Кэпсээ
Войти
Регистрация
УДАҔАН (ҮҺҮЙЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ УДАҔАН (ҮҺҮЙЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.01.2018 09:15
Сунтаар кырдьаҕас олохтооҕо Александра Ефремовна Пахомова үһүйээннэри интэриэһиргээн хомуйар. Кини Алыһардаах удаҕан туһунан айымньытыттан быһа тардан бэчээттиибит. Манна саха норуотун былыргы олоҕун, сиэрин-туомун туһунан интэриэһинэй бэлиэтээһиннэр бааллар, уос номоҕор киирбит саха дьахтара дьону абылыыр күүһэ көстөр. Ким билиэй, билиҥҥи кэмҥэ олорбута эбитэ буоллар, Алыһардаах удаҕан баҕар дьону гипноһунан эмтиир быраас буолуо этэ. Кыыс уон биир сааһын туолуута киһи көрөрүгэр аһаабат, киһини кытта кэпсэппэт, киҥнэнэр, бэйэтин да хараммат, сууммат-тарааммат буолбута. Киһиттэн түктэри кэбилэммитэ. Дьүһүнэ-бодото, майгыта куһаҕан өттүгэр улаханнык уларыйбыта. Алааппыйа эмээхсин эрэйдээх итинтэн ааспыт үс-түөрт сыл устатыгар оҕотун туһунан санаабыт санаатын бэйэтэ эрэ билээхтиирэ буолуо. Кини биирдэ оҕонньоругар кыыһын майгытын туһунан эппитигэр Сүөдэр: «Хата мин Өөкөччөөн ойууну баран үҥэн-сүктэн ыҥыран кэлиим дуу?» — диэбитэ. Сотору соҕуһунан ойуунун таҥаһын-симэҕин, дүҥүрүн ыҥыырдан тиийэн кэлбиттэрэ. Ойуун дьиэҕэ киирэн, улуутуйбут быһыынан ол-бу диэки көрүтэлээн, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытынан кэбиспитэ. Сүөдэр эрэйдээх таһырдьа үүт астыыр дьиэ көмүлүөк оһоҕун тигинэччи оттон, ойуун таҥаһын-сабын, дүҥүрүн куурдар түбүгэр түспүтэ. Киэһэ күн киириитин саҕана, бу балаҕаҥҥа түбэ ыала барыта мустуутугар ойуун туран, тыыллаҥныы-тыыллаҥныы, төттөрү-таары хаамыталаата. Дүҥүрүн ылан охсуолаан боруобалаан көрдө. Ити бириэмэҕэ эмээхсин киниэхэ уот иннигэр олбох аҕалан бырахта. Ойуун хап-сабар кутура-кутура өрүтэ тэбиэлээмэхтээтэ уонна уҥа өһүө төбөтүн дьөлө одуулаан турбахтаат, олбоҕор лах гына олоро биэрдэ, былаайаҕынан дьиэ түөрт муннугуттан салгыны тардыалаата уонна эмиэ ойон тураат били өһүөтүн муннугун одуулаан: «Ааһар былыт кыргыттара, араҕастай Ааныскалар, аҕыһыктыыр мүһэлэрин араҥаччылаан кулуҥҥутууй, Дьэллик былыт кыргыттара, дьэҥкир маҥан Дьэлиэнэлэр дьэбэрэттэн таһааран дэгдэлдьитэн көрүҥҥүтүүй!» — диэн дүҥүрүн охсуолаан, төбөтүн булкуйа-булкуйа кутуран куйуһутта, кыыран кыйыһытта: «Хотугу Муустаах Байҕалтан айдарыылаах аҕыһыктыыр лапчааннаах, оҕуруо көмүс хатырыктаах Алыһарчаан балыгым, туналҕаннаах ньуурдаах, дьоһуннаах кыыс оҕону үтүө дьүһүнүн кэҕиннэрэн, хаарыан дьүһүнүн хараардан, тэбэр сүрэҕин анныгар хара быарын хаххаланан, тус ойоҕоһун дурдаланан, аҕыс ойоҕоһун аалларан, үс төгүрүк сыл устата хонон-өрөөн барбытыҥ. Аны үс сыл буолан эргиллэргэр, бары симэҕиҥ, таҥаһыҥ тэриллэн, кыыс оҕо барахсан кыыран илбистэнэн, кыптыыйдааҕыҥ уҥуоҕа кылыр босхо ойо туруохтаах диэбиккин үһү», — диэт, ойуун уҥан таралыс гына түстэ. Дьиэлээхтэр ыксаан ойон турдулар. Тимири тимиргэ хабырыйан, былаайаҕынан муннун үлтү кэйэн «кырдьаҕастарын» тыыннаатылар. Ойуун ойон тураат истэн чэрэҥэлэттэ, көрөн чөрөҥөлөттө уонна чарапчылана-чарапчылана: «Дүҥүр иитэ буоларга ананан мантан 9 биэрэстэлээх сиргэ Лүҥкэ күөлүн өҥөйө киил мас үүнэн турар. Дүҥүр көхсө буоларга аналлаах бүтэй кугас тыһаҕас, манна чугас, бэйэҕит дьоҥҥутугар төрөөн-үөскээн турар, оттон сонун тигэргэ аналлаах хара чуоҕур таба Өлөөн нэһилиэгэр баар», — диэн ойуун көрүү көрөн бүттэ. Киил мас үүнэн турар сирин Сүөдэр оҕонньор бэйэтэ билэр буолан, уолаттары көмөлөһүннэрэн сонно тута тиэйэн аҕалан ортоку үөрэҕэһин быһан ылан ойууҥҥа кэмнэттилэр уонна Дипбийдээн ууһу
ыҥыран онно оҥорторор буоллулар. Бу уус Өөкөччөөн ойуун тэрилин эмиэ оҥорбут эбит. Кини кэлэн маһы үөллүү хайыттаран, мас таманын устан ылан сарыы быанан үүйэн хатара уурда. Кугас тыһаҕас икки сааһын томтойо туолуутугар сүүһүн охсон, тириитин хастыы тардан ылан, хатаран баран өстүөкүлэ курдук курдары көстөр буолуор диэри икки өттүттэн кыһыахтаатылар. Кыһыахтаан, иитигэр кэтэрдэн силимнээтилэр. Кугас тыһаҕас өһөх хаанынан икки өттүн сотон баран хатарбыттара, охсуолаан көрдөххө этиҥ ньиргиэригэр холоонноох хастыы да биэрэстэнэн сүүрэр сүрдээх хойуу дорҕоонноох тыас тахсар эбит. Ити кэнниттэн дүҥүрү били тыһаҕас субай хаанын бүтэй иһиккэ ууран туран эмиэ дүҥүр икки өттүн соттохторуна кыталык кыыл кылыкынас куолаһыгар маарынныыр, сүрдээх чараас нарын куолас иһиллэр. Ити курдук дүҥүр бүтэн кыыс-ойуун таҥаһа-саба, атын тэрилэ хаалбытыгар аҕата оҕонньор табаарыһыгар Сологоон тоҥуска Өлөөн нэһилиэгэр аттанна. Тоҥустар олохторугар айаннаан тиийэн биир обургу соҕус ураһа турарыгар көтөн түспүтэ: доҕоро Сологоон тоҥус утары олороро. Өр көрсүбэтэх дьон кэпсэттилэр. Ити кэмҥэ атын мааны ыалдьыты үчүгэйдик көрсөөрү сүгүллүү-көтөҕүллүү буолла. Киэһэлик Сүөдэр кэлбит соругун кэпсээтэ: «Дьэ, доҕоор, кырдьар сааспытыгар соҕотох кыыс оҕо төрөөн утуйар уубут умнулунна, олорор олохпут огдолуйда. Өөкөччөөн ойуун көрүүлэнэн, ойуун буолар кыыс төрөөн-үөскээн сылдьар диэн бу эйиэхэ ол ойуун-кыыс кэтэр соно буоларга ананан хара чуоҕур буур таба төрөөн турарын эппитэ. Ол табаҕын миэхэ атыылаа диэн көрдөһө кэллим», — диэтэ. Доҕоро: «Тугун атыытай, сибилигин баран маамыктанан тутан, тириитин ньылбы тардан ылан, таҥастаан бар. Хата күүтэн таҥаһын, киэргэлин манна, биһиги уус дьахталларбытыгар, тиктэрэн бар диэн сүбэлиибин», — диэтэ. Оҕонньор кыыһын сонун тиктэрэн кэлэн ууска кыаһаанын-симэҕин оҥорторон, аны улуу ойууҥҥа уһуйтарар кыһалҕа тирээтэ. Онон аны Өөкөччөөн ойууну баран көрдөһөргө күһэлиннэ. Ойууна: «Ити мин кыайан уһуйбат ойуунум, кини миигиттэн 23 мутугунан үрдүк чыпчааллаах, онон улуу ойууннарга — Маҕаас кырдьаҕаска дуу, Бахсырдаан ойууҥҥа дуу уһуйтарыҥ», — диэн аккаастаан кэбиспит. Кыыс кимтэн да уһуйтарбакка киэҥ сирдэри кэрийэ сылдьан кыыран, Алыһардаах удаҕан диэн аатырбыта. Кэлин 85 сааһыгар өлбүтэ. Урукку олох хаалынньаҥнарын утары охсуһуу сытыырхайан турдаҕына Бүлүү куоратын милииссийэтин начаалынньыга: «Аатырбыт Алыһардаах удаҕаны тутан киллэриҥ!» — диэн бирикээс биэрбит. Милииссийэлэр эмээхсини тутан, сыарҕаҕа олордон, куоракка киллэрбиттэр. Онно тиийэн көрбүттэрэ: эмээхсин оннугар сул дүлүҥ сытар буолан хаалбыт. Сарсыныгар быаланан-туһахтанан тахсан, сыарҕаҕа олордон баран, кэлгийэн кэбиспиттэр. Суолга сэрэхэдийэн кэннилэрин хайыһан көрдөхтөрүнэ эмээхсин олороро үһү. Онон үөрэн-көтөн начаалынньыкка киирэн дакылааттаабыттарыгар: «Дьэ киллэриҥ!» — диэн буолбутугар, тахсыбыттара сүрдээх элбэх силистээх, улахантан улахан чөҥөчөк, олус кичэллээхтик бааччайан кэлгиллэн, багдайан олорор эбит. Дьэ начаалынньык ону көрөн баран: «Соруйан миигин күлүү гынаҕыт быһыылаах!» — диэн дьонун үлтү бардьыгынаталаабыт. Сарсыныгар атын дьону ыыппыт. Илдьэллэригэр эмээхсин: «Оҕолор, бүгүн баҕас бэйэм барыам, кэлгийимэҥ», — диэн көрдөспүт.
Дьоно ону истибэтэхтэр, син биир кэлгийбиттэр. Тиийэн кэлэн кэлгиэтин сүөрэллэригэр эмээхсин: «Дьэ тукаларыам, этим-хааным илдьирийэн иэдэйэн кэллим, атахпын эчэтэн аҕаллыгыт», — диэбит. Сыарҕаттан түһэрбиттэрэ эмээхсин аҥаар атаҕын соһон хаамар эбит. Начаалынньык хоһуттан көрдөхтөрүнэ эмээхсин киирэн иһэрэ үһү, онтон эмискэ хара тыһаҕас буолан хаалбыт. Доҕолоҥнуу сылдьар тыһаҕаһы улахан эрэйинэн үүрэн таһаарбыттар. Онтон ыла сылгылаабат буолбуттар үһү диэн кэпсииллэр. Эмээхсин өлөр ыарыытын ыалдьа сытан: «Мин да орто дойду чыычааҕа этим. Ону ити ойуун буолуу айыыта үөскээн, орто дойду эрэйин барытын көрдүм», — диэбит. Эмээхсин дьиэтин таһыгар улахан оборчолоох көлүччэлээҕэ үһү. Ол көлүччэҕэ кини миинэр миҥэтэ, атах гынар маҥан ата түһэн өлбүт. Онуоха иччитэ суланыы бөҕөнү суламмыт, кэмсинии бөҕөтүн кэмсиммит: «Хаарыан бэйэлээх көмүс далаһам аанньаҕа өлбөтөҕө буолуо, ол аата мин үс сылы кыайан толору олорбот буоллаҕым», — диэн. Өлөрүгэр эмээхсин кийиитигэр кэриэһин эппит: «Сарсыарда турдаххына хагдаҥ куоҕас кэлэн олоруо, ону тыытар буолаайаҕын — ити мин кутум буолар. Өйүүн сарсыарда илин түннүк анныгар эриэн куоҕас кэлэн олоруо — ити мин салгым кутум буолар. Үс хонон баран түгэх түннүк анныгар хара куоҕас кэлэн олоруо — ити мин ийэ кутум буолар, ону тыытаайаҕын», — диэбит. Кийиит үс сарсыарда итини субуруччу көрбүт да, кимиэхэ да кэпсээбэтэх. Иккис кэриэһэ: «Мин тахсар күммэр түөртүүр чэй саҕана халлаантан муустаах ардах түһүөҕэ уонна улахан буурҕа буолуо, оччоҕо бу түбэ ыала үйэлэр тухары үчүгэйдик олоруохтара. Оттон халлаантан туох да түспэтэҕинэ — бу түбэ ыала эстиэҕэ», — диэбит. Кини тахсар күнүгэр эппитин курдук муустаах ардах түһэн, ол түбэ ыала күн бүгүнүгэр диэри бэрт үчүгэйдик олороллор диэн кэпсииллэр. Онон олохтоохтор кинини үтүө санаалаах этэ диэн ахталлар. А. Пахомова, Сунтаар Уруһуй: интэриниэттэн. * * * «Иччитэх өтөххө кииримэ» кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар баар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан