Кэпсээ
Войти Регистрация

Биир күн (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Биир күн (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
01.02.2018 20:00
Күнүм туох да уратыта суох саҕаламмыта: сарсыар­дааҥҥыбын аһаат, сиирэ-халты таҥнаат, үөрэхпэр хойуутаамаары эрдэ тахсыбытым. Оптуобуһум 5 мүнүүтэнэн кэлбитэ. Кэм даҕаны оптуобус иһигэр сылайбыт, эрэйдэммит, утуктаабыт сирэйдээх дьон толору. Олорор да сир суох. Сарсыарда 7 чаас, биллэр дьыала… Оптуобус ортотугар турдум. Хата, олорооччу, тураач­чы дьон барыта көстөр. Түгэх­хэ олорор уол, дьонтон тэйиччи буола сатаан түннүккэ сыстыбыт, хараҕа таһырдьаттан арахпат. Аттыбар турар дьахтар тоҕоноҕунан алҕас киһини таарыйда. Ону билбэккэ да хаалла быһыылаах, толору «бөҕүнэн» туолбут суумкатын салгыы хасыһа турда. Суумката – толору кинигэ, тэтэрээт… Иннигэр турар эр киһи оптуобус эмискэ тохтоотоҕун ахсын охто сыһан, биир дьахтарга кэтиллэр. Дьахтар кыыһыран, иһигэр тугу эрэ ботугуруур, маатыралаан ылар. Кими даҕаны таарыйбатах, кыыһырдыбатах киһи диэн, кытаанахтык тутуһан турдум. Саатар, түннүк сабыылаах этэ, ип-итии, көлөһүн, айах, атах сыта… Хас да тохтобул кэннэ өлбөөркөй күммүтүн биир тү­гэн уларыппыта. Биир тохтобулга ийэлээх кыыс киирдилэр. Кыыһа уҥа илиитигэр эһэ оонньуурун «кимиэхэ да биэрбэппин» диэбиттии, ыга кууһа сылдьара. Оонньуура илдьирийэн, тырыттан, олус эргэтэ биллэрэ: маҥан өҥө сиэрэйдиҥи буолбут, аҥаар хараҕын оннугар тимэх тигиллибит, төбөтө субу туллан түһээри намылыйа сылдьара. Кыыс халтаҥ кыһыл сон­ноо­ҕо, сибэккилэрдээх оруо­сабай бэргэһэлээҕэ, тэлээр­кэй дьууппалааҕа. Ийэтэ кыы­һын «ханна да ыыппаппын, хайа да түгэҥҥэ харыстыам» диэбиттии, сиэтэ сылдьара. Күн ахсын көстөр хартыына буолуо эбит даҕаны, ийэтэ – сэттэ уончалаах эмээхсин, кыыһа – отуччалаах. Быраас буолбут суох эрээри, кыыһа ЗПР (задержка психического развития) диэн сэдэх ыарыыга ыалдьар быһыылааҕа. Оннук ыарыылаах киһи этэ-сиинэ киһилии сайдар эрээри, өйө-санаата оҕотук сылдьар. Кырдьаҕаска миэстэ туран биэрбиттэригэр эйэҕэстик ымах гынаат, төбөтүн илгистибитэ. Кыыһыттан кыратык да тэйиччи туруон баҕарбата көстөрө. Сыллаан-уураан, тылынан да көрдөрбөтөр, тэйиччи да турдарбын, ити курдук ийэ күүстээх, истиҥ тапталын көрбөтөҕүм. Дьон киирэр-тахсар, олорор-турар, бары күннээҕи кыһалҕаларыгар баттатан сылдьаллар. Саатар, ийэлээх кыыс тэҥҥэ олоруохтарын ким даҕаны туран биэрэр санаата суоҕа, бары сиргэммит дуу, сэнээбит дуу харахтарынан көрөллөрө, сорохтор ырытан сибигинэһэллэрэ. Кыыс биир илиитинэн эһэ оонньуурун, биир илиитинэн ийэтиттэн тутуһа сылдьар буолан, оптуобус эмискэччи тохтообутугар охто сыһан, иннигэр олорор кыыһы кыратык таарыйан ылбыта. Анараа кыыс хайыһа түһээт, хатан куолаһынан: «Фуу, аргыый тур! Сэрэнэн хамсаныаххын!» – диэтэҕэ үһү! Эмискэ оптуобус иһэ иһийэн хаалла. Кыыс тылыттан бары да соһуйан ах бардылар быһыылаах. Сибигинэһэ олорбуттара ханна да суох буолла, ити кыыс быһыыламмытыттан бары да кыбыста, саата санаатылар быһыылаах. Түннүгү одуулуу олорбут уол кыыс диэки хайыста, хараҕын тиэрэ көрдө. Били, кыыһыра турбут дьахтар чиккэс гына түстэ. Эмээхсин түргэн үлүгэрдик кыыска «бырастыы гын» диэтэ. Оҕотун көхсүттэн имэрийдэ, «барыта үчүгэй, долгуйума. Көрүүй, күн тыган эрээр…» дии-дии кэпсии истэ. Кыыһа эһэ оонньуурун өссө күүскэ ыга кууста, уоһун чорботто уонна төбөтүн ийэтин
санныгар уурда. Кэлэр тохтобулга икки миэстэ босхолонно. Ол да буоллар ким да олорбото. Ийэ кыыһыгар: «Тоойуом, олоруох, оонньуургун аҕал миэхэ, тутуоҕум. Дьиэҕэ тиийдэхпинэ, остуоруйа кэпсиэм, эһэчээҥҥин кытта утуйуоҥ. Сөп дуо?» – дии-дии төбөтүттэн имэрийдэ. Оптуобус иһэ уу чуумпу этэ. Ким да сибигинэспэт, суумкатын хаһыспат, кыыһырбат. Сиилээбит, сиргэммит харахтар ийэлээх кыыһы одуулаабакка, бу сырыыга иннигэр олорор кыыһы көрөллөрө. Кыыс дьон көрөрүн тулуйумуна, ыксаабыттыы, бытархайын ыһыкта сыһа-сыһа оптуобустан тахсан барбыта. Көннөрү күн этэ. Ол эрээри оптуобус хас биирдии айанньытыгар бу күн үгүһү толкуйдаппыт, санаатын уларыппыт буолуохтаах. АЙТАЛЫЫНА. «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан