Кэпсээ
Войти
Регистрация
Соҕотох (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Соҕотох (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.01.2018 17:00
Наара орон анныгар эриэн дьүһүннээх ыт саҥа төрөппүт оҕотун бэркэ кичэйэн салыыр. Бу Найда диэн уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, иҥииринэн хаппыт, сытыы көрүҥнээх булчут бэрдэ тыһы ыт. Хаһаайыныгар Тиихээҥҥэ бэртээхэй булчут ыттар оҕолоро тиксибитэ. Ол күһүн буоларын курдук, Тиихээн Боотур диэн иннигэр-кэннигэр уктар ытынаан саарбалыы тахсыбыта. Кини саарбаны сонордоһор төһө да сыралааҕын иһин, өрүү бултаһар, дьарыгырар, ымпыгын-чымпыгын балайда баһылаабыт, эбиитин хара тыата суох олох табыллыбат киһи. Туйахтаахха түбэһэн, ыта үрэн, тохтотон хаайдаҕына эрэ бултаһар. Ытын тайаҕы улаханнык эккирэтиннэрэ сатаабат, хаһаайына буойдаҕына ыта да улаханнык ирдэһэ сатаабат буолара. Бу күн ыта инниттэн тайахтары туруоран эккирэтистэ. Оҕолоох кыыл буолан, ыраатыннарбакка үрдэрдэ. Ыта хаайан турар сиригэр чугаһаан истэҕинэ, аны икки ыт үрэрэ иһилиннэ. Арааһа, дьон ыта кэлэн кыттыста дии санаата. Атыттан түһэн маска эрийэ тардан баайа охсоот, сымсатык туттан, сыбдыйан үөмэн киирдэ. Көрдөҕүнэ кыра талаҕынан эргиччи үүммүт маарыкта кытыытыгар оҕолоох кыылы Боотурун кытары эриэн ыт үрсэ сылдьар. Булчут киһи төһө да булду бултаабытын иһин, сүрэҕэ син биир толугуруу мөҕүстэ. Тиихэн обургу маны мүччү тутуо дуо, кыраҕы харах, бэргэн ытааччы Байанайа бэрсибитин табан охтортоото. Били, эриэн ыт саа тыаһыттан куоппатаҕын, булка сыстаҕаһын Тиихэн сөбүлүү санаата. Ыттар уоскуйбуттарын кэннэ, ыалдьыты ыҥыран сыныйан көрдө. Сирэйэ-хараҕа сытыытын, иҥиир ситиитин сөбүлээтэ. Олох аччык сылдьарын тута биллэ. -Тыһы ыт эбиккин дуу…Хайа бэйэлээх ыта эбитиҥ буолла, — диэтэ, сэрэнэн төбөтүттэн имэрийдэ. Онуоха ыта үөрбүт, махтаммыт курдук көрөөт, хатыылаах тылынан Тиихэн илиитин салаамахтаата. Ыттар үрэн моргуспуттарын, саа тыаһын истэн, баҕар, бу ыт хаһаайыттара кэлиэхтэрэ дии санаан, кэтэһэ таарыйа табахтаан бусхатта. Үүтээнэ мантан син тэйиччи. Булдун биир күн таспата биллэр. Ол иһин холболуурга сананна. Кэтэһэн көрө-көрө тайахтарын астаан бүтүөр диэри ким да биллибэтэ. Хайыай, булдун соҕотоҕун тиэнэн үүтээнигэр барар буолла. Хата, били кэлии ыта эйэҥэлээн иннигэр сылдьар. Боотура да доҕордонон үөрбүт-көппүт көрүҥнээх. Тиихэн дэриэбинэттэн булчуттартан ким эмэ ытын сүтэрбэтэх дуо диэн ыйыталаһан көрдө да, мэлийдэ. Онон булумньу ытын Найда диэн ааттаата. Тиихэҥҥэ Найдата сылдьыбыта быйыл үһүс сыла. Бу бастакы төрөөһүнэ. Боотурун кытары иссиһиннэрбитэ, саарбаҕа олох атамаан. Хата, туйахтааҕы соччо ирдэһэ сатаабат буолла. Олох ыы муннуларынан түбэһэ түстэхтэринэ эрэ үрэн, хаайан биэрэллэр. Тиихэн оронун аннын өҥөйөн туран сымнаҕастык: -Хайа, хотуой, хас оҕону көрдөрөҕүн, — диэтэ. Аһата ыҥырда. Найда өй хаата. Орон анныттан тахсаат аан диэки баран, хаһаайынын диэки кылап-халап көрдө, кулгаахтарын сытыарда, кутуругун хамсатта. Тиихэн ыттарын кытта куруук кэпсэтэр буолан, кимнээҕэр өйдөһөллөр. Тиихэн хас көрүүтүн, хамсаныытын эндэппэккэ билэллэр. Этэргэ дылы, ыттара киһилии эрэ саҥарбаттар. Тиихэн ытын таһырдьа таһааран баран орон аннын көрбүтэ, улаҕа ийэтин курдук эриэн дьүһүннээх ыт оҕото сытара көһүннэ. Тиихэн соҕотох ыт
оҕотун тутан таһааран эргитэн-урбатан көрдө-иһиттэ. -Көр, мантыкайбыт атыыр. Аҕатыттан ол бэриллибит. Дьүһүммүт ийэбит курдук, — дии-дии үөрэн мичийдэ. Сыл-хонук элэстэнэн ааһа оҕуста. -Соҕотох, Соҕотох кэл, — диэн ыҥырар саҥаны истээт, атаҕар лаппа кыанар, уһун систээх иҥиир ситии ыт салгыҥҥа кыырайа-кыырайа ойуолаан, талах быыһыттан тахсан кэлэн аттаах киһини ситэ баттаан, иннигэр киирэн ойуоккалыы турда. Боотурдаах Найда ойоҕолуу көстөн ааһаллар. Икки сыл иһигэр Соҕотох ийэтин, аҕатын кытта сылдьан бултуурга үөрэннэ, бэйэтэ да кыра эрдэҕиттэн сүрэхтээх, дэгиттэр буолан, бэрт түргэнник ылыммыта. Бастаан саарбаҕа барыах курдук гынан баран, кэлин туйахтаахха оҕунна. Хаһаайына ирдэһэн бултаспатын билэр эрээри, кыылы син биир дьаныһан эккирэтэр. Тиихэн улахан ыттары тайахха кучуйар диэн соччолообот. Эһэни кытта хаста да үрэ сылдьыбыттаах. Улахан ыттара хаһаайыннара буойалларын истэллэр. Бу ыт, саараама. Быйыл саарбаҕа барбатаҕына, атыылыах санаата киирэр. Бу күн Тиихэҥҥэ дэриэбинэттэн табаарыстара бултуу, сынньана кэллилэр. Олору кытта хотуттан сылдьар 50-лаах киһи сири-дойдуну көрө, билсиһэ диэн кэлсибит. Киэһэ буоларын курдук, үүтээҥҥэ булт, ыт туһунан кэпсэтии күөдьүйдэ. Тиихэн Соҕотоҕун туһунан кэпсээтэ. Силип ону сэргээн, атыылаа диэн турда. Бултаабыттара хаһыс да күнүгэр ыттар саарба суолун эккирэтэннэр, аны арҕахха тайана түстүлэр. Соҕотох эрдэ үрэ сылдьыбыт билэр кыыла буолан, киҥэ-наара холлон иһирдьэ өҥөйө-өҥөйө үрдэ. Тиихэн дьонун кытта түргэн үлүгэрдик имнэнсэн, Байанай үктэппитин бултаһарга сананнылар. Ыттар баайтарар бокуой биэрбэккэ, биир кэм арҕах иннигэр кыыллара туран үрэ сырыттахтарына, сүдү кырдьаҕас бастаан төбөтө быган ылла. Быыс булан ыппакка хааллылар. Онтон сүр эмискэччи ойон тахсаат, тыһы ыты харбаан ылла да орулаппытынан хам баттаата. Соҕотох Боотуру кытта эһэҕэ хатааста түстүлэр, ону кытары тэбис-тэҥҥэ хас да саа тыаһа биирдэ өрө хабылла түстэ. Эһэ киһи куйахата күүрүөх часкыыра, ыт өлөр саҥата, киһи хаһыыта барыта биир кылгас түгэҥҥэ холбоһон тыа баһа сатараата. Эһэ тута барда, тыһы ыты баттыы налыс гынна. Боотур муннунан, ойоҕоһунан, айаҕынан хаана тыгыахтаабытынан, ойоҕолуу сүүрэн үнүөхтээн иһэн, охтон түһээт, ыйылыыр икки ынчыктыыр икки ардынан иһин түгэҕиттэн саҥа таһаарда, көхсө хардьыгынаата, таттаран ылла уонна «Бырастыы гын, миигин. Алҕас…» диэн ааттаһардыы дьон быыһынан киниэхэ сүүрэн иһэр хаһаайынын диэки кылап гына көрөн ылла, тиһэх тыынын таһаарда, налыс гынна. Ити кэмҥэ Соҕотох, хата, буулдьаҕа таптарбакка, эһэҕэ хатаастан баран илгиэлии сырытта. Тиихэн ытыгар сүүрэн тиийэн кууһа түстэ уонна: «Оо, барахсаттарбыан!», — диэн сүр күүскэ ис-иһиттэн улаханнык абаран-сатаран хаһыытаата. Бэргэһэтинэн сирэйин саба тутунна, ытын үрдүгэр умса нөрүйдэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр, сибилигин эрэ аҕай сүүрэ-көтө сылдьыбыт хаарыан ыттара… Булчуттар үөрүйэхтэрэ тийбэккэ уонна омуннуран сыыһа туттунууларыттан икки булчут ытын тыына быстыбыта Тиихэн сүрэҕин ыарыылаахтык хаарыйбыта. Онтон ыла сирэ-халлаана хараҥаран хаалбыкка дылы буолбута. Булчуттар сиэр-туом тутуһан, кырдьаҕастарын уку-сакы астаабыттара. Оттон Тиихэн Соҕотоҕо
тыыннаах хаалбытын да үрдүнэн тоҕо эрэ үөрүөх санаата кэлбэтэҕэ. Төттөрүтүн, Соҕотоҕун диэки кырыылаах хараҕынан көрүтэлээн ылбыта. Күн-дьыл устан ааһан испитэ. Тиихэн Соҕотоҕун илдьэ сылдьан саарбалаан көрбүтэ да, туһа тахсыбатаҕа. Ыта саарбаны ирдээбэт, буруолуу сытар суолун да батыспат этэ. Онтон Тиихэн санаата түһэн, ньиэрбэнэйдээн, онуоха анараа ыттарын сүтэрбит аһыыта ааһан-араҕан биэрбэккэ, Соҕотоҕун сүгүн аһаппат да буолбута. Эгэ, уруккутун курдук киһилии налыччы кэпсэтиэ баара дуо?! Оттон Соҕотох тайаҕы ирдэһэн, хаайан, баһа саллайыар, күөмэйэ бүтүөр диэри үрэр этэ да, ким да ол хаайбыт булдун бултаабатаҕа. Хаһаайына өсөһүгэр да барбат этэ. Ыт кэлин сүгүн да аһаабат буолан, сороҕор дьиэтигэр бэрт нэһиилэ кэлэрэ. Хаһаайына буоллаҕына саарбалаабат диэн эбиитин абааһы көрөр буолбута. Соҕотох майгыта тосту уларыйан барбыта. Оттон Тиихэн тоҕо эрэ улахаҥҥа барыахтаах ытын сүтэрэн эрэрин толкуйдаан да көрбөт этэ. Били, Соҕотоххо ымсыырбыт Силип биир саарбаһыт ыты булан, үөрэн-көтөн биир күн Тиихэҥҥэ тиийэн кэлбитэ. Тиихэн Силиби үүтээн таһыгар утары тахсан көрсүбүтэ. Силип атастаһыкка аҕалбыт ытын тугу да эппэккэ эрэ баайан кэбиспитэ. Итиэннэ үүтээҥҥэ киирэн иһэн, Соҕотох уйатыгар суоҕун, кыраһаҕа ыт атаҕын да суола көстүбэтин дьиктиргии санаабыта. Чэйдээн, сонун кэпсэтэн баран кэмниэ кэнэҕэс атастаһыкка ыт аҕалбытын эппитэ. Итинник үчүгэй ыт туһуттан үөрүүтүгэр эбиитин саа биэриэх буолбута. «Кэлэр ини, тыаҕа сылдьара буолуо. Итинник сүтэн баран кэлээччи» диэн хоруйу кэтэһэн киһитин утары көрөн олорбута. Онуоха биирэ түннүгүнэн ырааҕы одуулаһан, санааҕа баттатан олорбохтообута. Онтон эмискэ: -Дьэ, доҕоор, биир күн хойутаабыккын. Миэхэ туйахтааҕы бултаһар, ирдэһэр ыт наадата суоҕун бэйэҥ билэҕин. Төннүбэт сиригэр ыыппытым. Баҕар оннук атын сир баар буоллаҕына, тиийэн онно бултаатын, барахсан, — диэн баран үрүүмкэлээх арыгытын хантас гыннарбыта. Силип наһаа ымсыырбыт ытын, Соҕотох барахсаны абалаахтык куоттарбытыттан хомойон, бөтө бэрдэрбитэ. Иһин түгэҕиттэн бэрт нэһиилэ: «Эс! Ха-хайдах?!», — диэн бэрт нэһиилэ ыган таһаараат, хараҕын уута халыйан кэлбитин туора илгээт, таһырдьаны былдьаспыта. Таһырдьа хаар оргууй тэлээрэн түһэрэ…Силип үөһэ диэки хантайан ыраас салгыны бокуойа суох ыймахтаабыта. Бу түүл, алҕас буоллун даа диэн иһигэр баҕара санаабыта… Хараҕын уута бокуойа суох иэдэһин устун сүүрбүтэ. Санаатыгар тыа диэки өөр да өр одуулаһан турбута. Арай… арай Соҕотох бу сүүрэн иһэр буоллун диэн баҕа санаатын хараҕар оҥорон көрө сатаабыта. Онтон эмискэ: «Соҕотоох, Соҕотоох!», — диэн хаһыыта иһиллээбит курдук чуумпуран турбут хара тыа баһын сатарыппыта. Тоҥуу хаарга тобуктуу түспүтэ уонна: -Соҕотоох, Соҕотох! Оо, саатар биир күнү эрдэлээбэтэхпиэн! Эйигин өрүһүйэ, быыһыы кэлбэтэхпиэн! Бу кыһыытын, абатын! Мин буруйдаахпын, Соҕотоох, мин, эйигин быыһаан ылбатахпар, — өөр да өр сирэйин туттан умса түһэн олорбута. Онтон: —Атын сир диэннэрэ чахчы баар буоллаҕына, тоойуом, онно тиийэн этэҥҥэ бултаар дуу…»,— диэн ботугураабыта, хараҕын уута ыраас хаарга
таммалаабыта. ТЫАЛ, Мэҥэ Хаҥалас, Чүүйэ. Хаартыскалар: интэриниэттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан