Кэпсээ
Войти Регистрация

“Дьэҥкэрии” ыар содула

Главная / Кэпсээн арааһа / “Дьэҥкэрии” ыар содула

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.11.2019 16:43
Таайым Куххата Баһылай “Олоҕум оҥкуллара” диэн кинигэтигэр аччык дьылга хайдах курдук тиниктэһэн тыыннаах орпутун, “дьэҥкэрэн” өлөн эрэр ийэлээх балтын атахтарыгар туруортаабытын, хойут киһи-хара буолбутун суруйан хаалларбыта. Сэрии саҕана ыаллара Лөгүөнтэйдээх бүтүн дьиэ кэргэнинэн “дьэҥкэрэн” өлбүттэрин туһунан суруйбутун быһа тардан “Дьылҕа” балаһаҕа киллэрдим. Бу, чахчы буолбут түбэлтэ. Оччотооҕу холкуос сорох салайааччыта дьаһала суоҕуттан ыал ыалынан суох буолбута. Олохторун салгыыр биир даҕаны киһи орпотоҕо. Биһиги таспытыгар, 300-чэкэ хаамыылаах сиргэ, Мойуһуой Лөгүөнтэйдээх эмиэ «дьэҥкэрэн» сыталлара. Сэттэ киһи баһыгар улахан уоллара 17-лээх Омтоон эрэ үлэлээн үнүөхтүүрэ. Киниэхэ тиксэр икки киилэ үүт анна, хам-түм бэриллэр муунта бурдук атаҕа сытар дьону өрүһүйэр кыаҕа суоҕа. Лөгүөнтэйдээххэ ким даҕаны сылдьыбат буолбута. Биир киэһэ күн киириитэ, ыал утуйбутун кэннэ, оһохторун үөлэһиттэн күөх буруо унаарыйбыта. Кэтэҕириин түннүктэрэ аһыллыбыта. Урут итиччэ киэһэ уот оттуммат этилэр. Ийэм дьукааҕа Өкүүстүүн: «Ыалбыт мөлтөөтүлэр быһыылаах, сыттарын-сымардарын салгылатан түннүктэрин аһыннахтара», — диэн сибигинэһэн кэпсэппиттэрэ. Ити курдук 5-6 хонукка күөх буруо киэһэ аайы тыргылынна, кэтэҕириин түннүк аһылынна. — Тыый, ыалбыт туох буоллулар, тугу эрэ булан күөстэнэллэр ээ, быһыыта, — Өкүүс уорбалаан, ийэм кулгааҕар сипсийэр. — Омтоон массыынаҕа көлүнэр ата сүппүт сурахтааҕа. Онтон бэйэтэ... — диэн иһэн ийэм дьулайан тохтоон хаалла. — Айыыны санаама. Туох үлүгэрэй?! – күөйэ-хаайа этэн Өкүүс кэпсэтиини быста. Нөҥүө күнүгэр от мунньа баран иһэн, иһэ лэһэйэн хаалбыт, уҥуохтара кылыгырыар диэри ырбыт-дьүдьэйбит Лөгүөнтэйдээх оччугуй кыыстара Хоруокабы көрүстүбүт. Хара дьүһүннээҕин иһин ити курдук хос ааттыырбыт. Дьиҥнээх аата Маайыс диэн этэ. Сэрии иннинэ оскуолаҕа үөрэнэн эрбэкэчийэн испитэ. Икки туос ыаҕаска уу баһан үнэн иһэрэ. Биһигини көрөөт, тоҕо эрэ умса тутунна. Ыаҕастарын нэһиилэ соһон иэҕэҥнээн турда. «Турдугут дуо?» — диэн, кэнниттэн хаһыытаан көрдүбүт да, кыыспыт эргиллэн да көрбөтө. «Кэпсэтэр да сэниэтэ суох буолаахтаабыт», — дии санаатыбыт. Убайбын кытта аһыммыппыт иһин, көмөлөһөр кыаҕа суохпутуттан абаккалана-абаккалана үлэбитигэр бардыбыт. Киэһээҥҥи омурҕантан дьиэбитигэр төнүннүбүт. Биригэдьиирбит икки муунта бурдук атаҕын аҕалан биэрдэ. Өссө куобахпыт туһаҕын кэрийэрбитин көҥүллээтэ. Дьолго, биир куобаҕы ыллыбыт. Бурдукпутун хааһылаан сии охсоору уонна ийэбитин үөрдээри, туһахпыт сороҕун кэрийбэккэ дьиэбитигэр кэллибит. Охонооһойго бүтүн бурдук биэрбиттэр. Бэйэтигэр суоруната суох буолан, Лөгүөнтэйдээххэ бурдугун мэлийэ тахсыбыт. Кини дьүлэй уонна ыарыһах буолан сэриигэ ыҥырыллыбатаҕа. Ол оннугар үгүс ыарахан үлэ кини санныгар сүктэриллибитэ. Онон оронугар бэрт кыратык өттүгэстии түһэн ылара. Кэргэнэ Өкүүс ийэлээх балтыбын кытта куруҥ отун үргээн хатараллара уонна баайаллара. Күҥҥэ холбоон сүүс баайыыны муҥнаналлара. Биирдии түүтэх үстүү киилэ буолара. Кучу саҥа куруҥҥа өлгөмнүк үүнэрэ. Ону хомуйарга үстэр этэ. Үлэлэриттэн үлтү сылайан кэлэн, сылбархай уунан утахтарын ханнара олорон: — Бурдук көстүбүччэ арыылаахпыт буоллар, саатар, лабырыай оҥостуллуо этэ, — Өкүүс суланна. — Үүтүнэн хааһылаан сиэбит ордук,
— ийэм кииһилэ сэбирдэҕин кырбыы-кырбыы, төһө даҕаны лабырыай сиэн баҕардар, туга да суоҕун билэр буолан, санаатын бөҕөргөтүнэ олордо. — Басыыстар диэннэр киһи дьүһүнэ суохтара быһыылаах. Хаарыаннаах олохпутун сиэтилэр, — Өкүүс аны Ньармаанньыйаҕа тиийдэ. — Айыы... Биһиги даҕаны туруулаһыахпыт. Москуба таһыгар тосторун ылан куоппут сурахтаахтара. Хата, Ыстаалыммыт куората кутталламмыт дэһэллэр дии, — ийэм сэрии хаамыытын ордук удумаҕалыыр киһи быһыытынан Өкүүһүн эмиэ сырдатан барда. — Ыстаалыммыт куоратын былдьатыахпыт кэриэтин өлүөхпүт, — Өкүүс букатын сэриилэһэ сылдьар киһилии саҥаран хабыгыраата. Төһө да бинтиэпкэ сүгэн кутаа уот ортотугар сылдьыбатарбыт, хас биирдии сэбиэскэй киһи, оҕо, ол иһигэр биһиги, өстөөҕү кыайар туһугар сэриилэһэрбит. Хас биир түүтэх бурдук, хас биир бугул от, хас биир киилэ эт, үүт, хас биир тииҥ, куобах тириитэ, хас биир бурҕаа, моҕотой тириитэ өстөөҕү кыайар туһугар ананар диэн өйдөтөллөрө. Өстөөҕү кыайар туһугар ийэм аах сүүс түүтэх кучу от оннугар икки сүүс түүтэх оту хомуйарга дьулуһаллара. Охонооһой өстөөҕү кыайар туһугар дуом-даам утуйа түһэрэ. Өстөөҕү кыайар туһугар биһиги, оскуола оҕолоро, бары үлэлиирбит. «Дьэҥкэрэн» охтубуттар эрэ үлэлиир кыахтара суоҕа. Дьоро киэһэ үөскүүр чинчитэ биллэн, ирэн-хотон саҥа бэлиитигимсийэн эрдэхтэринэ Охонооһой тыын быһаҕаһынан тыынан киирэн кэллэ. — Өкүүс, Өкүүс, иэдээн, алдьархай! Ыалбыт... ыалбыт аах куһаҕан буолбуттар, — итинтэн ордугу тугу да булан эппэккэ аан боруогар бөтүөхтүү турда. — Эрэйдээхтэрии! – диэн ийэм хараастан хаалла. Таҥараны итэҕэйбэт бэйэтэ кириэстэннэ. — Бары дуо? Ама туох үлүгэрэй. – урут да уолусхан майгылаах Өкүүс соһуйда. — Суох, өлбөтөхтөр... Тыыннаахтар... — дьиэ иһэ ордук чуумпурда. Өмүттэн хаалан тугу да өйдөөбөккө бары дөйүөрэн олордубут. – Били, Ньукулай уол ойууртан икки ыаҕаска сылгы этин толору симэн киирэн истэҕинэ, ыы муннубунан түбэстим. — Сылгы этин даа?! – Өкүүс кэргэнин ситэ саҥарпакка өрө хабылла түстэ. — Сылгы этин диибин ээ! Сороҕо өссө буспут. Хантан ыллыҥ диибин. Уолум олох саҥарбат. — Тыый-ыс! – ийэм куттаан иһиирэр икки ардынан саҥа аллайда. — Дьиэҕэ кирбиппэр эмээхсин үнүөхтээн туран кэллэ. «Уолбут Омтоон муҥнаах массыыналыыр атын хоргуйар соруттан ыксаан өлөрбүтэ. Биһигини өрүһүйээри айыыны оҥоһунна. Былааска улахан буруйу оҥордо. Хоргуйар сорун бэйэҥ билэҕин...», — диир. Миэхэ эт биэрэ сатаабытын ылбатым. — Ол иһин да! Туруоҥ дуо, баран сэбиэккэ тыллыы оҕус. Тыллаабатаххына, аны биһигини кыттыспыттар диэхтэрэ. – Өкүүс адьас умайан эрэр курдук күлүбүрээтэ. Охонооһой тахсан барда. Күн тиит баһыгар түһүүтэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ дьахтар, өрүү маҥан аттаах, инчэҕэй тирииттэн өрүллүбүт кымньыылаах Долбуурап, сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ Уйбаныап Сүөдэр тиийэн кэллилэр.. биһиэхэ тохтоотулар. Охонооһой Сэбиэккэ тыллаан баран, маныы таарыйа, бурдугун мэлийэ быһа ыалыгар ааспыт. Омтоон үлэтиттэн тахсан массыынатын биир миинэн ааһан иһэрин көрөннөр, Долбуурап үөгүлээн ыҥыран ылла. —
Өҥнүк олорор үһүгүн дии. Биһигини ыалдьыттатыаҥ буолаарай?! – Долбуурап үгэ-хоһоон тылыттан Омтоон эрэйдээх ходьорус гынна, тылыттан матта. — Өҥнүк олорорбун өйдөөбөппүн. Дьонум бары хоргуйан охтон сыталлар. Дьоммун сирэй билэн-көрөн, хата, көмөлөһүөххүт, бэйэҕитинэн кэлбиккит. Кэлбит дьон тоҕо сууллан Лөгүөнтэйдээх диэки хаамтара турдулар. Мин убайбыныын кэннилэрттэн саппай уопсан эрдэхпитинэ, ийэбит дьөлө хаһыытаан, төттөрү ыҥыртаан ылла. Санаабытыгар, тоҥ күөс быстыҥа уу чуумпу буолла. Тула барыта иһийдэ. Биһиги туох буоларын кэтэһэн тиэргэҥҥэ өр турдубут. Им-дьим. Биһиги «булбаталлар ханнык» диэн. Өскө сылгы этин буллахтарына, ыалбытыттан ким эмэ тыыннаах хаалара саарбах этэ. Оҕолору аһынарбыт бэрт. Ордук Баабыла эрэйдээҕи аһынабыт. Араас оонньууну тэрийэн кустуктана сылдьара бу баарга дылы ээ. Ону барытын сэрии былдьаабыта. Сэрии содулугар «дьэҥкэрэн» үгүс киһи өлбүтэ. Оҕонньордоох эмээхсин үлэни кыайбат буолан, ыран-дьүдьэйэн охтубуттара ыраатта. Баабыла уонна Маайыс үлэлии сатаан баран сыһыыга охтубуттарын, убайдара соторутааҕыта булан таһаартаабыттара. Оччугуй уоллара ыраах ферматтан алта киилэ үүт аннын аҕалан муҥнанара. Баабыла уонна Маайыс үлэлэриттэн уурайбыттарын кэннэ түөрт киилэ үүттэрэ сарбыллыбыта. Онон уон сэттэ саастаах соҕотох Омтоон моонньугар биэс айах атан сытара. Биэс саастаах оччугуй кыыстара икки хонон баран өлбүтэ. Омтоон эрэйдээх муҥур уһукка киирэн, дьонун өрүһүйээри, массыыналыыр атын сиэтэҕэ. Сорох нэһилиэк туох эрэ ньыманан син хайдах эрэ хоргуйбатаҕа. Оттон биһиги нэһилиэкпитин хоргуйуу ытарчалыы ылан испитэ. Лөгүөнтэйдээх дьылҕаларын үгүс ыал өҥөйөн олороро. Сорох ыал син быргыччы олорор. Ымсыы-обот майгы көбөрө. Салалтаҕа чугас ыаллар холкуос баайыттан кисти-саба илии-атах салаһаллара. Быстыбыттартан биирдии чэй иһэрдэн үрүҥ көмүс ньуоскаларын илдьэ хаалаллара. Босхо кэриэтэ сэппэрээтэрдэри, иистэнэр массыыналары. Араас малы-салы атыылаһаллара. «Быытыкы кыыһа Маайа муҥнаах саҥа солко куһаат курун биирдэ хонон турар иһин ыалга биэрбит үһү... Ол эрэйдээхтэр бэстилиэнэй малларын, саҥа үүт эрийэр сэппэрээтэрдэрин боппууда бурдукка биэрбиттэр. Хаттаҥ сордоох бүтэй ааныгар өлө сытарын булбуттар үһү... Хатыас уола муҥнаах киһи сааҕын сии сатыыр үһү...» диэн, эҥин араас сурах иһиллэрэ. Биһиги чугас тиэргэннээҕи сонуммут, ыаһахпыт, оччотооҕу олох хартыыната итинник этэ. Ыалбыт диэки оҕо ыһыыта-хаһыыта сүрдэннэ. Биһиги тулуйбатыбыт. Убайбын кытта бокуойа суох ол диэки сүүрдүбүт. Тиэргэҥҥэ кэлэн чымаан быһыыттан куттанан чугуҥнаһа турдубут. Ыалбыт оччугуй уолларын уончалаах Ньукулай муҥнааҕы Уйбаныап Сүөдэр тиэргэҥҥэ төкүнүтэ сылдьан атын кымньыытынан таһыйа, атаҕынан тэбиэлии сылдьар. Кини атыгырас адарай көхсүн дуомугар Сүөдэр кымньыыта эриэн үөн буолан эриллэҥниир. Уол муннуттан, айаҕыттан хаан тохтор. «Эт диибин дии, эккитин ойуурга ханан ууран тураҕыт!» — диэн сотору-сотору бааҕыныыр. Уол көппөх-көппөх мөхсөн, чиккэс гынаат, тыылыы тэбэн кэбистэ. Сүөдэр туһа тахсыбатын билэн дьиэҕэ чинэччи туттан киирэн хаалла. Муннунан, айаҕынан хаана сүүрэ сытар, нэһиилэ бурдургуур уолу көтөҕөн ылан хоспоххо кистээтибит. Уоскуйан, хоспоххо туран иһиллээтибит. Хам-түм Долбуурап ордоотуура иһиллэр. Атын тыас-уус суох. Хоспохтон
дьиэҕэ киирэр аан баар. Ону оргууй сэгэтэн уоран көрдүбүт. Остуолга буспут эт бөҕө өрөһөлөммүт. Остуол ортотугар саха быһаҕа батары анньыллыбыт. Долбуурап өргөстөөҕүнэн суптурута көрүтэлиир. Омтоон эрэйдээх остуол улаҕатыгар, муннукка ыга анньыллыбыт. Сирэйин туора кымньыынан быһа охсубуттар. Онтуттан хаан оҕуолаабытын сотто-сотто ытаан бөтүөхтүү олорор. — Өстөөххө көмөлөһөн, холкуос сылгытын кыдыйан. маҥалайгар уктубуккун кытаанахтык аахсыахпыт. Бэстилиэнэйгин айаны тулуйар гына мэҥиэһин, — Долбуурап батары анньыллыбыт быһах диэки, эт диэки ыйа-ыйа бабыгырыыр. — Кыттыгастаах буолуоҥ, эт эрэ, бу хаһыс сылгыгытый? – диэн эйэ дэмнээхтик ыйытар. — Суох... дьоммун өрүһүйээри, бэйэм... — ытаан муҥнана-муҥнана эппиэттэһэ олордо. Өлө куттаммыт Баабыла уонна Маайыс суорҕан быыһынан харахтара кылаһаллар. Аҕалара Лөгүөнтэй оҕонньор, улахаҥҥа уолуйбаттык туттан, өйүн сүтэрэн, уҥа ороҥҥо хараҕа чоҥхоччу уолан килээриччи көрөн сытар. Эмээхсин эрэйдээх ботугуруур былаастаах: — Үтүө дьонноруом... Оҕолору аһыныҥ... Хоргуйан өлүмээри... — диэн ытыы-ынчыктыы олороохтуур. Биһиги тиэргэҥҥэ тахсан туох буоларын манаһан бөлкөй харыйа кэннигэр састыбыт. Тойотторбут үөмэлэһэн тахсан кэллилэр. Охонооһойу көмөлөһүннэрэн сылгы икки атаҕын икки ат ыҥыырыгар биллэҕэ быраҕан кэлгийдилэр. Буспут уонна сиикэй эти бэрэмэдэйгэ симэн Маҥхааһай аартыгынан киэҥ үрэх диэки аттарын сиэтэн субуруһа турдулар. Охонооһой кэннилэриттэн көрөн туран хаалла. Омтоон эрэйдээҕи илиитин кэдэрги кэлгийэн баран, иннилэригэр уктан илдьэ барбыттара. Биһиги, дьэ, өйдөнөммүт, били үлтү сынньыллан хаан-билик буолбут, өйүн сүтэрбит Ньукулай эрэйдээҕи хоспохтон киллэрэн оронугар сытыардыбыт. Ытаһыы уонна аймалҕан, өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолбутуттан ыксаан таһырдьаны былдьастыбыт. Атаҕастаммыт дуу, буруйдамыт дуу ыалбытыгар, ырааҕынан аймахпытыгар тугунан даҕаны көмөлөһөр кыаҕа суохпутуттан абаккалана-абаккалана дьиэлээтибит. Аһаабакка, утуйбакка санааҕа ылларан дьиэбитигэр саҥата суох сукуһан олордохпутуна, түүн үөһүн саҕана дьукаахпыт Охонооһой сиикэй уонна буспут эт сүгэһэрдээх нүксүлдьүйэн бу киирэн кэллэ. — Хара ыттар..! Эттэрин Маҥхааһайга киллэрбэккэ эрэ бэйэлэрэ үллэстэ олороллор. Бүтэй сэрэйэн батыһан тиийдим. Эттээн-эллээн хайыы-үйэ куулларыгар укта тураллар. Эрэйгин төлүүбүт диэн бу эт бэристилэр. Бурдукпун Лөгүөнтэйдээххэ кээстим, саатар хааһылаан сиэн биир эмэ хоннуннар. – Улаханы ситиспит киһи буолан, эҕэ-дьэгэ буолла, үөрэ-көтө дьабыгыраата. Дьиэ иһэ им-ньим. Ким даҕаны саҥарбат. — Эттэриттэн тииһинээри тыллаабыт эбиккин дии! – диэн ийэм куолаһа титирэстээтэ. Саҥата-иҥэтэ суох им-дьим ороммутун оҥостон утуйаары тэриннибит... Лөгүөнтэйдээх утуу-субуу өлөн, сытыйан эрдэхтэринэ харайбыттар. Оҕонньору, уола Ньукулайы, кыыһа Маайаны таһырдьа баар үүт уурар умуһахтарыгар уган баран, үрдүн суулларан көмпүттэр үһү. Эмээхсин уонна Баабыла тыыннаахтарын иһин оҕуһунан тиэйэн Оҥкучахха турар ампаар дьиэҕэ илдьибиттэр. Туйаара СИККИЭР.
kyym.ru сайтан