Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРЫЙА (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРЫЙА (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
30.12.2017 16:12
Ийэм Багдасаева Валентина-Мария Андреевна сырдык кэриэһигэр аныыбын Минньигэс уубун харыйа дыргыл сыта үргүттэ. Уһуктан баран бу ураты, саҥа тыллан эрэ мутукча хойуу сыта хантан кэлэрин быһаарбакка, дьиибэргии санаатым. Ол эрэн саҥа уһуктан эрэр ойууру санатар алыптаах, кэрэ, сүрэҕим ортотунан киирэр сыт түүл буолан сүппэтэ. Чочумча иһиллээн сыта түһэн баран, суорҕаммын илгээт ойон туран, саалаҕа сүүрэн тиийдим. Арай көрбүтүм хос ортотугар улахан да улахан, хойуу да хойуу лабаалардаах, хараҥа от күөҕэ өҥнөөх мааны бэйэлээх харыйа бу лаглайан турар! Иэхэйбиэн! Тыыннаах харыйа биһиги дьиэбитигэр Саҥа дьылы аҕалбыт! Эдьиийим Валя, балтым Надикка дьиэ иһин толорон кэбиспит харыйа ураты хойуу дыргыл, сибиэһэй сытыттан эмиэ уһуктан, ойон турдулар. Оҕолор муҥутуур үөрүүбүтүттэн харыйа тула дьиэрэҥкээйдитибит. Дьиэбит иһэ үөрүүнэн, дьолунан туола түстэ. —Ийээ, бу харыйаны ким аҕалла? —Мин, — ийэбит барахсан халыҥ таҥаһын устубакка да дьыбааҥҥа сынньана олорон, мичээрдээн үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэллэр. —Бачча улахан харыйаны хайдах аҕаллыҥ? — эдьиийбит улахан киһи сиэринэн ыйытар. —Ойуурга бараммын бу саамай кыраһыабай, баай харыйаны көрдөөн булан, кэрдэн, эһиэхэ аҕаллым. Ол өрөбүл күн этэ. Биһиги тута харыйабытын симиэххэ диэн быһаарынныбыт. Ийэбит кэрэчээн маспытын сииктээх кумахтаах биэдэрэҕэ уурбут этэ. Биэдэрэни үрүҥ таҥас сыыһынан бүрүйэн баран үрдүгэр баата уурталаабыта оруобуна хаарга турар курдук буолла. Сотору хоспохтон харыйа киэргэллэрэ кичэллээхтик уурулла сытар холбуйатын аҕалла. Бу холбуйа хостонорун олус сөбүлүүбүт. Манна остуоруйа дойдута, дьол туоһута уурулла сытар. Хас биирдии оонньуур арааһы кэрэһэлиир, туспа өйдөбүллээх, ханнык эмит чахчыны кытта ситимнээх. Биһиги сыл аайы бэйэбит туох эмит саҥа киэргэли оҥоробут. Холобур, бу аҕабытын кытта бары бииргэ оҥорбут кустук араас өҥүнэн оонньуур уһун да уһун сыап баар. —Бу былырыын аҕабытын кытта силимнээн оҥорбут сыаппыт дии, — диэн баран ийэбит кумааҕы сыабы сэрэнэн хостоото, илиитигэр ылан имэрийбэхтээн ылан баран, өрө тыынна. Хараҕар эмиэ хараҥа күлүк түстэ. —Ийээ, ийээ, көрүүй, бу Надикка былырыын олох быыкайык сылдьан кырыйбыт хаарчаана дии!- эдьиийим идэтинэн ийэбитин курус санаатыттан аралдьыта сатаата… Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьар киһи, ол күн хаар кырыйарга үөрэммитим. Ийэлээх эдьиийим куруһуба курдук оһуордаан кырыйар хаардара олус да кэрэлэр! Мин үтүктэн кырыйа сатыыбын да, олус модороон, туга биллибэт оҥоһук тахсар. Саҥаттан саҥа кумааҕыны ыламмын араастаан бүк тута-тута ойо кырыйабын, онтон тэнитэн көрдөххө эмиэ да барсыах курдуктар. Хаар оҥоһуктарбын харыйа хаба ортотугар ыйаталаан кэбистим. —Пахай даҕаны, Аайа, бу хаардары манна иилимэ! Харыйа кэтэх өттүгэр ыйаа!- эмискэ эдьиийим улахан баҕайытык саҥарда. Хомойоммун хараҕым уута бычалыйан таҕыста. —Эс, инньэ диэмэ. Олус бэртээхэй хаардары кырыйбыт ээ. Хаар кыырпахтара эмиэ дьоннор курдук бэйэ-бэйэлэригэр маарыҥнаспаттар, бары туох эрэ уратылаахтар. Аайа киэннэрэ эйиэниттэн атыттар буолан баран, куһаҕан буолбатахтар, — диэтэ ийэм
барахсан. Кини наһаа өйдөөх, барыны-бары ыпсаран сөптөөх баҕайытык быһааран кэбистэҕинэ, мөккүөр тута уостар. Ийэбиттэн көмүскэттэрэн уоскуйдум. Бары олус кыһаллан харыйабытын симээтибит. ”Кыһын харыйа хаардаах буолар”, — диэн ийэбит лабааларга баатаны уурталаан биэрбитэ дьикти кэрэ харыйабыт силигэ дьэ ситтэ. Араас уотунан күлүмнүү тыгар, арааһынай хаардарынан, оонньуурунан симэммит ханна да суох мааны да мааны харыйа буола түстэ! —Мааскаларбытын кэтэн харыйабыт тула үҥкүүлүөҕүҥ! — диэн Валя этии киллэрдэ. Хап сабар хоспутугар киирэн ыскаапка ыйанан турар көстүүмнэрбитин кэтэр түбүгэр түстүбүт. Эдьиийим уонна балтым Хаарчаана буолбуттара. Мин — ньургуһун сибэкки. Таҥаспытын ийэбит тикпитэ. Кыракый балтыбыт бэйэтэ хаар кыыһын курдук. Чачаххай баттаҕар хаар хоруона, балерина киэнин санатар тэрэйэ сылдьар кылгас маҥан платьета сып-сырдык бэйэтигэр олус барсар. “Мин хаарчаанабы-ыы-ын!” — дии-дии эргичицниир. Эдьиийим буоллаҕына хаардар сарыыссаларын курдук. Ийэм сыбаайбатыгар кэппит хоппуруон таҥастан тигиллибит уһун мааны үрүҥ былааччыйатыгар санныгар түүлү тикпитэ сиргэ соһуллар. Ол түүлэ бүтүннүү кылабачыйа сылдьар хаардарынан симэниллибит. Төбөтүгэр эмиэ хаар хоруона. Эдьиийим кэрэ бэйэтэ бу таҥаһы кэппитэ өссө тупсан көһүннэ. Уһун хойуу баттахтаах, ыраас, маҥан сирэйигэр ис иһиттэн мичээринэн саҕа сылдьар хара улахан хараҕа хойуу кыламан быыһыттан тырымныыр. Эдьиийбин олус кыраһыабай диэн наар астына көрөбүн. —Эдьиий, эн дьиҥнээх королева курдуккун! Биһиги оскуола саамай кэрэ кыыһаҕын дии! — диэн саҥа аллайдым. Оттон мин толору эттээх-сииннээх да буолларбын, оскуолаҕа бараат, улаханнык баҕаран туран үҥкүү бөлөҕөр киирбитим. Онон саҥа дьыллааҕы утренникка ньургуһуннар үҥкүүнү толоруохтааппыт. Ийэм хас да күн толкуйдаан, барсар миэтэрэлээх таҥаһы көрдөөн булан, ньургуһун сибэкки таҥаһын тикпитэ. Көннөрү “көстүүмү тикпитэ” диир ол таҥаһым суолтатын ситэ биэрбэт. Мин көстүүмүм олус үчүгэй! Саһархайдыҥы от күөҕэ өҥнөөх солко былааччыйа, моонньубар хараҥа от күөҕэ дьүһүннээх сэбирдэхтэри иилинэбин, уобараспын сибэкки-сэлээппэ ситэрэр. Ийэм кыһаллан, дууһатын ууран туран тикпит көстүүмэ. Ол эрээри, оруобуна утренник буоларын саҕана эмиэ ыалдьан хааллым. Тоҕо эрэ Саҥа дьыл саҕана наар ыалдьабын. Бу сырыыга олус ыраханнык ыарыйдым. Этим уот абытай, төбөм ыбыс-ыарахан, утуйар уһуктар икки ардынан сытабын. Бүгүн утренникпыт. Кыргыттарым төһө эрэ үчүгэйдик үҥкүүлээн эрэллэрэ буолла. Миигинэ суох… Оттон мин бу мааны таҥаспын кэтэн баран, төһө эрэ үчүгэйдик үҥкүүлүүр этим. Арааьа, бу миэнин курдук астык сибэкки-көстүүм кимиэхэ да суоҕа буолуо. Кыһыыбыттан хараҕым уута сыттыкпар таммалыыр. Хоспор олоппоско Саҥа Дьылга кэтиэхтээх таҥаһым кичэллээхтик ууруллан бу сытар. Ытаан сыҥсыйа сытан нуктаан хаалбыппын. Ийэм ойууртан аҕалбыт мааны харыйатын тула олус да чэпчэкитик, холкутук, бу көтөн тахсыах курдук “Ньургуһуннары” үҥкүүлүүбүн, бу таҥаһыам маанытыан… Оҕо сааһым умнуллубат дьоллоох өйдөбүллэрэ мэлдьи тыыннаахтар, олохпор дурда-хахха, тирэх буолаллар. Тугунан да кэмнэммэт оҕо саас дьолун амтанын толору ыймахтаппыт ийэбэр махталым муҥура суох… Айталина НИКИФОРОВА.
edersaas.ru сайтан