Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хагдаҥ атахха
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хагдаҥ атахха
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
13.01.2023 12:32
Күһүн кыстык хаар түһэн, ат көлө сыарҕаланар буолбут кэмэ быһыылааҕа. Оскуолаҕа киирэ иликпин, киирбиппин бу диэн өйдөөбөппүн. Хара төрүөхпүттэн ыарыһах буолан атааҕым да сүрдээҕэ, эппитим – этириэс, санаабытым – торуоска. Ийэм балта Маарыйа оҕонньорун Дьөгүөрү кытары Хагдаҥ Атах диэн алааска барыстым. Сайыспыппын, дьонум тылбын алы гымматахтара. Онно эргэ дьиэлээҕэ, дьоҕус соҕус хотоннооҕо. Субай сүөһүнү кыстаталлар этэ. Кып-кыра дьиэҕэ 2-3 ыал буолан дьукаахтаһар быһыылаахтара. Арай ол курдук санаабар уйдаран сыттахпына, түннүгүнэн хап-хара, уп-уһун киһи өҥөйөн аҕай турар эбит! Соһуччута бэрдиттэн куттанан, айаҕым муҥунан хаһыытаатым. Дьонум «туох буолла?» диэн уһукта биэрдилэр. Мин хаһыытыы-хаһыытыы «бу тураа-ар!» диибин. Ол курдук туран эрэ айманарым быыһыгар «киһим» сүтэн хаалла, өйдөөбөккө да хааллым. Дьонум тугу да көрбөтөхтөрө. Олус харыһыйар, кэмчилээн туттар кыраһыын лаампалаах этилэр. Онтукаларын түүнү быһа уматан хоммуттара уонна сарсыарда буолуута дьиэбэр утаарбыттара. Дьиэбэр кэлэн баран, уһун кэмҥэ суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыппытым. Онтон үтүөрбүтүм. Кэлин улаатан баран, кыра сылдьан тугу көрбүппүн кэпсиир этим, ону «ити дьиэ былыр-былыргыттан иччилээх» дииллэрэ. Басхаай. Өлбүт ойуун көтөҕүү Хаастаах үрэххэ Тимир Чарапчылаах диэн былыргы ойуун уҥуоҕа баар эбит. Ол көмүүтүн маннык гыналлар эбит. Ойуун өлүгүн тиит мас дүлүҥэр сытыараллар. Адаарыйбыт улахан салааларыгар ол дүлүҥү баайаллар. Сотору тиит мас, уонна дүлүҥ луҥкуран хаалан, өлүк уҥуоҕа сиргэ түһэн хаалар эбит. Ол иһин ойуун уҥуоҕун иккитэ көтөҕөллөр эбит. Ону ойуун хаан аймаҕар, ойуун киһи баар буоллаҕына, кини кэлэн көтөҕүөхтээх дииллэр. Ол сиэригэр-туомугар 3 сүөһүнү сиэртибэ гынан охтороллор уонна ыһыах ыһыахтаахтар. Ол кэннэ ойуун уҥуоҕун атын маска илдьэн ууруохтаахтар. Мин ойуун уҥуоҕун көтөҕөр сиэри-туому көрөн хаалбыттаахпын. Биирдэ ханна эрэ айаннаан истэхпинэ, аара суолга дьону көрсүбүтүм, олор – биир ойуун уҥуоҕун көтөҕүүтүгэр айаннаан иһэр этилэрэ. Мин баарбар 3 саастаах оҕуһу охторбуттара. Өссө анаан-минээн 3 ойууну ыҥырбыттар этэ, олортон биирдэстэрэ (тоҕотун билбэппин) кэлбэтэҕэ. Бу кунаны өлөрөөт, кэлбит дьону айах тутан аһаталлар эбит. Оҕус эрэ буолбакка, сылгыны эмиэ сиэртибэ гыныахтарын сөп диэн кэпсииллэр. Сылгы хайаан даҕаны атыыр буолуохтаах, хара дьүһүннээх, төбөтө, атаҕа маҥан буолуохтаах үһү. Бу курдук ойуун уҥуоҕун үстэ көтөхпүттэрин кэннэ, дьэ сиргэ көмөллөр эбит. Платон павлов. Бөртө. 1925 сыл, тохсунньу 16 күнэ Иккистээн төрөөбүт ойуун туһунан үһүйээн Бу Марха улууһун Аадьа ойуунун туһунан кэпсээни Өҥөлдьө нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһыттан истибитим. Былыр ини-биилэр олорбуттар. Биирдэрэ 20 саастааҕа, улахана 30 саастааҕа үһү. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөн, бэйэлэринэн улааппыттар. Инитэ уһаабакка, ойох ылбыт. Ол сыл ала дьүһүннээх кулунчук төрөөн үөрдүбүт. Хомойуох иһин, үөрүүлэрэ уһаабатах, ити сыл күһүнүгэр инилэрэ ыарытыйан баран, өлөн хаалбыт. Уол, өлө да сыттар, барытын истэ-билэ сытар эбит, аны утуйбуппун диэҕин биир да этин-сиинин чааһа хамсаабат. Барахсан хоруоп оҥороллорун, иин хаһалларын барытын истэ сыппыт уонна олус санаарҕаабыт, курутуйбут, «тыыннаахтыы көмүллэр киһи буоллаҕым» диэбит. Дьоно хантан билиэхтэрэ баарай, хоруопка сытыараат, ытаан-соҥоон баран, көмөн кэбиспиттэр. Тыыннаах киһи иин түгэҕэр сытара туох аанньа буолуой, сүрэҕэ хаанынан ытаабыт. Арай ол сытан иһиттэҕинэ, ким эрэ кини иинин хаһара иһиллибит. «¤уу, убайым тыыннаах буолуохтаах диэн, сэрэйэн хаһан эрдэҕэ» диэн үөрэ сыппыт. Дьэ, хоруоп аана аһылла түспүт... 4 хап-хара дьон хаспыттар эбит. Кинини өйөөн ылан хоруопка олордубуттар, төбөтүн дьиэтин диэки хайыһыннарбыттар. Дьиэтэ тураахтыыр, түннүгүнэн уот көстөр, кыым тахсар эбит. Ол курдук олордоҕуна хантан эрэ сир анныттан оҕус орулуура иһиллибит. Чугаһаатар чугаһаан испит. Сир дьигиһийэр үһү, киһибит олус куттаммыт. Оҕонньор уола иккистээн Орто дойдуга түһэн баран, аны маҥан сирэйдээх дьахтары соһон аҕалбыт. Дьахтары эмиэ ирдии кэлиэхтэрэ диэн, кып-кыра үөн саҕа гынан баран, балаҕан баҕанатын быыһыгар кистээн кэбиспиттэр. Эмиэ сэрэйбиттэрин курдук, дүҥүр тыаһаабыт, ойуун кыырар куолаһа иһиллибит. Ойуун баҕананы хас да чааска хайытан, дьахтары булбут, илдьэ барбыт. Уйаҕа сытар уолчаан иһиттэҕинэ, оҕонньор маннык диэн саҥалаах буолбут: «Чэ, бу киһи күнэ-дьыла уолдьаста. Орто дойдуга Аадьа ойуун диэн улуу ойуун буолуоҕа. Аата аар-саарга ааттаныа суоҕа, ол курдук дьон кистии-саба, ытыктыы кэпсэтиэҕэ. Ол курдук, ырыа-тойук доҕуһуоллаан Орто дойдуга атаарбыттар. Ити кэннэ уол туох буолбутун, ханна сылдьыбытын отой умнан кэбиспит. Ол кэннэ, 5 саастааҕар, туох-баар санаата чөлүгэр түспүт, урут кимин, ханна олорбутун барытын өйдүү биэрбит, Үөһээ дойдуга тахсан ойуун кыырарын көрбүтүн барытын санаабыт. Бу оҕо кыратыгар иччилэри эҥин көрөр буолбут, онтон 12 сааһыгар тиийиитэ улахан ойуун буолбут. Бу санаатаҕына, 1-кы төрөөбүт сириттэн 15 эрэ биэрэстэ сиргэ иккиһин төрөөбүт эбит. Били, урукку дьиэтигэр тиийэ сылдьыбыта – ойоҕо атын кэргэннэммит, убайа эмиэ олорорун курдук олорор эбит, кулунчуга улаатан, дьоһуннаах ат буолбут. Дьоно кинини билбэтэхтэр, ойуун даҕаны туох да дии сатаабатах. Биир сайын баай киһи ыһыах ыспыт. Ол ыһыахха Үөһээ дойдуга көрсүбүт ойууна сылдьарын билбит. Ол ойуун эдэр ойууну көрөөт, тута билбит: «Ээ, били оҕо сылдьар. Биир ойууҥҥа кутуруксуттуу сылдьан эйигин көрбүтүм. Тохсус салааҕа олорор этиҥ, кыыл ийэҥ эмиийин эмэриҥ. Уйаҥ быыһыттан миигин өҥөйөн көрбүтүҥ», – диэбит. Онуоха эдэр ойуун уордайбыт: «Киһи иитиллибит, улааппыт сирин туһунан тоҕо ыһа-тоҕо кэпсии сылдьаҕыный?!» – диэн. Ону биирэ: «Итинник кыыһырар буоллаххына, ситэ сиэ! Мин эмиэ ити сиргэ тиит ахсыс лабаатыгар иитиллэн тахсыбытым. Билигин эмиэ иккистээн төрүөхтээхпин, бу сырыыга Хара Суорун иитэн таһаарыахтаах», – диэччи буолбут. Ол кэмҥэ эдэр ойуун кинини өлөрөн кэбиспит. Баһылай Попов, Хадан нэһилиэгэ Хочо улууһа. 1925 сыл, кулун тутар 22 күнэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан