Кэпсээ
Войти
Регистрация
УЛАХАН ОЛОХ (УОЧАРКА)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ УЛАХАН ОЛОХ (УОЧАРКА)
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.01.2018 18:00
Евдокия Андреевна идэтинэн күн суһуктуйуута уһуктан кэллэ. Хоһугар истиэнэ эркинигэр ыйанан турар чаһыта кэм-кэрдии тохтоло суох бара турарын биллэрэн, биир кэм таһыргыыр. Бу чаһы кини олоҕун үгүс чахчытын кэрэһитэ. Саҥа ыал буоларыгар ийэтэ барахсан Татыйыыс бэлэхтээбитэ. Хантан ылаахтаабыта буолла. Арааһа, соҕурууттан төрүттээх кийиитэ биир эмит уоппускатыттан соһон аҕалбыт оччолорго күндү мала буолуо. Баҕар, уола экэнэмиис идэлээх атыы-эргиэн тэрилтэтигэр үлэлиир киһи сайын уунан кэлэр таһаҕаска кэлбитин ылбыта буолуо. Арааһа, ити сөп буолуо. Хайаан саҥаһа соҕурууттан ылан аҕалбыт малын тутан ылыай, кырдьыга даҕаны. Ийээ… Евдокия Андреевна саҥа таһааран ийэтин ыҥырда, дириҥник өрө тыынна. Кэнники кэмҥэ кини дьонун олоҕун элбэхтик эргитэ саныыр. Ыарахан да олох… Кини наар ийэтин модун күүһүттэн сөҕөр. Туохха да бэриммэккэ олох олорор, оҕо-уруу тэнитэр улуу баҕа санаатыттан. Кини кэлэр көлүөнэ ыччата ийэлээх аҕата хайдах-туох олорон ааспыттарын билиэхтэрин баҕарар. Түгэн көһүннэр эрэ кэпсиир да, ол кини эппитин ылыналлар эрэ суох. Киһи орто баайыынан бу сиргэ олороругар төрдүн-ууһун билиитэ силис тардарыгар олус улахан суолталаах эбээт. Ону аныгы ыччат соччо дьыалайдаабат курдук ээ. Сааһыран ситтэхтэринэ ону өйдүөхтэрэ син-биир. Ол аайы ол күҥҥэ-дьылга мин тиийэрим биллибэт… 85 хаарын санныгар уулларбыт кырдьаҕас Бүлүү олохтооҕо, үйэтин тухары атыы-эргиэн эйгэтигэр чиэһинэйдик үлэлээбит, Россия потребкооперациятын туйгуна, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Евдокия Андреевна Данилова ыараханнык өрө тыынна. Кини төрөппүттэрин, бэйэтин сэрии кэминээҕи оҕо сааһын туһунан оҕолоругар, сиэннэригэр анаан, халыҥ тэтэрээккэ лоску-лоскуй суруйан бооччойор. ххх “… Ийэм аах Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр былыргы саах сыбахтаах улахан саха балаҕаныгар олорбуттар. Манна Суханов Иннокентий-Дьэҥкэ диэн Өлүөхүмэттэн төрүттээх киһи кэргэнин оҕолорун кытта олорбут. Дьэҥкэ ыраас, сырдык хааннаах, үрдүк уҥуохтаах, будьурхай чачаххай баттахтаах сахаттан ураты көрүҥнээх киһи эбит. Кини кэргэнэ Дьэлиэнэ Тимофеевна Суханова Бүлүү Чочутуттан төрүттээх. Кинилэр икки уол, икки кыыс оҕолоохтор. Улахан уол Данил, иккис уол Федор диэн ааттаахтар. Кыргыттара Татьяна уонна Агафья диэннэр. Дьэҥкэ бу дойду киэҥ-куоҥ алаастарын, өлгөм балыктаах күөллэрин, бултаах-астаах тыатын ордорон олохсуйбут. Кини кыайыгас-хотугас, үлэһит киһи буолан, элбэх сүөһүнү ииттэн олорбут. Онон наар сүөһү көрөр-харайар үлэтигэр олорон турбакка үлэлээбиттэр. Оччотооҕу ыал сиэринэн орто баайыы, сүөһү-ас баайдаах ньир-бааччы олорбут ыаллар. Уолаттара ситэн-хотон, туспа ыал буолан, атын сиргэ көспүттэр. Ийэм эмиэ улаатан эргэ тахсар сааһын туолбут. Кини сырдык кыһыл хааннаах, куудара баттахтаах бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, курбуу курдук уһун көнө уҥуохтаах бу эҥэргэ чугаһынан көстүбэт кэрэ дьүһүннээх кыыс буола улааппыт. Ол олордохторуна биир саас уу-хаар тахсан эрдэҕинэ кинилэр балаҕаннарыгар сыарҕалаах атынан биир киһи уолун кытта айаннаан кэлбиттэр. — Эһиги кэрэ кыыскыт туһунан истэн, бу анаан көрө кэллибит, — диэбит уол аҕата. Уол кыыһы көрөөт сөбүлээбит. Татыйыыс буоллаҕына наһаа оҕо көрүҥнээх диэн иһигэр мыына
санаабыт. Ол эрээри дьылҕатын батан буоллаҕа, аккаастаабатах. Онон кэлбит дьон төһөҕө кэлэн кыыһы көһөрөн баралларын туһунан болдьоһон баран барбыттар. Кыыһы кэпсэтэн барбыт дьон Дмитриевтар диэннэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин олохтоохторо. Кинилэр кэрэ айылҕалаах сиргэ Арыылаах күөл кырдалыгар турар улахан ампаар дьиэлээх сэнэх ыаллар. Дьиэлэрэ икки улахан хостооҕо, киирэ түһээт улахан саха оһоҕун көрөҕүн, биир хоһугар килиэп буһарар халааҥка улахан оһох баар. Бу дьиэ хаһаайына Дмитриев Данил Иванович кэргэнин Муксунова Анна Максимовнаны кытта бур-буруо унаарытан олорбуттар. Кинилэр биэс оҕолоохтор. Уолаттара Петр, Михаил, Андрей Дмитриевтар. Кыргыттара Анисия, Анастасия диэннэр. Эһээбит барар-кэлэр, эргинэр киһи эбит. Өлүөхүмэ, Алдан куораттарыгар икки атынан эт тиэйэн илдьэн атыылыыра үһү. Кини ойуун буолбатах эрээри, мындыр өйүнэн дьону эмтиир идэлээх эбит. Төбө, кулгаах, уҥуох тостуутун илбийэн, хааннаан эмтиирэ, оттон куртах, оһоҕос ыарыыларын отунан эмтээн үтүөрдэрэ. Дьоннор истиһэн кэлэн, эмтэнэн абыраналлар эбит. Ол иһин кинини ытыктаан Кырдьаҕас диэн ааттыыр буолбуттар. Бу Кырдьаҕас Дайыла уолаттара бары тус-туһунан араспаанньалаахтар. Ол маннык эбит. Эһээм быраата Малардыыр диэн киһи кэргэн ылбакка, оҕо төрөппөккө өлбүт, улахан уол кини аатын үйэтитэн Малардыров Петр Данилович буолбут. Орто уол аҕатын араспаанньатынан Дмитриев Михаил Данилович диэн, кыра уоллара, мин аҕам бэлиэ ааттаах киһи буолаары Тюляховтар аҕаларын ууһун өбүгэтэ Багдааһай диэн киһи олорбут, ол кини аатын ылан Багдасаев Андрей Данилович буолбут. Аҕабыт Өндөрөй ыал кыра уола буолан, дьонун дьиэтигэр кини хаалбыт. Ийэм Татыйаана эргэ баран сүктэн кэлэригэр Дмитриевтар улахан оҕолоро бары туспа ыал буолан олороллоро. Эдэрдэр ол сыл Ороһу ыһыаҕар сылдьыбыттар. Ийэм барахсан ол ыһыаҕы наар ахтар буолара. Кэрэ кийиити ыһыах дьоно батыһа сылдьан көрбүттэр. Бачча бэйэлээх кэрэ кыыс хайаан бу 18 сааһын саҥа туолбут уолга тахсыбытай диэн сөхпүттэр. Ийэм эргэ барарыгар 22 саастааҕа. Ол да буоллар эдэр ыаллар этэҥҥэ олорбуттар. Саҥа тэриллибит колхозка биир аты, ынаҕы холбоон, күргүөмнээх үлэ үөһүгэр түспүттэр. Сотору эдэр ыал эбиллэннэр, кыыс оҕоломмуттар. Кыыстарын Даайыс диэн ааттаабытар. Чачаххай баттахтаах, киэҥ хараҕынан төгүрүччү көрбүт кэрэ оҕо. Эдэр дьахтар кыыһын кэнниттэн утуу-субуу икки уол, биир кыыс оҕону төрөппүт да, оҕолоро турбатахтар. Тымныйан утуу-субуу сырдык тыыннара быстаахтаабыт…” Хараҕын уута тэтээрээтигэр таммаллаан барбытыгар Дуунньа суруйа олорон платогун ылан сотунна. “Сааһырыы киһини бу олус да уйан оҥорор, хараҕым уутун кыатаммат буолан түһэммин”, — Дуунньа бэйэтин мөҥүттэ санаата. Киһи олоҕун устатыгар оҕо сааһын өйдөбүлэ ааспат-арахпат, мэлдьи тыыннаах буолар дииллэрэ кырдьык. Кини ийэтэ барахсан оҕо турбат, куһаҕан дьахтар аатыран төһөлөөх атаҕастабылы көрсүбүтүн санаатаҕына билигин да тулуйбат. Санаан да көрүҥ. Бэйэтэ да оҕолорун сүтэрэн, санаата саппаҕыран нэһиилэ сылдьар киһини аны куһаҕан тыыннаах, оҕо турбат дьахтара диэн тойонноох хотуна абааһы көрбүттэр. Сотору кини
ол “куһаҕан тыыннааҕа” бүтүн бөһүөлэккэ тарҕанан, аттынааҕы ыала кытта сиилиир, тумна хаамар буолбуттар. Батаран олордор кыахтарыттан аһардыбыттарын иһин эдэр дьахтар хайыай, кыыһын туппутунан дойдутугар төннөргө күһэллибит. Сүктэн кэлэригэр илдьэ кэлбит сүөһүтүн үүрэн дьонугар төттөрү көһөн барбыт. Эдэр дьахтар оччолорго төһөлөөх айманан, санаарҕаан, ытаан-соҥоон айаннаабыта буолуой… Ону бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. “Мин, быраатым Илларион, балтым Валя төрүүр быабытыгар буолуо, дьонум алта сыл арахса сылдьыбыттар даҕаны хайалара да туһунан ыал буолбатахтар. Эһээм Дайыла оҕонньор аҕабын биэс сыл устата араас нэһилиэккэ сылдьан, эргэ барар саастаах кыргыттары көрдөрө сатаан кэбиспит. Уола барыларын сирэн испит. Ийэбэр даҕаны атын дьон кэргэн кэпсэтэ сатаабыттар да, сөбүлэҥин биэрбэккэ олорбут. Элбэх ахсааннаах сүөһүтүн, дьиэни-уоту бүтүннүү бэйэтэ көрөн-харайан олорбут. Кэмниэ-кэнэҕэс аҕам ийэбэр төттөрү кэлэн, көрдөспүт-ааттаспыт. Таптаһар сүрэхтэр хайыахтарай, бэйэ-бэйэлэригэр тардыспыттар. Онон хороҕор муостааҕын үүрэн, кэргэнин дойдутугар Ороһуга көспүт. Үөрүйэх үлэтигэр отун-маһын тиэйбитинэн, сүөһүтүн-аһын көрбүтүнэн барбыт. Ол олорон, эһиилигэр ийэм оҕо күүтэрин билэн үөрүү бөҕө буолбуттар. Түһээтэҕинэ маҥан ат сиэлигэр үрүҥ чаанньык баалла сылдьарын сүөрэн ылбыт. “Кыыс буолсу, доруобай эрэ оҕо төрөөтөр”, — дии санаабыт сүрэх баастаах ийэкэм. 1931 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр мин төрөөбүппүн. Икки ыйы быһа харахпын арыйбатах үһүбүн, онуоха ийэм туох эрэ итэҕэстээх оҕо буоллаҕа диэн куттаммыт. Эдьиийим Даайыс хараҥа сиргэ көтөҕөн иттэҕинэ харахпын кыратык арыйа түһэр үһүбүн. Ол саҕана сут-кураан кэм туран, бурдук аанньа үүммэккэ, ыалы кэрийэн үссэнэр умнаһыттар элбээбиттэр. Биһиги дьоммутугар утуйар таҥастарын салааскаҕа соспутунан умнаһыттар кэлэн хоноллор эбит. Биир оннук умнаһыттар быыстарыгар ойуунумсуйар киһи баарыгар миигин көрдөрбүттэр. Көрүүлэммит. “Ити кыыскыт кимнээҕэр эрэ сытыы, киэҥ харахтаах буолуоҕа, уһун үйэлээх кыыс төрөөбүт, куттанымаҥ”, — диэн дьоммун уоскуппут. Ийэм аах оҕоҕо баҕалаах дьон, төһө даҕаны бобуулааҕын үрдүнэн, оҕо кутун олохтоору отоһуттары булан кэпсэтэн “оҕо уйатын” туттарбыттар. Сэбиэскэй былаас кытаанах бобуутугар да олордоллор, таҥараҕа итэйэҕэр буолан, чып кистэлэҥинэн оччолорго Егорушка диэн ааттаах баачыкаҕа миигин илдьэн сүрэхтэппиттэр. Баачыка Гольдеровтар диэн ыалларбыт кыыстарын кытта миигин Дуня диэн сүрэхтээбит. Мииигин сүрэхтээбит ийэбинэн Пелагея диэн дьахтар буолар. Эмиэ оҕо турбат дьахтара эбит. Миигин сүрэхтээбитин кэннэ икки кыыс оҕолонон, дьоллонон былааччыйа кэтэрдибитин өйдүүбүн. Бу курдук дьонум барахсаттар былыр үөрэхтээх эмчит суох кэмигэр үс оҕолоро утуу-субуу өлөннөр, оһоруммат сүрэх баастаах буолан, мин киһи буоларбар уонна мин кэннибиттэн төрүүр оҕолору төлкөлүүр туһуттан оччотооҕу олох сиэринэн араас ньыманы туттубуттар. Мин кэннибиттэн 1933 сыллаахха быраатым Илларион төрөөбүтэ, балтым Валентина (Мария) 1936 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Бары этэҥҥэ улаатан дьон буолбуппут”. ххх Евдокия Андреевна бэйэтин көлүөнэтин дьонун курдук сэрии ыар сылларыгар оонньоммотох оҕо сааһа саспыта. Сэрии кэмигэр борбуйун көтөҕөн эрэр кыыс оччотооҕу алдьархайы умнубат. Ыал ыалынан хоргуйан өлөллөрүн
санаатаҕына сүрэҕэ ыарыылаахтык хам тутар, тыына кылгыыр. Кини ол сору этинэн-хаанынан билбит киһи аны бу алдьархай хатыламматын, кэлиҥҥи көлүөнэ ыччата ону билбэтин, ол эрээри умнубатын туһугар суруйуохтаах. Сэрии кэмигэр саха тыатыгар олоруу туһунан элбэхтик тахсар. Ону Дуунньа бэккэ билэр. Оттон бу – кини олоҕо, кини билиитэ, кини чахчыта. “Биһиги сэрии сылларыгар олорбут, үлэлээбит колхуоспут Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгин, Тамалакаан сэлиэнньэтин “Кыһыл өтүйэ” диэн этэ. Оччотооҕуга колхуоспут бэрэссэдээтэлинэн Иэпсиэйэп ( бу киһи аймахтарын санаан аатын уларыттым, эдьиийим дневнигэр толору суруллубут. — ааптар) диэн киһи үлэлиирэ. Кини колхуоска кыайан үлэлээбэт дьоҥҥо сүрэҕэ суохтар диэн, кымаах бурдук да сыыһын бэрдэрбэт этэ. Ол түмүгэр дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбыта. Былатыанаба Ольга диэн дьахтар муҥнаах хоргуйан ыксаан, кутуйах хасааһыттан аҕыйах куолас бурдугу хомуйбутугар милииссийэн туттаран улахан айдааны таһаарбыта. Хоргуйан, тыын быстыбатынан эрэ сылдьар дьахтары үттү мөҥөн-этэн, түүрэйдээн, хас да сылга хаайыыга ыыттарыам диэн куттаан, ол эрэйдээх бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ… Икки оҕото тулаайах хаалбыттара…” – Евдокия бэйэтэ да мөлтөх сүрэҕэ бу ахтыыттан долгуйан, сэлибирээн ылла. Ама да ааспытын иһин, билигин кэлэн санааттаахха олус да толоос, сиэрэ суох сыһыан! Син-биир туһаҕа барбат, кутуйах хасааһын туһуттан ити айылаахха дьону тэбии диэн тугуй?! Оччолорго кини оҕо да сылдьан ити суолтан улахан охсууну ылбыта, хайдах ити аайы киһини итинниккэ тиэрдиэххэ сөбүй диэн өйүгэр батарбатаҕа. Кини ол дьахтары көрөн билэр этэ. “… Николаев Гавриллаах, Хапсыылалар диэн ыаллар, ийэлэрэ кыыстаах уолун кытта хоргуйан өлбүттэрэ. Гольдеров Федор-Хоохон эмиэ хоргуйан тыына быстыбыта. Ийэлэрэ Суоппуйа үс кыыһын батыһыннаран ыалы кэрийэрэ, имии имитэн, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн, тыыннаах хаалбыттара. Кинилэр биһиги чугас ыалбыт этилэр. Кыргыттар биһиэхэ киирдэхтэринэ оонньуур этибит. Кыра кыыстара аас-туор олоҕу тулуйбатаҕа… Аҕабыт сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйан үлэлии сылдьан, Гольдеровтар икки улахан кыргыттарын интернакка ылларбыта, онно олорон оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Кэлин Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, учуутал буолбуттара. Сэрии аас-туор күннэригэр-дьылларыгар аччыктаан, сирэйдэрэ сүллэччи иһэн хаалбыт дьону дьулайа көрөр этим. Дьулаан да этэ… Биирдэ Тонуулаах диэн сиргэ улахан уот турбутугар оҕолору, биһигини, ыыппыттара. Уонтан тахса буолан уот умуруора барбыппыт, онно атыыр үөрэ хаайтаран уокка былдьанан элбэх сылгы, кулунчук хоруо буолан бараннар өлөн маска өйөнөн туралларын күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын, хаартыска курдук харахпар хатанан хаалбыт чахчы… Оҕолор, колхуос бары үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиирбит. Ийэбит фермаҕа үлэлиир буолан, үүт аһы аҕалар этэ, турунуоппустаах хааһыны сиирбит. Ю-Ван-Жег диэн кытай оччолорго баара, биһиги кинини Миша диэн ааттыырбыт. Кини Муоһааны киэҥ, нэлэмэн бааһынатыгар оҕуруот аһын үүннэрэрэ. Оҕолор уһун сайыны быһа ол бааһынаҕа үлэлиирбит. Хаппыыста, хортуоппуй үлэтэ этэ. Борбуйбун көтөхпүтүм кэннэ 12 сааспыттан аны от мунньуутугар, сиилэс кырбааһыныгар үлэлээбитим. Үлэҕэ барарбытыгар 200
гр лэппиэскэ ыһыкпытыгар биэрэллэрэ”. Ол саҕана олохторо бэбиэскэ кэлэриттэн тутулуктаммыт курдуга. Ким эмит сэриигэ баран өлбүтүн, сураҕа суох сүппүтүн эбэтэр хомуурга ыҥырыллыбытын туһунан бэбиэскэ кэлэн, аймалҕан турара. Сэриигэ атаарыы ордук дьулаан этэ. Киһи куйахата күүрэр ытааһына-соҥооһуна, баттык санааҕа ылларбыт фроҥҥа аттанаары хомуммут эр дьоннор сирэйдэрэ бу көстөн кэлэргэ дылы гыннылар. Оҕо сылдьан ылбыт охсууҥ ааспат, арахпат буолар эбит. Кинилэр эмиэ аҕаларын Андрей Диниловиһы атаарар күннэрэ тиийэн кэлбитэ. “Аҕабыт колхуоска үлэлии сылдьан 1943 сыллаахха фроҥҥа барарга бэбиэскэни туппута. Дьиэбитигэр ыарахан чуумпу сатыылаабыта. Ийэбит барахсан төһө даҕаны ыар санаалаах атаардар, оҕолорун куттаамаары улаханнык аймамматаҕа эрээри аҕабыт барарыгар кэриэс-хомуруос тылын эппитигэр, долгуйан, ытаабыта, оҕолор бары ытаспыппыт. Ийэм бырааттара Василий Федорович, Петр Федорович Сухановтар уоттаах сэриигэ баран, Баһылай улаханнык бааһыран, баттыктаах нэһиилэ сылдьар киһи төннүбүтэ, Бүөтүр буоллаҕына сураҕа суох сүппүтэ. Эдьиийбит Дария кэргэнэ Турунов Алексей Николаевич сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии туппуппут. Онон сүрэх баастаах дьон, аҕабытын улаханнык аһыйан атаарбыппыт. Сэриигэ барар дьон оскуола иннигэр мусталлара. Онно тиийбиппит дьон бөҕө тоҕуоруспут, аттаах дьоннор элбэхтэр. Ордук икки эмээхсин энэлийэ-энэлийэ ытаһалларын киһи тулуйан истибэт үлүгэрэ этэ. Кинилэри биир дьахтар өйөөн илдьэ сылдьара. Бу эмээхсинтэн биирдэһэ Иванов Максим диэн киһи кэргэнэ этэ, иккиһэ Буорахааптар ийэлэрэ. Буораахаптары кытта биһиги ыаллыы олорбуппут. Кинилэр 10 оҕолоохторо. Тэрэппиин, Баһылай, Эҥиэнтэй, Чускуудай, Ньукулай, Ыкынаачай, Бүөтүр (кинини Туораахылар диэн ыал ииппиттэрэ), Абрам Ороһуга Антоновтарга иитиллибитэ, кыргыттара Ульяна, Христина, Аана диэннэр, биһиги кинилэри кытта чугас олорор этибит. Ийэлэрэ Огдооччуйа орто уҥуохтаах хатыҥыр эмээхсин этэ. Аҕалара Буораах Мэхээлэ диэн үһү, эрдэ өлбүт. Буораахаптар түөрт уоллара сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ. Огдооччуйа муҥнаах оҕолорун аһыйан уһаабатаҕа. Фронтан оннук кутурҕан бэбиэскэ кэллэҕин аайы сүтүк аһыыта хам ылан, түргэниик ууллубута. Буораахаптар уолаттарын сырдык ааттара “Память” бастакы кинигэтигэр киирбиттэрин ааҕаммын олус долгуйбутум. ххх Сэрии кэмигэр нолуок арааһын түһэрэллэр этэ. Байыаннай, холостуой, оһох, эт, арыы нолуога диэн буолара. Оборона фондугар булгуччулаах заем сурутуута буолара. Бэйэҥ сүөһүгүн, аскын өлөрөн сиириҥ кытаанах бобуу, хонтуруол этэ. Ынах сүөһүнү хотоҥҥо киирэн ааҕаллара, нолуоктан куотунан ахсаанын аҕыйатыахтара диэн. Аҕабыт сэриигэ барбытын кэннэ ийэбит биһигини иитээри от тиэйиитин кытаанах, эр киһи үлэтигэр сөбүлэспитэ. Онон үс кыра оҕотун батыһыннарбытынан Орто Күөл ферматыгар көспүтэ. Онно тиийэн биир кыра дьиэҕэ үс ыал буолан дьукаахтаһан олорбуппут. Бэтчиитэбэ Маарыйа диэн бааһынайдыы кыһыл, ыраас хааннаах сытыары сымнаҕас майгылаах ыанньыксыт дьахтар баара. Иккис дьукаахтарбытынан Бөтүрүөп Бүөтүр-Таҥастыйа кэргэнинээн Харытыаналыын этилэрэ, кинилэргэ сиэннэрэ кэлэ-бара сылдьаллара. Биһиги ыал түөрпүт. Харытыана аҕыйах саҥалаах, үтүө майгылаах эмээхсин этэ. Сүүһүгэр улахан урдаах, онтун саптаран куруук былааттаах сылдьара. Кини ардыгар оһох иннигэр иттэ туран эмискэ ыһыытаан хаһыытаан мэнэрийэн ыһыллан турааччы оччоҕуна биһиги, оҕолор, куттанан
орон анныгар симиллээччибит. Мэнэрийэн бүтэн баран биһигини орон анныттан таһаартыыра уонна: “Аны куттаммат буолуҥ”, — диэн бэрт наҕыллык этэрэ. Ол эрээри, мэнэрийэн бардаҕына киһи эрэ дьулайар көстүүтэ буолара. Харытыана кэлин санаатахха, ураты баардаах киһи эбит. Кини оҕо көтөҕөөччү этэ, ыалдьыбыт да дьону эмтиирэ. Таҥастыйа Бүөтүрү кытта ийэм хастыы да көлөнөн фермаҕа от тиэйэллэрэ. Таҥастыйа аатын курдук наһаа сымнаҕас майгылаах этэ, ол иһин да таҥас диэн ааттаатахтара буолуо. Кинилэр ийэбин кытта икки хараҥаны ыпсаран үлэлииллэрэ. Киэһэ хойут кэлээт даҕаны таһыардьаттан хаар киллэрэн таммах охсоллоро. Хаары солуурга уулларан таммалаталлара. Ол ууну иһэрбит. Бүөтүр муннугар табаҕы уктан тардарын муодарҕаан көрөрбүт. Сэбирдэх табааҕы бурдук курдук мэлийэн баран табытыаҥка диэн кыра хаппахтаах иһиккэ укта сылдьара, онтун муннунан сыҥсыйара. Табахтаары оҥосторун көрдүбүт да оҕолор эргиччи туран көрөр буоларбыт. Ийэбит сайынын ыанньыксыттыыра. Мин ийэбэр көмөлөһөн саах күрдьэрим, ынах этэрсэрим. Былыргы саха ынахтара барахсаттар бөдөҥ-садаҥ этилэрэ, элбэх үүттээх буолаллара. Мин биир оннук ынаҕы ананан ыыр этим. Эриэн ойуулаах, кугастыҥы өҥнөөх, эмиийэ сымнаҕаһын иһин, сөбүлээн ыырым. Сэрии иннинээҕи тутуу диэтэххэ хотоммут үчүгэй этэ. Бэрэбинэнэн тутуллубут улахан, уһун баҕайы хотон ортотунан ынахтар саахтара түһэр уһун дьаамалаах, ынахтар икки өттүнэн сэлэлии туран, күкүртэн аһыыллар. Хотон ортотунан улахан көрүөдэр барар, онон оҕустаах сыарҕалаах киһи киирэн ынах сааҕын тиэйэн таһаарар. Хотон биир өттүгэр субай сүөһүлэр уонна ньирэйдэр тураллар. Хотоммут икки өттүнэн аһыллар утарыта ааннардааҕа, өстүөкүлэ түннүктээҕэ. Манна үс, түөрт ыанньыксыт үлэлиирэ. Уонна ынахтары эмтиир Барчахова Настаа, үүтү сэппэрээдэллиир Түүлээхэбэ Аана үлэлииллэр. Ферма оҕолоро иһиппитин, луоскубутун туппутунан сэппэрээдэллиир кэмҥэ кэлэн үүт күүгэнин баһан сиирбит. Биирдэ ол кэнниттэн мин сүрэҕим эриллэн, ыалдьыахпар дылы хотуолаабытым. Ол кэннэ аны үүт күүгэнин сиэбэт буолбутум. Фермабыыгар үс дьиэ баара. Уһук дьиэҕэ биһиги, ортоку дьиэҕэ ыанньыксыттар эмиэ дьукаахтаһан олороллоро. Биир сэнэх соҕус дьиэҕэ үүт эрийэллэрэ, арыы арыылаан сыахха туттараллара. Ол дьиэҕэ кыһыл муннук баара. Биирдэ кыһын күрдьүккэ кып-кыра хортуоппуйу аҕалан тарбыйахтары аһатыҥ диэн куппуттар этэ. Ону ыанньыксыттар ыраастаан, сууйан саха оһоҕор солуурга буһараллара. Оскуолаттан хам аччык кэлэн баран ол хортуоппуйу сиирбин өйдүүбүн. Олус да минньигэс буолара, ол хортуоппуй! Ферма үлэһиттэригэр ыйга биирдэ бурдук бэрсэллэрин харыстаан, хааһылаан сиирбит уонна үүт аннын ылан суораттаан сиэн үссэнэрбит. Саас биһигиттэн биир оҕону оскуола интернатыгар ылбыттарыгар үөрүү бөҕөтө буолбуппут. Интернакка бырааппынаан Илларионнуун солбуһа олорор этибит. Интернакка арыый да тото-хана аһыырбыт. Ийэбит бу фермаҕа үс сыл устата үлэлээбитэ. Үһүс сылбыт сааһыгар биир киэһэ отун нэһиилэ тиэйэн кэлбитэ. Улаханнык тымныйан ыалдьыбыта. Устунан ферматыттан уурайан, тапталлаах Тамалакааммытыгар көһөн кэлбиппит. Биһиги дьиэбитин бурдук кутар ыскылаат гынан тураллар этэ, онон абаҕам аахха Мэхээлэлээххэ дьукаах олорорго күһэллибиппит. Сирэр-талар суоҕа. Абаҕам сиэнэ
Мотя диэн кыыс баар, биһиги оҕолор оҕолор курдук үлэттэн быыс буллубут да оонньуурбут. Мотялыын хоонньоһон утуйарбыт. Биир түүнү умнубаппын. Арай түүн ортото кулгаахпын эмискэччи быһаҕынан кэйиэлиир курдук сытыы ыарыы киирэн уһуктан кэллим. Ынырык ыарыыттан төбөбүн хам туттан баран дьону уһугуннарымаары олордум, ол ыарыыбыттан этим сааһа аһыллан, көлөһүнүм сар тохтор. Арай саҥаһым Өкүлүүнэ туран чүмэчи уматар тыаһа иһилиннэ, мин аргыый аҕай суорҕаммын бүрүнэн тыынарбын да кистии сыттым. Кини таһырдьа таҕыста, сотору киирээт хаһытаабытынан мин үрдүбэр сууллан түстэ да, сүр улаханнык хаһыытаата. Мин наһаа куттанным, “Ийээ, ийээ!!” — дии-дии ытаатым, куттанаммын уҥуоҕум халыр босхо баран, сап-салыбырас буоллум. Ийэм соһуйан туран кэлэн, миигин көтөҕөн илдьэн бэйэтин кытта сытыарбыта. Эмиэ наһаа куттаммыт этэ. Сыыйа уоскуйан утуйбутум. Дьиктитэ баар, били кулгааҕым ыарыыта ааһан хаалбыта. Оннук киһи наһаа улаханнык куттанаҕына ыарыыта эмиэ “соһуйан” ааһан хаалар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Өкүлүүнэ оннук мэнэрийэр ыарыылаах этэ. Ол кэнниттэн оннук буоларын көрбөтөҕүм. Былыргы олоххо дьикти түбэлтэлэр бааллар этэ. Ол дьыл үөрэх бүтүөр диэри оҕолору кытта үөрэммитим. Саас ыһыы үлэтэ бүтэн, колхозпут биһиги дьиэбитин босхолообута. Ийэбит барахсан хас да күн дьиэбитин сууйбута. Түннүкпүт сабыытын сууйан ыйаатыбыт, сибэкки олортубут, ороннорбутун, остуолбутун, малбытын-салбытын орун-оннугар туруортаан, дьэ ыал курдук буола түспүппүт. Дьиэбит киэҥэ, ырааһа, сырдыга диибин диэн, биһиги, оҕолор үөрүү бөҕөбүт. Хас да сылы мэлдьи ыал муннугар кыбыллан олорбут дьон, дьиэбитигэр төннөн дьолломмуппут. Сарсыарда тиэргэҥҥэр таҕыстаххына күөрэгэй ырыата көрсөр, кэҕэ этэр, бөтүүк хаһыытыыр, чыычаахтар эгэлгэ ырыаны түһэрэллэр… Оо, үчүгэй да этэ! Ол олордохпутуна аҕабыт суруга кэлбитэ. Кэтэһиилээх сурук. Бары остуолга олорон, суругун аахтыбыт. Мальта станциятыгар кэллибит, Монголияҕа ыыталлар диэбит. Нууччалыы билбэт куһаҕан да эбит диэбит. Ас-үөл мөлтөх, онон ырдым диэн суруйбут. Суругун ааҕан баран бары да уку-сакы буоллубут. Ийэбит санаата түһэн, тугу да саҥарбатаҕа. Тыыннаах эрэ буоллун дии санаабытым мин. Ийэм колхозка эр киһи үлэтин толороро. Сайыны быһа от охсоро. “Мунньарбынааҕар охсорбун ордоробун”,- диирэ. Кини саҥа күн суһуктуйан эрдэҕинэ хотуурун сүкпүтүнэн барара киэһэ күн киирэн сиик түспүтүн кэннэ кэлэрэ. Күн аайы гааттан ордук сири охсор этэ. Ардыгар атаҕа ыалдьан нэһиилэ хааман кэлэрэ. От охсуута бүттэҕинэ аны от кээһиитигэр ыыталлара. Кыһынын ыскылааты харабыллыыра. Аны бэйэтин дьиэтин үлэтэ, маһа-мууһа, ас булуута-талыыта барыта кини санныгар этэ. Кыһын оттор маһы ойуурга баран кэрдэн, оҕуһунан тиэйэн аҕалара. Кыһын мас мастаан тоҥон-хатан кыыкынаан киирэн кэлэрэ. Олорон турбат түбүктээҕэ. Онуоха эбии хам аччык буолаахтаатаҕа. Ийэбит барахсан хайдах ити айылаах үлэни тулуйан сылдьыбытын сатаан санаабаппын. Биирдэ эмит, айа, сылайдым, диирин истибэтэхпит. Биһиги ийэбит Суханова Татьяна Иннокентьевна 1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ийэбэр көмөлөһөөрү мин
оскуолаттан уурайан, колхозка үлэҕэ киирбитим. Ол саҕана оҕолор үксүлэрэ даҕаны үөрэхтэрин быраҕан, үлэһит буолбуттара. Колхоз биригэдьиирдэрэ үлэһит илии эбилиннэ диэн үөрэллэр этэ. Сэрии кэмигэр үлэһиттэр диэн дьахталлар, оҕолор уонна биир эмит оҕонньор буолара. Оччолорго Тамалакааҥҥа 14 саастарыттан 20 –лэр диэри 60-ча ыччат баара. Эдэр дьон ынах ыан, субай сүөһүнү көрөн, трактористаан, тутууга үлэлээн улахан туруу үлэһиттэр этибит. Ол сырыттахпытына аны комсомолга киирэн, эппиэтинэстээх дьон буолаҕыт диэн дьаһал кэлэн, устаабы үөрэтэн, онтубутун хамыыһыйа иннигэр туттаран, комсомол үрдүк аатын сүкпүппүт. Тута улахан дьон буола түспүппүт. Онтон ыла колхоз ыарахан үлэтэ биһиэхэ, комсомолларга, көспүтэ. Ойуурга баран саһаан охсорбут, мас бөҕөтүн саһаанныырбыт. Оо, онно сылдьан этэрбэспит үттү сытыйан хаалара. Ытыспыт, бэгэччикпит быһыта баран, хаан оҕуолуура, үлэ кэнниттэн дьиэбитигэр нэһиилэ кэлэрбит. Ол да буоллар, эдэр дьон аһаатыбыт да сэниэлэнэ түһэн, киэһэ 10 чааска киинэҕэ сырсарбыт. Сайын от үлэтэ саҕаланнаҕына биһигини хас да көс ыраах сиргэ окко ыыталлара. Онно күһүҥҥэ диэри дэриэбинэҕэ киирбэккэ, от охсорбут, хомуйан бугуллуурбут. Ыһыкпытыгар колхозпут лэппиэскэ ыытара. Күһүн дьиэбитигэр кэлээппитин кытта аны от кээстэрэ ыыталлара. Тымныы түһүөр диэри оппутун кээһэрбит. Мин ийэбин кытта бииргэ от кээһиитигэр сылдьарбыт. Сарсыарда муустаах ууну кэһэн, атахпыт силиитэ тоҥоро, ол ыарыытыттан ытыы-ытыы үлэлиирим. Сэрии сылларыгар оннук бэйэни харыстаммакка, кыайыы туһугар диэн үлэлиирбит. Сотору-сотору барыта фронт туһугар үлэ, комсомолецтар инники күөҥҥэ сылдьыахтааххыт диэн мунньах буолара. Онон биһиги партия кытаанах ирдэбилин толорорбут, атыны санаабакка, үлэ эрэ этэ”. ххх Дуунньа ахтыытыгар туочука туруоран баран чаанньыгын оргутаары тэриннэ. Бу сылаас, киэҥ дьиэтигэр кырдьар сааһыгар соҕотоҕун олорор. Киһи эрэ илиитигэр киирбэтэрбин, бу курдук бэйэбин көрүнэн эрэ сырыттарбын диэн таҥараттан көрдөһөр. Кини бу курдук олорор бэйэтин баҕата. Кыра уола Альберт дьиэ кэргэнин кытта биир тэлгэһэҕэ аҕалара Дьөгүөр туппут улахан дьиэлэригэр олорор. Сиэннэр киирэ-тахса сылдьаллар. Ээ, чэ, маннык олорорум бэрт. Ол оҕолор түүннэри сырыылара, тыастара-уустара уйгууртаҕына олох даҕаны уум көтөр. Ол мин эрдэ сытабын, эрдэ турабын. Баҕардахпына аһыам, суох буоллаҕына суох. Бэйэм баспын бас билинэ сылдьыбытым көнө. Оҕонньорум эрдэ бараахтаабыта хомолтолоох… Иккиэн бу саҥа дьиэбитигэр, сылааска олоруо этибит буоллаҕа дии. Ол урукку курдук оһох оттор кэлиэ дуо, суох. Газ биэрэн абыраабыттара ыраатта. Чаанньыгын оргутан, килиэбин суоракка умньаан сии түстэ. Кырыйдахха киһи элбэҕи аһаабат буолар эбит. Хааһым, мииним, суоратым баар буоллаҕына миэхэ сөрү сөп. Бээ эрэ, хортуоппуйум сиэмэтин бэлэмниир кэмим чугаһаабыт, ыаллар оҕуоруоттарын аһын рассадатын олордон эрдэхтэрэ. Былырыыҥҥы сиэмэм баар этэ. Сарсын оҕурсубун, помидорбун сиэмэлиир эбиппин. Ити санаатыттан Дуунньа санаата чэпчии түстэ, сыал-сорук туруорунан, биирдэ хомулунна. Дьэ, ити. Сыл аайы кийиитигэр Татьянаҕа оҕуруот аһын барытын аны бэйэҥ олордоҕун, көрөҕүн-истэҕин диир да, саас сибикитэ билиннэ даҕаны
идэтинэн бэлэмнэммитинэн барар. Дьарыктааҕа бэйэтигэр ордук. Үлэтэ суох хаһан да олорботох киһи кырдьар да сааһыгар илиитин үлэттэн араарбат буолар эбит. Дьөгүөрэ барахсан баарыгар сибиинньэ, куурусса, хаас иитэллэр этэ. Эт туттаран, ол-бу мал атыылаһар буолаллара. Урут билиҥҥи курдук буолуо баара дуо, миэбэл, иһит-хомуос да маҕаһыыҥҥа анньыллан турбат, эт-үүт, оҕуруот, сир аһын туттардаххына биирдэ ылар кыахтанаҕын. Ол да иһин, Евдокия ким хайа иннинэ маҕаһыыҥҥа оҕурсу, помидор үүннэрэн туттарар буолара. Атыыһыттар биһиэнэ быга да илик дии, эйиэнэ ситэн бачча буола охсубут диэн сөҕүү-махтайыы буолаллара. Сарсыарда күн күөрэйэн истэҕинэ Дуунньа уһуктан баран күннээҕи дьыалатын былааннаата. Куоракка үөрэнэ сылдьар сиэннэрэ эрийбэтэхтэрэ ыраатта, ону билсиэххэ. Баҕар, харчыга наадыйаллара буолуо. Пенсиятыттан ордорунан ууруна сытар харчытыттан устудьуонуу сылдьар икки сиэнигэр Айсеныгар уонна Сайыынатыгар өлүүлээн ыытар. Ол куорат сиргэ харчы наада дойдута. Аны ситэ аһаабакка сылдьыахтара. Күннээҕи түбүгүн бүтэрэн баран Евдокия Андреевна эмиэ ахтыытын ылла. “Күһүн-саас ыраах Сыкымда диэн күөлгэ муҥхаҕа сылдьарбыт. Биригэдьиирбит Петр Спиридонович Түүлээхэп этэ. Балык хата элбэхтик кэлэрэ. Сиирбитигэр диэн кыратык бэрсэ түһэллэрэ, уоннааҕыта уопсайга барара. Кыһын ферма балбааҕын бааһынаҕа таһан тарҕатарбыт. Сиэмэ бурдугу ыраастыырбыт. Кыайыы! Бу тыл ыам ыйын 9 күнүгэр дэриэбинэни биир гына тилийэ көппүтэ. Дьон бары үөрүү-көтүү бөҕөтө. Ыал ийэлэрэ бары ас астаан, сэрииттэн кэлбит фронтовиктары ыҥыртаан, оскуолаҕа улахан бырааһынньыгы тэрийбиттэрэ. Биһиэхэ, оҕолорго, дьиэбитигэр астаммыт астан ыыппыттар этэ. Ол күн өрөгөй диэн тугун билбитим. Хайдах эрэ улахан да улахан сүгэһэр төлө түспүтүн курдук санаа киирбитэ. Кыайыы оһуохайа күн тахсыар диэри дьиэрэйбитэ. Дьон бүтүннүү биир киһи курдук сүргэтэ көтөҕүллүүтэ диэн олус күүстээх, ураты тыыннаах иэйиитэ эбит этэ. Ол өрөгөй үөрүү умнуллубат. 1945 сыллаахха күһүөрү сайын олох суруйбакка сылдьан баран, бары улаханнык сүтүктээн сырыттахпытына, аҕабыт дьиэтигэр киирэн кэлбитэ. Улаханнык дьүдьэйбит көрүҥнэммит этэ. Ол да буоллар дойдутун булан, үөрэн кэлбитэ. Уһун саллаат синиэллээх, ботуоҥка сүгэһэрдээх этэ. Биһиги бары “Аҕаа!” диэбитинэн аҕабыт моонньугар саба түспүппүт. Ийэбит үөрэн айаҕа ыпсыбат буолбута. Аҕабыт үлэ фронугар ЗАБВО уокуругар сулууспалаабыта. 1945 сыллаахха үлэлии сылдьан тымныйан улаханнык ыалдьыбыт. Кыайан турар да кыаҕа суох хаһаарымаҕа сыттаҕына уон хонуктаах паегун уоран ылбыттар. Хата кини тыыннаах хаалар быатыгар биир дойдулааҕа Үөһээ Бүлүү Намын киһитэ фронтан дойдулаан иһэн таба көрөн илдьэ кэлбит. “Табаарыһым түбэһэ көрбөтөҕө буоллар, онно сытан өлүөхтээх этим. Киниэхэ төлөрүйбэт ытык иэскэ киирдим. Үлэлээммин төлүөм”, — диирэ. Ол киһи биһиэхэ күндү ыалдьыт буолан сылдьарын өйдүүбүн. Хомойуох иһин, аатын умнан кэбиспиппин. Аҕам аҕыйах күн тыын ыла түһэн баран оройуоҥҥа киирэн үлэ көрдөөбүтүгэр Харбалаах нэһилиэгэр сельсовет председателинэн анаабыттара. Хас да сыл Харбалаахха үлэлээн баран, Тамалакааҥҥа кэлэн маҕаһыын арыйан үлэлэппитэ. Ол саҕана маҕаһыын дьиэтэ диэн суох, ол иһин дьиэбитигэр биир хоһу лааппы оҥорбута. Дьиэбит маҕаһыын буолбута кыараҕас, эрэйдээх этэ. Кэлин дьиэ биэрэн, туспа маҕаһыын аһан, дьоҥҥо ас-таҥас тиэйэн аҕалан атыылаан абыраабыта. Аҕабыт атыылыр малын барытын бэйэтэ балтараа көстөөх сиртэн Нам сельпотуттан сыарҕалаах атынан тиэйэн аҕалара, күҥҥэ иккитэ хаста кырынар этэ. Табаарын бүтүннүү бэйэтэ таһара, наардаан уурара, атыылыыра. Оччотооҕуга маҕаһыын олус баай этэ, ыал наадыйара барыта баара. Промтабаар арааһын полкаларга уурара, саахары-чэйи, табааҕы, кэнсиэрбэни, иһити-хомуоһу маҕаһыын иһигэр атыылыыра, бурдугу, курууппалары икки ааннаах тэйиччи турар ампаарга уурара, онтон атыылыыра. Күһүн-саас булчуттар түүлээҕи туттараллара, ону аҕабыт оройуоҥҥа киллэрэн түүлээх тутар пууҥҥа туттарара. Булчуттары балаакканан, тимир оһоҕунан, хапкаанынан, саа сэбинэн хааччыйара. Булчуттар бултарын харчытын ылан, бородуукта, ыһык ылынан үөрэн-көтөн табаларынан баралларын көрөрүм. Оччолорго колхозка аҕыйах таба баара.” Биһиэхэ эһээбит маҕаһыыныгар түспүт саһарбыт хаартыската баар. Андрей Данилович Багдасаев урукку үөрэхтээх дьон курдук мааны көрүҥнээх киһи. Тройка көстүүмнээх, үрүҥ соруочукалаах, хаалтыстаах, сэлээппэлээх, төгүрүк ачыкылаах сырдык хааннаах уһун, синньигэс, сахаҕа киһи эрэ хараҕа хатанар дьүһүннээх эбит. Дьиктитэ баар, кини таҥаһын бэйэтэ тиктэр идэлээх эбит. Уопсайынан, олус үчүгэй бортунуой диэн кэпсииллэрэ. Наар оннук маанытык таҥна-симэнэ сылдьар уратылаах эбит. ххх Сэрии кэмигэр арыый да борбуйдаран көтөхпүт оҕолор, ыччаттар колхоз үлэтин тутан олорбуттара. Эбиитин Тамалакаан оскуолата уокка былдьанан, оҕолор аны саҥа дьиэ тутуутугар үлэлээбиттэрэ. Ойуурга баран мас кэрдэн, бэрэбинэлэрин сыарҕаҕа оҕуһунан состороллоро. Ол ыарахан үлэҕэ уол-кыыс диэн араарбаттара. Дуунньа саҥа оскуола тутуутугар үлэлээбит күүрээннээх кэмнэрин сылаастык саныыр. Төһө даҕаны ыарахан үлэҕэ сырытталлар, оскуола, кулууп дьиэтэ тутуллар диэн санааттан да күүспүтүгэр күүс эбиллэрэ диир. Ол кэмҥэ оскуола эрэ буолбакка, хонтуораны кытта кулууп биир дьиэҕэ тутуллубута. Үрдүк сыаналаах, саалалаах кулууп дьиэтэ тутуллан, дэриэбинэ дьонугар сэргэхсийии буолбут. “Эдэр дьон, кулууп дьиэтэ үлэҕэ киирэн, үөрүү-көтүү буолбуппут. Биһиги былыргы олох туһунан испэктээкили туруорбуппутун бу баардыы өйдүүбүн. Трофимов Уйбааны кытта мин оҕолорго оруоллары анаан, бэлэмнээбиппит. Мин эмээхсин оруолун толорбутум. Онтон-мантан таҥас уларсан онньуубутун көрдөрбүппүт. Дьон улаханнык астыммыта. Уйбааммыт гармошкаҕа бэккэ оонньуура. Биһиги бэл диэтэр балеты кытта туруорар этибит. Ол быыһыгар саха, украина үҥкүүтэ, ырыа-тойук. Ырыаҕа оҕолору көҕүлүүрүм. Биһигиттэн балтараа көстөөх сиргэ, кэлин Саха народнай поэта буолбут, Петр Тобуруокап олорор этэ. Кини хоһоонноро ырыа буолан таҕыстылар да үөрэтэ охсон, уостан түһэрбэккэ ыллыырбыт. Үлэҕэ наар ырыанан сылдьарбыт. Колхуоспут дьоно бары үлэни өрө туппут үтүөкэн дьон, кинилэр биһиэхэ холобур буолаллар этэ. Биир оннук киһинэн Дьячковскай Оппуонньа диэн эмчит буолар. Кини Тамалакаан олохтоохторун сэрии сылларыгар да, кэнниттэн да эмтээн абыраабыта. Мин биир күһүн тымныйан улаханнык ыалдьыбыппар, Оппуонньа бааҥка туруоран, арыый да ама буолбутум. Атахпар саҥа тура сырыттахпына биригэдьиирим кэлэн, оскуола саһаанын эрбээһинигэр таҕыс диэн соруйбута. Үлэһит илии тиийбэт буоллаҕа дии, хайыамый, ыалдьа сылдьан ойуурга мас эрбии барбытым. Киэһэ хойут дьиэбэр нэһиилэ кэлэн, сэниэтэ суох буолан сыппытым. Кытаанах баҕайы сөтөл киирбитэ, силим хааннаммытыгар ийэм куттанан, оройуоҥҥа баран ренгеҥҥэ түс диэн ыыппыта. Оччолорго ол ыарахан олоххо түбүркүлүөс элбэҕэ. Мин эмиэ ол ыарыыга хаптарбыт этим, икки сиринэн түбүркүлүөс ачаага баар диэн, балыыһаҕа киирэн икки ый эмтэммитим. Дьиэбэр тахсыбытым кэннэ ийэм Оппуонньаттан көрдөстөҕө буолуо, биир күн кини бытыылка тутуурдаах киирбитэ. — Бу олох сэдэх эмп, кымырдаҕас хайахтаах ыт сыата, маны сылаас чэйгэ кыра ньуосканы уулларан иһиэххин наада, — диэбитэ. Ийэм оннук уулларан иһэрдибитигэр омугум холлон, хотуолаан кэбиспитим. Уонна аны испэппин диэн атыыр аккааһы түһэрбитим. Эмпитин уҥкучахха ылан ууран кэбиспитэ. Киэһээ үлэбиттэн тоҥон-хатан кэллэхпинэ ийэм барахсан итии чэй бэлэмнээн тоһуйара уонна лэппиэскэни кытта арыы уулларан аҕалан уурара. Кыһыны быһа оннук ууллубут арыыга лэппиэскэни умньаан сиэбитим. Саас хортуоппуй олордуутун кэмигэр уҥкучахха сиэмэ хортуоппуйу ыла киирэн бараммын, били, Оппуонньа биэрбит бытыылкатыгар харахпын быраҕаары гыммытым, суох эбит. Дьиибэргээммин ийэбиттэн ыйыппыппар ийэм күлэн тоҕо барбыта. — Кыһыны быһа мип-минньигэстик сиэн бүтэрэн баран ыйытаҕын дуо? – диэбитэ. — Пахай, ол амырыын амтаннаах арыыны хайдах сиэбиппиний? – эрэ диэн хаалбытым. Инньэ гынан, ийэм ол эминэн сэлликтэн хаалбыт ачаакпын эмтээн турар”. — Тыый, бириэмэ ырааппыт, эмиэ суруксуттаан олорон хаалбыппын. Бээ, били уол, хортуоппуйун сирин түөрбүт дуо? – диэн саҥа аллайбытынан Дуунньа туран түннүгүнэн олбуорун көрдө. Уола Алик сирин түөрэн бүтэрбит, балбаах аҕалан куппут. Ону көрөн кырдьаҕас ийэ астына санаата. Кыыһым суох диэн иһигэр кыыс оҕолоох ыалга ымсыыра саныыра да, хата, бу уоллаах буолан, дьиэ ис-тас үлэтигэр баҕас сатаабатаҕа диэн суох. Бу сарайын, олбуорун барытын саҥардыбыта астык. Атын ыалтан итэҕэһэ суох. Евдокия Андреевна майгыта оннук. Кини эдэр сааһыттан атын кыргыттартан ураты чэнчис, ыраас туттунуулаах буолара, кэрэни таба көрөр буолан, бэйэтигэр барардык таҥнара, туттара-хаптара. Дэлэҕэ даҕаны кинини сэрии кэнниттэн сир баайын көрдүү кэлбит экспедиция биир чулуу уола сөбүлүү көрүө дуо. Ол туспа кэпсээн. Тамалакаан ыалын биир кэмҥэ Ленинградтан сиртэн хостонор баайы көрдүүр экспедиция дьоно кэлэн, аймаабыттара. Ол дьону ыалларынан олордубуттара. Багдасаевтар бүһүөлэккэ биир ыраас, мааны ыалынан биллэллэр. Ол да буоллар, ол экспедиция дьонун тоҕо эрэ кинилэргэ түһэрбэтэхтэрэ. Баҕар, аҕаларыттан толлубуттара буолуо. Дэриэбинэ дьонун аһынан-таҥаһынан хааччыйар Андрей Данилович тылын быһа гымматтар. — Дуунньа, ыл, кэл, эйиэхэ күндү кэһиилээх кэллим! – биирдэ Аана Нукунанова диэн дьахтар дьиэ ортотугар баар буола түспүтэ. Дуунньа остуол үрдүгэр тахсан дьиэ үрдүн сууйа сылдьар буолан маҥнай соччо аахайбата. — Киһи сиир, минньигэс кэһиилээх буоллаххына биирдэ түһүөм! — Минньигэстээҕэр күндү кэһии! Көр, бу! – Аана суругунан көөчүктээтэ. — Тыый, ол хайалара миэхэ суруйдаҕай? – Дуунньа хаһан даҕаны сурук туппатах киһи соһуйан, остуолтан чэпчэкитик ойон түстэ. Аана бэрт үөннээхтик көрө-көрө суругу туттаран кэбистэ. “Мин Бүлүү куораттан сылдьабын, манна экспедицияҕа үлэлиибин. Түспүт ыалым хаһаайкатыттан үчүгэй кыыһы кытта билиһиннэр эрэ диэбиппэр Багдасаева Дуня диэн комсомол хоһууна, колхоз төһүү үлэһитэ, сэмэй, кэрэ көрүҥнээх, киэҥ харахтаах, уһун хойуу суһуохтаах биир баар-суох үчүгэй кыыспыт баар диэбитэ. Эйигин көрсөн кэпсэтиэхпин баҕарабын. Кеша”. Суругу ааҕан баран Дуунньа кыыһырда. — Бу аата тугуй? Бэйэбин көрбөккө да сылдьан маннык суруйар киһи баар үһү дуо? Мэ, төттөрү илдьэн биэр уонна суруйбатын! Дэриэбинэ ыччаттара нэдиэлэ бүтүүтэ саҥа туппут кулууптарыгар таанцыга мусталлар. Уйбаан Трофимов баяҥҥа оонньоон, көрү-нары көҕүлүттэн туталлара. Дуунньа кыыс үлэҕэ да оонньууга да көхтөөх киһи танцыга тиийбитэ. Бу сырыыга экспедиция нууччалара эмиэ бааллар. Залга киирээтин кытта биир билбэт нууччалыы дьүһүннээх уол үҥкүүгэ ыҥырбыта. Ол киэһэ уол кыыстан арахпатаҕа. Дуунньа сурук суруйбут уол диэн таайбыта. Үҥкүү быыһыгар олорон кэпсэппиттэрэ. — Мин кыра сааспыттан тулаайах хаалан, таайым аахха иитиллибитим. 18 сааспын туолбутум кэннэ Японияны утары сэриигэ ыыппыттара. Фроҥҥа сэрии бүтүөр диэри сылдьыбытым онтон Кыайыы буолбутугар дьиэбэр кэлэн иһэн, бу экспедиция дьонун көрсөн, кинилэри кытта үлэҕэ үргүлдьү ааспытым. Сааһым да ыраатан эрэр, ыал буолуохпун баҕарабын. Сэрии кэнниттэн дьон олоҕу олоро охсоору ыксыыр курдуга. Дуунньа бу киһини тоҕо эрэ аһына санаабыта. — Мин манна кэлэн баран элбэх киһиттэн үчүгэй кыыһы кытта билиһиннэриҥ диирбин, бары эйигин ыйаллар. Хайгыахтарын хайгыыллар эбит. Мин эйигин көрөөт сөбүлээтим. Биһиги өйүүн мантан барабыт. Мин сарсын эн дьоҥҥун кытта көрсүөхпүн баҕарабын. Миэхэ кэргэн тахсыаҥ этэ дуо? Ити тыллартан кыыс кыбыстыбыта. Саҥата суох ойон туран кулууптан тахсан барбыта. Сарсыныгар Дуунньа үлэтиттэн кэлбитэ дьиэтигэр Кеша табаарыс уолун кытта кэлэн олороллоро. Ийэтэ сүргэтэ көтөҕүллүбүт көрүҥнээҕэ. Кешалыын билсиспиттэр. Кеша балтыларын хаартыскатын илдьэ сылдьар эбит. Дуунньа көрдөҕүнэ тоҥ нууччалар. — Балтыларыҥ кыраһыабайдара да бэрт эбит дии, миигин, тыа кыыһын тэҥнээбэттэрэ буолуо. — Эс, биһиги көстөр дьүһүммүт эрэ нууччалыы. Бэйэбит уу сахабыт. Мин дьонум тыаттан үчүгэй, үлэһит, сэмэй кыыһы кэргэн ылаар диэбиттэрэ. Ити курдук судургутук билсэн, кэпсэтэн баран, уол суруйуох буолан барбыта. — Тоойуом, ыл, кэл, кэпсэтиэх, — ийэтэ кыыһын ыҥырбыта. – Ити Кеша эдьиийин мин билэбин. Герой-ийэ, боростуой үчүгэй дьахтар. Онон ити да уол оннук буолуохтаах. Сүүрбэ сааһыҥ буолла. Эдьиийиҥ Даайыс аттыгар Бүлүүгэ баран ыал буол. Бу мин курдук колхоз ыарахан үлэтигэр үдьүмэр буолума. Билиҥҥэттэн наһаа ыарахан үлэҕэ миккиллэҥҥин ыарыһах буолаары гынныҥ. Ыарахан үлэ киһи сыратын-сылбатын ылар. Дэлэҕэ да 40 сааспын туола да иликпинэ эмээхсин диэн ыҥырыахтара дуо? Татыйыыс ыараханнык өрө тыынан ылбыта. Кыыс буоллаҕына ийэтэ сөпкө этэрин курдаттыы билэрэ. Онон уол ыйытан суруйбутугар, дьонум сөбүлэстилэр диэн хоруйдаабыта. Биир ый буолан баран Кеша Дуунньаны кэргэн ылаары кэлбитэ. Аҕыйах киһилээх биэчэр тэрийбиттэрэ. Сотору Бүлүүгэ көһөн барбыттара. Кеша экспедициятыттан уурайан, нарсуукка үлэлии киирбит этэ. ххх Онтон ыла Евдокия Андреевна Бүлүүнү дойду оҥостон бу 85 хаарын уулларыар диэри олорор. Кешаттан икки уолламмыта. Ол эрээри, дьоллоро уһаабатаҕа. Кэргэнэ үлэтигэр итээн, хаайыыга барбыта. Евдокия икки кыра оҕотун туппутунан соҕотоҕун хаалбыта. Кини маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлии киирбитэ. Аҕатын курдук атыыһыт ыарахан үлэтигэр үлэлээн барбыта. Урукку атыыһыттар табаардарын үксүгэр бэйэлэрэ сүгэн-көтөҕөн киллэрэн атыылыыр буолаллара. Ол курдук хас да сыл соҕотоҕун оҕолорун иитэ сылдьан, кини дьолугар сүрдээх сымнаҕас майгылаах, туруу үлэһит Яковлев Егор Андреевич диэн киһини көрсүбүтэ. Холбоһон икки уол оҕону төрөтөн, кыһыл ытыстарынан үлэлээннэр мааны дьиэ-уот тэриммиттэрэ. Дьөгүөр сатаабатаҕа диэн суоҕа. Дьиэ ис-тас үлэтин барытын тэбис тэҥҥэ толорсоро. Кини биирдэ эмит кыыһырбытын биһиги көрбөт этибит. Аҕыйах саҥалаах этэ, наар тугу эрэ гынан түбүгүрэ сылдьарын өйдүүбүн. Евдокия Андреевна оҕуруктаах өйдөөх, дьаһаллаах киһи пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Арааһа, кини аҕатын батан буолуо, бастыҥ атыыһыт этэ. Биирдэ эмит итээбит дуу, дьоҥҥо куруубайдаабыт дуу диэни истибэккин. Наар биир кэм дьону кытта үтүөнэн алтыһан, үлэтин кыайан-хотон үлэлээбитэ. Эдьиий Дуунньа дьиэтэ биһиги (кини тапталлаах балтын Валентина Андреевна Багдасаева кыргыттара – А.Н.), кыра сылдьан көрдөхпүтүнэ ыаллартан эрэ улахан, кыраһыабай. Эдьиийбит ааттаах үчүгэй хаһаайка. Хомойуох иһин, биһиги эдьиийбит олоҕор олус улахан охсууну ылбыта, ону хайдах тулуйбута буолла..? Кинилэр Дьөгүөрүнээн улахан уоллара Эдуард аармыйаҕа баран суорума суолламмыта… Оскуоланы бүтэрбит, доруобай, чэгиэн уолларын армыыйаҕа атаарбыттара баара… Ийэлээх аҕаҕа хайдахтаах охсуунуй?! Сэриини ааспыт дьон эйэлээх кэмҥэ итинник сүтүктэммиттэрэ. Ыар сүтүк ийэ сүрэҕэр мэлдьи тыыннаах… Эдьиийбит күүстээх санаата, олоххо таптала барыбытыгар үтүө холобурунан буолар. Кини олоҕун салгыыллар уолаттара, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ. Евдокия Андреевна уолаттарынан киэн туттар. Алексей Васильев республикаҕа биллэр мелодист, кини “Киэһээҥҥи Бүлүү” диэн ырыатын дьон уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр, “Сахам сирин таптыыбын” диэн ырыата бэйэтэ норуот гимнэ. Онтон да элбэх ырыаны көччөх гынан көтүтэр. Тапталлаах Бүлүүтүн гимнин эмиэ кини суруйбута. Алексей Иннокентьевич Васильев үйэтин тухары музыкальнай оскуолаҕа учууталлыыр. 2016 сыллаахха уолугар Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала үрдүк ааты иҥэрдилэр. Ол суолтан ийэ сэмээр үөрэр. Кырдьыга да, уола ити ааты ылыан ылла. Дьон киһи үтүөтүн сыаналыырыттан кырдьаҕас киһи ис иһиттэн үөрэр. Кыра уол Альберт Егорович Яковлев, баһаарынай сулууспа туйгуна, баһаарынай чаас отделениетын командира, үс оҕо аҕата. Анатолийа эдьиийигэр Дарья Андреевнаҕа иитиллибитэ, олус мааны уол этэ. Сытыы-хотуу, саҥалаах-иҥэлээх, сайаҕас майгылаах этэ биһиги тапталлаах убайбыт Толя, Анатолий Николаевич Алексеев (ииппит аҕатын Николай Николаевич Алексеев, милиция майорун аатынан – ааптар). Кыра сырыттахпытына убайбыт барахсан маанылаан да биэрэрэ. Биһиги убайбытыттан биир сүрүн көрдөһүүлээх буолааччыбыт. Ол – моторканан хатааһылааһын. Эдьиийбит Даарыйа ону кытаанахтык боборо. Убайбыт оччолорго аармыйаттан саҥа кэлбит эдэркээн уол буоллаҕа, оттон биһиги санаабытыгар улахан киһи. Эдьиийбит аах утубуйбуттарын кэннэ түүн түннүгүнэн күрээн, өрүскэ киирэн, моторкаҕа олорон Бүлүү эбэ устун сүүрдэрбит. Сөрүүн, чэбдик салгын сытыытык саба охсор, убаай Толя моторката өрүс урсунан олус түргэнник көтүтэр да көтүтэр! Түүн уоран хатааһылыыр кутталы кытта киһи ис иһиттэн кычыкаланан үөрэр сытыы иэйиитинэн кууһара. Оо, олус да дьоллоох кэмнэр этилэр! Биирдэ мин оннук хатааһылааммын күөмэйим улаханнык ыалдьан, тутуллан хаалбыппыт. Ол кэнниттэн убаай Толя улаханнык мөҥүллэн, тохтообуппут. Дьоллоох оҕо саас сырдык өйдөбүлүн сахпыт дьоммутунан эдьиийбит Даарыйа Андреевна Багдасаева, убайбыт Анатолий Николаевич Алексеев буолаллар. Таай Илларион Андреевич Багдасаев биэс оҕото уонна биһиги, үс кыргыттар, буоламмыт сайын аайы эдьиий Даашаҕа сайылыырбыт. Ып-ыраас, кырылас кумахтаах, дьэп-дьэҥкир ыраас уулаах Бүлүү кытылыгар сүүрэн киирэн сөтүөлүүрбүт. Дашалаах биэрэк үрдүгэр олороллоро. Киэҥ-нэлэмэн, күөх оттоох, остуоруйа кинигэтин уруһуйун санатар уурбут-туппут курдук мааны дьиэлээх, “абааһылардааҕы кэпсэтэр” ампаардаах, сасыһан оонньуур хоспохтоох, сөтүөлүүргэ анаан өрүстээх, наар төгүрүк сайын турар үтүө дойдута этэ. Ол остуоруйа дойдутугар биһиги эдьиийдэрбит Даарыйа уонна Дуунньа олороллоро. Оҕо сааспыт бу дьоллоох өйдөбүлэ дууһабытыгар өрүү баар, олох араас хахсааттаах күнүгэр-дьылыгар харысхал буолар оҕо сааспыт дьоллоох кэмэ. ххх Евдокия Андреевна адаархай буочарынан оҕо үөрэнэр тэтэрээтин толору суруйда. Биллэн турар, бу эрэ буолуо баара дуо, өссө да сурукка тиһиллэбэккэ хаалбыт олох чахчыта элбэх. Барытын суруйар санаа батарбат. “Бэйи, өссө да суруйуом. Сэрии кэнниттэн оһорунар туруу үлэ кэмэ баара. Төһөлөөх киһи үлэлээн-хамсаан ааспытай. Оо, кыахтаах буолан баран, барыларын ааттарын үйэтитэр киһи ньии…”, — өссө да санаата уоскуйбат үлэ, тыыл бэтэрээнэ Евдокия Андреевна Данилова-Багдасаева. Оттон истиэнэ эркинигэр ыйанан турар былыргы чаһы биир кэм тохтоло суох устан ааһан иһэр олох туоһута буолан кини кэмин-дьылын ааҕан таһыргыырга дылы… Айталина НИКИФОРОВА. Хаартыскалар, уруһуйдар: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан