Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
15.11.2019 17:46
Дьылҕа Хаан баар дииллэр. Инники олоҕуҥ хайа суолунан барара үөһэттэн ыйыллан сытар үһү. Ол аата, туох эмэ быстах быһыыҥ, холобура, арыгыны батыһан иһииҥ, онтон сылтаан арааска бары түбэһииҥ – эйигиттэн, тус бэйэҕиттэн, буолбатах. Сорох саха итиниэхэ бүк эрэнэр. Төһө да таҥараны итэҕэйбэтэр, сахаҕа чугас Үрдүкү айыылар инники дьылҕабытын «онно хайдах суруйбуттарынан» оҥорон иһэллэр үһү диэн санаалаах. Сэмэн диэн табаарыһым, дойдутуттан Дьокуускайга киирэ сылдьан, ыкса киэһэ оптуобус тохтобулугар бөҕүөрэн турарын көрсө биэрбиттээхпин. Төһө да тоҥнор, «тэп» гыннарбыта ааһа илик буолан, «кыратык эбиниэххэ» диэн хаайбыта. Бачча хойут дьиэҕэр сыппакка илэчийэриҥ тугун сүрэй, эчи, куттамматыҥ да бэрт диэбиккэ, күлэн эрэ кэбиспитэ. Уҥуох сөмүйэтинэн үөһээ диэки ыйа-ыйа «от судьбы не убежишь, адьас куттаммаппын, кэмим кэлбит буоллаҕына – хайыахпыный» диэбитэ. Сааһыары Сэмэни аймаҕа уол бииргэ арыгылаһан баран, быһаҕынан анньан өлөрбүт диэн сураҕы истибитим. Бу Дьылҕа Хаан оҥоһуута буолуо дуо? Мөккүөрдээх дии саныыбын. «Арыгыны батыспатаҕа буоллар, олоҕо ити курдук хобдохтук түмүктэниэ суох этэ» диэн, кими баҕарар хал гыммыт «дьуһуурунай» этиинэн муҥурданар буоллахпыт. Оччотугар Сэмэн арыгыга убаныыта эмиэ «үөһээҥҥилэр» ыйыылара дуу? ... Дьөгүөр оҕо сылдьан сытыы өйүнэн, чобуотунан биллэрэ. Учууталлар аһаҕас уруок ыытталлар эрэ, хайаан да кинини бастаан ыйыталлара. Атын оскуолаттан кэлбит учууталлар бу оҕо киһи иһиттэр истэ олоруох курдук лоп бааччы хоруйдуурун сөҕөртөн ордубаттара. Дьөгүөр уҥуоҕунан кыра, хатыҥыр, күүһэ да ол тэҥинэн этэ. Ол да буоллар аармыйаттан сыыйан кэбиспэтэхтэрэ, ылбыттара. Икки сылынан эргиллибитигэр киһи барыта соһуйбута. Урукку Дьөгүөр буолбатах: эт туппут, саҥата-иҥэтэ өссө элбээбит, арыгыны да испэхтэһэр, сылтах эрэ көһүннэр сутуругун күөрэҥнэтэр. Бөһүөлэгэр тулуйа сатаан баран, хайа муҥун, милииссийэлэммиттэрэ. Онтон ыла «хахаардалаах табаарыстарга» мэлдьи кэриэтэ «хоноһо» буолар. Соҕотох ийэтэ «туох ааттаах быһа имнэммитэ буолла» диэн, хараҕын уутунан суунартан ордубат. Дьөгүөр ити курдук күнүн-дьылын билбэккэ арыгылыы сылдьан, биирдэ иччитэх балаҕаҥҥа киирэн утуйан хаалбыт. Ахсынньы аам-даам тымныытыгар сылаас дьиэҕэ киирбит курдук санаммыта буолаахтыа, бэл, хаатыҥкатын устубут. Ол түмүгэр илиитин уон тарбаҕын, аҥаар атаҕын биэс тарбаҕын быстарбыта. Кэмсиммитин иһин туох кэлиэй?! Сорох кырдьаҕас итини Дьылҕа Хаан ыйааҕа диир. Дьөгүөр охсуһуунан тууһугурбутун сэтэ үһү. ... Сэргэй олус талааннаах учуутал этэ. Көмпүүтэр саҥардыы үөдүйэн эрдэҕинэ, оройуон бастыҥ информатига кини буолбута. Учууталлар мунньахтарыгар бастыҥ уопутун хайаан да инники күөҥҥэ туруораллара. Уоппуска, өрөбүл диэни аахсыбакка, эргиччи оҕолору кытта сылдьара. Үлэ-сынньалаҥ лааҕырын солбуллубат салайааччыта этэ. Спортсмен бэрдэ. Остуол тенниһигэр оройуонугар хаста да бастаабыта. Саарыгын өрө быраҕан баран, кимиэхэ да уларсыбат ракеткатынан хайа да бэйэлээх киһи кыайан ылбат гына эрийэн биэрэрэ, кэлбит саарыгы икки өттүнэн сырдырҕаччы быһара. Волейболга биир оннуга. Кини оонньообут хамаандата хайаан да кыайара. Сэргэйгэ мээчиги туруоруоҥ эрэ кэрэх – өрө ыстанаат быһан
кууһуннарара. Оттон дуобакка букатын чаҕылхай этэ. Маастар таһымыгар аа-дьуо оонньуура. Маны таһынан, гитараҕа оонньуу-оонньуу ыллаатаҕына, били Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» сэһэнигэр этиллэрин курдук, «маннык киһи хаһан эрэ сорсуйуо турдаҕа» диэн, эрдэттэн аһыйа саныыгын. Кэргэннэммэтэҕэ, саатар, кими эмэ кытта көссүүлэспитэ иһиллибэт. Сэргэй туос умайан күлүбүрүүрүн курдук, түөрт уонугар да тиийбэккэ, арыгыга быарын быһа сиэтэн өлбүтэ. Доҕотторо «арыгыгын эмтэт» диэн, төһөлөөх элэ-была тылларын этэ сатаабыттара буолуой. Иккилээҕинэн истибэт этэ. Хас эмэ хонукка сүтэн хаалара, ол эрээри син абырыыр ыспыраапкалаах кэлэн, үлэтигэр борогуулунан аахпаттара. Аймаҕа, өссө эдьиийэ да диэтэххэ сыыһа буолбат, оскуола дириэктэринэн ананаат, аан бастакынан Сэргэйи үлэтиттэн устубута. Кэлэктиипкэ бу талааннаах учуутал туһунан араас санаа баара. Сорох аһынара, сорох сэтэриирэ. Интэриэһинэй баҕайы. Сэргэй олоҕо уу нуһараҥ, биир тэҥ буолбатах этэ: биитэр үрдүккэ дайа көтүү, үрдүк ситиһии, биитэр сууллуу-самныы. Сорох учуутал үйэтин тухары баара-суоҕа биллибэккэ, бэрээдэги кэспэккэ, биллэр-көстөр туох да үчүгэйи оҥорбокко чуумпутук сылдьар. Арыгы испэт, үлэтигэр хойутаабат, эппиттэрин тук курдук толорор, туохха да орооспот. Кэлэктиип маннык үлэһиттэрдээҕэ дириэктэргэ биир өттүнэн үчүгэй курдук: кириитикэлээбэттэр, бэрээдэги кэспэттэр, кылаабынайа, кини истэригэр тугу да утары саҥарбаттар. Куһаҕана диэн, маннык үлэһит туох да саҥаны, сонуну киллэрбэт, киллэрэ да сатаабат, кыаҕа да суох. Үлэтиттэн устар кыаҕыҥ эмиэ суох, онон кырдьан, бэйэтэ үтүө көҥүлүнэн аккаастаныар диэри сылдьарыгар тиийэр. Оттон Сэргэй курдук түһүүлээх-тахсыылаах дьон чуумпу олоҕу аҕалыахтара диэн саараама. «Киһи өллөҕүнэ, үтүөтэ тахсар» диэн өс хоһооно баар. Ити кырдьык быһыылаах. Сэргэй туһунан оройуонун хаһыатыгар оҕолуун-кырдьаҕастыын «хаарыаннаах учууталбыт этэ» диэн ис хоһоонноох хаста да улаханнык аһыйан, хараастан суруйдулар. Аймахтара кини кэриэһигэр дуобакка турнир тэрийэллэр, онно өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастардара Дьокуускайтан тиийэллэр. Ити билиниилэрэ Сэргэй тыыннааҕар этиллибиттэрэ буоллар ньии... Бу эмиэ Дьылҕа Хаан ыйааҕа буоллаҕа дуу? Баҕар, маннык талааннаах дьон уһун үйэлэнэллэрэ сатаммата буолуо. * * * Өлөксөөн Куудурун – булчут хоһууна. Аармыйаттан кэлиэҕиттэн бултуур. Идэтийбит булчут буоларыгар аҕата Уйбаан оҕонньор уһуйбута. Өлөксөөн киһини өйдүүр буолуоҕуттан аҕатын батыһа сылдьан кырынааска, киискэ, саһылга хайдах мэҥиэлээн хапкаан уурары болҕойон көрөрө. Сааскы куска, күһүҥҥү балыкка сылдьыһарын этэ да барыллыбат. Ол – хоту дойду оҕотун сиэрэ. Түмүгэр, удьуор булчут буолан таҕыста. Куһаҕана диэн, уол оҕоломмото – барыта кыргыттар. Онон кырдьан-бохтон бардаҕына, ким кини оннугар хаалан, киэҥ сиринэн тэлэһийэн бултуо, ким да санаммат тэйиэс күөлүгэр тиийэн балыктыа биллибэт. Сааһырда, биэс уонун ааста. Араас ыарыыта, дьарҕата көбөн, сотору-сотору балыыһаҕа киирэн тахсар идэлэннэ. Эдэригэр балыыһа диэни ончу билбэт этэ. Сопхуос төһө да ыһылыннар, бөһүөлэккэ кэлэктиибинэй хаһаайыстыба диэн баар буолан син абыраата: аһы-таҥаһы иэс суруйан биэрэллэр, хоргуппаттар. Түүлээҕи, балыгы туттардахха, сол докумуоннарыгар суруйан, бэлиэтээн иһэллэр. Сэбиэскэй саҕана, дьэ ньиргиччи олох этэ.
Үлэһити бэркэ чиэстииллэрэ: уордьан, мэтээл, түөскэ иилинэр араас бэлиэ толору буолара. Ол билигин суох. Оройуон салалтата оччоттон билиҥҥэ диэри уларыйбата эрээри, омук сириттэн тосту-туора быһыылаах дьон өһөөн кэлэн, тыа хаһаайыстыбатын садаҕалаабыттарын курдук буолла. Бу дьон аҕыйах сыллаахха диэри үлэһиттэргэ араас сүлүөтү тэрийэн, бастыҥнарга соҕуруу сынньанан кэлэллэригэр путевканы биэрэн олорбуттара эбээт! Ол бэйэлэрэ тугунан эрэ укуоллаппыт дуу, дьупунуостаппыт курдук дуу букатын аах-маах бардылар. Килиэккэлээх кыылы иитэн өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыт нэһилиэк билигин чулугур тумустааҕа суох, хороҕор муостааҕы хойуннаран үүтү 2000 киилэнэн бидиличчи ыабыт бөһүөлэк абына-табына сүөһүлээх хаалла. Эстэр эһиннэ, быстар быһынна. Ким да кимиэхэ да кыһаллыбат ынырык үйэтэ үүннэ. Өлөксөөн ол эрээри бултаабытын кубулуппат. Булт кэмэ бүттэҕинэ, араас үлэҕэ ыыталлар. Бадыбаал ыраастааһына, хотон, хаһаа өрөмүөнэ, өртөөһүн, сиэн хаһыыта – барыта Өлөксөөннөөххө сүктэриллэр. Сорох булчут аны күһүн бултуур, мууһу аннынан балыктыыр кэм саҕаланыар диэри холтууралаан харчы өлөрөр: дьоҥҥо дьиэ тутар, ититэр систиэмэни киллэрэр, сороҕор куораттан табаар ситтэрэн эргинэр. Ол дьонуҥ кэлэктиибинэй хаһаайыстыба үлэтигэр кыттан бэрт. Оттон Өлөксөөн курдук истигэн дьону салалта төһө баҕарар эрбэҕин үрдүгэр эргитэр. Биирдэ эмэ «тэп» гыннаран, утары этээри чобуорхайдаҕына, «бултуур, балыктыыр сиргин атын киһиэхэ биэриэхпит» диэн түргэнник сөп гыналлар. Хайыай, хаарыаннаах сириттэн матыа дуо. Дьиҥэр, ол «хаарыаннаах» сиригэр тиийэн бултуох-балыктыах диэтэххэ – улахан ороскуот. Бурааҥҥа саппаас чааһын кытта хас эмэ буочука бэнсиин наада. Маны тэрилтэ хааччыйбат. Ол иһин сэмээр бултаабыт киистэрин атыылаан, дьоҥҥо дьиэ тутуһан биитэр араас кэпсэтиигэ мас кэрдэн, суоран булунар. Бураана эргэрдэ. Саҥаны атыылаһарга хас да туонна бастыҥ хаачыстыбалаах быраҥааттаны, чыыры туттарыан наада. Өссө ол балыккын Дьокуускайга тиэйэн илдьэн батардахтарына, бурааны тиэйэн аҕаллахтарына, тиксэриҥ эбитэ дуу. Ол да саарбах. Хас да сыллааҕыта балыктарын туттарбыт дьон бурааннарын кэм да кэтэһэллэр үһү дииллэр. Өлөксөөн кыһалҕата итинэн эрэ бүппэт. От-мас түһэртэриитэ, араас нолуок – барыта харчы. Хата, кэргэнэ Арыпыай оскуолаҕа убуорсусса уонна молпуруомҥа үүт туттарар буолан, төһө эмэ сыккыраан олороллор. Харчыларын сыыһыттан хам-түм Дьокуускайга үөрэнэр кыыстарыгар ыыталлар. Арыпыай, киин улуус диэкиттэн кэлбит кийиит, «үйэм дьиэ-уот оҥостуутугар, наар түбүккэ ааста» диэн, бэлиэр олох олорон бүппүт киһи курдук суҥхарааччы. Кырдьык, Өлөксөөн, уус буолан, «урут бу дьиэбин салҕааһыннары баҕастары мөлтөхтүк туппут эбиппин» диэн, көтүрэн, миэстэтин уларыппыттаах. Хаһан да иллэҥсийбэт, тугу эмэ уһаммыта, туппута эрэ баар. Киһи эрэ ымсыыра көрөр киэҥ дьиэтэ, бадыбаала, гарааһа, уһанар мастарыскыайа, хотоно, кыбыыта, тэпилииссэтэ, баанньыга, сайыҥҥы дууһа, бэйэтэ оҥорбут араас миэбэлэ – хамсаабат баай туоһулара. Сатаан уһаммат, бултаабат, икки хараҥаны ыпсаран үлэлээбэт дьон кинилэри «кыахтаахтык олорор ыал» диэн ордугургуу саныыллар. Сороҕор биллэ «чэпчээбит» Өлөксөөн саһархай бытыгын имэринэн кэбиһэ-кэбиһэ, гитаратын ылан «Хатыҥнар сайыны түһүүллэр» диэн, улаханнык иэйдэҕинэ ыллыыр ырыатын тардар.
Бу кэмҥэ киниттэн улахан дьоллоох киһи суох. Дьолу таба көрүөххэ, онтон үөрүөххэ наада. Дьолгун ким да эйиэхэ утары ууммат. Өлөксөөн санаата итинник. Оттон олоҕуҥ күн сарсын хайдах сайдан барыан ким тымтыктанан билбитэ баарай?! Ону Дьылҕа Хаан билэн эрдэҕэ. Бутукай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан