Кэпсээ
Войти Регистрация

Сыт туһунан

Главная / Кэпсээн арааһа / Сыт туһунан

K
26.01.2023 16:50
   «Кыымҥа» «Сыт абылаҥа» диэн ааттаах сурук тахсыбыта (10.11.2016). Сурук ааптара, 46 саастаах киһи, 25 саастаах эдэр дьахтары биирдэ төбөтүттэн сыллаан ылан баран букатын иэдэйбитин суруйбут. Кыыс сыта мэйиитигэр тиийэ хатанан хаалбыт. Биирдэ эмиэ түгэн булан, иккистээн төхтүрүйэн сыллаан баран, туох да быыһаабатын курдук харааччы иирбит. Ааптар суругун түмүгэр: «Дьикти ээ, дьахтар тас дьүһүнүгэр буолбакка, сытыгар ылларан иирбиккэ-итирбиккэ холооно суох булкуллуу...» – диир. «Онтон сылыктаатахха, дьон олоҕун оҥосторугар, дьолун буларыгар сыт кырата суох оруолу толорор быһыылаах» диэн са­наатын этэр.        Өксөкүлээх Өлөксөй «Кырасыабай кыыс» диэн айымньытыгар кыыс кэрэтин-үтүөтүн, майгыта үчүгэйин, таҥаһын-сабын бэрт сиһилии ойуулаабыт эрээри, сытын туһунан суруйбатах.    Оттон айылҕаҕа хайдаҕый? Үрүмэччи сорох көрүҥнэрин атыыра тыһытын уонча биэрэстэлээх сиртэн сытынан билэн кэлэр эбит. Онно эмиэ ыксал бөҕө буолара өйдөнөр, эмиэ ол сыты ылан атын атыыр үрүмэччи бөҕө кэлэн истэхтэрэ. Хойутаата да, «дьолтон» матар. Биллэн турар, эр киһи ол атыыр үрүмэччигэ хантан тиийиэй? Төбөтүттэн тиийэн сыллыар диэри сыты ылбат буоллаҕа.    Саас халлаан сылыйдаҕына ыттар «сыбаайбалара» саҕа­ланар. Кэтээн көрдөххө, биир эмэ атыыр ыт тыһы ыт кэннин тиийэн сытырҕалаан көрөн баран, тэйэ хаамар. Арааһа, кини эмиэ сөбүлүүрдээх-сөбүлээбэттээх быһыылаах. Атын атыыр ыт кэлэн сытырҕалаан баран тута оонньоһон барар, арааһа, сытын сөбүлээн ити үөһэ киһи кэпсиирин курдук «харааччы иирэн хаалар» быһыылаах. Сүө­һүгэ эмиэ оннук. Атыыр оҕус ынахха чугаһаан баран сы­тырҕалыыр, ол кэннэ астыммыт сирэйдээх-харахтаах халлаан диэки одуулуур, тугу эрэ толкуйдуур курдук таалан турбахтаан баран... ынах үрдүгэр баар буола түһэр.    Киһи сыты билэринэн үөҥ­ҥэ-көйүүргэ, көтөргө-сүүрэргэ тэҥнэспэтэ өйдөнөр. Ол да буоллар, сыт эр киһи уонна дьахтар сыһыаныгар суолтатын туһунан хам-түм бэчээккэ эмиэ суруйаллар. Ону баара, кэрэ аҥаардарбыт духуунан, одьукулуонунан, туалетнай уунан уо.д.а. үлүһүйэн, дьиҥнээх айылҕаларын сытын сүтэрэр, кистиир эбиттэр. Инньэ гынан, кинилэр бэйэлэрин сыттарынан угуйуохтаах, «харааччы иирдиэхтээх» да дьоннорун мүччү тутар буолуохтарын сөп.    Сороҕор, «в здоровом теле – здоровый запах» диэч­чилэр. Кырдьык, киһи туох ыарыылааҕын сытынан билиэххэ сөп эбит. Өссө былыр сорох быраастар ыарыһаҕы көрө-истэ олорон сытырҕалаан ылаллар үһү. Ол гынан бу киһи диабеттааҕын, шизофренигын, сэлликтээҕин, иһэ-үөһэ ыарыылааҕын уо.д.а. быһаараллар.    Түмүккэ, эдэр дьон эр-ойох буолалларыгар тас көрүҥү, ис дууһаны эрэ көрбөккө, өссө бэйэ-бэйэлэрин сыттарыгар болҕомто уураллара хай­даҕый? Бу дьон сыттара дьүөрэлэһэр буоллаҕына ордук сөп түбэсиһэн, тапсан олороойоллор? Быһата, уостан уураһар оннугар сыллаһар быдан ордук, туһалаах уонна эрэллээх эбит. Ханнык да хамсыыр харамай киһи курдук уоһуттан уураспат. Бары сыллаһаллар. Уопсайынан, бэйиэттэр кыыс сытын таптаабыттарын туһунан ырыа-хоһоон айыахтарын сөп этэ.   В.Л. Алексеев, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан