Кэпсээ
Войти Регистрация

УОДАҺЫННААХ УРДУСТАР (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА. ИННИН 09.03.18, 10.03.18 КӨР)

Главная / Кэпсээн арааһа / УОДАҺЫННААХ УРДУСТАР (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА. ИННИН 09.03.18, 10.03.18 КӨР)

K
edersaas.ru Категорията суох
11.03.2018 10:00
Көмүс. Кыһыл көмүс. Бу кырыктаах, үгүс киһини суорума суоллаабыт, сорохтору байыппыт кырыыстаах кыһыл көмүс сууйуута элбэх киһини эрийбитэ, мускуйбута. Дьэ, манна буоллаҕа дии, мин аҕай дэммит, бэйэлэрин бэркэ билиммит, сырыыны-айаны, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар эр бэртэрэ, элик үтүөлэрэ артыал тэринэн көмүс сууйаллара. Ол быыһыгар көмүстэрин уорсуу, халааһын-талааһын да ханна барыай, баар бөҕө этэ. Дьэ, харах уулаах, хаан тохтуулаах, сыра-сылба баранар кытаанах дьарыктаахтартан уһун сонноммут баара дуу, суоҕа дуу?.. Истэр тухары табыллыбатах, тараах иэннэммит, хата, үгүс курдук буолар эбит. Хайа, үгүстэн табыллыбыттар да бааллара буолуо эрээри, ол кинилэри ирдэһээччи, бултаһааччы элбэҕиттэн оннук дьон сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй буолан, чып кистэлэҥинэн сүтэн-иҥэн хаалаллара. Оннук дьонтон биирдэстэрэ, Уордаах Уоһук, көмүс сууйбут дьону халааһыҥҥа уонна өлөрүүгэ уорбаланан сууттанан, буруйа ситэри-хотору дакаастаммакка, арыый кылгас кэмҥэ диэн ааттаан, уон түөрт сыл олорон хаайыытыттан босхолонон таҕыста. Кулун тутар саҥатыгар, дьэ, саас чугаһаан, күн уоттанан, эчи, сырдыгын, ырааһын! Уордаах, таска тахсаат, түөһүн муҥунан чэбдик салгыны эҕирийэбин диэн, мэйиитэ эргийэн, хаайыы тас үрдүк бүтэйиттэн өйөнөн кыл мүччү өрүһүннэ. Бу түөрт уонча саастаах, сахаҕа киһи мыына көрбөт, бэрт үөскүлэҥ киһи хаайыы татым аһылыгыттан, кытаанах дьэбир олоҕуттан хабыр майгытынан, саллымар күүһүнэн, бэйэтин курдук киһилии кэптэрин адьас сүтэрбит илэ сиэхситтэри бары өттүнэн баһыйан, тостубакка, тобуктаабакка тыыннаах таҕыстаҕа. Уоһук син эмиэ ийэ курдук ийэлээх, аҕа курдук аҕалаах, өссө бэйэтин курдук бэрт төрөлкөй, бөдөҥ-садаҥ балтылаах этэ. Ийэтэ Балааҕыйа барахсан кып-кыра уҥуохтаах, хобо-чуораан курдук чуопчаарбыт, ырыа-тойук доҕуһуоллаах сылдьар, сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, ып-ыраас хааннаах, сырдык дьахтар этэ. Оттон аҕата, сиртэн-буортан төрөөбүт курдук, хап-хара, үлэҕэ-хамнаска икки илиилээҕи иннигэр түһэрбэтэх, күүс-уох да баардыҥы киһитэ эбитэ үһү. Ыһыахтарга тустан, мас тардыһан, иннин кимиэхэ да биэрбэтэх киһи дииллэрэ. Уоһук уонун туолар сайыныгар Аллан өрүскэ, араас таһаҕастарын тиэнэн, уонча киһи буолан туораан иһэннэр, өрүс ортотугар баркаастара түҥнэстэн ууга түспүттэрэ. Уоһук аҕата, ийэтэ, балта уонна өссө биэс киһи суорума суолламмыттара. Аҕата биир кыыһы быыһаан баран, иккистээн ууга киирэн, харбаан иһэр уолун быыһаары, бэйэтэ эмиэ ууга былдьаммыта. Уоһук кытылы бэйэтэ булбута. Онон аймахтарын кэрийэн, үтүөх-батаах сылдьан, биир ырааҕынан тастыҥ аймаҕар, айаҕын эрэ туһугар диэбит курдук сылдьыбыта. Ол олус баттыгастаах, санаатаҕын аайы, арыгы истэҕинэ, туох эрэ сылтаҕы булан, уолу сынньар киһини олустук абааһы көрөрө. Этэллэрин курдук, барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут тулаайах оҕо ол ыар атаҕастабылы сымыһаҕын быһа ытыран туран тулуйбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта. Кэмэ кэллэҕинэ, атаҕастаабыт аймаҕын кэһэтэн, сэттэлээх биэһин биэриэх буолан саанара. Бэйэтэ ис хаан бөдөҥ-садаҥ уонна эрдэттэн эт-хаан өттүнэн сайдыылаах уол уон сэттэ сааһыгар сиппит-хоппут эр киһи киэптэммитэ. Дьэ, уонна, били киһи биирдэ итирэн кэлбитин туһанан, үнтү кырбаабытын, хата,
дьон баар буолан быыһаабыттара. Онно баар дьон Уоһук уоруттан, кырыгыттан улаханнык саллыбыттара. Уордаах диэн эбиискэ Уоһукка онно сыстыбыта. Ол кэннэ турар бэйэтэ эрэ куораты булбута. Онно даҕаны кинини ким да күүппэтэҕэ, ытыска түһэрэн ылбатаҕа, куоракка киирэн арыгыга-хаартыга сөрөнөн, маннык олоххо тиийдэҕэ. Уордаах диэн аатын толору көрдөрдөҕө. Күн уота диэни билбэтэх, кумааҕы курдук кубаҕай сирэйин үрүҥ күнүн диэки утары тутан, чочумча халыҥ хаптаһын бүтэйгэ өйөнөн тура түстэ. Ол кэннэ, дьэ, мэйиитэ эргийбитэ ааһан, тулатын өйдөөн-дьүүллээн көрдө. Хаҥас элээҥҥэ хас да сыарҕалаах аттар бааллан туралларын көрө сатаата даҕаны, кини эрэ иннинэ, сыл аҥаарын анараа өттүгэр босхоломмут аллар атаһын, биир дьыалаҕа эриллэн бииргэ түбэспит Баллыр Бааскатын булан көрбөтө. Онто баара, хаайыы үрдүк бүтэйин муннугар өйөнөн туран, Уордааҕын уонча хаамыыттан кистээн көрө-көрө, оонньоотоҕо буолан, хомуок хаарынан сирэйгэ быраҕан өмүрдэн өлөрө сыста. Уордаах Уоһук, ааттаах атаһын Баллыр Бааскатын таба көрөн, сатала суох сатарыччы күлэн, үөрдэҕэ буолан өгдөҥөлөөн кэлэн, үөрүйэх баҕайытык өҥүс баска саайбытыгар, кыра-кыаммат киһи тулуйбат охсуутун, төһө да нүөлүтүүлээх соҕуһун иһин, билбэтэх курдук аһарынан кэбистэ. Баллыр Бааска даҕаны, баардаах соҕус киһи буолан, бу холус «оонньууну» тулуйдаҕа. Баллыр Бааска, бу эмиэ сахаҕа бэрт үөскүлэҥ, тоҕус уонча киилэ ыйааһыннаах, сыа, хаһа диэн сыстыбатах, барыта иҥиир-ситии, бэйэтин бөдөҥ-садаҥ уҥуоҕар холооно суох сымса, бэркэ кыанар киһи. Дьоно эрдэ өлөннөр, оҕо дьиэлэрин кэрийэн улааппыт, эдэр эрдэҕиттэн сутуругар содуомнаах, ханна да биир сиргэ иҥэн-батан сылдьыбатах киһи. Аллан тоҥустарыттан сыдьааннаах эрээри, «һахабын» дэнэр. Бачча сааһыгар диэри түптээх олоҕу олорботох урдус Уордааҕы кытта уон үс сыл уонна алта ый толору олорон тахсыбыта сыл аҥаара эрэ буолан, урут тахсыбыт киһи сиэринэн, олорор сир булан, кэлин хайдах-туох дьыаланан дьарыктаныахтарын тэрийэн, бэлэмнээн сылдьар бэдик буолан биэрдэ. Дьэ, бу икки бэрдэ, Аллан өрүс көмүстээх үрүйэлэригэр содуом санаа соттуктаах, хара хаан аргыстаах, кырыыстаах кыһыл көмүс эккирэтиһиитигэр сыарҕа хаара түспүт, өрүс мууһа турбут кэмигэр, иккиэн даҕаны көмүс сууйбут артыаллар сыралаһан булбут көмүстэрин халыыр-талыыр соруктаах сылдьаннар, кыараҕас суолга көрсөн, билсэн тураллар. Уордаах, үһүө буоланнар, икки сыарҕа аттаах эмиэ икки сыарҕалаах көмүстээх дьон кэлиэхтээхтэрин эрдэттэн билэн, тоҕоостоох сир булан тоһуйа баран иһэн, ол сирдэриттэн эрдэ көрсөннөр, итинник сатала суох быһыы-майгы тахсан хааллаҕа. Анараа да дьон, аара араас буолуон сөп диэннэр, букатын бэлэм испиттэр эбит. Баһылык дьон көмүс былдьаһыытын хааннаах хапсыһыытыгар уун-утарыта көрсөн, иккилии киһилээх олох туһугар туруулаһыы хабараан киирсиитигэр икки өттүттэн иккиэйэх хаалан баран «билсэн» тураллар. Инники сыарҕаҕа саалаах-саадахтаах икки киһилэрэ олорон истэхтэрэ дии. Баһылыктар, көмүстэрин кытта кэлин сыарҕаҕа олорон иһэр буоланнар, сорук-боллур, кынат дьонноро сууллубуттарын кэннэ, дьэ, икки бэртэр утарыта турдахтара эбээт. Өскөтүн ити көрсүһүүнү билсиһии диир кыахтаах буоллахпытына.
Утарыта кыҥаспыт сааларын иитиитэ тэҥҥэ бүтэн, хааннааҕынан хаһылыччы көрбүтүнэн, өттүктэриттэн быһахтарын ньылбырыта тардыталаат, үөстэрин тартарбыттыы үөгүлэһэ түһээт, утарыта ыстаммыттара. Уордаах Уоһук куруук туттар, ыксаллаах кэмҥэ элбэхтэ быыһаабыт албаһынан, утары ойбута буолаат, адьас сүүс сүүскэ анньыһыах курдук буолан иһэн, хаҥас диэки хардыы аҥаара халбарыс гынан баран, кыл түгэнэ хаптас гынаат, ойоҕолоон эрэр киһини уҥа быһахтаах илиитинэн хара быарын туһунан саайда. Анараа да киһи сырыыны сылдьыбыт, хааннаах да хапсыһыылары билбит киһи буолан биэрдэ, бэйэтин бөдөҥ-садаҥ, үөскүлэҥ көрүҥэр холооно суох сымсатык халбарыс гынаат, хаҥас харытынан быһахтаах илиини халты садьыйаат, ойоҕолообут утарсааччытын уҥа бүөрүн туһунан сытыы быһаҕынан арыычча сыыһа сиэлийэн ааста. Хайа-хайалара утарыта ойбут омуннарыгар умса туруйалаат, тоҥуу хаары омуртарын муҥунан уоба түстүлэр да, сытыахтара баара дуо?! Ыһыытаспытынан ыстанан тураат, иккиттэн биирбит буолуо диэбиттии, утарыта көрсүбүтүнэн, умса нөрүспүттэринэн, атыыр оҕустуу күрдьүөтэспитинэн тоҥуу хаарга тула хаамса сылдьан, хайа-хайалара тоҕоостоох түгэни кэтэсиһэн, тэпсэҥнэһэ сырыттылар. Хайалара даҕаны хаана-бааһа суох арахсар, хардыы да аҥаара чугуйар туһунан санаан да көрбөккө, «иккиттэн биирбит!» диэн халбаҥнаабат санаалаахтар. Ити түгэҥҥэ ойоҕос турбут сыарҕаттан саа тыаһа дэлби ыстанаатын кытта Уордаах уҥа бүлгүнэ уот аһыйа түстэ. Ону кытта Баллыр сыарҕа диэки баабыр кыыллыы сымсатык ыстанан тиийэн, саалаах бааһырбыт киһини быһаҕынан тыынын салҕаан кэбистэ. Уонна бэрдээҥки сааны ылан, иитиилээҕин көрөн баран, ньилбэгэр ууран, сыарҕаҕа олорунан кэбистэ. Уоһук чугас турар атыгар тиийэн өйөнөн, бааһын хаҥас ытыһынан саба туттан туран, киһитин хас хамсаныытын кыраҕытык кэтиир. Дьэ, бастакы билсии харахтарынан тургутуһууттан саҕаланна. Иккиэн да тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр көрсүбүттэрин сэрэйдилэр, хайа-хайалара хара күүһү кытта харса суох санааны өрө туппут бэдиктэр ханыылаһа санаатылар. Балачча чуҥкунаан турбут тыҥааһыннаах түгэни Баллыр Бааска саҥата быста. — Дьэ, нохоо, бу саа иитиилээх, эн биһикки иккиэйэх хааллыбыт, икки аргыстарым өллүлэр, эн дьонуҥ эмиэ. Мин бу дойдуну букатын билбэппин, эн таҥаскыттан-сапкыттан, быһыыгыттан-таһааҕыттан көрдөххө, сурахха-садьыкка иһиллибит Уордаах Уоһук диэн бу эргиннээҕи киһи бадахтааххын, онон бииргэлэстэхпитинэ эрэ сатанар буоллубут быһыылаах. Эн ити бааһыран баран, ыраах сири өппөтүҥ буолуо, уонна мин этиибэр сөбүлэспэт буоллаххына, субу сибилигин өбүгэлэриҥ дойдутугар ыытабын! — диэн буолла. Уордаах Уоһук уҥа бүлгүнүгэр сылаас хаан билиннэ уонна мэйиитэ эргийэн туймаарталаан ылла. Ол да буоллар, онтун биллэримээри, аттынааҕы сыарҕаҕа баран лах гына олорунан кэбистэ. Хата, сотору кэминэн мэйиитэ эргийбитэ ааһан, сүрэҕэ өлөхсүйбүтэ сүтэн, кулгааҕа куугунаабыта тохтоон, киһитин диэки эбии чинчийэрдии, билгэлиирдии көрүтэлээтэ. Ол гынан, уҥа хааһыттан саҕалаан, муннун бүтүннүү, хаҥас дьабадьытын сэҥийэтигэр тиийэ, кып-кыһылынан килэриччи оспут чэр баастаах сирэйдээх, тэгил сиртэн тэҥнээҕэ буолуох көрүҥнээх, төһө да халыҥ таҥастааҕын иһин, киппэ көрүҥнээх, бэркэ кыанар быһыылаах-таһаалаах, ууну-уоту ортотунан ааспыт буолуон сөптөөх, уоттааҕынан сургуччу көрбүт отучча эрэ саастаах киһини эмиэ
да хайгыы, эмиэ да дьаархана көрдө эрээри, куттаммата. Ол урдус уҥа хараҕын халтаһата хараҕын ситэ саппакка хааннааҕынан хаһылыччы көрбүтэ, эчэйбит хаҥас дьабадьыта, арааһа, долгуйан эбитэ дуу, сүр улаханнык тардыалаан, аһыҥастаах кыыл аһыытын килэҥнэтэрин санатта. Уордаах бу аакка-суолга киирбит тоҥус атамаана Баллыр Бааска буоларын сэрэйдэ. Хата, мааһын таптахха, тапсан сырыттахха, эрэллээх эҥээр, тэҥнээх бурҕалдьы соһооччу буолууһу дуу дии санаата. Дьаһайа соруммута буоллар, итиччэ сааланан баран тута ытыах этэ, онон буоллаҕына этэр этиитэ оруннаах курдук эбит уонна, кырдьыгы баран эттэххэ, Уордаах сөбүлэстэҕинэ эрэ сатанарын билэн олорор. Уордаах Уоһук, балачча саҥата суох олорбохтуу, сааҕа табыллыбыт бүлгүнүн сэрэнэ соҕус тутан-хабан хамсата түһэн баран: — Хата, бааһым халымыр соҕус эбит, уҥуоҕум бүтүн, куҥ эппин курдары ыппыт. Ити бэйэҥ киһигин тоҕо тыынын салҕаатыҥ? — диэн баран иҥиэттэн кэбистэ. Онуоха Баллыр Бааска: — Ити киһилиин былаас былдьаһыытыгар иккиттэн биирбит буолуохтаах этэ, ити миэхэ анаммыт буулдьаны эн хаптыҥ дии, хаһан да сыыһа ыппат бэйэтэ, ити өлөрдүү табыллан сытар буолан сыыһа тутунна быһыылаах, онон баарынааҕар суоҕа ордук. Эн мин этиибин туох диэтиҥ? — диэн баран, Уоһук диэки сүүһүн аннынан сургуччу көрдө. Уоһук тута сылдьар балтараа харыстаах быһаҕын кыыныгар чэпчэки соҕустук аста уонна, табахтаах саппыйатын таһааран, уоскуйа түһээри, хайдах-туох быһаарыыны ылынарын толкуйдуу таарыччы хамсатыгар табах уурунна. Илиитэ хамсаабытын биллэримээри, икки тоҕоноҕунан ньилбэктэриттэн тайанна. Уоһук ити быһыытын барытын, туох баар хамсаныытын олус болҕомтолоохтук сирийэн көрө олорбут Баллыр Бааска бу сырыыны-айаны сылдьыбыт, бэйэтин бэркэ билиммит, бөдөҥ-садаҥ киһини эмиэ да хайгыы, эмиэ да салла көрдө. Бэйэтэ эмиэ киһи тарбаҕын саҕа бөппүрүөскэ эриннэ. Дьэ, итинник, икки илэчиискэлэр, бэйэ-бэйэлэрин харахтарынан үөрэтэ, санааларынан тургутуһа олордулар. Баллыр Уордаах быһаҕыттан итэҕэһэ суох улахан быһаҕын, көрөн кэбис диэбиттии, бэрт бытааннык, ырааҕынан күөрэччи тутан аҕалан уҥа этэрбэһин сототугар уга олоччу көстө сылдьар гына анньан кэбистэ. Бу аата, кэбэҕэстик ыла охсор кыахтаахпын диэн өйдөбүлү киһитигэр соҥнообут бэлиэтэ. Кэмниэ кэнэҕэс: — Дьэ, мантан балтараа көстөөх сиргэ, икки атахтаах билбэт, бэйэм туттубут үүтээннээхпин, онно баран сыта түһэн, сылаабытын таһаарыахпыт, билигин бу түөрт өлүөхсүттэрбитин хайдах харайарбытын быһаарыахха, — диэн Уордаах Уоһук дьаһалы бэйэтин илиитигэр ылла, Баллыр даҕаны улаханнык утарсыбата, арааһа, баһын биэрдэ быһыылаах. Хайа, уонна хайа-хайалара суут-сокуон ирдэбилигэр сылдьалларын билэр бөҕө буоллахтара дии. Онон киин сиргэ көстөр, көҥүл күүлэйдиир кыахтара суох. Хара дьайдаахтар хааннаах сырыылара дьэ саҕаланнаҕа диэххэйиҥ. Ити гынаннар, түөрт сыарҕалаах аттарыгар малларын-салларын сааһыланан, түөрт өлбүт дьоннорун, тоҥо иликтэринэ диэн ааттаан, тас ичигэс таҥастарын ньылбалаан бараннар, икки сыарҕаҕа тиэйтэлээн кэбистилэр. Аара баран иһэннэр, биир көҥкүс үрэххэ тохтоон, ойбон аллараннар, өлүктэрин тимирдитэлээн, дьэ, үүтээннэрин диэки саҥа суол үктээн, тоҥуу хаарынан айаннаатылар. Уордаах дэлби хаана
баран, бүлгүнэ дьаралыйан, тохтоон уот оттунан, быһах төбөтүн уокка кытардан, бааһын оннуларын кытарбыт тимиринэн сиэтэн, хаанын тохтотон балачча түбүгүрдүлэр. Кытарбыт тимир сымнаҕас тириини сырылатан, кэҥсик сыт кэлиэр диэри сииригэр Уордаах быһа ытырбыт сымыһаҕыттан кыра да ыарытыйар ынчык оҕото иһиллибэтэҕиттэн Баллыр Бааска бу киһи тулуурун сөҕө санаата. Ити тухары хайа-хайалара даҕаны кэтэнэ-манана соҕус тутта сылдьалларыттан сылайа быһыытыйдылар. Баллыр бэйэтин сыарҕатыгар тиэллэ сылдьар хоппотугар Уордаах чугаһаатаҕына күөйэ хаама сылдьарыттан сылыктаатахха, балачча көмүстээх эбит диэн Уордаах өйдөөтө. Бэйэтигэр даҕаны быйыл сууйбут уонна былдьаабыт, талаабыт көмүһэ буут аҥаара буолара буолуо. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, ити бэйэлэрэ сууйбут уонна халаабыт көмүстэрин хайдах соҕотоҕун бас билиэҕин толкуйдуу сырыттаҕына, бу түгэн кинини булбут көмүстэригэр соҕотох хаһаайын оҥордоҕо үһү. Санаатыгар, киһитин хараҕа кини сыарҕатын чинчийэрдии одуулуурун кубулуппат курдук. Ол да буоллар, бииргэ эрэ буоллахтарына бу кыһыны туоруулларын хайа-хайалара бэркэ диэн билэр буоллахтара. Саас хаар уулуннаҕына, үрэхтэр уулара тартаҕына, дьэ, ити көмүстэрин батара киин сиргэ киириэх этилэр. Онуоха диэри бииргэ эрэ сырыттахтарына табыллар. Ону кинилэр бэркэ өйдүүллэр эрээри, сордоох көмүс күлүмнүүр күлүгэ күлүктүүр буоллаҕа үһү. Олох ала түүн үүтээннэрин буланнар, кыракый симии оһоҕун, хаппыт маһы толору симэннэр, оттон тигинэтэн кэбистилэр. Сүбэлэһэн баран, биир аттарын өлөрөн сииргэ быһаарыннылар, Баллыр сыарҕатыгар биир тайах буута баарын, булт этэ дьыллаабат диэн, саас бүтэһиккэ диэн хааллардылар. Онтон аттарын от үрэххэ хаһыыга ыыталаатылар, биир кырдьаҕас аттарын уһун өтүүнэн өртөөн кэбистилэр, били икки эдэр ат босхо быыра барбатыннар диэннэр. Дьэ, уонна оннуларын-тойдорун булунан баран, хаһан эрэ, хайаан да быһаарыллыахтаах көмүстэрин быһаарсыытыгар тиийдилэр. Хайалара даҕаны көмүһүн ыйааһынын урут этиэн баҕарбатар даҕаны, хаһан да хайыахтарай, Уоһук буут аҥаара көмүстээҕин урут эппитигэр биирдэстэрэ даҕаны, кистээн туһа суоҕун өйдөөн, уонча киилэ көмүстээҕин билиннэ. Хайа-хайалара киһилии кэптэрин сүтэрбит урдустар, өй-санаа, күүс-уох өттүнэн тэҥ соҕус баайыылаахтарын, саныыр санаалара содуом соттуктааҕын, хара хаан олбохтооҕун билсэннэр, бииргэлэһэргэ сүбэлэстилэр. Саамай куттанар, дьаарханар кэпсэтиилэрэ этэҥҥэ быһаарыллан, биир тылы буланнар, хара дьайдаах баайдарын холбуурга дэһэн баран, ыраах илдьэн кистииргэ быһаарыннылар. Бу дьону Аллан көмүсчүттэрэ, бары артыал үлэһиттэрэ, үксүлэрэ сурах хоту, сорохторо илэ көрсөн билэр бөҕө буоллахтара. НКВД үлэһиттэрэ ир суолларын ирдээбиттэрэ, тоҥ суолларын тордообуттара балачча буолла эрээри, сыыһа-халты харбатан туой куотан иһэллэрэ. Дьэ, ол икки бэртэр булсубуттара, бэйэ-бэйэлэрин сурах эрэ хоту истиһэн билсэр бөҕө буоллахтара. Онон аны биир санаанан биир хомууту кэтэн, хаар суолларын саптаҕына, бу кыһыны, хорҕойон сытан баран, улахан тымныылар бүттэхтэринэ, сааһыары сыарҕа суола баарыгар, Алланнарын быстар баһын батан, Иркутскай уобалас диэки күрүүргэ, суолларын букатыннаахтык муннарарга былааннаммыттара. Көмүстэрин икки үрэх холбоһор бэрт түҥкэтэх сиригэр бэлиэ улахан тиит анныгар көмөн кэбиспиттэрэ. Хантан билиэхтэрэ баарай, сиртэн хостоммут
кырыыстаах көмүс, сиргэ төттөрү көмүлүннэҕинэ, иккистээн хостоноро ыарахаттардаах буоларын, ааһан кыаллыбат да буолуон сөптөөҕүн, оннук даҕаны буолбута. Бу дьон ордуулана сытар сирдэрин эргин сылдьан бултуур булчут, үс ат хаһан аһыы сылдьарын көрөн, кинилэр нэһилиэктэрин сүппүт икки аттарын билэн баран, туох дьоно хорҕойон сыталларын сэрэйэн, былаастарга биллэрэр. Тугу да уорбалаабакка ыта-куһа суох сытар дьону хаана-бааһа суох быччаччы тутан ылбыттара. Дьону өлөртөөбүттэрин, көмүһү сууйбуттарын кыайан дакаастаабатахтара гынан баран, тоҕо эрэ, хараҥа тайҕаны сирэйдэммит, биир да тииҥэ суох «булчуттары» — Баллыры уон үс сыл алта ыйга, Уордааҕы, баһылык курдук көрөн, уон түөрт сылга көҥүллэрин быспыттара. Дьэ, онон киһилии сэбэрэлэрин сүтэрбит, хара хаан суоллаах икки илэчиискэлэр хаайыы хабыр олоҕун этэҥҥэ ааһаннар, хайа-хайалара эрэллээх эркин, халбаҥнаабат харабыл курдук бэйэ-бэйэлэрин өссө төгүл билсэннэр, иҥиирдэрэ сыыйыллан, таныылара сиириллэн диэбиккэ дылы, биир салгынынан тыынар, биир санааны саныыр, биир иһиттэн аһыыр «убай-быраат» курдук буолан тахсыбыттара. Бүтэн биэрбэт уһун сыллара ааһан, көҥүлгэ тахсар күннээх да буоллахтарына, кырыктаах суоллаах кыһыл көмүстэрин өссө биир сайын сууйан баран, көмпүт көмүстэрин хостоон, баай-талым олохторун оҥосто ыраах айаҥҥа турунардыы тэриммиттэрэ. Быйылгы сууйуулара табылыннаҕына саҥа кыттыгастарын, үгэстэринэн, сайылаталаан бараннар, көмүстэрин эбинэн, күрүүр суолларын көннөрүөхтээхтэр. Михаил Гоголев – Долгун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Уруһуй: интэриниэттэн * * * “Кыыл кырыыһа” 2017 с. “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит кинигэттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан