Кэпсээ
Войти Регистрация

Андыһыттар (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Андыһыттар (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
07.01.2018 10:00
Ыам ыйын 30 күнүгэр үөрэх дьыла түмүктэннэ. Оҕолор кылаас чааһыгар сыллааҕы үөрэхтэрин түмүгүн истэн, таабылларын ылан дьиэ дьиэлэринэн тарҕастылар. Баанчык бэһис кылааһы үһэ суох бүтэрэн уонна аҕата бу киэһэ андыга илдьэ барыах буолан, саха тэҥэ суох сананан уолаттары кытары быраһаайдаһаат, дьиэтигэр сүүрдэ. Ийэтэ дурдаҕа кэтэр таҥаһын-сабын өссө бэҕэһээ бэлэмнээбитэ. Баанчыкка саата суох эрээри дурдаҕа кулгаах-харах буолуохтаах. Аҕата, күтүөтэ, убайдара бары үлэлииллэр. Түүн солбуһан олорон андыны кэтииллэр үһү. Онон Баанчык анды манаһан дьонун утута түһүөхтээх. Дьиэтигэр тиийэн сиирэ-халты аһаат хомуммутунан, тэриммитинэн барда. Арагаайкатын, буулдьаларын үрүксээк сиэбигэр укта. Таҥаһын-сабын хааланна. Кинигэ ыскаабыгар тиийэн талан-талан, урут төһө да аахтар «Аатырбыт снайпер», «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» диэн кинигэлэри уонна Амма Аччыгыйын «Талыллыбыт айымньыларын» угунна. Билигин түүннэри сырдык, онон дурдаҕа олорон төһө баҕарар ааҕыахха сөп. Библиотекаҕа сылдьан биир эмэ саҥа кинигэни ылбаккабын диэн хомойо санаата. Кэтэспит санаатыгар аҕата кэллэр кэлбэтэ. Убайа, күтүөтэ маарыын үйэ барбыттара. Кэмниэ кэнэҕэс аҕатын матасыыкылын тыаһа торулаата. Сып-сап киэһэ аһылыктарын аһыы охсоот, бараары тэриннилэр. Ийэтэ Баанчык сонун саҕатын көннөрбүтэ буола туран: «Чэ, сэрэнэн сылдьаар. Соҕотоҕун тыыга киирээйэҕин», — диэтэ уонна көхсүттэн оргууй аан диэки үтүрүйдэ. Аҕата үрүксээктэрин сидиэнньэ тутааҕар баайталаан баран, Баанчыктыын саастыы, хараҥа халлаан күөҕэ дьүһүннээх эргэ «Иж-Платета» матасыыкылын биирдэ эрэ үктээн собуоттаата. Матасыыкыл мотуора биир кэмник «дуҥ-дуҥ-дуҥ-дуҥ» диэн үлэлээн тиҥийдэ. Баанчык бэрт үөрүйэхтик сидиэнньэ кэннигэр чөкөччү олорунан кэбистэ. Аҕата ускуораска уган «хачыгыр» гыннарда, матасыыкыллара «дыы-ы-ы-ҥ-дыҥ-дыҥ» диэтэ да, күөх буруону субуйбутунан иннин диэки дьулуруйда. Халдьаайыны аннынан тыргыллар суол устун буору бурҕачытан ыстаннара турдулар. Баанчык түргэн айаҥҥа салгын охсон, хараҕын симириктээн ыла-ыла, суол кытыытынан сэлэлэспит көҕөрөн эрэр мастары, сыһыыга мэччийэ сылдьар сүөһүлэри, матасыыкылтан тэһииркээн сиэллэрэ, кутуруктара бураллан туора ыстанан сиэлэн бурҕаллар сылгылары көрө-көрө ис-иһиттэн үөрэн, биир кэм мичээрдии иһэр. Тумус тыаны быһа түһээттэрин кытары, суолга тугу эрэ булан тоҥхороҥноһо сылдьар үс-түөрт тураах матасыыкыл саба сүүрэн кэлбититтэн соһуйан үрүө-тараа көтөн сарымтахтастылар. Харса суох дайбанан уҥа-хаҥас хайбаҥнаан, тэлиэс-былаас көтөн иһэн, чахчы сымсаларыттан орпут курдук сананан, дьэ сүнньүлэрин көннөрөн, тыа баһын былдьастылар. Икки алааһы ааһан, биир үрүйэни батан, онон-манан чалбахтардаах, тыраахтардар тоҕута кэһэн кэбиспит суоллаах сискэ киирдилэр. Аҕата бэрт үөрүйэхтик онон-манан тумнан сиһи эрэйэ суох туораатылар. Эмиэ алааска киирэн эргэ өтөхтөрдөөх көнө кырдал устун тэптэрдилэр. Чараас тыаны быһа түһээт, ортотугар арыылаах обургу күөллээх алааска киирэн кэллилэр. Күөл уҥуор күөх мутукчанан бүрүллүбүт биир дурда багдайан көстөр, тыа саҕатын диэкиттэн күөх буруо унаарар. Кинилэр дурдалара арыыга баар буолуохтаах. Матасыыкылларын кэрии саҕатыгар туруоран баран күөлгэ киириилэригэр, убайа арыыттан тыынан утары кэллэ. Икки киһилээх эрэһиинэ тыыга саамылаһан олорон арыыга таҕыстылар. Убайа, күтүөтэ уонна абаҕата Бүөтүр кэлэн номнуо
харыаллары анньыбыттар. Кып-кыһыл хохуоралаах тумустаах, мас төбөлөөх, дулҕаттан оҥоһуллубут мончууктар дурда диэки хайыһан кырылаһан олороллорун көрөргө үчүгэйэ сүрдээх эбит. Өр мэскэйдэммэккэ ону-маны дьаһайа охсоот, дурдаларыгар киирэн орун оруннарын булан олордулар. Дурдаларын уҥа эркинигэр, бэрт бүччүм сиргэ, сылгы чыычааҕа уйаламмыт. Уйаларыттан көҥөөн тыһылаах атыыр чыычаах дурданы эргийэ көтө сылдьан аймалҕан бөҕөнү тартылар. Биирдэрэ хаста да уйатыгар киирээри сорунан көрөн баран, дурда иһигэр ыгыта симсэн олорор дьонтон куттанан итиннэ-манна түһэн көрө-көрө, көтөн иһэр. Сымыыттара сойоору сүрдээҕин ыксыыр быһыылаахтар. Сотору-сотору дурда чуолҕаныгар кэлэн биир сиргэ тырып-тарып сапсына турбахтаат, баран хаалаллар. Дьэ онтон, арааһа тыһыта буоллаҕа буолуо, харса суох дурда иннинээҕи туорай маска кэлэн олоро түстэ, сибилигин көтөн хаалыахтыы дьих-дьах туттан уҥа-хаҥас өттүнэн буолбахтаата, онтон хамсаабакка да, тыыммакка да олорор дьон куттала суохтарын биллэҕэ буолуо, уйатыгар сылыпыс гынан хаалла. Чыычаах уйатыгар киирэн баран төһө да кэпсэппиттэрин, өссө сорохтор таһырдьа тахса сылдьыбыттарын үрдүнэн, сымыыттарын быраҕан баран хаалбата, ылы-чып дьылыйан сытта. Арай, биирдэ эмэ дурда эркинигэр сааллыбыт хордуон үрдүнэн хара баттахтаах төбөтө, доробуонньук саҕа хап-хара хараҕа көстөн ылыталыыр. — Ити сылгы чыычааҕа манна сыл ахсын уйаланар, — диэтэ аҕата. – Бастаан ити курдук аймалҕан бөҕөнү тардан баран, кэлин син кэргэнниһэн киһиттэн соччо куттаммат буолар. Оннооҕор анды түстэҕинэ ытыалаан битигирэттэххэ даҕаны сымыыттарын быраҕан баран хаалбат. Эрэйдээхтэр булан-булан уйаламмыт сирдэрэ да баар ээ. Саамай төрүүр-ууһуур кэмнэригэр анды көҥүлэ саҕаланан эрэй, куттал бөҕөнү көрөн эрдэхтэрэ. Ханна тиийэн кыстыыр барахсаттар эбитэ буолла. Баанчык, эн билэриҥ буолуо? Оскуолаҕа үөрэппэтэххит дуо? — Суох. Үөрэппэтэхпит ээ, — Баанчык сылгы чыычааҕа ханна кыстыырын билбэтиттэн кыбыстыбыттыы хардарда. — Ээ, ол көтөр-сүүрэр ханна тиийэн кыстыырын оскуолаҕа үөрэппэттэр, программаҕа киирбэт. Элбэҕэ бэрт буоллаҕа дии. Киһи билиэн-көрүөн баҕарарын бэйэтэ хасыһан ааҕыахтаах, — диэн дурда хаҥас уһугар олорор абаҕата, Бүөтүр, быһааран биэрдэ. Баанчык ону истэн сарсын хайаан да библиотекаҕа тиийэн сылгы чыычааҕа ханна кыстыырын билэн кэлиэм диэн кытаанахтык быһаарынна. Бастакы түүннэрэ буолан дьоно өргө диэри утуйбатылар. Арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ олордулар. Кэнникинэн Баанчык утуктаан тоҥхоҥноон барбытыгар аҕата: — Һыллы, эн утуй. Биһиги утуйарбытыгар уһугуннарыахпыт, — диэтэ уонна сыппытын кэннэ сонунан сабан, хайан биэрдэ. Баанчык тыраахылар айманалларын, дьоно оргууй кэпсэтэллэрин истэ сытан утуйан мунна сурдурҕаабытынан барда. Минньигэс баҕайытык утуйа сыттаҕына аҕата санныттан тардыалаан уһугуннарда. — Тоойуом, кыратык олоро түс эрэ, — диэн дьону уһугуннарымаары оргууй сибигинэйэн эттэ. Баанчык олоро түһэн хараҕын ньуххаммахтаата. Дурда чуолҕанынан көрбүтэ — уу ньуура умуллан эрэр түптэ буруотунуу үрүҥ күдэригинэн бургучуйа сытар эбит. Мончууктар ол күдэрик быыһыгар устан эрэр курдук харааран көстөллөр. Дьоно бары утуйбуттар. Аҕата хаҥас харытыттан чаһытын устан Баанчыкка уунна. — ¥с аҥар буолла. Мин утуйа
түһүөм. Ууҥ кэллэҕинэ убайгын уһугуннараар. Сарсыардаҕа сэттэҕэ барыбытын уһугуннардын. Туох эмэ түстэҕинэ тыаһаабакка сэрэнэн миигин тардыалаар, — диэн баран тиэрэ түһэн сытынан кэбистэ. Оннун була сатаан мөхсүммэхтээн баран ньим барда. Баанчык үрүҥ күдэрик көтөрүн көрөн олорбохтоото. Онтон хаҥас кынакка олорор мончууктарын аахта. Сүүрбэ алтыалар эбит. Уҥа кынакка отут түөрт харыалы анньыбыттар. Дурда туһаайыытынан ортоку кыыс мончуук олорор. Ол бэтэрээ өттүгэр түөрт көҕүллээх мончуугун үппүттэр. Тохтоло суох айманар тыыраахылар арыый уоскуйбуттар. Арай ханна эрэ сотору-сотору аҥыр уһуутуура иһиллэр. Баанчык кимтэн эрэ аҥыр элбэхтэ уһуутуур буоллаҕына үчүгэй сайын буолар үһү диэни истибитин өйдөөн, аҥыр хаста саҥарарын ааҕаары чөрбөйүөҕүнэн чөрбөйөн олордо. £р-өтөр буолбата, сир анныттан ньириһитэрдии уһуутаабытынан барда. Уон биир төгүл «Уу-уу-уу!» диэн баран тохтоото. Баанчык ити аата үчүгэй сайын буолар буоллаҕа дуу дии санаата. Аҥыр уһуутууруттан аралдьыйан аны болҕомтотун атын саҥаҕа-иҥэҕэ уурда. Куула диэки ханнык эрэ көтөр: «Кыы-ы-п-кыып-кыып», — диирэ иһиллэр. Туох көтөр саҥарара буолла диэн таайа сатаата да, тобулбата. Ол кэмҥэ күн тииттэр бастарыттан тахсан, туман көтөн барда. Кыырпах да былыта суох халлааҥҥа тэмтэйэ ойон эрэр күн сылаас, сырдык сардаҥалара халдьаайыга сыдьаайда. Бугул-бугул курдук быллаардардаах халдьаайыга быыһа суох үүммүт ньургуһуннар, саҥа күнү уруйдаан сүүһүнэн сырдык сыдьаай буолан сандаарыһа түстүлэр. Баанчык ону абылаппыттыы көрөн, оннуттан сыҕарыс гына-гына одууласта. Онтон өй ылан халампааһы ылан халдьаайыны кэрийэ көрдө. Дьэ, ньургуһун үүннэҕинэ хойуутук да үүнэр буолар эбит. Халдьаайы быллаардарыгар киһи ханан да үктэммэт гына ньургуһун ыга анньыбыт. Сибэкки ойуулаах сиидэһинэн бүрүйбүт курдук. Кэрэттэн кэрэ көстүү! Ити курдук тулатын бэркэ сэргээн халампааһынан таттаран көрө олордоҕуна дурдаларын уҥа өттүгэр уу чалымнаата. Баанчык тыыммакка да олорон оччойо-оччойо одууласта. Туох да суох. Мончууктарын аахпыта, эбиллэн кэлбэтэхтэр. Ол иһин оргууй иннин диэки сыҕарыҥнаан, чуолҕанынан быган хаҥас өттүн өҥөйөн көрбүтэ, андаатар кытылга тахсан тугу эрэ кэбийэн ибигирэтэ олорор эбит. «Ээ, андаатар тыаһыыр эбит» дии санаан баран оннугар олорунан кэбистэ. Тэһийбэккэ үрүксээгиттэн «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» диэн кинигэни таһааран Мас Мэхээлэ тустууларын туһунан ааҕан барда. Тулатыгар туох баарын умнан кинигэтигэр бүк түһүн олордо. Ол эрээри сөп-сөп уутун көрөн ылбахтыыр. Арай, ол олордоҕуна холорук куугунуурунуу туох эрэ тыас иһилиннэ. Онтон эмиэ уу-чуумпу буолла. Баанчык чөрбөс гына түстэ. Тыас эмиэ өрө куугунаата. Туох тыаһыырын көрөөрү сыҕарыс гынан, чуолҕанынан үөһэ өҥөс гыммыта, арай, ып-ыраас халлаантан сылгы сааҕын курдук харалар таммалаһан түһэн эрэллэр эбит. Ити өҥөҥнүү сылдьан аҕатын атаҕын баттаан уһугуннаран кэбистэ. — Туох баарый? – диэбитинэн аҕата олоро түстэ. — Туох эрэ харалар көстөллөр, — диэтин кытта эмиэ салгыны хайытар кынат тыаһа өрө харылыы түстэ. — Андылар! Быгыалаама! – диэт аҕата Баанчыгы саҕатыттан тиэрэ
тардан ылла. Сытан эрэ дьонун уһугуннаран тардыалаан эрдэҕинэ, тыас-уус бөҕө буолан анды үөрэ түһэн эрэрэ дурда чуолҕанынан көстөн ааста. Биир кэм хара бутумах буолан ытыллан кэлэн мончууктарын ортотугар түһэн барылаан кэбистилэр. Баанчык өндөс гынан көрбүтэ, арай… биир да анды көстүбэт. «Хайа, ити икки ардыгар көтөн хааллылар дуу?» — дии санаан эрдэҕинэ итинтэн-мантан дагдас гынан тахсан кэллилэр. Тахсаат сорохторо охсуһан булумахтаһа-булумахтаһа уҥа кынат диэки устубутунан бардылар. Хараҕын кырыытынан көрбүтэ дьонноро сааларын ылан ытардыы кыҥаан олороллор эбит. Ким эрэ быһа биэрбиттии «Чэ!» диирин кытта саалар тыастара өрө батыгыраһа түстэ. Дьэ, доҕоор, онтон ыксалынан ииттэ-ииттэ ытыалаан бардырҕаппатылар дуо? Бэрт аҕыйах анды ордон анараа дурда иннинэн ааһан истэхтэринэ ытыалаан эмиэ хаһы да суулларан уу күдээрийэрэ көһүннэ. Ордубут уонча анды арҕаа тыаны үрдүнэн көтө турдулар. Дьоно үөскэ киирэн эрэр бааһырбыт андылары ытыалаамахтаан баран, бары таһырдьа тоҕо сууллан таҕыстылар. Күтүөтэ хомус быыһыгар тардыллыбыт тыыга сүүрэн тиийэн үөскэ анньыбытынан барда. Бэрт сотору сүүрбэ үс андыны хомуйан таһаарда. £ссө үс анды сатыылаан үөскэ киирэн умса-умса бара турбуттара. — Дьэ, бултуйдубут буолбаат! – абаҕата чахчы астынан саҥа аллайда. – Чэ, дурдаҕа киирэ охсуохха, баҕар, өссө кэлиэхтэрэ, — диэтэ. — Анды киирдэҕинэ, кырдьык, быыстала суох кэлээччи, — дии-дии аҕата дурдаҕа киирбитинэн барда, дурда иһиттэн: – Сатыылаабыттары кэлин ылыахпыт, — диирэ иһилиннэ. Бары оннуларын булан олороотторун кытары, алта анды киирэн анараа дурдаҕа түһэн биэрдилэр. Биири да ыыппакка сабыта ытыалаан кэбистилэр. — Ити дьон да маппатылар ээ, — диэн аҕата астыммыттыы этэн баран, тиэрмэһин хостоон чэй кутуталаата. – Бу уол андылар үөһэттэн ыһыктынан түһэн иһэр тыастарын истэн, чуолҕанынан өҥөҥнөөрү атахпын баттаан уһугуннарда ээ. Туох баарый диэбиппэр: «Туох эрэ харалар бааллар», — диэтин кытары кынаттарын тыаһа өрө куугунуу түстэ. Онуоха саҕатыттан тиэрэ тардан кэбистим, — дии-дии күлэн лэһигирэттэ. Чэй иһэ-иһэ ким хайдах ыппытын эҥин кэпсэппэхтээтилэр. Итинтэн сарсыарда ким да утуйбата. Анды да биллибэтэ. Аҕыс ааһыыта бөһүөлэккэ бараары бары дурдаттан таҕыстылар. Икки тыынан бэрэбиэстэнэн туораан, матасыыкылларыгар олорон дьиэлэригэр ыстаннардылар. Баанчык аһаат, оронун оҥостон утуйан хаалла. Күнүскү аһылыкка ийэтэ уһугуннарбытыгар биирдэ турда. Тото-хана аһаан баран уруучука, тэтэрээт ылан кулуупка, библиотекаҕа ыстанна. Библиотекарь Мотрена Григорьевна тугу эрэ суруйа олорон Баанчык киирэн дорооболоспутугар: — Дорообо. Хайа, бу бэҕэһээ үөрэнэн бүтээт, библиотекаҕа өрө сүүрэн кэллиҥ дуу? Дьэ, маладьыас киһигин, — диэн үөрэ-көтө көрүстэ. – Ханнык кинигэҕэ наадыйаҕын? — Чыычаахтар тустарынан кинигэ баар дуо? Сылгы чыычааҕын туһунан билиэм этэ уонна биир эмэ ааҕар кинигэ уларсыбыт киһи, — диэн Баанчык кэлбит соругун эттэ. — «Птицы Вилюйского бассейна» диэн Борис Николаевич Андреев кинигэтэ баар. Бээрэ уонна өссө ханнык кинигэлэр баалларай… —
дии-дии Мотрена Григорьевна кинигэлэр ууруллубут ыскааптарын быыһыгар киирэн хаалла. Иккиэн балачча өр көрдөөннөр хас да кинигэни талан ыллылар. Олортон Баанчык «Большая Советская энциклопедия» 43-с томуттан биһиги дойдубутугар сылгы чыычааҕын биэс көрүҥэ баарын биллэ. Ону таһынан сылгы чыычааҕа Европаҕа, Азияҕа, Африкаҕа уонна Аляска арҕаа өттүгэр үөскүүр эбит. Сороҕор сылга иккитэ сымыыттыыр диэбиттэр. Оттон Борис Николаевич Андреев Саха сиригэр нууччалыы быһыылаах, сарайдаах дьиэлэр тутуллуохтарын иннинэ бу чыычаах үксүн сылгы хааччаҕар, кулун титиигэр уйаланарын иһин сахалар сылгы чыычааҕа диэн ааттаабыттар диэн суруйбут. Саха сиригэр муус устар бүтүүтэ, ыам ыйын саҕаланыыта кэлэр эбит. Ханна уйаланарын, хас сымыыттанарын, оҕолорун хаһан көтүтэрин, күһүн халлаан тымныйыыта төннөрүн кэтээн көрбүтүн сиһилии суруйбут. Сылгы чыычааҕа умсан ыла-ыла күөрэйэн кэлэрдии көтөр да буоллар бээ, Средиземнай муора диэки баран кыстыыр эбит. Дьэ, ыраах сиртэн кэлэр эбит, доҕор. Баанчык сылгы чыычааҕын туһунан тугу билбитин киэһэ тиийэн дьонугар кэпсээри, кылгастык сурунан ылла. Онтон Дмитрий Кайгородов «Родная природа» диэн таһыгар үс ымыы чыычаах ойуулаах кинигэтин уларсан дьиэтигэр барда. Тиийбитэ аҕата номнуо кэлбит, дурдаҕа бараары кини кэлэрин кэтэһэн олорор эбит. Онон сып-сап аһыы охсоот эмиэ алаастарыгар тэптэрдилэр. Киэһэ дурдаҕа олорон Баанчык сылгы чыычааҕын туһунан тугу билбитин кэпсээн улахан сэҥээриини ылла. — Оҕолорун иккиэн көрөллөр-харайаллар ээ. Өссө тыһыта сымыыт баттыыр кэмигэр атыыра ас таһан аһатар. Сотору тугу эрэ ытырбытынан кэлиэҕэ. Онно хамсаабакка олордоххо уйатыгар киирэн аһатан тахсааччы, — диэн аҕата кэпсээтэ. Оттон күтүөтэ Өлүөскэ: — Мин эдьиийим уола былырыын уйатыттан түһэн хаалбыт сылгы чыычааҕын оҕотун булан ыйтан ордук бүөбэйдэспитэ. Бастаан килиэбинэн аһата сатаабытыгар төрүт наадыйбат үһү. Онтон аһыҥаны тутан аҕалбытыгар тута айаҕын атан биэрбит. Оннук күҥҥэ үстэ уончалыы аһыҥаны, бырдаҕы, араас үөнү-көйүүрү сиирэ үһү. Хордуон дьааһыкка уйа оҥорбут этэ. Кэлин улаатан чугас эргин кэлэр-барар буолбута эрээри, хонугар син биир уйатыгар кэлэрэ. Күрүө үрдүгэр «чырып-чирип» дии олорон иччитэ иһэрин көрдө да, көтөн кэлэн санныгар олоро түһэрэ. Күһүөрү уйатыгар сороҕор хоно кэлбэт буолбута, онтон арааһа атын чыычаахтары кытары холбоһон соҕуруу бардаҕа буолуо, көстүбэт буолбута, — диэн бэрт интэриэһинэй түгэни кэпсээтэ. Итинтэн салгыы аны анды ханна кыстыырын, төрүүрүн-ууһуурун туһунан кэпсэттилэр. Былыргы халандаарынан Саар Көстөкүүн күн, ол аата бэс ыйын 3 күнүгэр, анды киирэр күнэ үһү. Саамай улахан андыны суор анды дииллэр эбит. Ону таһынан хохуора уонна лаамы андылара диэннэр бааллар үһү. Лаамы андыта барыларыттан кыра дэстилэр. Кинилэр бөлүүн хохуора андылары бултаабыттар. Атыыр андылар тыһылара сымыыттаатылар да төннөллөр эбит. Онтон аны тыһы андылар оҕолорун таһааран, биир кырдьаҕас тыһыга туттаран баран эмиэ төннөллөр үһү. Ол кырдьаҕас тыһы анды эрэйдээҕи батыһан барбатын диэн үлтү кырбаан, түүтүн үргээн көппөт оҥороллорун истэн Баанчык сөҕүү
бөҕөнү сөхтө. Хаалбыт тыһы анды оҕолорун күһүн кыстыыр сирдэригэр сирдээн илдьэр эбит. Дьоно итинтэн салгыы эһэ, бөрө эҥин туһунан араас интэриэһинэйи кэпсэттилэр. Баанчык бөлүүн утуйбатах буолан, төһө да кыана сатаабытын үрдүнэн, ол бэртээхэй кэпсэтиини ситэ истибэккэ утуктаан тоҥхоҥнообутунан барда. Данил МАКЕЕВ. Хаартыска: интэриниэттэн.
edersaas.ru сайтан