Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чыычый көрсүһүү
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чыычый көрсүһүү
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.01.2023 19:00
Бүгүн халлааммыт сатамматах. Оһох буруота үөһээ көнөтүк тахсыбытын көрдөххө, сатайан туран тымныйбыт. Бэл, туох барыта хос тыастаммыт курдук. Оннооҕор тэйиччи айан суолунан ааһар массыыналар тыастара субу аттыгар баар курдук лиһигириир. Балаайа эмээхсин бүгүн хотонугар хойутаата. Хотонун диэки хааман истэҕинэ, кэнниттэн ким эрэ ситэн кэлбит курдук буолла. Тохтоон кэннин хайыһан көрбүтэ, кураанах. «Арааһа, тиэтэйбит санаабар быһыылаах» дии санаата. Тиийэн далын аанын аһаат, талах минньигин хаһыйа аста, хотонун ыарахан аанын нэһиилэ тэлэччи аста. «Барахсаттарым сыттара-сымардара ханнык да, ити соттор тэриллэринээҕэр быдан ордук. Сылааһынан илгийэн, сыта «дьар» гынар, быдан ахтылҕаннаах. Тыа дьоно сүөһүтэ суох сатаан аһаан-таҥнан олорбоппут», — диэн ис-иһиттэн көтөҕүллэн, манньыйан, бэйэтэ-бэйэтигэр кэпсэтэн ботугуруу сырытта. Үөрэн мичилиэн, сүөһүлэрин таптыы-таптыы тиэтэлинэн сүөртэлээн «һай-һай» түһэрэн, ытыһынан таптайа-таптайа таһырдьа үүртэлээтэ. Хойутаабыт сүөһүлэр ойбоннорун диэки өрө тэбэ-тэбэ сүүрэн хоочугураһа турдулар. Балаайа ойбон тоҥон эрдэҕэ диэн, тимир күрдьэҕин хаба тардан ылан, сүөһүлэрин кэннилэриттэн сабыахайдаан истэ. «Ыч-чаа, дьэ бүгүн бытарыппыт дии халлааммыт» дии санаан ылла. Күөлүгэр кэлбитэ, арай, бүүс бүтүннүү үүт туман бүрүөлэнэн турар эбит. «Ноо, хайа, сүөһүлэрим ханна баалларый? Мумматылар ини», — дии-дии ол-бу диэки олоотоото. Сыыры таҥнары чаҥхычахтаан түһэн, ойбонум манан буолуохтаах диэн хааман хоочугурайан тиийбитэ, баттаамалаах кур оҕуһа сүүһүн аннынан көрүөҕүнэн көрөн, көхсө күрдүргээн, туох эрэ кыыла туга-ханныга биллибэти көрөн, тобулу түһүөх курдук турар эбит. Атын кыра сүөһүлэрэ кини кэтит бэйэтигэр саһыахтарынан саспыттар. Мааны ынаҕа, Маҥаачыйата «дьэ кэллин дуо?» диэбиттии өрө көрөн кэбистэ. Оттон Балаайа көрбүтүттэн соһуйан, чыпчылыйыах түгэнэ, дөйөн турда. Тугу гынабын диэбиттии биир миэстэҕэ бэдьэрэҥнээн, тэпсэҥнээн ылла. Киһи эрэ өмүрүөх, сүрэҕэ хайдыах түгэн тирээн турар эбит ээ! Өй ыла охсон, Балаайа барахсан тимир күрдьэҕин иннигэр тутан, сүөһүлэрин быыһаары салыбырас буолбут атаҕынан хардыы оҥордо да бокус гынна. Уҥуох -ҥуоҕа барыта хамсаабыт, халыр босхо барбыт, хаһыытаары гыммыта саҥата да кыайан тахсыбата. Ыксаллаах кэмҥэ куолайын иһигэр хардьыгынаан ылбытыттан ордук соһуйда уонна дьэ төлө биэрэн сүр улаханнык часкыйаат «лах» гына олоро түстэ. Сүөһүлэрэ барахсаттар өрө көрбүтүнэн, уу эрэ, туох эрэ төттөрү «көтө» турдулар. Ити түгэни ыраахтан, туораттан көрбүт киһи, баҕар, күлүө эбитэ буолуо. Оттон Балаайаҕа, бу күлүү буолбатах. Төттөрүтүн ыксаллаах, кутталлаах да түгэн этэ! Сүөһү хараҕынааҕар улаханнык, күттээриччи көрбүт, эбиитин соһуйбут, арбайбыт күкээркэй чараас түүлээх кып-кыра оҕо дуу, илэ абааһы дуу турар эбит! Тоҥон ибигирээбит аҕай, түүтэ-өҥө туйаҕар тиийэ кырыарбыт, мэктиэтигэр мууһурбут. Ол бэйэтэ өссө кумуччу туттубут. Дьэ иэдээннээх утары көрсүһүү буола түстэ! Балаайа: «Тыый, бабат-татат! Бу кимий, тугуй?! Тоҥон өлөөрү тугу гына сылдьар оҕоҕун дуу, тугуй?! Cүөһүлэрбин үргүттүҥ!» — диэн, куттаммыт омунугар туохтан да тутулуга суох төлө биэрэн сүр улаханнык хаһыытаан баргыытыыр икки, часкыйар икки ардынан кутан-симэн барбата дуо, оҕолоор?! Ол икки ардыгар эбиитигэр, аны кэлэн арбаҕастаах да абыраабат алдьархайа буолаары гынна, тыын-тыыҥҥа харбас диэн санаалар төбөтүгэр элэгэлдьиһэн аастылар. Аны, иһигэр дьиктитик кини иннигэр буруйдаах оҕолуу кумуччу туттан, быыһыгар кини диэки ааттаспыттыы кылап-халап көрө турар күкээркэй түүлээҕи аһынан, тугу эрэ таҥыннарыах санаата төбөтүн иһигэр киирбэхтээн иһэн, халлаантан сулус субурус гынарыныы сонно тута мэлис гынна. Ойон тураат, күрдьэҕинэн далбаатанна, ыһыытынан-хаһыытынан күөл үрдүн ылан кэбистэ. Арай, тымныы салгыны эҕирийэн бөтө бэрдэрбит кэмигэр сөтөллүмэхтээтэ. Онно эрэ тохтоон уоскуйа быһыытыйан истибитэ, били туохпут эрэ, киммит эрэ ааттаһар быһыынан саҥара сатыы тураахтыыр эбит. Ону истэн, Балаайабыт «бу күтүр саҥалаах эбит дуу» диэн саҥа аллайда, бааммыт былаата ханньары барбытын көннөрдө,истээри сэгэччи соҕус тардынна. Дьэ, онно дьүүллээн истибитэ, бу турааччыбыт уу буллугураан эрэрин курдук саҥаран, быһааран сордоно турар эбит. «Мин Сүллүүкүммүн ээ. Куттаныма. Миэхэ көмөлөс эрэ. Быйыл тахсыа суохтаах этим. Ону баара, ымсыыраммын, эрдэлээн кэбиһэн бу иэдэйэ-куодайа сылдьабын. Саһан-саһан батыһан тахсан бараммын ханна барарбын, тугу гынарбын билбэккэ, дьэ, эрэй буолла. Онно аллараа биһигини орто туруу бараан дойдуга таҕыстахпытына хайдах сылдьарбытыгар такайаллар, улахан үөрэҕи ааһабыт ээ, дьиҥэ. Ону баара, мин ситэ үөрэммэккэ, билбэккэ сылдьан тахсыбыппын. Көмөлөс, бука баһаалыста. Адьас да, улахан тойоммут иннигэр дьүүлгэ турар буоллум быһыылаах», — диэхтиир эбит. Ону истэн Балаайабыт, аны, аһынна. Дьэ, мучумаан буолла. Төһө да аһыммытын иһин, ол тугунан көмөлөһүөй?! Аны туран, бу баҕайыны хайдах да уутун чаккыраппытынан дьиэтигэр илдьибэт. Кэбиис, кэбис! Балаайа толкуйдуу сатаан төбөтүн иһигэр баллыгырас саҥа буола түстэ уонна дьэ, саамай сатанары тобулбутуттан үөрэн саҥа аллайда: «Билигин мин ойбону алларыам, оччоҕо төттөрү түһээр!» — диэтэ уонна тимир күрдьэҕинэн ойбону алларан, көйөн, тоҥсуйан барда. Син сыһаҕастаһан алларда, мууһун ыраастаата. Тириппитин соттунаат, «киир» диэтэ, ойбонун диэки тобулу ыйан кэбистэ. Ону эрэ кэтэ7эн турбут били күтүр «чолум» гынан хаалла. Онтон утаакы буолбакка төбөтө чолос гынаат, тугу эрэ уунна. Балаайа ылан көрбүтэ — туох эрэ таас. «Мэ, маны ыл. Үтүө санааҕар махтанабын, уһун үйэни баҕарабын» диэт сүтэн хаалла. Балаайа муокаска түбэстэ. Түһээтим дуу диэн, ол-бу диэки эргим-ургум көрөөт, илиитин көхсүн ытыран көрдө. «Айа, ыалдьар, ол аата илэ эбит». Сиэбигэр укта охсубут тааһын илиитинэн бигээн ыла-ыла, күрдьэҕин тайах оҥостон хотонун диэки аа-дьуо хааман иһэн биирдэ өйдөнөн: «Арба, ынахтарым таһырдьа турдахтара. Баайа охсуохха», — диэт, хаамыытын хаһааҥҥытааҕар да тэтимирдэн биэрдэ. Тиийбитэ, сүөһүлэрэ өссө да уоскуйбакка кэлэн-баран хоочугураһа сылдьаллар эбит. Хотонун аанын аһарын кытта, бары иһирдьэ симсэ-симсэ киирдилэр уонна долборукка угуллубут оту туох да буолбатаҕын курдук хабыалаан бардылар. Оттон Балаайа аа-дьуо талах олоппоһун ылла, сиэбиттэн холтуунун хостоото уонна хамсатын тардан унаарытта. «Бу эһэм холтууна» диэн имэрийээт, төттөрү уктан кэбистэ. Дьэ ол кэнниттэн, сиэбигэр укпут тааһын хостоон таһааран эргим-ургум көрдө. Биэстээх тимир харчыттан улахан. Тоҥсуйан да көрдө, ытыран да көрдө. Онтон: «Тыый, көмүс дии!» — диэн саҥа аллайаат, хотонун биир муннугар кистии-саба көмөн кэбистэ. Аны ким эрэ түбэһэ көрүө диэбиттии, эргим-ургум көрдө. Хотонуттан тахсаары туран: «Этэҥҥэ хонуҥ, ити эһиги сүллүүкүн оҕотун көрдүгүт. Эчикийэ биһиэхэ түбэспитэ да баар ээ. Биттэнии-билгэлэнии кэмэ. Бээ-бээ, тохтуу түһүҥ, тырыыҥканан кириэс оҥорон аҕаламмын аан үрдүгэр кыбытыыһыбын» дии санаат, дьиэтин диэки хаама турда. Дьэ, итинник. Киһи-киһиэхэ мээнэ кэпсээбэт көрсүһүүтэ буолла, доҕоттоор. Дьохсоҕон кыыһа, Таатта. Хаартыска СИА архыыбыттан
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан