Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох кырдьыга (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох кырдьыга (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
24.01.2018 20:30
– Эбээ Мотя, мин өлбөт инибин дии? – ороҥҥо сытар тараҕай уолчаан саньытаарка халаатын тардыалаата, сөтөллөн ылла. Сирэйэ күөхтүҥү. Били, «Фантомас» диэн француз кэмиэдьийэтин дьоруойун санатар. Ол эрээри күлүүтэ суох. Кыратык даҕаны. Алта уончалаах, үйэтин-сааһын тухары саньытаарканан үлэлээбит дьахтар хараҕа ууланна, барыах-кэлиэх сирин булбата. Арааһы көрдө ини, көрбөтө ини… Ол да буоллар инчэҕэй эттээх киһи манныкка хайдах үөрэниэй. Хаһан да үөрэммэт. – Тукаам, ону-маны саҥарыма дуу… Тоҕо өлүөххүнүй? – куолаһа титирээн ылла, хараҕын уута түспүтүн өйдөөмүнэ хаалла. – Эбээ, бу субуотаҕа – ийэм төрөөбүт күнэ. Бэлэх оҥорбутум, ону биэриэхпин… субуотаҕа диэри өлбөт инибин дии? Саатар, субуотаҕа диэри. Ийэм үөрүө да үөрүө, ону көрдөрүөхпүн баҕарабын. Билэҕин, бэйэм оҥорбутум дии! – оҕо тураары тардыаласта даҕаны сатаан турбата. – Сыт, сыт, турума, тоойуом. Мин ылан биэриэҕим. Сынньан. Киэһэ ийэҥ кэлиэҕэ. Кэтэһиэх, – уол суорҕанын көннөрөөт, сүүһүттэн сыллаата. Балаататтан тахсаат, уйа-хайа суох ытаан барда. Онкология. Аҕыйах күнүнэн өлүөхтээх оҕолору көрөртөн ордук ынырык хартыына суох. Олох кэрэтин, күн сырдыгын көрүөхтээх этилэр. Оҕолор биир уратылара – кинилэр дьэҥкир уу курдук ыраастар. Ыалдьа да сытан күлэллэр, дьонноро ытамньыйалларын көрөн уоскуталлар, кууһаллар, кырачаан тарбахтарынан харахтарын уутун сотоллор… Бу соторутааҕыта эрэ бараахтаабыт кыысчаан баара… Төһөлөөх абытай ыарыыны тулуйбутай? Кинини санаатахпына, билигин даҕаны сүрэҕим хаанынан ытыыр. Ыарыылаах укуоллары, эти-сиини сиир араагы сымыһаҕын быһа ытыра-ытыра тулуйара: «Аҕаа, күүстээх буол диириҥ дии. Аны ытаатахпына, үтүөрүөм суоҕа, тулуура суох диэхтэрэ», – дии-дии, сутуругун быһа тутта-тутта тулуйара, кырдьык, ытааччы суоҕа, хараҕыттан кыра таммах ыгыллан тахсара – онон бүтэрэ. Аҕата барахсан оҕото эрэйдэнэрин көрө-көрө, тулуйбакка таһырдьа ыстанара, өр да өр ытыыра. Былырыын 14 саастаах уол баара, балыыһаҕа киирээт, уһаабатаҕа. «Эбээ, путбуоллуохпун баҕардым, хаһан үтүөрэн дьиэлиибин?» диэн балаатаҕа киирдэҕин ахсын ыйыталаһара. Туох диэн албынныаҕай, саннытын ыгдах гынара. Күн ахсын курус көстүү… Киэһэлик уолчаан ийэтэ кэлбитэ. Эдэр ийэ кэрэ дьүһүнэ уостубут, баттаҕа арбайбыт, дэлби дьүдьэйбит. Төрөппүт, кырачаан оҕоҥ кубарыйан, ыран, иччитэ суоҕунан көрөн сытарыттан куһаҕан туох да суох… Эдэр ийэ балаатаҕа киириэн иннинэ мэлдьи өр ыскамыайкаҕа олоро түһэрэ, төттөрү-таары хаамыталыыра, сотору-сотору үөһэ тыынан ылара. Ити ытаабатах эрэ киһи диэн туттуна сатыыр быһыыта. Мотяҕа кэлэн маҥнай уолун туругун туоһулаһара, туох кэпсээннээҕин, настарыанньата хайдаҕын ыйыталаһара. Онтон дьэ киирэрэ. Син биир хараҕа кытаран, сирэйэ дэлби дыгдаччы иһэн тахсара. Дьиэлээн иһэн, саньытаарканы кууһара, махтанара «тоҕо эмиэ ытаатахпыный, барыта этэҥҥэ буолуоҕа» диэн уоскутунара… Ааспыкка оптуобус иһигэр 14-15 саастаах уол ийэтигэр «алтыс айфон тахсыбыт дии, бэсиһим наадата суох, атыылас» дии-дии атаахтаабыта, киинэҕэ киирээри турдахпына, эдэр кыыс кэргэнигэр сыста-сыста уоһун чорбоппута: «Айака, кыыспыт наһаа сылатар, уоппускабыт кэмигэр ыраах ханна эрэ ыытыах, эбэтигэр дуу, эдьиий
Улялаахха дуу, короче, мэһэйдээбэтин эрэ…». Оттон онкология балыыһатыгар сытар кырачаан уол биир эрэ баҕа санаалаах – субуотаҕа диэри тыыннаах хаалбыт киһи диэн. Уолчаан субуотаҕа диэри олорбута, бэлэҕин ийэтигэр биэрбитэ. Ол кэннэ нэдиэлэ буолаат, сырдык тыына быстаахтаабыта… Тиһэх күннэригэр «Таҥара миигин истэр эбит дии» диэхтиирэ. Тамара, «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан