Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ньургуһун
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ньургуһун
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
29.11.2019 15:52
Сааскы күн сыралыттан сылыйбыт, сырдаабыт сыһыыны кыйа аа-дьуо хаамабын. Айылҕа барахсан уһукта быһыытыйан сиккиэр тыалынан аргыый сипсийэр, мутукча сытынан долгута туймаардар. Дөрүн-дөрүн тохтоон ылан Ийэ айылҕа кэрэтин кэрэхсии кэтиибин, ол курдук бытааннык айаннаан сыһыыбын, дьэ биирдэ туоруубун. Ньуолах түү ньуурдаах ньургуһун барахсан, күөх от бытыгырыы да илигинэ, хагдаҥ сэтиэнэх быыһыттан сытыы араҕас өҥүнэн халдьаайыны толорбут. Маны барытын өөр да өр одуулуубун. Ньургуһун... дьэ, чахчы да ньургун ньургуһун. Дьыбары, хахсааты аахсыбакка үрүҥ күҥҥэ нуоҕайа таласпытынан, ситэри ирбэтэх тоҥ буорга силис тардан үүннэҕэ. Бу барахсаттары хайаларын да тосту үктээн кэрэ көстүүтүн кэҕиннэрбэт курдук сэрэнэн хаамабын. Харах ыларын тухары ыыс араҕас ньургуһун! Хараҕы халтарытар хаарыан хартыынаттан сарсыардаттан санньыйа быһыытыйбыт саппах санаам суураллан олус да чэпчиибин. Ол иһэн бөлөх ньургуһун быыһыгар оччугуй бэйэлээх күөхтүҥү-кытархай ньургуһуну таба көрөн тохтуу биэрэбин. Сүрэҕим түгэҕэр сөҥмүт дьикти иэйии уһуктубутун сэрэйэбин. Бу дойдум ньургуһуна эбээт! Ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдубар үүнэр ньургуһун... Дьикти дии, соҕотохтуу ала-чуо бу манна үүнэҥҥин, туорхаһыйбыт дууһабын долгутан суолбар тоһуйбутуҥ. Саас буолла да ахтар этибит эбээт эйигин, суохтуурбут эн нуоҕайа туттан кырдалга үүнэргин. Суохтуурбут.... Кини эмиэ ахтара... Хомойуох иһин, ол урут этэ. Билигин кини суох. Көмүс уҥуоҕа ити кырдалга харалла сытар. Сыл буолла, кини хатан күлүүтэ бу дойдуга иһиллибэтэҕэ, дьыл ааста аргыый аҕай сэгэйэ хаампатаҕа. Кини эмиэ эн курдук олус ньургун киһи этэ. Олох иһин охсуһар дохсун санаатын хаһан да ыһыктыбатаҕа. Тиһэҕэр тиийэ эрэлин сүтэрбэккэ сытан тыына быстыбыта... Кэрэ бэйэтэ билигин тоҥ буор анныгар кистэнэ сыттаҕа. Хомойуох иһин, кини иккистээн тиллибэт. Эн курдук күнү көрбүтүнэн тоҥ буору тобулан хат тыллыбат... Дьүөгэм барахсан... Кылгас да кэмҥэ олордуҥ бу одурууннаах орто дойдуга. Ол да буоллар оччугуй кэмҥэ олох кэрэтин, күндүтүн таба сыаналаабытыҥ, таптаабытыҥ. Билигин бу аҕыйах хардыылаах сиргэ сыттаргын да эйигин илэ көрбөппүн. Санаабын сайа эппитим да иһин хоруйу ылбаппын. Ол олус хараастыылаах, туорхаһытыылаах. Чугас дьүөгэбин ахтар санаам манна кэлэн ордук сэтэрээбит, сытыырхайбыт курдук. Күндү киһибэр өрүү ахтар-саныыр ньургуһунун аттыгар илдьэн уурбут киһи диэн, илиибин уунан иһэн эмискэ быһа кымньыылаппыттыы тохтоотум. Ол курдук илиим ситэри тиийбэккэ сылгыҥҥа ыйанан, чочумча турдум. Дьүөгэм олоҕу олус да таптыыра. Бу сааһы баттаһа тыллыбыт кэрэ бэйэлээҕи быһа баттаан кэҕиннэрэрбин ончу сөбүлүө суох этэ. Кинини ыарахан ыарыы ыбылы ылан олоҕун орто омурҕанын аһарбакка тыынын быспыта. Дьылҕа Хаан ыйааҕа ситэри олох олорор кыаҕы биэрбэтэҕэ. Үүннүн кэрэ сибэкки манна, эн аттыгар. Быстах санааҕа ылларан, ньургуһун барахсаны силиһиттэн арааран олоҕун быспаппын. *** Оруобуна алта сыл анараа өттүгэр этэ. Санаабын үллэстэр аҕа дьүөгэм, биир күн үлэлиир хоспор оргууй киирэн кэлбитиҥ. Арылхай хараҕыҥ санньыйбыт, санаарҕаабыт курдуга. Киирээт, саарбахтаабыттыы саҥарбакка олорбутуҥ.
Мин эрэ саҥарарым, күннээҕи үөрүүнү үллэстээри ыһа-тоҕо кэпсиирим. Оттон эн саҥарбакка иһийэн олорон эмискэ ытаан барбытыҥ. Мин мах бэрдэрэн, күлэ олорбут бэйэм, уоскутар аакка түспүтүм. Ол онно эрэ, дьэ кэпсээбитиҥ суоһар ынырык сонуҥҥун, быраастар олорор олоҕуҥ ордугун ортотунан “икки сыл хаалла” диэбиттэрин. Этиҥ эппитинии ньирилээбитэ салҕалас куоласкынан симиктик «өлөр ыарыы буулаабыт» диэн сипсийбитиҥ. Маннык түгэҥҥэ хайдах буолары, тугу гынары мин билбэт этим. Билигин да билбэппин... Үрдүттэн “үтүөрүөҥ, сымыйа, өлүөҥ суоҕа” диирим сатамньыта суох курдуга. Кимиэхэ да, оннооҕор оҕоҕор, кэргэҥҥэр кэпсээбэтэххин соһуйа истибитим. Кэлин өйдүүбүн, эн аһыннарары, дьону аймаан бэйэҥ тула мунньары туохтааҕар да абааһы көрөрүҥ. Ол күн, куруук буоларыныы, үгүһү-элбэҕи кэпсэппиппит. Сырдыгы эрэ ыралаабыппыт. «Баҕар» диэн тылга даҕатан... Дойдубутугар сайылыы бара сылдьыах буолбуппут. Бүлүү эбэбитин, «фиолетовай» ньургуһуммутун санаан ордук уйадыйбыппыт. (Биллэн турар, үлэттэн быыс булан төрүт дойдубут буоругар бу биэс сыл тухары үктэммэтэхпит кыһыылаах). Ол күн уйадыйан туран кэпсээбитиҥ дьоллоох ньуурдаах олоҕуҥ ис дьиҥин. Олоҕуҥ кэпсээнэ хайдах эрэ кэп туонуу эҥээрдээх, эмиэ да бырастыылаһар курдук иһиллибитэ: – Истиий, дьүөгээ, олорон кэлбит олоҕум дьоллооҕун дуу, ордук сордооҕун дуу тобула сатыыбын ээ... Отой кыра сааспар төгүрүк тулаайах хаалбытым. Аймах дьоммор иитиллибитим да толору дьоллоох оҕо саас диэни соччо билбэтэҕим. Өрүү, аһаҕастык да буолбатар, көйгөтүтэллэрин билэрим. Баҕар, дьылҕа охсуутуттан бааһырбыт сүрэх кыраны да ыарыылаахтык ылынарыттан буолуо. Оскуоланы бүтэрэрбэр төһө да өрүү үчүгэйдик үөрэннэрбин, тута үөрэххэ ыыппатахтара. Мөлтөһүөр да соҕустар ол сыл барбыттара эбээт. Баҕар, онно үөрэххэ ыыппыттара буоллар, кинини көрсүөм, олоҕум тухары ол онтон сордонуом суоҕа этэ. Кинини эн билэр буолуохтааххын. Эһиги дьиэҕит аттыгар олорбут Сиидэрдээх улахан уоллара Өлөксөйү. Оччолорго кэргэннээх, оҕолоох куоракка олорор киһи дьонугар оттоһо диэн кэлбитэ. Муҥ быатыгар, Дьылҕа Хаан кинилиин көрүһүннэрбитэ. Билинэбин аньыыбын, атын дьолун аахсыбакка аҥаардастыы киниэхэ таласпыппын, сиэри-майгыны умнан туран быстах тапталга умсубуппун. Төһөлөөх харах уута тохтубута, туора харах хаарыйа хатаммыта буолуой. Кинитэ суох олох суоҕун курдук саныырым. Ол эрээри... кини барбыта, хайыһан да көрбөккө урут булбут дьолугар. Таптаабыт тус дьолун эрэ саныыр дииллэринии, ол онно олус да абарбытым. Абарбытым кини олоҕун чугас доҕоругар, айбыт айыы таҥара урутаан кинини булларбытыгар. Бэйэмсэх санаабар, ыалы ыһар аньыытын санаабатаҕым даҕаны. Ол кэмнэртэн соҕотохсуйбутум, дьон хобугар киирэн сир-буор сирэйдэммитим. Тулуйбатаҕым, туора сиргэ баран, олоҕум ымыытын уол оҕону төрөппүтүм. Оҕом туһугар дьоллоохтук олорор бигэ санааны ылыммытым. Үлэлээн-хамнаан син киһи-хара буолбутум. Онтон ити Сиэнньэни көрсүбүтүм. Кинилиин дьоллоохпун диэм иһин итэҕэйсии суох курдук. Кини таптыырыгар эрэммэппин, киниэхэ толору аһыллыбаппын. Кини даҕаны иэйэ-куойа ымманыйбат. Тоҥкуруун, тымныы, ардыгар хаҕыс... Иэйии туһунан аһаҕастык кэпсэтии, бэйэ-бэйэни ытыктаһыы суох курдук. Аҥаардас «муҥнаахтар мустан муоралаабыттарыныы» иккиэн олохторугар табыллыбатах дьон холбостохпут
дии. Син өйөһөн-өйдөһөн олоруохпутун сөбө. Оҕобун наһаа таптыыбын. Кини бэйэбинии тулаайахсыйар муҥун билиэн, бар дьонтон атарахсытыллыан санаатахпына, дууһам ыалдьар. Бэйэбин син оҕобун харыстыыр эркин курдук сананарым ханна баарый... Сотору суох буолуом буоллаҕа. Ама, Сиэнньэ детдомҥа биэрбэт ини... Дьүөгэм муҥнаах ытаан санна дьигиһийэрэ. Мин буоллаҕына тугу гыныахпын билбэккэ оргууй санныттан ылан ыга кууспутум. Айбыт айыы хаҕыс ыйааҕын утаран бэлэһим муҥунан хаһыытыахпын баҕарбытым. Дьүөгэм ол эрэ күн киһи көрөрүгэр суламмыта, хараҕын уутун харыстаабакка халыппыта. Ол кэннэ чэпчээбиттии өрө тыыммыта, олох долгунугар олорсон күннээҕи түбүккэ умса түспүтэ. Мин сөҕөрүм кини тулуурун, туох да буолбатаҕыныы күлэ-үөрэ сылдьарын. Дьонугар ыарыытын кэпсээбит этэ эрээри, кэргэнэ тоҥкуруун бэйэтэ, саатар, онно сымнаабытын, уйадыйбытын көрбөтөҕүм. Дьүөгэбиниин муус чөл киһилиин курдук алтыһара. Баҕар, аһыннаҕына, ордук буорайарын билэр буолан буолуо. Ол курдук дьүөгэм барахсан быраастар эппит икки сылларын икки бүк олорон, олох иһин охсуһан, чэгиэн киһилии үлэ-хамнас үөһүттэн тэйбэккэ сылдьан күн сириттэн күрэммитэ. Былырыын баччаҕа, айылҕа уһуктар кэмигэр, ордук бэргээн суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Дьэ, онно биирдэ үлэлиирин уураппыта быһыылааҕа. Оруобуна өлөр чааһын баттаһа киирэн кэлбиппэр оргууй ыҥыран ылбыта уонна уоһун хамсатан симиктик саҥарбыта: – Хайа, халлаан сылыйан сааспыт кэллэ ээ, бадаҕа. Ньургуһун үүннэҕэ... Өйдүүгүөн, дэриэбинэбититтэн чугас арҕаа сыһыы халдьаайытыгар ньургуһун бэркэ таптаан үүнэрэ дии. Бөлүүн түһээн онно тиийэ сырыттым ээ... кэҕэ этэрин иһиттим... Арааһа, бүгүн тиһэх күнүм быһыылаах. Сөбүн тулустум... Аҥаардас санаа күүһүнэн. Уолум син улаатарын көрөн хааллаҕым. Бука диэн көрө-истэ сылдьаар дуу, хайдаҕын-тугун... Өссө да олорбут киһи ньии... Ону баара оҥоһуу оннук буоллаҕа... Баҕар... – диэт, тыынын ыла сатаабыттыы бөтүөхтээбитэ, сотору буолаат, нукаай барбыта, тыыммат буолбута... Ити күн, күн саҕахха кыыһан киириитэ, дьүөгэм хорсун, ньургун Ньургуйаана хараҕын букатыннаахтык симпитэ. Дьүөгэм олорон ааспыт олоҕун туоһута – уола Коля – билигин миэхэ олорон устудьуоннуу сылдьар. Кини олоххо бигэтик үктэнэригэр кыратык да көмө буоларбыттан олуһун үөрэбин. Ийэтигэр санаалыын, дьүһүннүүн олуһун маарынныыр. Олоҕу таптыырга, сыаналыырга үөрэппитэ тута биллэр. Кыра аайы ымыттыбат, иҥнэн-толлон турбат. Мин онтон үөрэбин, инникитэ сырдык буолуоҕар бүк эрэнэбин. Урукку санаабыттан арахсан бэттэх кэлбитим, күн арҕаалаан эрэр эбит. Биллэ тыалырбыт. Дьүөгэм соторутааҕыта эргитиллибит уҥуоҕар нөрүйэн олоробун. Урут кэпсэтэрбитинии сонуммун кэпсиибин. Кэҕэ кыыл, бэлиэр кэлэҕэйдээн ыла-ыла, кук-кууктаан тыаны аймыыр. Мааҕын тэрбэйбит ньургуһуннар утуктаабыттыы кумуччу туттан, нуоҕайан тураллар. Үүт-үкчү Ньургуйаана санааҕа ылларан, ырааҕы анааран хоҥкуйан олорорун санаталлар. Дьүөгэм барахсан, быйыл, дьэ оҥостон дойдубутугар айаннаан эрэбин. Дойдуҥ буорун кыайан булларбатахпытыгар бырастыы гын дуу. Дойдубутугар тиийдэрбин эрэ сирбит буорун ылан, аҕалан ууруоҕум дуу... М.Иванова.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан