Кэпсээ
Войти
Регистрация
СААСКЫ БЫҺЫЛААН
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ СААСКЫ БЫҺЫЛААН
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.03.2018 10:00
Саха ааттаахха, урааҥхай удьуорга саас кэлэрэ кэтэһиилээх кэрэ кэм буоларын, ама, ким мөккүһүөй? Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар кыһыныттан, кэлэн биэрбэт сааһыттан былыргы өбүгэлэрбит барахсаттар саллыбыт саллыылара, куттаммыт куттаныылара, ханан эмэ да буоллар, биһиэхэ эрэ буолуо дуо, кыылбытыгар-сүөлбүтүгэр эмиэ бэриллибитэ чахчы. Сэттэ ыйы быһа чэҥнээх хотоҥҥо биир сиргэ хам бааллан турбут хороҕор муостаахтарбыт барахсаттар, аан бастаан таһырдьа тахсаат, хайдахтаах да кытаанах кыстыгы татым аһылыкка кыстаан тахсыбыттарын иһин, үлүскэннээх үөрүүлэриттэн, токуруйбут систэрин кэдэтэн, кутуруктарын дуомун хоротон, көнчөччү көһүйбүт эттэрин-сииннэрин чэччитэн, ахтылҕаннаах көҥүл дуолларыгар ойуоккалаһа оонньуохтара дуо? Аны туран, сыһыыга сылдьар сыспай сиэллээхпитин, Дьөһөгөй оҕото барахсаны ылыах — хайдахтаах да хахсаат дьылга, хайдахтаах даҕаны халыҥ хаарга хаһан аһаан баран, биэ барахсан, аны, үрүҥ туманынан бурҕачыйбытынан төрөөбүт кулунчугун, чэҥ мууска-хаарга түөрт түөрэм туйахчааннарыгар тута туруоран, илгэлээх үүтүнэн эмсэхтии охсуохтаах эбээт. Бу барахсаттарбыт кыһарҕаннаах кыһыннаах бу дойдуларын туох да ааттаах ичигэс дойдутугар биэрбэт буолуохтаахтар. Бэл диэтэр, атын улууска көһөрдөхтөрүнэ, төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэригэр күрүүр түгэннэрэ элбэхтик кэпсэнэр буоллаҕа үһү. Дьэ, бу түгэҥҥэ үөр атыыра, арбайа сиэлэн кэлэн, саҥа төрөөбүт кулунчугу сытырҕалаан, сытын-сымарын өйдөөн, үөрүгэр биир төбө эбиллибитин уруйдаан, сатарыччы кистээн айхаллыы көрсөр. Ол кэннэ, кини баһын уҥуоҕа бүтүнүн тухары, бу оҕотун ардай аһыылаахха, дэгиэ тыҥырахтаахха тыыттарбат буола сатыахтаах. Биир саас икки доҕордуулар суола-ииһэ суоҕунан аатырбыт биир кытыы нэһилиэккэ, кустуу диэн ааттаан, ДТ‑75 тыраахтарынан, кэлин өттүгэр былаахынан дьааһык оҥостон, таһаҕастарын онно өрөһөлүү тиэнэн, бириһиэнинэн бүрүйэн, ыбылы баайан баран, сэттэ көстөөх күөллэригэр айаннаатылар. Тыраахтардаах киһи — Баһылай. Ыраата барар дьон сиэринэн тэрээһиннэрэ даҕаны боччумнаах соҕус. Иккиэйэх киһи, аҥаардас тыраахтардарын уматыгар даҕаны харчылара чарааһыырын аахсыбакка, кэрэ аҥаардара мөҕүттэллэрин баардылаабакка, бу айаннаан истэхтэрэ. Барар сирдэрэ — Бааска өбүгэлэрин өтөҕө. Онно сир ылан, хорутан, диискэлээн, күрүө-хаһаа туттан, сүөһү-сылгы тутан олохсуйан олорордуу оҥостон сылдьар буолан бу көрө-истэ диэн баран иһэллэр. Табылыннаҕына дьиэ, хотон туттар мас көрүөхтээхтэр. Табаарыһа Миитэрэй — түөрт уончалаах, булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Булчут ытын дьон өлөрөннөр, кэлин ыкка табыллыбакка сылдьар. Ол да иһин буолуо, булчут ытынан дьарыктанар дьонтон тыа киһитин сиэбигэр охсуулаах соҕус сыанаҕа үс ыйдаах ыт оҕотун атыыласпыта. Бу күннэргэ тоҕус ыйын туолан сылдьар. Онтукатын сири-уоту көрдөрө, сааҕа үөрэтэ диэн ааттаан бу илдьэ истэҕэ. Сэтинньигэ аҕалаат даҕаны, бэрт ичигэс уйа оҥорон, хара ааныттан таһырдьа туппута. Дьиэҕэ киллэрбэтэҕэ. Оҕоҕо, дьахтарга милкийдэппэтэҕэ. Онто дьоҥҥо-сэргэҕэ тоҥкуруун да курдугун иһин, мээнэ дьону үрэ сылдьыбат, сүр дуоспуруннаах майгылаах. Бу баран иһэр сирдэригэр сылгы хас даҕаны үөрэ кыстаан турар. Онон, Миитэрэй ытын сылгыны мээнэ үрбэт, эккирэппэт буоларга үөрэтиэхтээх. Ити — эмиэ булчут ыкка хайаан да такайыллыахтаах түгэн. Бөһүөлэктэн тахсаат да ыттарын
ыытан кэбистилэр. Тыраахтар иһигэр олорсон, сыраана дэлби сүүрэн, ыттара хотуолуу сыста. Манна ыт эмиэ улахан үөрэҕи барыахтаах. Аан маҥнай тыраахтарга бэйэтэ тахсарын үөрэтиллиэхтээх. Ол үөрэҕи барарыгар, дьэ, бу сааскы бадарааннаах суол бэрт тоҕоостоох кэм. Бааллан сыппыт ыт бастаан сүүрэригэр түргэнник сылааргыыр. Онон, көс курдугу сүүрдэн баран, дьэ, олордоҕун. Онтон, төһө да сылайбытын иһин, тыраахтарга сүгүн-саҕын үтүө көҥүлүнэн киирбэт буоллаҕа. Ону олус мөхпөккө тутан ылыллыахтаах. Итинник, үгэс курдук, биир-икки күн эккирэтэн сылайдаҕына ханна бараахтыай? Кэлин бэйэтэ, былдьаһа-тарыһа, ким хайа иннинэ кабинаҕар киирэр буолуо. Өтөхтөрүгэр тиийбиттэрэ, күөллэрэ мууһунан көрө сытар. Атын алааска тиийбиттэрэ, хаар уута тахса илик буолан, уу тахсыар диэри үрэх эйимигэр олорордуу быһаарыннылар. Аара тоҕус биэлээх, сэттэ убаһалаах, сэлэммэтэх сырдык сиэллээх, кутуруктаах хара сур дьүһүннээх атыыр, тыраахтар тыаһын истэн, тохтоон турдахтарына утары сүүрэн тибигирэйэн кэллэ. Ол кэлэн, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ тохтоон туран кистээн дьырылатта. Дьөһөгөй оҕото барахсан, этэҥҥэ кыыдааннаах кыһынын туораан, үөрүн энчирэппэккэ кыстаппыт буолан, онтун өҥө туттан, көрдөртүү аҕалбыт курдук туттар-хаптар буоллаҕа үһү. Кырдьык даҕаны, үтүө сылгыһыт сылгылара буоланнар, туруктара үчүгэй соҕустар эбит. Биир биэтэ хоруотуу сылдьар көрүҥнээх. Иккиһэ — кытарах. Ыттарын оҕото сылгылары иннилэрин күөйэ көтөн үрэн киирэн барда. Атыыр обургу арбаҕачыйан кэлбитигэр ыт аҕыс араллааны тарта. Ону Миитэрэй иһиирэн ыҥырбытыгар син кэллэ. Кыһын дьиэ таһыгар сылдьар сылгылары көрбүт буолан уонна бу сырыыга иччититтэн дьарыллан буруйдаммытын билинэн туора хаамта. Кини көрдөҕүнэ, убаһалар баҕас эккирэтэ оонньуохха ааттаах буолуо эбиттэр да, ити арбадай тыыттарыа суоҕун кини да буоллар биллэ, кыыл кыыла өтөн сэрэйдэ быһыылаах. Дьоммут бу сиртэн үс биэрэстэ курдуктаахха, үрэх уҥуор отчуттар түһүүлэммиттэрэ баар сиригэр, тыраахтардарын бэттэх хаалларан баран, уҥуор туораан отуу туттан, үрэхтэрин эйимигэр аҕыйах мончуугу быраҕан олорордуу тэриннилэр. Икки балаакканы тардан кэбистилэр. Бииригэр астарын, туттар тэриллэрин уурдулар. Иккиһигэр утуйаллар. Күндү ааҕааччым, мантан антах мин, үһү-тамах курдук суруйбакка, ол дьон диэбэккэ, Бааска аатыттан, бастакы сирэй быһыытынан кэпсиим дуу. Маннык суруйарга да ордук, ааҕарга да чэпчэки. Быйыл сааспыт кэлэрэ бытаан. Халлаан хатаан аҕай турар. Тыала-кууһа сүрдээх, онон, хаарын тыалынан көтүтэн, сааскы уу халаана сөбүгэр эрэ буолууһу. Ыт оҕото Булат диэн ааттаах. Үрэх уҥуор дьабарааскылары кытта эриһэ сылдьар. Дьэ, сылдьан көрдүн. Ити аата, нууччалар этэллэринии, «вольная натаска» дэнэр. Туох харамайы эккирэтэрин, тугу эккирэтэр туһата суоҕун, тугу бултуур көҥүлүн, ханнык бобуулааҕын иччитин көмөтүнэн бастаан билиэхтээх-быһаарыахтаах үөрэҕэ. Били атыырбыт үөрэ, үрэх уҥуорунан кэлэн, хаҥас Эбэҕэ ааста. Ааһан иһэн, атыыр, туора хааман кэлэн, үрэх уҥуор тохтоон биһигини одуулаһар. Онно өйдөөн көрдөххө, кырдьык даҕаны, киһи астына көрөр сылгыта эбит. Бэрт бөдөҥ, толуу көрүҥнээх, хаһан да сэлэммэтэх сиэллээх, кутуруктаах, быа да түспэтэх атыыра быһыылаах. Хайдаҕын
да иһин, киһи хараҕа туолар сылгыта эбит. Кус көтүүтэ мөлтөх, төһө да ыам ыйын уон икки күнэ буоллар, күөлбүт мууһа кыратык да хамсаабакка сытар. Атын эбитэ буоллар, киин улуустарга уон төрдүскэ, Дьэримиэйэп таҥара күн, ыһыы үлэтэ саҕаланар этэ буоллаҕа. Манна, биһиэхэ, Горнайга оннук буолбатах. Бэл диэтэр, бэс ыйыгар хаһыҥнаан, хаардаан да турдаҕына көҥүлэ. Тоҕо диэтэххэ, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэ Дьокуускай куораттан икки сүүс отут аҕыс миэтэрэ үөһэ турар уонна хотуттан суойар тымныы сүүрээни хаайар хайата суох. Ол эрээри, кус кэлэр кэмигэр кэлэр, арай уу суох дьылыгар үөһээнэн ааһар. Биһиги муустаах ууну манаабыппыт үс хонно, булт да ол сиэринэн мөлтөх. Бүгүн түүннэри тыалырда. Бу аата уутун көтүтэр быһыыта. Хаар тыа куула өттүгэр өссө да баардыҥы соҕус. Арай туран, халлаан саҥа сырдаан эрдэҕинэ, били хаҥас Эбэ диэки от-мас барчаланар тыаһа, сылгы кистээһинэ бөҕө өрө оргуйа түстэ. Сылгылар, туохтан эрэ сиргэнэн, үрүө-тараа сырыстылар бадахтаах. Биһиги бүтүннүү кулгаах да харах буолан олордубут. Ыппыт, бааллан турар буолан, үрэн киирэн барда. Уонча мүнүүтэ курдук буолан баран, үс биэ, кулунчуктарын батыһыннаран, туос бөтөрөҥүнэн түһэн, нөҥүө алаас диэки бардылар. Онтон, чочумча буолан баран, аны икки биэ кэлэн ааста. Биир байтаһын уонна биир кулуннаах биэ. Ол икки ардыгар күн таҕыста. Биһиги арҕаа хайыһан олоробут. Үс биэбит уонна атыырбыт суохтар. Дьэ, онтон атыырбыт барахсан арбадайданан аҕай иһээхтиир эбит. Сиэлэ, кутуруга атыннык ыһыллаҥнаан, сүрдээҕин аймаһыйбыт, кыыла турбут дьүһүннээх-бодолоох туос сэлиинэн, туйаҕын тыаһа атын үлүгэрдик тибигирэйэн кэлэн, биһигини уун-утары үрэх уҥуор тохтуу биэрээт, сүр улаханнык иһин түгэҕиттэн эҥсэн кистии-кистии, төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Биһиги, тута сөрөөн, туох эрэ алдьархай буолбутун сэрэйэн, бэйэ-бэйэбитин көрсөн кэбистибит. Атыырбыт барахсан, үрэхпит сыырыгар, уун-утары, адьас эмпэрэтин үрдүгэр диэри сүүрэн батыгыратан кэлэн, биһиги диэки көрө-көрө, сүр улаханнык иҥэрсийэн ылаттаата. Ол түгэҥҥэ өйдөөн көрбүппүт, атыырбыт моонньун төрдүнэн, чуо хомуут кэтэринэн кыһыл этэ көстө сылдьар аһаҕас баастаах эбит, үрүҥ сыата көстөр гына. Ол бааһыттан хаана уҥа илин атаҕар түспүтэ, саҥа тахсыбыт күн уотугар сүрдээх-кэптээх көстүү буолан, биһиги уйулҕабытын хамсатта. Бу барахсаныҥ «манна дьон баар этэ» диэн тыллыы уонна көмө көрдүү кэлбитэ тута көстөр. Дьэ, уонна үөр атыыра «этэрин эттим, кэпсиирин кэпсээтим» диэбит курдук, кэлбит сирин диэки соруктаах баҕайытык сүүрэн, кутуруга субулла турда. Ол баран иһэн, били инники туораабыт биэлэрэ ааспыт сирдэрин, кэрийэ сылдьан сытырҕалаан, балачча төттөтү-таары хаамыталаата. Бу аата, кини ыһыллыбыт үөрүн хас биэтэ, кулуна ааспыттарын сибикилиир чинчилээх. Дьэ, ол кэннэ, бука, хаалбыт үөрүн хомуйа, кэлбит сирин диэки сиэлэн тамайа турда. Биһиги, булчут дуомнара дьон, тута сэрэйдибит. Бу атыыр үөрүн аар тайҕабыт аарымата, баай хара тыабыт баһылыга, тыатааҕы буулаабытын. Дьэ, ол көрсүһүү хаана-бааһа
суох ааспатаҕа дьэҥкэ. Ити аата, атыыр барахсан ыһыллыбыт үөрүн хомуйталыы бараахтаатаҕа. Хайа эрэ сордоох биэ эһэкээн аһылыга буоллаҕа буолуо. Итиччэ араллаан тахсыбытын кэннэ олоруохпут дуо? Тыраахтарбытын эһэн, били айдааннаах алааспыт диэки барардыы тэриннибит. Мин СКС харабыыннаахпын. Доруоп саабын эмиэ илдьэ бардым. Киһим МЦ‑21-12 саалаах. Онтугар «майер» сүнньүөхтээх үс ботуруону уктан кэбистэ. Ыппыт оҕотун тыраахтарбыт иһигэр олордон илдьэ бардыбыт. Биһиги улууска алаас диэн ойуур быыһыгар ыарҕалаах сирдэри хорутан баран диискэлээн оҥоһуллубут оттонор ходуһа сири ааттыыбыт. Чараас сис тыаны быһа түһэн, нөҥүө алааска тахсыбыппыт сылгылар бааллара көстүбэт. Тохтоон, тыраахтарбытын умулларан, тыас иһиллээһинэ буолла. Онтубут баара, кэлбит сирбит диэки атыырбыт айманара иһиллэр. Уҥуоргу ойууртан биир кугас, биир маҥан биэлэр кулуннарын батыһыннаран тахсан, кистии-кистии, атыыр кистиир сирин диэки сүүрбүттэрин атыырдара, тыа саҕатыгар көрсөн, күөйэ көтөн, били инники ааспыт сылгылар диэки илдьэ бара турда. Уонна атын тыас-уус иһиллибэт. Сылгылар кистииллэрэ да иһиллибэт буолла. Ыппыт оҕото кабина аһаҕас түннүгүнэн тахсан, тыраахтартан ыстанан түспүтүн тутан ылан, моонньун халыҥ тирии быатын кэтэрдэн баран, тыраахтар аанын ис тутааҕар баайан кэбистибит. Дьэ, уонна тыраахтарбытын эһэн бирилэтэн баран, оттоммут ходуһа сирин кытыытынан, ойуур саҕатынан кэрийэ баран иһэн, сылгы түүтэ бөҕө ыһыллыбыт сиригэр тиийэн кэллибит. Сылгы баара чугаһынан көстүбэт. Тула, дьиэ оннун саҕа сир хара буорунан көрөн сытара уонна хаан бөҕөтө окко-маска ыһыллыбыта, сыта-сымара — барыта идэмэрдээх алдьархай тахсыбытын туоһута буолан, ырылыччы кэпсии сытар. Тыатааҕы обургу булдун ойуурга соспут суола бу ырылыйар. Биһиги тыраахтарынан, ону бата, иһирдьэ ойуур саҕатыгар уонча хаамыылаах сиргэ киирбиппит, биэбит бу сытар эбит. Иһин хайа тардан, ый-күн ыһыаҕа оҥорбут. Уҥа ойоҕоһун тириитин саралыы тардан, ойоҕосторун тиниктээбит, буутуттан эмиэ сиэбит, биһиги тыаспытыттан үргэн барбыт. Ырааппакка көрө сытара дьэҥкэ. Аны туран, булдуттан көҥөнөн, быһаарса кэллэҕинэ да көҥүлэ. Ол эрээри, тыраахтартан саллан кэлбэт ини диэн санаалаахпыт. Сааларбытын бэлэм тутан, тыраахтартан түһэн көрбүппүт, били субу төрөөрү хоруотуу сылдьар биэ барахсаны тардыбыт эбит. Ходуһаҕа киирэн, биэни охторбут сирин сыныйан көрдүбүт. Улахан бэйэлээх баппаҕай суолун буллубут. Аны туран, тыатааҕыбыт оҕолоох эбит. Манна ходуһа саҕатыгар, ыарҕа быыһыгар тоһуйан сыппыт сиригэр, бу биэ түбэһэ кэлээхтээбит. Биэни үрүҥ сүнньүн көмүллээбититтэн көрдөххө, утары ойон тиийэн, төбөтүттэн умса баттыы сылдьан, үрүҥ сүнньүн үлтү көмүллээн суулларбытыгар сөп эбит. Ити кэмҥэ атыыр кэлэн, бэйэтин былдьата сыспыт буолуохтаах. Тыатааҕыттан уолуйа соһуйбут сылгылар уон аҥыы ыһыллыбыттарыгар сөп. Бу сиргэ алта-сэттэ сыллааҕыта улахан өрт уота тура сылдьыбыт буолан, ойуур быыһа сэтиэнэх бөҕөтө, ордук элбэхтик кучу от хото үүнэр. Онон, сылгылар ойуурга да сылдьыбыт буоллахтарына көҥүллэрэ. Мантан түөрт биэрэстэлээх сиргэ сылгыһыттар олобурдара баар. Сылгыһыттар билигин бэйэлэрэ суохтара дьэҥкэ. Бултуу-алтыы сылдьар буолуохтаахтар. Онно гаражтаах этилэр, бу
биэни онно состорон кэбиһэргэ быһаарынныбыт. Дьэ, ол кэннэ тыатааҕыбытын бултастахпытына сатанар. Бу тыатааҕы сылгыны тарта даҕаны арахсыбат буолуохтаах, оччоҕуна иинэ суох иэдээн, аана суох алдьархай саҕаланнаҕа диэн кэбис. Хата, киһибэр туһах буолуохха айылаах, букатын быа курдук имигэс тимир торуос баар эбит. Онон сөптөөх соҕус икки тиит икки ардынан айахтаан, сонос мутуктары хомуйан, кэлин өттө бүтэй гына уйа курдугу оҥордубут. Дьиҥинэн, бу түбэлтэҕэ тоһоҕолоох, быалаах-туһахтаах киһи, күкүр диэни охсуохтаах этибит, оннук тэрээһиммит суох буоллаҕа дии. Онон ити «күкүрбүтүн» амынньыарынан бугуллаах от саҕа гына бүрүйэн кэбистибит. Торуоспутун аҥаар өттүн тииккэ баайан, иилэн кэбистибит. Сылгыбыт ордубут иһин уонна түөрт чоҥкуларын, быһыта охсон, уйабыт иһигэр быраҕаттаатыбыт. Ити тухары ыппыт оҕото, тыраахтартан түһээри, ый-хай бөҕөтүн түһэрдэ. Тоҕо даҕаны ыыттахпытый, ыыппатыбыт. Манна даҕаны күммүт аҥаара бүттэ. Дьэ, ол кэннэ, сылгыбытын холбонон, состорон, сылгыһыттарбыт дьиэлэригэр бардыбыт. Сэрэйбиппит курдук, сылгыһыттарбыт суохтар. Атыырбыт барахсан үөрүн кытта манна кэлэн турар эбит. Сэттэ биэлээх. Ол аата, эһэкээн тардыбыт биэтиттэн атын өссө биир биэ суох эбит. Атыырбыт барахсан уйуһуйбута сол да ааһа илик. Үөрүн биир сиргэ мунньан баран, тула сүүрэ сылдьаахтыыр. Бааһа, хата, халымыр соҕус. Хас даҕаны тыҥырах суола көстөр. Ити бааһын аллараа өттүнэн, моонньун төрдүнэн, эмиэ хайа охсуу баастаах. Хайдах быһыыга-майгыга бааһырбытын көрөн турбут суох. Бу баастар биир түгэҥҥэ оҥоһуллубатахтар буолуохтаах. Сылыктаатахха, үөр атыыра эһэкээни кытта балачча охсуһа сатаабыт буолуон сөп. «Хата, бэйэтин былдьаппатах», — диибит. Сэрэйдэххэ, тыатааҕы биэтин тутар кэмигэр тиийэн охсуспут буолуон сөпкө дылы. Аһыы уонна уоскуйа түстүннэр диэммит, кыбыыга аҥаара сиэммит кэбиһиилээх оттон сылгыларга быраҕаттаан биэрдибит, Кустуур сирбитигэр төнүннүбүт. Бу тухары ыппыт тыраахтартан түһээри биир айдаан. Түүн кус маныы киирэрбитигэр иккиэйэх бэйэбит үс саалаах киирдибит. Ыппытын бэйэбитин кытта отуубутугар ыллыбыт. Сырдык күөрт дьүһүннээх, моонньугар уонна атахтарын тыстарыгар маҥаннаах, чөрөччү тура сылдьар кулгаахтаах, эриллэ сылдьар кутуруктаах, бөдөҥ уҥуохтаах буолуох чинчилээх атыыр ыт. Миитэрэй үс ыйыгар, саҥа кэлээтин кытта, сиикэй, этэ сулуллубут тыатааҕы уҥуоҕун быраҕан биэрбитигэр, дьэ, ытын оҕото атын үлүгэрдик уҥуоҕун сытырҕалаан баран, арҕаһын түүтүн туруоран, сүр уордаахтык үрбүтүн, сиэн уолунуун көрөн, күлэн бөҕө буолбуттар. Кыракый бэйэтэ сүрдээх улаханнык ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, уҥуоҕун ытыран ылан туора быраҕа-быраҕа, син балачча эриспит. Онно Миитэрэй: «Бу ыт, хата, эсэһит буолууһу!» — диэн күлбүт. Дьэ, оччолорго ыт оҕото ити уҥуоҕун оонньоон үрбүтэ эрэ, кырдьык үрбүтэ эрэ биллибэт буоллаҕа дии. Кэлин дьиэ сүөһүтүн, тайах, таба этин уҥуохтары биэрэр буолаллара даҕаны итинник быһыыламмытын уонна көрбөтөхтөрө. Бу билигин, дьэ, дьиҥнээх адьырҕаҕа ыытыахтарын оҕото бэрт. Онон чугаһаппатах ордук. Үчүгэй ыт тоҕус ыйыгар тайахха барааччы, тыатааҕы уоҕа-кылына тайахха тэҥнээх буолуо дуо? Бултуу сылдьан, тыатааҕыга барбат ыттар, эһэкээн чугас баар сытын
ыллахтарына, киһиэхэ чугаһаан, ат атаҕын анныгар эриллэ сылдьар буолааччылар. Бэл, иччилээх арҕаҕы, собус-соруйан билбэтэҕэ буолан, туора хааман биэрээччилэр. Ыттарын ити быһыытын билэр дьон, итинтэн сэрэйэн, чугас тыатааҕы баарын билэн, ыта суох бултаабыт түгэннэрэ эмиэ баар. Түүнүн кус ханнык эмэтик кыралаан көттө. Биһиги биэс кустаахпыт. Сарсыарда эрдэ соҕус отуубутуттан тахсан, чэйдии охсоот, тыраахтарбытыгар олорон туһахпытын көрө бардыбыт. Олус чугаһаабакка, балачча тэйиччиттэн халампааһынан көрбүппүт, тыатааҕы кэлэн барбыт сибикитэ биллибэт. Күкүрбүт айаҕа от быыһынан аҥайан көстөр. Онон тута төнүннүбүт. Төттөрү бараммыт, сылгыһыттар олорор сирдэрин диэки, баҕар, атыырбыт үөрэ баара буолуо диэн бара сылдьыбыппыт, хата, ырааппатахтар эбит. Нөҥүө алаастан тыраахтар тыаһын истэн тиийэн кэллилэр. Били сүтүктээбит ахсыс биэбит үөрүгэр кэлэн холбоспут. Барахсан, хата, баар эбит, кулуна эмиэ, онтон олустук астынныбыт. Иккис да түүммүт туох да айдаана суох ааста. Туһахпыт баар сирэ баара эрэ балтараа биэрэстэлээх сир, онон тыатааҕы туһаҕы кэттэҕинэ, хайаан даҕаны тыаһа-ууһа, орута-сарыта иһиллиэх этэ. Бу да түүн кус биллибэтэ. Икки эрэ чыркымайдаахпыт. Уу тахсара буоллар, күөлбүт ырбыытыгар көһүөх эбиппит. Сарсыарда эмиэ тэринэн, туһахпытын көрө бардыбыт. Ыппыт оҕотун, үгэспитинэн, кабинабыт иһигэр баайан кэбистибит. Били сирбитигэр тиийбиппит, дьэ, туһахпытын баайбыт тииппит таһа хара буорунан көрөн сытар эбит. Тыраахтарбытын саба тутан кэбистибит. Мин СКСпын, киһим МЦ-тын бэлэм тутан, тыраахтартан түһэн, туһахпытыгар чугаһаатыбыт. Ыппыт, соннук бааллан, кабинабытыгар хаалла. Төһө да баайыылааҕын иһин, кабинабыт ааннарын сабыталаан баран түспүппүт. Били оҥорон дуомнаабыт барамньыбыт ыһыллан үөдэн-таһаа буолбут. Туһахпыт биир тииппитигэр сыһыары сыыйа тардыллан сытар, дьүрү диэн эһэкээн түүтэ даҕаны хаалбатах. Тула тугу эрэ иһиллээбит курдук уу чуумпу. Бэл диэтэр, сааскы хахсаат тыал кытары иһийбит. Арай, тыраахтар кабинатын иһигэр ыппыт ыйылыыра иһиллэр. Икки дэлби көмүллэммит, тоҕута-хайыта ыстаммыт сото уҥуохтара уонна туйахтара сыталлар, толунньаҥын уҥуохтара суохтар, сорохторо көстүбэттэр. Тыатааҕы биһигиттэн тыаһырҕаан барбытыгар сөп. Биһиги туһахпытын эһэкээн оҕото, тиит ыксатынан киирээри, иҥнэри анньан кэбиспит буолуон сөп курдук. Отон угун дэлби тэпсэн, били уҥуохтарын кирэллэригэр сир ирбит үрүт араҥатын хара буорунан көрдөрбүттэр. Биһиги сааларбытын бэлэм тута сылдьан, туһахпытын, күкүрбүт сэмнэҕин көрө сылдьабыт. Арай туран, хантан кэлбитэ биллибэккэ, эмискэ ыппыт оҕото баар буола түстэ даҕаны, тыатааҕы суолун ирдээн өрө-таҥнары сүүрэкэлээт, ойуур иһин диэки субурус гынан хаалла. Биһиги соһуйан хаалан, өй булан туппакка да хааллыбыт. Ол икки ардыгар бэрт чугас, ыт «ньух-ньах» диир уонна тыатааҕы суостаах-суодаллаах ардыргыыр саҥатын баттаспытынан, от-мас тыаһа өрө барчалана түстэ. Арай ол диэки көрө түспүппүт, ыппыт биһиги диэки муҥ түһүүтүнэн ойон аҕай иһэр эбит. Кэнниттэн сүр улахан тыатааҕы, кур куруҥу тоҕу кумалаан, ыты сыыһа-халты үлтү кулаан, бу мардьайан иһэр. Икки саа тыаһа тэбис-тэҥҥэ сатараата. Миитэрэйим иннибэр, арыый халдьы соҕус, балачча суон
охто сытар тиит анараа өттүгэр турар этэ. Мин, тутуу былдьаһан, үстэ-түөртэ ытан хааллым. Миитэрэйим даҕаны иккитэ-хаста ытта быһыылааҕа. Дьэ, уонна кэннинэн хаамаары, атаҕар кэлэн эриллибит ытыттан иҥнэн дуу, эбэтэр кэннинэн били тиитин атыллаары эбитэ дуу, тиит бэтэрээ өттүгэр охтон, икки атаҕа күөрэс гынан хаалла. Ити түгэҥҥэ Миитэрэй, охтон иһэн: — Булат! Тук! — диэн хаһыытаан хаалла. Иччитин ити соруйуута тохтоппута дуу, арбахтаах тииккэ мэһэйдэппитэ эбитэ дуу? Тыатааҕы ыкка саба түһэн тохтообут кыл түгэнэ Миитэрэйи алдьархайтан быыһаабыта. Мин харабыыным уон ботуруона бүтэн, кураанаҕынан, тыатааҕым диэки утары дугдуруйа турар этим. Миитэрэй бүтэһик сүнньүөҕүн олорон эрэ ыппыт этэ. Кыыл ыты баттаабытынан умсары барбыта. Иккиэн сааларбытын ииттэн, син балачча тура түһэн баран, тыатааҕыбыт кыайтарбытын билэн эбии ыппатахпыт. Хайа, уонна ыппыт муҥнаах эһэкээн анныгар сытар этэ. Кутуруга хамсыырын көрөн, тыатааҕыбытын эргилиннэри тардыбыппыт, Булат муҥнаах бүтэһик түгэҥҥэ тыатааҕытын хаҥас кулгааҕыттан хаппытын ыһыктыбакка сытаахтыыра. Аһыҥастаах обургу ханнык эрэ кыл түгэнигэр дэгиэ тыҥырахтарынан Булаппыт хаҥас ойоҕосторун уҥуохтары-тириилэри хастыы тарда охсубут. Тыҥата таска быгыахтыырын көрүөххэ дьулаан этэ. Ол да тыыннаах сытаахтыыра. Иччитин билэн, кутуругун эйэҥэлэппитэ буолаахтаабыта. Ыппыт барахсан ытыстан хаалбыт сыҥааҕын эһэкээн кулгааҕыттан бэрт эрэйинэн араарбыппыт. Миитэрэйим көтөҕөн ылан туора илдьэн, отон угар сытыаран баран, аттыгар олорунан кэбиспитэ. Мин, кинилэргэ чугаһаабакка, кыылбын көрө-истэ сылдьыбытым. Хаана элбэҕиттэн сылыктаатахха, табыллыыта элбэх соҕус эбит этэ эрээри, бүтэһик ытыылар эрэ хапсыыны быһаарбыттарын кэлин кыылбытын астыы сылдьан быһаарбыппыт. Онон буоллаҕына, ыппыт оҕото, төһөтүн да иһин, иччитин көмүскүүр ытык иэһин бэйэтин тыынын толук ууран туран толорбут эбит. Кини куотардыы куотан, тиит үрдүнэн ойон ааһа турбута буоллар, тыын сирин таарыйтарбакка курдарыта ыттарбыт кыыл тугу оҥоруоҕун саныаҕы да баҕарыллыбат. Ыт оҕото, бастакы уолҕамчы быһыытыгар тэптэрэн, сытынан сирдэтэн, уҥуоҕун кирэ сытар кыылга тиийэн, уорунан, киҥинэн аатырбыт аар тайҕа ааттааҕын уон төгүл уохтаан кыыһырдан, соһуйан, уолуйан куоттаҕа дии. Кыыл аһыттан көҥөммөтөҕө буоллар, бука, ыт үрэн, сыыйа тутуһан, сымнаҕас соҕустук бултатыан да сөп этэ. Хата, бүтэһик түгэҥҥэ, утары туран тохтотон, быһаарыылаах ытыылары оҥорторон, биһиги туспутугар дьиҥ абыраллаах кыл түгэнин бэлэхтээтэҕэ дии. Тиит мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, бэйэтэ да тыыннаах хаалыа эбитэ буолуо. Булат, тоҕус ыйыгар, күн сиригэр олоҕо итинник түмүктэммитэ. Тыраахтар иһигэр бааллан турбут ыт, моонньун быатын булгутан, кэлин аһаҕас түннүгүнэн тахсыбыт диэн быһаарбыппыт. Булат барахсаны үрэх эмпэрэтин үрдүгэр харайбыппыт. Миитэрэй охтуутугар тиит тостубут мутугун төрдүгэр икки ойоҕоһун тоһуппут этэ. Оттон кыылбыт күнүгэр сылдьар биэс-алта саастаах ийэ кыыл буолан биэрбитэ. Бөһүөлэккэ тиийэн сылгыһыттарга буолбут быһылааны тыллаабыппыт, былаастарга хас да төгүл быһаарыы сурук суруйбуппут. Миитэрэй сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ, ойоҕосторо оһон быстыбакка, улахан үлэни үлэлээбэккэ эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Онон бу удьуор булчут ыт
оҕото, үс ыйыгар тыатааҕы бу сулламмыт уҥуоҕун үрбүт буоллаҕына, ол аарыма булдун тоҕус ыйыгар илэ-бодо көрсөн, өйдөөбөккө оҥорбут алҕаһын олоҕун толук ууран толуннаҕа. Ииппит иччитин көмүскүүр ытык иэһин толордоҕо… Михаил Гоголев—Долгун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн * * * “Кыыл кырыыһа” кинигэттэн ылылынна. Кинигэ “Бичик” маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан