Кэпсээ
Войти Регистрация

Биһиги эмиэ кырдьыахпыт

Главная / Кэпсээн арааһа / Биһиги эмиэ кырдьыахпыт

K
20.01.2023 12:04
(Тэттик кэпсээннэр)      Мин кинилэри маҕаһыыҥҥа сылдьан өйдөөн көрбүтүм. Эмээхсин кырачаана, хатыҥыра, мөкү дьүһүннээҕэ. Ити гынан баран киниэхэ туох эрэ биллибэт сүдү күүс баарга дылыта. Сиэркилэ иннигэр туран, атыылаһаары гынар сонун кэтэн баран, аргыый эргичиҥниирэ. Саҥа сон киниэхэ тоһоҕоҕо иилиллибит курдуга. Эбиитин сиэҕэ да, бэйэтэ да олус уһун этэ. Бэрбээкэйигэр тиийэр-тиийбэт курдуга. Саастаах даама ону сэрэйбэт, көрбөт бэйэлээх буолуо да, сөбүлээбит соно соччото суох олороруттан хом түспүтэ сэрэйиллэрэ.        Оттон кини аттыгар турар, эмиэ лаппа кырдьа барбыт кырдьаҕас, кинини таптаабыттыы көрө-көрө: «Эйиэхэ олус барсар», – диэн, иһил­лэр гына хаста да хатылаабыта. Такырыйан хаалбыт тарбахтарынан эмээхсин сонун санныгар хантан эрэ сыстан хаалбыт көстөр-көстүбэт түүнү сэрэнэн ылан, туора тэбээн кэбиспитэ. Ол кэнниттэн: «Кыратык кылгата, синньэтэ тигэ түстүҥ да, бүт­тэҕэ дии. Куорат мааны кыра­саабыссата буоллаҕыҥ ол. Ыл, ыл», – диир, аргыһын эргийэн сылдьан, сэргээбиттии көрөр да көрөр.    Ити кэмҥэ сиэркилэттэн ырааҕа суох биир уһун атахтаах блондинка эмиэ саҥа көстүүмү, былаачыйаны эр-биир ылан кэтэн, туттан көрө-көрө, самыытынан оонньоон, уларыттар сир диэки кэлэр-барар. Эмээхсиннээх оҕонньорго мэһэйдэтэн сиэркилэҕэ чугаһыыр кыаҕа суох. Онон ыраахтан сиэркилэ иллэҥ миэстэлэннэҕинэ эрэ, онно иҥнэйэн-көнөн ыла-ыла көрүнэригэр тиийэр.    Бэтэрээ диэки атыыһыт хотун турар. Кырдьаҕастар олус өр бадьыыс­таһалларын сөбүлээминэ, уһун оҥо­һуу кыламанынан сапсына-сапсына, өтөр буола-буола «ох» дии-дии дьиэ өһүөтүн диэки көрбөхтүүр, мунааһыс гыммахтыыр. Атыылыыр, былаан толорор кыһалҕата суоҕа буоллар, түксү бүтүҥ, барыҥ да диэх айылаах.    «Ээ.. Хайдах эрэ буолбатах да? Кырам бэрт», – мырчыстаҕас сирэйдээх кырдьаҕас буруйдуммыттыы, эмиэ да туора киһи сыанабылын истиэн баҕарбыттыы, атыыһыт диэки көрөн ылаахтыыр. Ол быыһыгар кавалерын көрбөхтүүр. Атыыһыт хардаран да абыраан бэрт. Ким да тугу да ыйыппатаҕыныы, кураанах истиэнэ курдук көрөр. Оҕонньор киниэхэ чугаһаан сону суулууругар этэр уонна: «Халлаан тымныйыыһы. Ылабыт», – диир. Сэрэйдэххэ, хаһан эрэ эдэр эрдэҕинээҕититтэн лаппа бытааннык хамсанан, бытархай кумааҕы харчылары эр-биир ааҕан, атыыһыкка уунар. Сыаналаах, олус күндү малы ылбыттыы астыммыт дьүһүннээх.    Мин маҕаһыыҥҥа туох наадалаах киирбиппин да умнан, тоҕо эрэ кырдьаҕастары батыһан, кэннилэриттэн тахсабын. Туох эрэ дьикти күүс кинилэргэ тардарга дылы. Оҕон­ньор барахсан сааһырбыт доҕо­рун, кыра оҕолуу синньээн хаалбыт тарбахтарын төбөтүттэн ылан, иннин диэки дьүккүйэр. Эмээхсин киһитин батыһар.    Чочумча тугу да саҥарбаттар, хайалара да санаа киэҥ далайыгар умсубукка дылылар. Хаамаллара бытаан. Күүс-кыах мөлтөөбүт чинчилээх. Оттон харахтара дьол уотунан сыдьаайар. Бу буоллаҕа тапталлара диэн?   Езеф Зеленка суруйуутуттан көҥүл тылбаас.   Үйэлээх таптал көстүүтэ      Ол олус түбүктээх сарсыарда этэ. Аны, тымныыта да сүр. Сарсыарда эрдэ 8:30 чаас буолуута 80-чатыгар чугаһаабыт ытык кырдьаҕас эрбэҕин тигиитин көтүттэрэ кэлбит этэ. Кини ханна эрэ олус ыксыыр чинчилээҕэ. Мэктиэтигэр, долгуйбут куолаһынан биир сиргэ хайаан да тоҕуска тиийиэхтээҕин эппитэ. Ону баара, быраастар бары солото суох этилэрэ. Бэркэлээтэр чаас аҥаарынан хайалара эрэ иллэҥсийиэ эбитэ дуу? Саарбах. Онон туох да диэхпин билбэккэ бэйэм ыарыһахпын көрө турбутум. Хараҕым кырыытынан киһибин көрдөхпүнэ, сотору-сотору истиэнэҕэ ыйаммыт күлтэгэр чаһыны көрбөхтүүр. Хараҕар туох эрэ улахан хомолто хоммута өтө көстөрө. Онон бүтээт да, бэйэм көмөлөһөргө санаммытым. Эрбэҕэ, хата, бэркэ оспут, онон саптарын ыларга уолдьаспыт. Тигиитин көтүрэ-көтүрэ таах туруохтааҕар ханна эрэ атын бырааска барыахтааххын дуо, хойутаатаххына да, кэннинээҕи киһи кэнниттэн киллэрэллэр ини диэн уоскутабын.    – Ээ, быраастаммаппын. Балыыһаҕа тиийэн кэргэммин сарсыардааҥҥытын аһатыахпын наада.    Туга ыалдьарын сэҥээрбитим, кэргэнэ барахсан букатын да, Альц­геймер ыарыытынан ыалдьаахтаабыт. Хойутаатаххына, айманааччы дуо диибин, санаабар, хайа кыалларынан түргэнник бүтэрэ-оһоро сатыырым быыһыгар. Онуоха кини кэргэнэ бэлиэр кэнники биэс сылы кими да, ол иһигэр кинини эмиэ билбэтин эппитэ:    – Барахсаным сыыһа, ончу билээхтээбэт, мин киниэхэ ким буоларбын.    Мин соһуйбут, эмиэ да сөхпүт омуммар саҥа аллайааччы буолбутум:     – Ол да үрдүнэн, эн хас сарсыарда аайы кинини аһата ыраах сиртэн кэлэҕин?    Кини мичээрдээбитэ уонна аҕалыы санныбыттан иһирэхтик таптайбыта уонна:    – Кини миигин билбэтэҕин иһин, мин кинини билэр, таптыыр уонна өйдүүр буоллаҕым, – диэбитэ.    Мин хараҕым уута бычалыйан тахсаары ыксатарын нэһиилэ тулуйбутум. Кырдьаҕас барбытын кэннэ долгуйбут туругум ааһан быстыбатаҕа. Ити буоллаҕа дии, мин үйэм тухары баҕарбыт, ыралаабыт күүстээх уонна хаһан да умнуллубат тапталым бэлиэ көстүүтэ. Оттон биһиги тапталы харыстаабаппыт. Сатаан таптаабаппыт.    Ыарыһах дьахтар, төһө да ыарахан ыарыыга ыллардар, итинник бэриниилээх, кыһаллыгас кэргэннээҕинэн дьоллоох буолаахтаатаҕа. Ол киһиэхэ барытыгар бэриллибэт.   Ааптара ыйыллыбатах айымньыттан.   Күлсэ түһүөххэ Кэргэнниилэр көрүдьүөстэрэ   * * *    Эрдии-ойохтуу сексологка сүбэлэтэ кэлэллэр. Кыһалҕалара – таптаһыы кинилэргэ үрдүк дуоһуйууну (оргазм) аҕалбат эбит. Исписэлиис хайдах быһыылаахтык таптаһалларын ыйыталаһар.    – Оттон саамай сөбүлүүр пуозабыт – хаҥас ойоҕоспутугар сытабыт уонна.... Салгыы быһаара сатыыр наадата суох ини, - кэргэнниилэр иэдэстэрэ тэтэрэ түһэр.    – Оттон уҥа өттүгүтүнэн боруобалаан көрбүккүт дуу?    – Боруобалаан бөҕө буо! Ол эрээри оннукка тэлэбиисэрбит көстүбэт буолар ээ.   * * *    Сарсыарда саа, сэп-сэбиргэл атыыланар маҕаһыына аһыллаатын утаа биир эр киһи киирэн кэлэр уонна:    – Бэҕэһээ баччаҕа кэргэним эһигиттэн револьвер атыыласпыт этэ. Ону төннөрө кэллим. Чиэгэ эҥин барыта баар.    – Туох буолла? Дьиэктээх түбэспит дуо?    – Ээ, һуох, үчүгэй буолуохтаах. Боруоста, биһиги бөөлүүн иллэстибит ээ. Бэстилиэт уонна туохха наада үһү?!   * * *    Эр киһи үлэлии олордоҕуна, хоойго сытыарар холоонноох доҕоро эрийэр: «Икки сонуннаахпын, үчүгэй уонна куһаҕан. Хайатыттан саҕалыыбын?» – диир. Эрэ:    – Оо, барахсаным! Ончу сэлэһэр солото суох олоробун. Кэлин, дьиэбэр тиийдэхпинэ, кэпсээр.    – Билигин этиэхпин наада. Хайаан да, киэһээҥҥэ диэри хойута бэрт буолуо.    – Чэ, эт. Үчүгэй сонунун.    – Доҕоччуок, хата, массыынабыт харыстыыр сыттыга (подушка безопасности) бэркэ үлэлиир эбит.    – Ыы-ы-ыы...   * * *    Дьахтар күнүн чугаһыгар маҕаһыыҥҥа кэпсэтииттэн:    – Миэхэ, баһаалыста, дьэрэкээн ойуу­лаах үс ноһубуойда кулу. Ойохпор биэриэм этэ.    – Ээ, кэргэҥҥэр соһуччу бэлэх оҥорон эрэҕин?    – Оттон оннук курдук. Кини, дьиҥинэн, бу бырааһынньыкка нуорка саҕынньах кэтэспитэ да... кыамматым.   * * *    Эрэ ойоҕор эрийэн этэр:    – Күүтэ сатаайаҕын. Бүгүн лаппа хойутаан, түүннэтэ тиийиэм. Астык ат сүүрдүүтэ буолар. Уолаттардыын онно сылдьабын.    – Табыллыбата буолуо. Соторутааҕыта умнубут төлөпүөҥҥэр сүүрүк биэҥ эрийэн «көрсүбэппит» диэбитэ.   * * *    Арамаан атаһыгар киһиргиир:    – Дьэ, мин биир бэртээхэй сакылааты ойохпунуун түһэрсэн, табыллан сылдьабын. Хас хойутаан кэлбит күнүм аайы киниэхэ 1000 солк. биэрэбин.    – Бай да. Оттон арай олох түүннэтэн хааллаххына?    Дьэ, онно кини үөрэр да үөрэр. Оронуттан ойон тураат: «Иэхэйбиин, хоттордууҥ, хоттордууҥ!» – дии-дии ыстаҥалыыр.   * * *    Сотору-сотору пингвин ойоҕо эриттэн ыйытар үгэстээх:    – Мин эмиспин дуо?    Ол аайы тапталлааҕа хардарар:    – Мин хараҥаччым, туох диэн эттэҥий?! Оннук буолбатаах.   * * *    Эрэ ойоҕор:    – Болгарияҕа хас таптаһыы кэнниттэн эр киһилэригэр 7-лии дуоллары биэрэллэр үһү. Мин, хата, онно көһөр эбиппин.    – Дуо? Оччоҕо мин эйигинниин барсабын.    – ¤э, онно ойох туохха нааданый?!    – Эн ол 14 дуолларга хайдах биир ый аһаан-таҥнан олороргун көрүөм этэ.   * * *    Балыксыт, идэмэрдээх эр бэрдэ, бу сиргэ арай бииртэн куттанар. Түһээтэҕинэ, арай кини өлөн хаалбыт. Кэргэнэ балыктыыр тэрилин кини сымыйанан, кыччатан эппит сыанатыгар атыылаан эрэр эбит!    Ол аайы балыксыт сэттэ көлөһүнэ сарт түһэн уһуктар. Иэдээн диэтэҕиҥ!   * * *    Доҕордуулар пиибэлээн сыйбаарда олорон буолары-буолбаты кэпсэтэллэр. Онтон биирдэрэ «ойоҕум үллүбүт тиэстэ курдук күн-түүн уойдар уойан иһэр» диэн үҥсэргиир. Онуоха биирэ:    – Аата, оттон ыл да үүрэн кэбис. Араҕыс! Дьахтар эрэ элбэх    – Хойутаатым. Тахсар ааҥҥа да баппат буола бөскөйдө. Хайыыр да кыах суох. Олороохтуубут.   * * *    Сарсыарда. Таһырдьа киһи ыты да таһаарбат халлаана турар. Самыырдыыр, эбиитин күүстээх тыаллаах. Биир эр киһи ытырда-ытырда устуойкаҕа кэлэн, итии буулка көрдүүр: иккитэ – биирэ бэйэбэр, иккиһэ – Биэрэҕэ.    Үлэһит:    – Дьэ, Биэрэ астыныаҕа. Буулкабыт сип-сибиэһэй, этэргэ дылы, буруолаабытынан сылдьар. Биэрэ диэн кэргэниҥ буоллаҕа?    – Биллэн турар! Мин ийэм маннык халлааҥҥа, ама, таһырдьа үүрүө этэ дуо!   * * *    Биир үтүө сарсыарда уола Бааскаттан кэлэн 200 солк. көрдүүр. Чочумча буолаат, аны кыыһа 500 солк. ылан барар. Өр-өтөр буолбат, кэргэнэ мичилиҥнээн кэлэн, эмиэ харчы ыйыталаһар. Бааска:    – Бу туох күнэ үүннэ, доҕоттоор? Хара сарсыардаттан бары харчы көрдөөн турдахтарай!    Кэргэнэ ылардыы туттан туран:    – Ээньии, умнуганын! Оттон сарсын олунньу 23 күнэ дии! Эйигин хайдах бэлэҕэ суох көрсүөхпүтүй?!   * * *    Аленушка Алексеевна эрин үлэтигэр киирэ сырытта. Арай киһитин үлэлиир остуолугар кини кэрэ мэтириэтэ араамаланан аҕай турар эбит. Дьахтар үөрэн, сэгэс гынаат:    – Тыый, олох остуолгар уурунан оло­рор эбиккин дии. Куруук маннык турар дуо?    – Оннук, доҕоччугуом. Кыһалҕалан­ным да, хайаан да хаартыскаҕын көрөбүн.    – Чыычаах, дьэ, долгуттуҥ дии!    Эрэ салгыыр:    – Көрөбүн уонна саныыбын: оннооҕор кинини тулуйабын, онно холоотоххо, бу кыһалҕа диэхтээн...   * * *    Кирилэ иһээччи атаһыныын кэпсэтэллэр:    – Ойоҕум буолуохсут, харчы көрдүүртэн соло булбат. Айака!    – Ол онон хайыырый?    – Ким билэр, доҕоор. Хаһан да биэрбэппин ээ.   * * *    Аллайаанаптарга бүгүн эмиэ араллаан. Аҕалара эмиэ саах курдук итирэн кэлбит. Кэргэнэ бу сырыыга бөлүөктээх көрүстэ.    – Ыт баара, эмиэ бу ханна сырыттыҥ? Өйдөммөт киһиний!!    – Кылабыыһаттан кэллим.    – Уой даа, ол ким өллө?    – Итэҕэйиэҥ суоҕа буолуо да... онно бары өлбүттэр. Бары бокуонньуктар.   * * *    Дьахтар иһинэн таарымталаммытыгар бырааһы ыҥырбыттар. Хата, үөрүөхтэрин быатыгар, бу сырыыга Суһал көмө күүттэриитэ суох тиийэн кэлбит. Эмчит кэлээт да, ыарыһаҕы көрө хоско ааспыт. Бэрт сотору төннөн тахсан, өтүйэ көрдөөн ылбыт. Онтон сотору буолаат, этибиэркэ, ол кэнниттэн аны болоскобуусса көрдөөн турбут. Эр киһи онно тулуйбатах, ыйытар:    – Луохтуур! Туох иэдээнэ буолла? Хайаабытый кэргэним?! Этэ тарт!    Ээ, көрө да иликпин. Үстүрүмүөннээх чымадааным сатаан аһыллыбакка эрэйдээтэ.   Бэлэмнээтэ Тапталина.
kyym.ru сайтан