Кэпсээ
Войти Регистрация

ТАКСИСТ (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ТАКСИСТ (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
01.08.2024 10:00
“Индрайверынан” такси ыҥыран даачаҕа айаннаан иһэбин. Син уһун айан. Онон саҥата суох олоруом баара дуо, суоппарбын кытта тыл бырахсан күө-дьаа кэпсэтэн бардыбыт. Уйбаан диэн ааттаах таксиһым орто саастаах, кэтит, липпэ буолан баран көрүҥэр соччо дьүөрэтэ суох номоҕон дьүһүннээх, сирэйин-хараҕын олоруута бэрт оттомноох. Саҥатыттан-иҥэтиттэн сылыктаатахха үөрэхтээх киһи быһыылаах. — Бу таксилаабытым аҕыйах сыл буолла. Быстах киирэн үлэлиэм диэбитим да… Үлэ суоҕар үлэ. Мин аҕыйах сыллаахха диэри үрүҥ дьиэҕэ үлэлээбитим. Старшай референынан улахан конкурсу ааһан киирбитим. Ол гынан баран, үлэбин сүтэрбитим. Салаабыт тойоно биир күн ыҥыран ылан баран, баҕаҥ хоту сайабылыанньата суруй диэн көрдөспүтэ. Чугас киһитигэр этэрдии, санныбын таптайа-таптайа биир үрдүк дуоһунастаах киһи кыыһа үөрэҕин бүтэрэн кэллэ, миэхэ булгу үлэ миэстэтэ таһаар диэн тойонум соруйда, онон хайыыр да кыаҕым суох, өйдөө диэбитэ. — Эс, хайдах оннук буолуой? Үлэлии сылдьар киһини оннук тохтотор бырааптара суох! Тоҕо ол эн сайабылыанньа суруйдуҥ? – мин суоппарбын олус да муҥкук киһи эбит диэн аһына санаатым. — Тойонум атын үлэ булан биэриэх буолан тылын биэрбитэ. Ол кэмҥэ бэйэм да санаам ыһыллан сылдьарым. Онон уһуну-киэҥи толкуйдуу барбаккабын, сиргэ силлээн баран тахсан барбытым. Мин суоппарым диэки аһыммыттыы көрөн ыллым. Олус ыарахан санааҕа баттаппыт көрүҥнээх. Ыараханнык өрө тыынан ылан баран олоҕун кэпсээн киирэн барда… — Биһиги Сонялыын улахан тапталынан ыал буолбуппут. Иккиэн соҕуруу куоракка үөрэммиппит. Кини потребительскай кооперация институтун бүтэрбитэ, мин — экономическайы. Дойдубутугар төннөн кэлбиппит. Миэхэ идэбинэн үлэ көстө охсубатаҕа, оттон Соняны тута үлэҕэ ылбыттара. Үлэ көрдөһө сылдьан, таах сибиэ экэнэмиис идэтигэр үөрэнэн, диэн улаханнык кэмсиммитим. Тэрилтэлэргэ тута уопуттаах үлэһит наада этэ. Ол да буоллар, эн-мин дэспэккэ иллээхтик олорбуппут. Мин ханнык баҕарар үлэҕэ сыстаҕаспын, сайын тутууга үлэлээн харчы аахсарым, кыһын таксилаан. Ол сылдьан идэбинэн үлэ көрдүүрбүн тохтоппотоҕум. Араас куонкурустарга кыттан иһэрим. Ханна биллэрии тахсар да, онно докумуоммун биэрэрим. Тест арааһын ааһарым. Барытын син туттарар этим да, кэлин уһугар атыттар ааһаллара. Хата, тестары ааһан иһэн туттарар буоллум диэн күлэрим. Биһиги тыаттан төрүттээхпит, боростуой дьон оҕолоробут. Онон бэйэбит күүспүтүгэр эрэнэрбит. Ыал дьиэтин куортамнаан олорор этибит. Ол курдук хас да сыл ааспыта. Биирдэ кэргэним Соня ыарахан буоллум диэн соһуппута. Мин испэр оҕо туһунан ыра эрэ оҥосто сылдьыбыт киһи олус дьолломмутум. Көтүөхпүн кынатым суох курдуга. Онон дьиэ боппуруоһа сытыытык турбута. Ол сайын дьоммор тыаҕа тиийэммин, ипотекаҕа киирэбит, бастакы усунуоспун биэрэрбэр көмө наада диэбитим. Дьонум барахсаттар сүөһүлэрин эһэн туран миэхэ наадалаах харчыбын биэрбиттэрэ. Онон биир хостоох квартира ылбыппыт. Аны сааспыт тухары төлүүр иэскэ киирбиппит. Эдэр ыалга ый аайы 25 тыһыынчаны төлүүр уустук этэ. Ол да буоллар санаабытын түһэрбэккэ уйабытын оҥостон, кыыс оҕону төрөтөн, тус эйгэбитигэр толору дьоллоохтук олорбуппут. Ол сылдьан мин биир сайын үрдүк сололоохтор хонтуораларыгар үлэҕэ киирбитим. Олохпут табыллан эрэриттэн испэр сэмээр үөрэр этим. Соня даҕаны миигин үчүгэй үлэҕэ киирдэ диэн олус астыммыта. Кырдьык, сотору олохпут таһыма да уларыйан барбыта. Үрдүк хамнас, араас чэпчэтии баара биллэр эбит этэ. Эргэ массынабын атыылаан баран, улахан үчүгэй омук массыынатын ылбытым. Аны оҕоҕо салгын наада диэн, эдэр ыаллар программаларыгар хапсан, уһаайба ылан, дьиэ туттубуппут. Икки өттүттэн дьоммут тыаттан маһынан хааччыйаннар, улахан дьиэ дьэндэппиппит. Мин кыра сааспыттан тыаҕа үөскээбит киһи сиэринэн, тутууга да сыстаҕаспын, онон үлэбиттэн ордор кэммэр чааһынай дьиэбэр астынан туран үлэлиирим. Арай биир күн Соням хараҕа уоттанан ахан кэлбитэ. — Ваня, мин Москваттан кэлбит биллиилээх психолог курсугар сылдьыам этэ. Кини туһунан социальнай сеттэргэ суруйбуттара ыраатта. Олус хайгыыллар. Мин оҕолонон олороммун, олохтон олус хаалаары гынным. Кини бэйэҕэр эрэллээх, ситиһиилээх буоларга үөрэтэр. Ол кууруска сырыттахпына табыллар! — Баҕарар буоллаххына сырыт ээ. Кырдьык, үөрэнэр хаһан баҕарар наада. Инньэ гынан добуоччу харчыны төлөөн кэргэним киэһэ аайы Москубаттан кэлбит тренер үөрэҕэр сылдьар буолбута. Мин испэр аралдьыйдын, миигин да хааччахтыыра тохтуо диэн үөрбүтүм. Бастаан утаа Соня кэлэн тугу барбыттарын, психологтара тугу кэпсиирин туһунан үллэстэн испитэ. Мин туох үөрэх буоларын соччо өйдөөбөтөҕүм. Чиэһинэйбинэн, өйдүү, быһаара да сатаабатаҕым. Үлэм да олус эппиэтинэстээх буолан, мэйиим онто да суох оргуйуох курдуга. — Мин биирдэ бэриллэр олохпун сыыһатык да олорор эбиппин! Хараҕым дьэ аһылынна. Мин эдэрбин, отуппун саҥа аастым, кэрэ көрүҥнээхпин уонна бу эйигин кытта ыт уйатын саҕа квартираҕа олоробун! Акаары да эбиппин! – биирдэ киэһээҥҥи аһылык кэннэ иһити сууйа туран кэргэним атыннык туойан турда. Мин тугу да диэхпин билбэккэ, саҥата суох олорбутум. — Тугу дөйөн баран олороҕунуй?! Эн эр киһи үһүгүн дуо? Дьиҥнээх эр дьоннор хамнастара биэс сүүс, онтон үөһэ буолар! Мин хаарыан эдэр сааспын бу эн курдук кыра киһиэхэ барыы олоробун! – диэн баран, маккыраччы ытаата. — Соня, эс, бу эн тугу-тугу туойан бардыҥ? Мин үлэбэр элбэх киһи ымсыырара буолуо ээ. Хамнаһым да тиийэр дии. Квартиралаахпыт, даачалаахпыт, массыыналаахпыт. Уонна туох наада? Эн үлэлээбэккэ олорбутуҥ иккис сылыгар барда дии? — Өссө үлэлээбэккэ иитиллэн олороҕун диэриий?! Бэйэтин ытыктанар дьахтар үлэлиэ суохтаах! Кини эрэ аҕалар харчытынынан бэйэтин көрүнүөхтээх! Дьахтар диэн таҥара бэлэҕэ! Эр дьоннор аналлара – дьахталларын иитээһин, – эмискэ уларыйан хаалбыт сирэйдээх, тымныы баҕайытык көрөн олорон салгыы саҥарда. – Эн миигин үйэм тухары хамначчыт оҥостуом, баҕардахпына буор босхо хоонньоһуом дии санаабытыҥ дуо? Суох! Тохтууруҥ буолуо! Ити кэпсэтии кэнниттэн кэргэним атын киһи курдук буолбута. Олохпут тута огдолуйан барбыта. Мин олох олороору тулуйа сатаабытым, үөнэ киирбитин курдук тахсыа дии санаабытым. Арай биир күн үлэбиттэн кэлбитим, сууттан бэбиэскэ кэлэн сытара. Соня арахсарга сайабылыанньа биэрбит этэ. Ойохпун ааттаһан көрбүтүм да, суох, санаатын булгуруппатаҕа. Бэйэтин курдук сарахынаспыт дьүөгэлэрдэммитэ, оҥосто-оҥосто онно-манна сылдьаллар этэ. Арааһа, олигархтары көрдөнөн эрдэхтэрэ. Кырдьык, мин Соням баай, кыахтаах киһини булбут быһыылааҕа. Ол гынан баран, ол киһитэ ыал аҕата этэ. Ону ол диэбэккэ, халыҥ харчыга, чэпчэки олоххо ымсыыран тапталбытын таҥнарбыта, оҕобутун тыыннаах тулаайах оҥорбута. Мин квартираттан тахсан барбытым, бэйэм туттубут мас дьиэбэр олоробун. — Оттон… Кэлин кэргэннэммэтэҕин да? Эдэр, испэт-аһаабат киһи сиргэ-буорга сыппат кэмэ ини. — Ээ, суох… Аны дьахталлартан кэһэй буоламмын, бэйэм бэйэбэр сылдьабын. Быстах сыһыаннар бааллар да, олохпун оҥостуох кыыһы көрсө иликпин. —Ол эн, ити түбэлтэттэн дьахталлары барыларын итинник саныырыҥ сыыһа. Бэйэҥ да ойоҕуҥ кэлин өйдөннө ини, хайа муҥун баай дьон кокууккалара буола сылдьыай. Ол баай дьоннор бары ойохтоох, оҕолордоох буоллахтара дии. Хайдах итинник киирэн биэриэххэ сөбүй?! Ол соруйан да, дьиэ кэргэн укулаатын айгыратаары куораттары кэрийэ сылдьан таҥнары үөрэтэр дьоннор буолуо. Бу курдук төһөлөөх ыал олоҕун алдьаппыттара буолуой?! Кинилэргэ суут-сокуон суох буоллаҕа дии! – диэн абатыйан мөҥүтүннүм. Даачабар кэлбиппит ыраатта. Таксиһым сатамматах олоҕун туһунан миэхэ кэпсээн чэпчээтэ да быһыылаах. Оттон мин бу курдук дьон олоҕунан оонньуур ол-бу психологтар, “коучтар”, секталар көҥүл айбардаан, харчы өлөрөллөрүн санаан, өссө да өр абатыйбытым…
edersaas.ru сайтан