Кэпсээ
Войти
Регистрация
Анды оҕолообуттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Анды оҕолообуттар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
26.01.2023 16:55
Урукку оҕонньоттор анды төрүүр-ууһуур, саарыыр күөллээх буолаллара. Билигин андыны харахтаабат буолан сылдьабыт. Андылаах дьылга сүүһүнэн анды саҥа дайарын саҕана булт оҥостоллоро. Дьэ, көр диэн онно буолара үһү. Билигин санаатахха, кырдьык, кытаанах курдук. Оччолорго сүүһүнэн анды төрөөбүт күөлүгэр хара бадараан, бырыы курдук оргуйан олорор буолара үһү. Оҕонньоттор оҥостон тахсаллара үһү. Арааһа, саҥа оттуу киирэн баран тахсаллар быһыылаах. Киһи дьиктиргиэх, илимнээх тахсаллар эбит. Кэпсээннэриттэн сэдиптээтэххэ, дириҥ чүөмпэлээх сиргэ төрүү сытар, саарбыт андыны ууга сырсан, саа сэбин бараабат оҕонньоттор эбит. Сыл аайы анды этин бэрсэр билиилээх күөллээхтэрэ. Ол күөл аатын сураһан көрөрүм да олох эппэт этилэрэ. Буолумуна, сыл аайы аһатар күөллэрин эйиэхэ сирдээн биэрэллэрин кэтэс. Бу да сырыыларын «айахтара аһыллан» кэпсээбиттэриттэн суруйдум. Билиигэ олох үөмэ сылдьан, тыаллаах күн илимнэрин күөл хайа диэки анды саарбытын билэн баран, ол өттүгэр чорохолорго иилтэлээн кэбиһэллэр эбит. Биллэн турар, ханан ааһыахтарын билэн эрдэхтэрэ. Дьэ, ити курдук «илим үтэн» баран, икки тыынан эргийэ киирэн күн аҥаара көтүппэккэ үүрэллэр эбит. Халҕаһа курдук устан кэлэн кытыл олох чугаһаатаҕына, били саарбыт андылар кыайан көтүмүнэ, ууну таһыйбытынан сүүрэн кэлэн, били иккис түөлбэтигэр таҕыстахпыт диэн көтүөхчэ-көппөккө ол илимҥэ иҥнэн булумахтаналлар үһү. Биир эдэрдэрэ дьэ ол илимҥэ иҥнибиттэри «астыырга» хаалар эбит. Баалкылаах сылдьан тобуойдуур үһү. Күҥҥэ иккитэ, бэркэлээтэхтэринэ, үстэ үүрэллэр. Ат ындыытын, кэмэ куйааһа бэрт буоллаҕа, аттара уйарын ыллылар да, бүтэн хаалаллар эбит. Үс ат ындыытыгар төһө киирэрин суоттаа. Лаппа симмит киһи хас эмэ сүүһү симэр буолуохтаах. Кэлин андылара аҕыйаан, хоно сытан үүрэр буолбуттар этэ. Анды, баҕар, ити курдук хабырдык туттууттан да аҕыйыан сөп. Ол эрээри, мин билэрбинэн, оччотооҕу оҕонньоттор билиҥҥи көлүөнэ курдук ботуруоннара бүтүөр диэри ыппат этилэр. Сөп буолары бултаатылар да, дьиэлэрин быһаллара. Саспыт эһэ Биирдэ оҕонньоттор андылыы сырыттахтарына, кутаттан тыатааҕы олох бу тутуһан туран барбыта үһү. Ону оҕонньоттор тыатааҕы састаҕына, дьэ, саһар да буолар эбит дииллэрэ. Кылгас баҕайы оттоох күөлгэ таах үлүбүөй уста сылдьар кутаттан тахсан барбыт. Ол кута тумус курдуга үһү. Күөллэрэ уста сылдьар куталаах буолан тиийдэхтэрин аайы кытыла уларыйа сылдьар эбит. Бу сырыыга тиийбиттэрэ, киирэ түһээт, тумус курдук уһун синньигэс кута устан кэлэн тиксэ сытар үһү. Биһиги дьоммут тэриллэрин түһэрэн аттарын сыбыдахтыахтарыгар диэри тугу да билбэккэ сылдьыбыттар. Онтон сыбыдахтаммыт аттара тыбыыра-тыбыыра булумахтаммыттарыгар оҕонньоттор чугас кыыл баарын таайбыттар эрээри, от быыһыгар хантан булан ылыахтарай, «билиҥҥи кырдьаҕас тот буолуохтаах» эрэ дэһэн кэбиспиттэр. Билиилэригэр тиийэн илим үтүөхтэригэр, тыыга киирэн үүрэ барыахтарыгар диэри биллибэтэх. Онтон арай биир тыылаахтара тумус кута диэки чугаһаабытыгар чомполонон туран кэлэн, хата, ол оҕонньору соһутан өлөрө сыспыт. Дэмнээтэххэ, эрдиинэн саайбыта буоллар, табыах сиртэн туран кэлбит. Ортотугар диэри ууга сылдьар буолан бытаардаҕа буолуо, ол эрээри бэрт түргэнник тыаны былдьаспыт. Ону өссө оҕонньоттор: «Бу кыанарын, сатыы да киһи уйдарбат кутатын хайдах тэһэ үктээн кэбиспэккэ уйдарара буолла?» диэн кэтэхтэрин тарбаналларын элбэхтэ көрбүтүм. Ол иһин «тыытыспат булчуту кытта тыытыспат» диэччилэр. Соруйан сойуолаһары көрдүүр, булар дииллэр. Оннук үчүгэйдик саһар кыахтаах аарыма кыыл адьырҕата киирдэҕинэ, туох тохтотуой. Һааска быраата. Андаатары эһэр – сыыһа «Байанай» сурунаал 2016 с. 10 №-гэр андаатар туһунан суруллубуту ааҕан баран, санаабын суруйарга сананным. Токоҕо 1935 с. Канаадаттан андаатары аҕалан үөскэппиттэрэ, ол кэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаппыттара. Биһиэхэ, Ньурба Маалыкайыгар, Маай учаастакка Хамыйах Кулуһуннааҕа диэн сиргэ, таһааран ыыппыттара. Бу сир Маалыкайтан 130 км тэйиччи сытар, Марха өрүс үрдүгэр баар күөл. Кыыллара олус үөскээн, 1944 с. эргин бултанан барбыта. Канадаҕа андаатары «бастыҥ бүлүүдэ» гынан сииллэрэ, ону ааһан кэнсиэрбэ оҥороллоро биллэр. Биһиги дьоммут андаатар этин сииргэ сэрии саҕана үөрэммиттэрэ. Элбэх андаатары бултаабыт дьылларыгар булчуттар дэлби уойан киирэллэрэ. Ол курдук, этэ олус иҥэмтэлээх ас, сыата сөтөл эмэ буолара биллибитэ. Андаатар тириитэ (түүтэ) – бөҕө таҥас. Ааспыт үйэ ортотуттан бэттэх Сэбиэскэй Сойууска эр киһи үксэ андаатар бэргэһэлээҕэ, дьахталлар саҕынньах кэтэллэрэ. Ол эрээри билигин муода уларыйан, дьахтар үксэ нуоркаҕа көстө. Онон андаатар муодаттан тахсан, сорох дьон кинини буруйдаан эрэллэр. Айылҕаны алдьатааччы эмиэ андаатар буолла. Бэл, «сир үрдүттэн эһиэххэ, дьааттыахха» диэн суруйар буоллулар. Оттон андаатарга анаммыт дьааты түбэһэ түспүт атын харамай сиэн эмиэ өлүө дии. Дьэ, ол оннугар сыанатын эбэн, андаатар булдун күүскэ тэрийиэххэ. Оччоҕуна булчут даҕаны дохуоттаныа. Кытайдар андаатар тириитин атыылаһалларын истэрим. Баҕар, кинилэр ону кырааскалаан нуорка диэн атыылыыллара буолаарай? Мин оҕо сылдьан 60-с сс. саҥаларыгар биир дьахтар андаатар соннооҕун Москубаҕа ыытан нуоркатыҥы гына кырааскалаппытын, ону дьахтар барыта ымсыырбытын өйдүүбүн. Биһиги андаатары Хамыйах Кулуһуннааҕа диэн улахан күөлгэ (1980-1990) муус устар 1 күнүттэн бобуллар буолан, кулун тутарга бултуурбут. Күөлбүт устата 5 км. Хас да күөл холбоспут буолан, элбэх тумуһахтаах. Андаатар буорга уйаланар, онон киһи барытын эһэр курдук бултаабат этэ. Сыл ахсын элбэхтик үөскүүрэ. Сайынын – от силиһэ, кыһынын балык аһылыктаах эбит. Өрүс таһынааҕы күөл буолан, сордоҥ, алыһар ыамата элбэх буолара. Уйатыгар араас кыра-улахан собону таһааран сиир эбит этэ. Сороҕор бөдөҥ собону таһаарбыта кутуруга хамсыы сытарын хомуйан, буһаран сиирбит. Буор уйатыгар элбэх холлороонноох буолааччы. Онтун халлаан тымныйдаҕына, сороҕун сордоҥ ыаматынан бүөлээн сытар буолара. Арааһа, тымныы киирэрин иһин буолуо. Киэһэ аайы андаатар этин уһуннук оргутан (5-6 чаас), сойутан баран сиирбит. Инньэ гымматахха, этэ кытаанах буолар. Онон андаатары имири эспэккэ, сыанатын үрдэтэн бултуохха. Тоҕо диэтэххэ, хамсыыр харамай, көтөр-сүүрэр сыл аайы аҕыйыы турарын учуонайа да суох киһи билэр. Ким эрэ аҥаардас бөрөнү-андаатары дьааттыахха, кубаны эһиэххэ диирэ тутах. Сорохтор, бэл, сиэмэх диэн, кииһи кытта эһээри гыналлар. Ол – табыллыбат. 70-с сс. саҥаларыгар аһара курааннаан, аһыҥа турбута. Инньэ гынан дойду сир ходуһаларыгар нэдиэлэни быһа сөмөлүөтүнэн дьаат (гексахлоран) ыстарбыттара. Ол түмүгэр, бэл, чыычаах ыллаабат да, көппөт да буолбута. «Дьааты сиэбит аһыҥаны сиэн сүһүрдүлэр» диэн кырдьаҕастар тойоннууллара. Кэлин гексахлоран олус күүстээх, хамсыыр харамайга кутталлаах диэн бобуллубута. Онон туһата суох дии-дии, көтөрбүтүн-кыылбытын дьаныһан туран суох оҥордохпутуна, ийэ айылҕабытыгар туох харамай хааларый? Н.Тихонов, Ньурба, Маалыкай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан