Кэпсээ
Войти Регистрация

БУЛТ МУЧУМААННАРА (Кэпсээн салгыыта. Иннин 16.02.18 уонна 20.02.18 көр)

Главная / Кэпсээн арааһа / БУЛТ МУЧУМААННАРА (Кэпсээн салгыыта. Иннин 16.02.18 уонна 20.02.18 көр)

K
edersaas.ru Категорията суох
26.02.2018 18:00
Түмүкпэр улахан табыллыбыт булт туһунан кэпсиим. Эмиэ туһугар биир сэдэх түбэлтэ 1987 сыллаахха балаҕан ыйын уон биэһин киэһэтигэр буолбута. «Аһыма» КХ дириэктэрэ Лөгүөнтэйэп Рэбуорий Көстөкүүнэбис — бэйэтин кэмигэр буоксанан утумнаахтык дьарыктаммыт, улууска уонна өрөспүүбүлүкэҕэ үгүстэ күрэхтэспит киһи. Утарсааччыларын хаҥаһынан дөйүтэлиирин иһин Хаҥас Эриэбэ диэн сөбүлээн ааттыыр уоллара, наар бииргэ олус тапсан бултуур аҕа табаарыһыгар Өлөксөндүрүөп Михэйиил Баһылайабыска куобахтыы тиийбит. Хаҥас Эриэбэ ити кэмҥэ киһи эрэ ымсыыра көрөр, көлөөскөтүн көлүөһэтэ кытта эрийэр, сабыс-саҥа, хараҥа кыһыл өҥнөөх «Днепр» матасыыкылынан ардаҕы, бадарааны билиммэккэ айаннаан тиийбит. Мэхээлэ, төһө да биэнсийэҕэ олордор, Муҥ Көлүйэ диэн балтараа сүүсчэкэ миэтэрэ курдук кэтиттээх кө­лүччэтин үрдүгэр турар сайылыгар сүүрбэччэ субай сүөһүнү көрөн олороро. Бу сир Аһыматтан икки аҥаар көстөөх сир. Мэхээлэ сааһын кустуур, сайынын оттуур, күһүнүн ойууругар хаамар. Обургу соҕус үүтээн дьиэлээх, бэйэтин өлбүгэ сирэ. Тула өттө эргиччи тыа, кытыла балачча үрдүк эмпэрэ сыырдаах, өрүс уҥуордар «дьүөдэ көлүйэтэ» диэх этилэр. Күнүһүн ойуурга хааман, силбигэ бэрт буолан, эрдэ соҕус аҕыйах куобахтаах төннүбүттэр. Ый быыһа хараҥа кэм, эбиитин Сэмэнэбин бэлиэтээн, тыал-куус бөҕөтө, сэллии-сэллии биир кэм ардыы турар. Киэһэлик Аһыматтан «Бөлөрүүс» тыраахтарынан Боппуок Уйбаан, Сарабынаайап Ылдьаа уонна Тарааһап Ньукулай кэлбиттэр. Күнү быһа хаас бөҕө айаннаабыт. Тарааһап Ньукулай Мэхээйилэбис өрөспүүбүлү­кэҕэ биллэр олоҥхоһут буолбута. Кини «Күн Эрили» олоҥхотун олохтоох норуодунай тыйаатыр туруоран, өрөспүүбүлүкэҕэ улаханнык биһирэммитэ. Ону таһы­нан «Күн Дьөһүөл» уонна «Атаҕынан оонньуур айдаар кугас аттаах Бүдүрүйбэт Нүһэр Бөҕө» диэн олоҥхолору сурукка хаалларбыта. Ол да кэмҥэ Ньукулай олоҥхолуура буолуо да, оччолорго ити сэҥээриллибэт дьыала этэ буоллаҕа. Булчуттар ичигэс дьиэҕэ оһохторун быргыччы оттон баран, тыа сирин дьонун быһыытынан, баранан биэрбэт кыһалҕаларын туһунан ону-маны баллыгыраһа сыт­тахтарына, киэһэ аҕыс чаас саҕана үс-түөрт үөр хаас кэлэн, элгээннэригэр түһэн барылаһан кэбиспиттэр. Бу кыракый көлүччэҕэ урукку өттүгэр хаастар тү­һэллэрин билбэтэх дьон, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттар. Тахсаннар, сэрэнэн-сэрбэнэн чуҥнаан көрбүттэрэ, икки тойон кыыл элгээннэрин икки өттүгэр хаппыт тииттэргэ багдаһан олороллор эбит. Кинилэр бэйэлээхтэр суостаах-суодаллаах дэгиэ тыҥырахтарыттан куотан, уолуйа куттанан, үтүө көҥүллэринэн бэйэлэрэ эрэ көтөн испиттэрэ буоллар, эргиллэн даҕаны көрбөт бу элгээннэригэр түһэргэ күһэлиннэхтэрэ. Ити харабыллар баалларын тухары хаастар туох даҕаны иһин түспүт ууларыттан көппөттөрүн туһунан биһиги дьоммут истэр-билэр эбиттэр. Онон, тыал-куус арыый астыбытын кэннэ түүн уон биир чааска киирэргэ диэн буолбуттар. Былааннаммыттарын курдук, элгээннэрин эргийэ, сорох тоһуйа, сорох ууга ытардыы оҥостон киирбиттэр. «Бу хараҥаҕа тугу көрөн ытаары гынаргыт буолла?» — диэн Мэхээлэ күөлүгэр киирсибэтэх. Кырдьык даҕаны, киһи ону-маны көрүөх буолбатах, ытыс таһынар ыас хараҥа таҥнары сатыылаан турар эбит. Хаастар аһаан чалымнаһар тыастара адьаһын бу баар курдук эрээри, киһи биэс да хаамыыны иннин борутуо суох. Онон сарсыарда халлаан суһуктуйуута киирэргэ бы­һаарыммыттар. Ол сылдьан, Эриэбэ
матасыыкылын өйдүү биэрбит. Фара уотунан сырдатан көрдөххө хайдах эбитэ буолла дии санаан, дьонугар эппитигэр: «Боруобалыахха», — диэн буолбут. Матасыыкылларын собуоттаан, габаритын эрэ уотун холбоон, элгээннэрин үрдүгэр ыга астаран киирбиттэр. Эмиэ көлүччэлэрин эргиччи түөрт буолан тарҕаспыттар. Эриэбэ фаратын уотун, ырааҕы тыгарыгар туруоран баран, холбоон кэбиһэрин кытта, дьэ, аймалҕан бөҕө тоҕо тардыллыбыт. Хаастар көтөн тахса-тахса, түс да түс буолбуттар. Уолаттар харса суох ытан тиҥийии бөҕө. Оҕурдук балачча өр ытыалааннар, сорохтор сааларын сэбэ бүтэ быһыытыйбыттар. Матасыыкыл дэлби итийэн, хараҥаҕа икки быыхылабын турбалара кытаран көстөр буолбутугар тохтоон үүтээннэригэр төннүбүттэр. Кытылга сууллубут уонча хаастарын хомуйан илдьэ тахсаллар. Мэхээлэлэрэ биир блок саппаас ботуруоннааҕын үллэстэн, бу сырыыга Мэхээлэ киирсэн, бэһиэ буолан, эмиэ элгээннэрин төгүрүктээн, уоттарын холбоон салгыы ытыалаабыттар. Бу сырыыга Эриэбэ, матасыыкылыттан быыс булан, син ытыһар. Сотору хаастар көтөөччүлэрэ көтөн, ба­раач­чылара баран, дьэ, чуумпураллар. Эмиэ уонча хаас­таах төттөрү тахсаллар. Халлаан сырдаабытын кэннэ киирэрдии оҥостон, аҕыйах чаас сытан ылаллар. Били маска олорор икки булчуттарын туһунан санаан кэлэллэр, сарсыарда баар буоллахтарына, өлүүлэрин бэрсиэх буолан кэпсэтэллэр. Сарсыарда халлаан сырдаабытын кэннэ араллаан­наах бултара эмиэ салҕанар. Бу сырыыга хойобууннаабыт, ууга сылдьар, сатыылаан ойуурга тахсыбыт хаастары сонордоһоллор. Мэхээлэ күөлүн соҕуруу өттүнээҕи ойууруттан, туһаҕар иҥнэн, тэптиргэҕэ ыйанан турар хоҥор хааһы булан, соһуйан-өмүрэн аҕай киирэр. Итинник кэрийэн, барыта отут сэттэ хааһы хомуйаллар, олортон уон сэттэтэ хоҥор хаас, икки биллибэт көрүҥ хаастар, уоннааҕылара лыглыйа уонна эриэн түөс эбиттэр. Төһөлөрө баран, ыраатан охтубуттарын, ойуурга саспыттарын ким билиэ баарай. Эриэбэ кэлин, сир тоҥмутун кэннэ, бэйэтэ эмиэ биир хааһы булбут этэ. Халлаан сырдаабытын кэннэ күөллэригэр киирэллэригэр били хотойдоро суохтара эбитэ үһү. Ордубут хаастарын батыһан салгыы айаннаабыттара буолуо дэ­һэллэр. Итинник үөр хааһы хотойдор арыаллаан айан­ныылларын туһунан кэпсэтиилэр баар буолалларын соччо итэҕэйбэт этим, онтум олохтоох кэпсээн эбит. Бу кэпсээни эрдэ истибитим эрээри, Эриэбэттэн бэйэтиттэн истээри, төлөпүөннэһэн баран, дьиэтигэр тиийэн атах тэпсэн олорон сураспытым, суруммутум. Булт барахсан соноро дэлэлээх сыраны-сылбаны, то­ҥууну-хатыыны эрэйэрин биһиги бары бэркэ диэн билэбит. Төһөлөөх хаарга хааман, сииккэ сиэлэн, үк­сүгэр кураанах да сылдьыбытыҥ иһин, аар тайҕаҥ ыҥырар-угуйар улуу күүһүн тулуйбакка, эмиэ тыаҕар тахсыбытыҥ эрэ баар буолар. Ол сылдьан, ыттарыҥ үрэл­лэрин иһиттэххинэ, ити сылайбыккын-элэйбиккин тамты умнан, үөрэн-көтөн, өрөйөн-чөрөйөн, ыс­таа­ныҥ курун тиэрбэһин өссө биир үүтүнэн ыга тардынан баран, түһүнэн кэбиһэҕин. Онон, саха бэртэригэр, урааҥхай удьуордарыгар, эһиэхэ бултуур ыыргытыгар дириҥ далай оломноннун, ычык ойуур ыллыктаннын, үрдүк дабаан намтаа­тын, сыыс саҕачча сыысхал тахсыбатын, от салаатын да саҕа оһол булбатын, Байанайгыт аргыстастын диэн алгыспын анаатаҕым буоллун. Дом! Михаил Гоголев-Долгун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Уруһуй: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан