэн туран, туруусуктарын устан, ыктан баран, кэтэн кэбиспиттэрэ. Таайа ойоҕуттан тугум диэн кыбыстыай, оттон Өстүөппэ «хамыыһыйаҕа оннооҕор буолуохпун биир-икки миэтэрэлээх сиртэн көрбүтэ, өссө кэниспиэктиир быһыылааҕа» диэн, эмиэ саатар-кыбыстар кэмэ ааспыт эрдьигэн этэ. Онуоха эбии Киристиинэ сааһырбыт таайыгар эргэ тахсан, саҥас аатыран, кырдьаҕас дьон кэккэтигэр сокуоннайдык киирбит курдуга. Ол да иһин уол кытылга таҥаһын ыкта туран кыһамматаҕа, «саллаата» даҕаны тыыллан-хабыллан турбатаҕа, арай сүрэҕэлдьээбит курдук, быстах кэмҥэ аат эрэ харата куоҕаҥнаан ылбыта. Онтон ыла Киристиинэни көрө илик эбит. Огдообо хаалан баран, дойдутун диэки тоҕо айаннаабатаҕа буолла? Бу бөһүөлэги иккис дойду оҥоһуннаҕа дуу? Эт туппут, дьахтар дьахтарынан буолбут. Оттон Өстүөппэни туох дии саныыр бэйэккэтэй? Кини даҕаны баараҕадыйдаҕа. Үнүр Киристиинэ бассаапка «Стёпа, дойдугар, дьиэҕэр-уоккар ыһыахтыы таарыйа кэлэ сылдьыаҥ этэ» диэн бэрт кылгастык суруйбутугар Өстүөппэ олус үөрбүтэ. Ким да кинини ити курдук ыҥыран көрө илигэ. Бэл, ийэтэ өлүөҕүттэн «дойдубун ситимниир кимим да хаалбата» диэн улаханнык мунчаара санаабыттааҕа. Сарсын – ыһыах. Бөһүөлэгин ыһыаҕа! Киристиинэни кытта онно бэлэмнэнэллэр. «Көр, Стёпа, ыһыахтыыр
таҥаспын, хайдаҕый?» диэн, хос иһиттэн сахалыы моһуоннаах сырдык ырбаахыны кэтэн тахсан, эргичиҥнээн ылбытыгар уол, сөхпүтүн омунугар, мах бэрдэрэн хаалбыта. Кини иннигэр адьас бараллаата, томтоҕор түөстээх, курбуу курдук таһаалаах, дьиҥнээх Туйаарыма Куо илэ бэйэтинэн кэлэн, имэ тэтэрэн, мичилийэн аҕай турара. Ок-сиэ! Өстүөппэ күөмэйин туох эрэ бүөлүү аспыт курдуга, долгуйан, сүрэҕин тыаһа битиргээн барбыта... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан