Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Уураһар омунун, сыллаһар сылааһын билбэтэҕим...»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Уураһар омунун, сыллаһар сылааһын билбэтэҕим...»
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
13.01.2023 12:35
...диэн билинэр олоҕун орто омурҕанын биэс сыл ааспыт саас ортолоох эр киһи. Мин кинини «суорумньуга сылдьарыҥ буоллар, баҕар, аналгын булуоҥ этэ» диэн сүбэлиир кэриэтэ эппиппэр. «Эс, аны кэлэн олохпун оҥоһуннахпыный, саас да ыраатта, оҕо-уруу тэниппэтим чахчы, оскуола кэнниттэн үөрэммэтэҕим, боростуой үлэһиппин. Кырдьыгынан эттэхпинэ, соҕотох сылдьа, олоро үөрэммиппин. Ыал буолар санаам тоҕо эрэ суох. Тоҕо эбитэ буолла?.. Ити этэр суорумньугутугар сылдьыахпын кыбыстабын. Бэйэм олох дэриэбинэ олохтооҕобун. Олорор сирбиттэн аҕыйах хонукка да тэйбэтэх киһибин. Дэриэбинэ киһитэ буоларым сирэйбэр-харахпар көстө сылдьар. Улуус киинигэр биирдэ эмэ кэллэхпинэ, кыбыстаммын, кэннибинэн эрэ хаампаппын быһыылаах, дьэ, накаас», – диэн эппитигэр, хата, бэйэм испэр күлэ санаатым, аһынным даҕаны. Албыннаһар кэриэтэ ааттаһаммын, миигин кытта аһаҕас кэпсэтиигэ санаатын үллэстэригэр этии киллэрбиппэр кэтэмэҕэйдии түһэн баран, син сөбүлэстэ. Кини үйэтин тухары соҕотох сылдьыбыт, нууччалыы тылынан эттэххэ, олус элбэх «копмлекс» мунньуллубут киһитэ. Ол иһин кыайан кэрэ аҥаарын көрсүбэккэ, олоҕун оҥостуммакка бэйэтэ-бэйэтигэр бүкпүт эр киһи. Чэ, ол туһунан саас-сааһынан... Аһара сэмэйим бэрт эбитэ дуу... Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кыыска дьөрү чугаһаабатах киһибин. Эгэ, билигин кэлэн дьахтарга чугаһыам дуо? Суох буоллаҕа... Ол бэйэбин сэнэнииттэн буолбатах. Киһиэхэ саамай куһаҕан дьиэк, атыннык эттэххэ, итэҕэс баар эбит – кыбыстанньаҥ буолуу. Ол миэхэ оҕо эрдэхпиттэн олохсуйан хаалбыт эбит, билигин кэлэн санаатахпына. Онтон да буолуо, ол эбэтэр соҕотох ийэҕэ иитиллэммин, кыаммат-түгэммэт кыһалҕатын оҕо сааспыттан билбит буоламмын эбитэ дуу... Чэ, олох толкуйдаан, ырытан көрөбүн да, хараарчы булкуллан хаалабын. Ыйытар боппуруоспар кыайан эппиэт булбаппын. Оннук да сылдьабын. Ыал буолбатахпыттан, олохпун оҥостубатахпыттан миэхэ тоҕо эрэ кэмсинии-кэмиринии суох. Сирэй-харах анньааччылар бааллар этэ. Мин соҕотохпуттан куруук иҥнэн тахсаллар. Ол соҕотох сылдьарбын кимиэхэ да үҥсэргээбэтэх киһибин ээ. Бэйэм-бэйэбэр сылдьабын. Миигин ким да тыыппат, мин да тыыппаппын. Буруйум диэн – тапталбын куоттарбытым Кистээбэккэ аһаҕастык эттэхпинэ, бэйэлээх бэйэм тапталбын көрөн туран былдьаппытым. «Ол хайдах?» диэн, баҕар, ыйытыаххыт. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, паартаҕа бииргэ олорор кыыспын өйө-төйө суох таптаабытым. Эппиэтэ суох таптал диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Мин, саатар, уҥуохпунан кырабын, дьүһүммүнэн бүрэбин, харабын. Кыыс аймах хараҕар ончу хатаммат этим. Кыыспын маҥаныкаан бэйэлээх, уһун дьылыгыр уҥуохтаах таҥара табатыгар тэҥнии көрөрүм. Кини аттыгар олорор кыракый киһичээни кини хантан таба көрүөй, болҕомтоҕо ылыай, суох буоллаҕа. Мин олох кыбыстан бөҕө буолабын. Икки сылы быһа биир паартаҕа таптыыр кыыспын кытта сэргэстэһэ олорбутум, миэхэ билигин санаатахпына, икки сыл кэргэннии олоххо олорбутум тэҥэ буолар. Кини аттыбар чугас олорбута, хайдах туттан суруйа олороро – барыта билигин да харахпар бу баар курдук көстөр. Оо, эдэр саас курус өйдөбүллэрэ... Мин кинини кытта улаханнык айах атан кэпсэппэтэҕим, болҕомтоҕо уурбат буола сатыырым. Кини таптыырбын сэрэйбэт да этэ. Көннөрү истиҥ иэйии дьиҥнээх итии, сылаас эниэргийэтин киниттэн билбитим. Аттыгар олордохпуна, тоҕо эрэ этим сааһа аһыллан, итии долгун сүүрээн буолан, хайдах эрэ сүрэхпин таарыйара. Куруук кинини мээнэнэн одуулаһа олороммун үөрэхпэр кыһаллыбат, мөлтөһүөр үөрэнээччи этим. Оччолорго таптыыртан харах арахпат диэн этии миэхэ сөп түбэһэрэ. Саатар, бэйэм да үөрэҕи кыайан ылбатаҕым, онон да буолуо, салгыы үөрэммэтэҕим. Уйулҕабын хамсаппыта Арай биир киэһэ оскуола кэнниттэн табаарыс уолум дьиэтигэр таарыйан аастым. Ол табаарыһым аармыйаттан саҥа кэлбит «сопхуостаах» уол диэн ааттанар этэ. Миигиттэн икки-үс сыл аҕа быһыылааҕа. Киирбитим, доҕоор, сүрэхпэр иитийэхтээн илдьэ сылдьыбыт ымыычааммын кытта ыга куустуһан баран, уураһыы-сыллаһыы, имэрийсии-томоруйсуу бөҕөтө буола олороллор эбит. Мин хаһан итинниги көрбүтүм баарай... Көрбүппүттэн кыбыстан буолуо, соһуйаммын, харахпын тиэрэ көрдүм, айахпын атан кэбистим. Олохпор таптаһыыттан имэҥириини аан бастаан илэ харахпынан көрдөҕүм. Кыыһы илиититтэн ылан да аньыыга киирбитим суоҕа. Эгэ, сыллаһары-уураһары билиэм дуо, суох буоллаҕа. Баҕар, ол иһин буолуо, ол түбэлтэ кэнниттэн «шок» ылан, дууһам эмискэ кураанахсыйа түспүтэ. Кыргыттарга сыһыаным тымныйбыта, бу түбэлтэ уйулҕабар хаһан да сүппэт суолу-ииһи хаалларбыта. Дьахтар диэҥҥэ чугаһаабатаҕым Онон да буолуо, аһара хомойбутум, хоргуппутум, кэлэйбитим эбитэ дуу, бачча сааспар диэри истиҥ сыһыан, иһирэх иэйии диэни билбэккэ сааһырдым. Олохпун оҥостубатым. Хотун-дьахтар сылаас хоойун билбэтим. Кырачаан оҕо минньигэс сытын ылбатым. Соҕотохсуйуу курус тыына бачча сааспар диэри арыаллаата. Бэйэм дэриэбинэттэн олох ырааппатах киһибин, тыаҕа олорорбун ордоробун. Кыракый дэриэбинэ иһигэр бары аймахтыы кэриэтэ суулаһан олоробут. Онон ханна ойох көрдүү ойуомуй, кэргэн кэпсэтэ барыамый... Эргиччи кыһалҕа, тула толкуй. Бииргэ үөрэммит оҕолорум бары ыал буолан, оҕолонон-урууланан, эбиитин сиэннэнэн ньир бааччы олороллор. Мин ол биирдэ таптаабытым табыллыбатаҕын кэннэ уонна кыргыттарга, дьахталларга этириэс чугаһаабатаҕым, оннук кырыллыбытынан уол буолан, кырдьан эрэбин.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан