Кэпсээ
Войти Регистрация

Туох барыта быалаах-туһахтаах...

Главная / Кэпсээн арааһа / Туох барыта быалаах-туһахтаах...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.01.2023 12:08
   Кырдьаҕастар итини мэлдьи бэлиэтээн этэллэр. Бы­һата, дьылҕаҥ хайдах буолара барыта эрдэ «суруллан» хаалар. Маны итэҕэйиэххин ба­ҕарбаккын эрээри, кэлин өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүҥ, кырдьык, туох эрэ быата тардан, түбэлтэ булгуччу үчүгэй эбэтэр куһаҕан өттүгэр салаллыбыт буолар.        Биирдэ ыкса киэһэ Дьокуускайга тыаттан кэлэ сылдьар табаарыспын көрсө биэрбиттээхпин. Кэпсэппэхтээн баран «сэрэммэккэ, бачча хойут тоҕо сылдьаҕын?» диэн сэмэлиир киэбинэн эппиппэр киһим «туохтан куттаныамый, эн да, мин да дьылҕабыт үөһэ суруллан турдаҕа, онтон хайдах да туораабаккын» диэбитэ. Сыл аҥаарын кэриҥэ буолан баран истибитим – табаарыспын дойдутугар быһаҕынан анньан, өлөрөн кэбиспит этилэр. Хараҥа уулуссаҕа буолбакка, дьиэ иһигэр.    Урут, пиэнньиэр эрдэххэ, Сэ­биэскэй аармыйа күнүгэр биитэр Кыайыы бырааһынньы­гар болдьоон уоттаах сэриигэ сылдьыбыт дьону кытары көрсүһүннэрэллэрэ. Дьэ, ол бэтэрээннэр (дьиҥэр, оччолорго 40-ча эрэ саастаах эбиттэр) сэриигэ хайдах сыл­дьы­быттарын кэпсииллэрэ. Кэп­сээн­нэрин ис хоһооно би­һи­ги баҕа­рар­быт уонна киинэ­ҕэ көрөрбүт курдук буолбат этэ: чуҥкук баҕайы буолара. Ол курдук, ким да оччо-бачча өстөөҕү өлөрбүтүм, билиэн ылбытым, тааҥканы умаппытым, сөмөлүөтү суулларбытым диэбэт этэ. Арай хайаан да кыл мүччү тыыннаах хаалбыттарын биитэр табаарыстара хомолтолоох баҕайытык суорума суолламмыттарын кэпсииллэрэ. Кырдьык, сэриигэ киһи үөйбэтэх-ахтыбатах араас түбэлтэтэ тахсарын син истэн-истэн кэллэхпит. Бүгүн биир дойдулаахтарым кэпсээбиттэрин буолбакка (бары да кэриэтэ төннүбэт сирдэригэр бардахтара), Интэриниэт ситимиттэн булан аахпыппын иһитиннэриим.    Сэрии бэтэрээнэ:    – Оборуонаҕа сытабыт. Олус тымныы. Ким хайдах са­тыырынан ирэ сатыыр: ыс­та­ҥалаан ылар, өттүгүн охсуоланар. Эмискэччи өстөөх миинэтэ, киһи куйахата күүрүөх, иһиирэн кэллэ да биһиги хор­ҕойо сытар траншеябытыгар кэлэн түстэ. Түстэ диир да кэрэгэй: ол кэмҥэ тоҥон сүүрэ­кэлээн баран, оруобуна окуопатыгар кэлбит биир байыаска саалынна. Ол сордоохтон туох да хаалбата, арай сүгэ сылдьыбыт харабыынын ыстыыга траншея модьоҕотугар батары түһэн хаалла.    Эмиэ ол траншеябыт. Сил­бэһэ кэриэтэ өстөөх тааҥката ааспатын диэн, киэҥ аҥхай хас­пыттара баара. Мин сибээс байыаһа Иванову кытта онно хааман иһэбит. Киһим миигиттэн икки хаамыы кэриҥэ хаалан испитэ. Мин оруобуна траншея өҕүллэр сиригэр үктэнээппин кытта кэннибэр миинэ кэлэн түспэт дуо?! Арыый иннибэр түспүтэ буоллар, мин өлүөхтээҕим, оттон табаарыһым тыыннаах хаалыахтаах этэ эбэтэр түргэнник хаампыта буоллар, иккиэн тыын­наах хаалыа этибит.    Аҕыйах хонон баран, өстөөх эмиэ хантан эрэ минэмиэтинэн ытыалаата. Бу сырыыга миинэ окуопаҕа сытар байыас саннын курдары түспүт да – эстибэтэх! Тыыннаах хааллаҕа ол. Дьэ, ити курдук ким эрэ, өлүө суох быатыгар, биитэр, төттөрүтүн, араас түгэн тахсар. Ол эрээри дьоллоох тү­бэл­тэ тыһыынчаттан сыччах биир эрэ буолар. Ити барыта Үөһээҥҥилэртэн тутулуктааҕа буолуо.    Айыы таҥара диэни итэ­ҕэй­бэт да дьон буомба дуу, сэ­нэрээт дуу дэлбэритэ тэбэн бардаҕына эбэтэр бүлүмүөт күүскэ ытан куһуйдаҕына, сиргэ хам сыстан сытан «Айыы Таҥара, быыһаа-абыраа» диэн көр­дөспүппүтүн билбэккэ да хааларбыт. Кимиэхэ эрэ дэҥ­ҥэ көмөлөһөрө, кимиэхэ эрэ суох...    Сэриигэ дьоллоох түгэн син биир баар буолара. Уһуннук сэриилэспит байыастар то­ҕоос­тоох кэм көһүннэҕинэ, сэмээр ол туһунан кэпсиир буолаллара. Бэркэ сэрэнэн, «аны туора кулгаахтаах истэн, муҥур дьылҕалыа» диэн, куттанан сибигинэһэллэрэ. Оттон айыыны-таҥараны итэҕэйэр өттө (дьиҥэр, сэриигэ киһи барыта бити-билгэни олус итэҕэйэрэ) итинник кэпсэтии таҕыстаҕына, ончу кыттыспат, өссө дьалты хааман биэрэрэ.    Өлөр өлүү куттас, нэс, кө­лөттүгэс дьону эрэ буолбакка, олус дьоруойумсуйа сатыыр эрдьигэннэри харыстаабат этэ. Ол оннугар, чахчы, эр санаалаах, уопсай дьыала ту­һу­гар олохторун да толук уурарга бэлэм уонна сэрэнэ соҕус туттар дьону ырааҕынан тумнара. Сорох түгэҥҥэ «уустук сорудахтан аны эргиллибэт буолла быһыылаах» диэбит киһиҥ туох да буолбакка, этэҥҥэ кэлэрэ эмиэ баар суол. Биллэн турар, манна байыас уопута, баарда улахан оруоллаах. Ити гынан баран сороҕор дьиҥнээх акаары быһыы биитэр хамандыыр ымсыы майгыта алҕаска өлөр өлүүт­тэн быыһыан сөп.    Үс сыл наар инники кирбиигэ сэриилэспит кэммэр мин эмиэ сорохтор курдук син бэркэ табыллан сылдьыбытым. Буомбалааһыҥҥа, артылыарыйанан ытыалааһыҥҥа тү­бэспитим, атаакаҕа хаста да киирсибитим, «тыл» ыла эрэс­пиэскэҕэ эмиэ барарым. Ол тухары баара-суоҕа үстэ кыратык бааһырбытым, кырдьык, элбэхтик контузияламмытым. Дьиҥэр, өлөр өлүү дэгиэ ты­ҥыраҕа хаста эмэ кытаахтаан ылар кыахтааҕа. Ол эрээри туох эрэ миигин харыстаан, быыһаан ылара.    Биһиги дивизиоммут ха­ман­дыыра Гордиенко дьиҥ­нээх «солдафон» этэ. Сулууспа диэн баран муннукка ытаабыт кини быһыылааҕа. 1943 сыл эргин погуон иилинэр буолбуппут. Онтубут та­ҥастан тигиллибит буолан, дэлби имиллэн хаалара. Ол иһин да буолуо, биирдэ хамандыырбыт «өлүҥ да төрөөҥ – погуоҥҥут архангел кынатын курдук тиирэ тэбэн сылдьыахтаах» диэн, бэл, биһигиттэн, хас эмэ сылы быһа окуопаттан тахсыбат дьонтон, ирдээн турда. Хайыахпыт баарай, мин эрэспиэскэһиттэрим погуоннарын иһигэр паньыараны угуннулар, оттон бэйэм өстөөх истирэбиитэлэ суулла сытарыттан ылбыт ыстаал чараас лииһин уктубутум. Туораттан көрдөххө, үчүгэй курдук эрээри, дьиҥ иһигэр туох аанньа буолуой, ончу табыгаһа суоҕа. Маат-муут бөҕөтө этибит.    Биир сарсыарда ньиэмэс­тэр артылыарыйанан ытыалаан ньиргиттилэр. Куһаҕана, кутталлааҕа диэн, сэнэрээттэрэ сиргэ тиийбэккэ, адьас үрдүбүтүгэр – салгыҥҥа эс­тэр. Ханна да саһар кыах суох, сиргэ хаптайдаххына, сэнэрээт үлтүркэйэ табарыгар бэртээхэй усулуобуйа. Ол иһин кыра оҕо горсуокка олорорун курдук, кумуччу туттан лөкөйүү диэн манна буолла: сэнэрээт үлтүркэйэ үөһэттэн таппатын диэн. Эмискэччи үөһэттэн туох эрэ күүскэ баҕайы хаҥас санныбар оҕуста да сууллан түстүм. Маҥнай утаа «оскуолак холбун быһа тэптэ» дии санаатым. Гимнастеркабын улахан эрэйинэн устубуттарыгар көрбүтүм, санным сүү­лэ иһэн тахсыбытын ааһан – бү­түннүү күөх баламах. Сэнэрээт үлтүркэйэ, били, погуонум ыстаал лииһин арыычча курдарбатах. Табаарыстарым курдук паньыараны уктубутум буоллар, оскуолак сүрэхпин дьөлө көтүөх эбит. Көр, бардам хамандыыр ньүдьү-балай бирикээһин толорон, өлөртөн быыһанан турардаахпын.    Биирдэ маннык түбэлтэ буолла. Миинэ үлтүркэйэ ба­йыаспын сонно «тыла суох ыытта». Онуоха төлөпүөн аппараатын сүгээччи, катушкалаах хаабылы тардааччы бэйэм буоларга тиийдим. Харабыынын эмиэ санныбар иилинэ бырахтым. Итиччэ ыар сүгэһэрдэнэр күһүҥҥү сиппэрэҥҥэ сыанан аҕаабат, эбиитин өстөөх ытара сэллээбэт. Ол тиритэ-хорута истэхпинэ, аттыбар сэнэрээт эһиннэ. Хата, өлбүт саллааттан харабыынын ылан сүкпэтэҕим буоллар, суорума суолланыах эбиппин. Сэнэрээт үлтүркэйэ харабыын хаптаҕай тимир патроннигар сэнтимиэтир кэриҥэ дьөлө киирэн, ньыҕаллан хаалбыт этэ. Өскө стволга түспүтэ эбитэ буоллар, халтырыйан, көхсүбүн дьөлө сүүрүөхтээҕэ. Көхсүм таарыйтарбат гына ыалдьыбыта, бүтүннүү көҕөрөн хаалбыт этэ. Эмиэ өлөр өлүүттэн кыл мүччү быыһаммытым.    Хомойуох иһин, элбэх ки­һини төһө да портсигардаахтарын, бүк тутуллар бы­һах­таахтарын үрдүнэн оскуолак син биир өлөрөр этэ. Ол быы­һыгар түөһүгэр – соҕотох уор­дьана, пилоткатыгар сулу­һа баар буолан, өлөртөн быыһам­мыт дьон эмиэ бааллара. Сэриилэспитим усталаах туоратыгар мин оруобуна 29 төгүл кыл мүччү тыыннаах хаалбытым. Дьылҕа Хаан, баччаҕа кэлиэх быабар, харыстаан илдьэ сырыттаҕа...   Өлбөт үөстээх лейтенант        «Киһи өлөр өлүүттэн биирдэ быыһанар, чэ, баҕар, иккистээн эмиэ мүччү туттардын, ол эрээри үсүһүгэр баҕас дэгиэ тыҥырах чыычыччы тутар, ханна да хамсаппат» диэччилэр. Лейтенант Алексей Очкин фашистары кытары бастакы бойобуой сүрэхтэниитэ чуут бүтэһик буола сыспыта – өстөөх сынаайпарын буулдьата төбөтүгэр хатаммыта. Ол эрээри Алексей өлбөтөҕө, госпитальга эмтэнэн баран фроҥҥа иккистээн төннүбүтэ.    Кыргыһыы толооно. Өстөөх бүлүмүөтэ бөҕөргөтүнүү (дот) иһиттэн тохтоло суох ытан күпсүтэр.    Очкин кыранаататын туппутунан амбразура диэки сыыллар. Өстөөх ытара сэллээбэт, кыһытаары, өттүккэ таптарар, ол үрдүнэн лейтенант иннин диэки сыылларын кубулуппат, барбыт сирэ – бүтүннүү кыа-хаан. Кэмниэ кэнэҕэс амбразураҕа бу кэлэр, кыранаататын ол холлоҕоско кыыратар... Бу абаккатын! Бүлү­мүөт эмиэ ытыалаабытынан барар!    Онуоха туох баар күүһүн түмэн баран, Алексей ойон турар уонна амбразураны хах­халыы түһэр. Бүлүмүөт ха­рыстыыһы дуо – хорсун эписиэри сиидэ оҥорор. Бу кэм­ҥэ байыастар өстөөх бүлү­мүөтүн ыппат оҥороллор. Кыр­гыһыы толоонуттан лейтенаны плащ-палаткаҕа соһон таһаараллар. Саньытаардары ыҥыр­баттар – көстөн турар дьыала буоллаҕа, хайа да быраас эмтиир кыаҕа суох. Саллааттар, туох да саҥа-иҥэ суох дьоно, бэргэһэлэрин устан хамандыырдарын кытта быраһаайдаһаллар уонна дьоҕус лаппаакыларын таһаа­ран иинин хаспытынан бараллар.    Бу кэмҥэ Алексей хараҕын аһар уонна «ньиэмэстэргэ билиэн түбэспиппин» дии санаан, сэрэнэн, сиэбиттэн кыранаататын таһааран (мааҕын ыксыы сылдьан онто сиэбигэр баарын умнан кэбиспит), чекатын сулбу тардар! Хата, биир байыас маны көрө охсон, кыранаатаны харбаан ылаат, аппа диэки элитэр.    Бу кэнниттэн – госпиталь. Үтүөрбүтүн кэннэ – эмиэ фронт. Сталинград кыргы­һыыта. Манна лейтенант Очкин ротата үрдэли өстөөххө биэрбэт сорудахтаах. Эмиэ ыараханнык бааһырар! Баа­һыр­дар даҕаны устуруойтан туораабат, хамаандалыырын тохтоппот. Өстөөхтөр элбэх ки­һи­лэрин сүтэрэллэр да, үрдэли кыайан ылбаттар. Кэлин билиэн түбэспит ньиэмэс эписиэрдэрэ «үрдэли сыалай батальон көмүскээбититтэн элбэх сүтүктэммиппит» диэбиттэр. Кинилэр хантан билиэхтэрэй бааһырбыт лейтенаны кытта алта эрэ байыас хаалан хорсуннук кыргыспыттарын.    Днепр өрүһү туораан иһэн Очкин улаханнык контузияланар уонна биирдэ өйдөммүтэ – көһүйэн хаалбыт өлүктэр быыстарыгар морга сытар эбит! Нэһииччэ орҕостон, лаампа сырдыгар тахсыбытыгар саньытаарка кыыс уолуйан, уҥан түһэр, хата, арыый саастаах саньытаарка быраастары ыҥырар.    Алексей Яковлевич Очкины, өлбөт үөстээх диэн буолуо, «лейтенант Огонь» диэн «сүрэхтээбиттэр». Хорсун лей­тенант Прагаҕа тиийэ сэриилэспитэ, онно эмиэ баа­һыр­быта.    Сэрии кэнниттэн Кинематография институтун үөрэнэн бүтэрбитэ, режиссёр идэтин баһылаабыта. Туруорбут кии­нэлэрэ – «Девушка Тянь-Шаня», «Гонки без финиша». Маны таһынан сэрии туһунан хас да кинигэни суруйбута. Алексей Яковлевич Очкин 2003 сыллаахха ыалдьан өл­бүтэ.    Дьэ, киһи олоҕо ити курдук туох эрэ быалаах-туһахтаах буолар эбит...   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан