Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эмээхсин дьылҕата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эмээхсин дьылҕата
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.11.2019 17:33
Өлөксөөс сойуохча буолбут, хоргуннаах миинин иһиэхчэ-иһиминэ, тугу эрэ күүппүттүү, алтан солотуулаах ньуоскатынан бытаан-бытааннык булкуйбахтыы олордо. Дьиҥинэн, тугу, кими күүтээхтиэй, суох буоллаҕа. Аҕыйах хонуктан бэттэх хайдах эрэ туос иллэҥ буолан хаалбыт курдугуттан, букатын сөп буолан сылдьар. Үлэлии үөрэммит киһиэхэ, таах олоруу – бэйэтэ таҥара накааһа буолар эбит, дьэ. Эдэрчи эрдэххэ хаһан биэнсийэҕэ тахсан, оҕону-урууну кытта бииргэ буолуллар, хаһан да бүппэт түбүктэн сынньаныллар диэн буолара. Хотонун көрөрүн, ынахтарын кытта киһи курдук кэпсэтэрин саҕана, күн-дьыл син биллибэккэ ааһар буолара. Өлөксөөс иһигэр ас да киирбэт буолбута хас да хонно. Атын түгэн эбитэ буоллар, баччалаах мааны миини минньигэһиргэтэ иһэ олоруо этэ. Ол кэннэ хотонугар тиэтэйэ-саарайа ойуохтааҕа. Ону баара, бу бэйэлээх бэйэтин илиитинэн тутан-хабан улаатыннарбыт, быйыл эспит сүөһүтүн тиһэх борооскутун этэ буолан, хайдах эрэ. Саас ылыытын абата, кырдьыы-бохтуу охсуута субу биллибэтинэн кэлэн, ситэн сиэн эрэрэ, дьэ, хобдох! Саатар оҕонньоро барахсан баара буоллар, арыый атын, киһилии буолуо эбитэ буолуо. Оҕолор – куорат дьоно. Саатар, ити кыра кыыс, быйыл ойон турда да: «Дьокуускайдыыбын, ынах кутуругун манаан, олохпун барыыр санаам суох. Эн да, ийээ, эдьиий ыҥырбыта ыраатта дии. Барыахха. Түксү. Тоҕо мэлдьи «куораттар» (ити бииргэ төрөөбүттэрин ааттыыр) истэрин көппөтөр аатыгар олордохпутуй?!!» — диэтэ эрэ кэрэх, куйаара турбута абатын! Оҕом, эмиэ да сөпкө этэр ээ. Сөбүн олоро сатаата. Ыал да буолуо этэ. Киниэхэ кыратын аатыгар, «орулуур» отутун туолла эбээт. “Дьыл – хонук» дииллэрэ, кырдьык. Мэхээһин кытта түөрт оҕону көччөх гынан көтүппүт дьон сиэринэн, кинилэр саҕа дьоллоох суоҕун курдуга... Оҕолорбут туһа диэн күнү-түүнү аахсыбакка өрө мөхсөллөрө. Хас биирдии кыра ситиһииттэн, күлүм үөрүүттэн күннээҕи түбүк-садьык, сылаа суураллан хааларга дылыта. Ол дьонуҥ улаатан, баараҕадыйан, билигин ардыгар букатын атын планета дьонун курдук тыллаһаллар. Тыа сиригэр хара аньыылаахтар эрэ хаалан олороллорун курдук өйдөбүллээхтэр. Быһата, кийииттэр тугу туойалларынан сылдьаллар. Аанньаран арыт-ардыгар Өлөксөөс: «Бу мин иитэн-такайан таһаарбыт оҕолорум дуо?!» — диэн курдук атыҥырыы санаан ылааччы. Быйыл саатар сиэннэрин биири да таһаарбатылар. Өлөксөөс хараҕын кэмчи уута субурус гыммытын, илиитин көхсүнэн хаһыйа анньан кэбистэ. Остуолун ыскаатара кэдэччи эриллэн тахсыбытын чэрдээх илиитин тарбахтарынан көннөрбөхтөөбүтэ буолла. Ол быыһыгар: «Аата, оннооҕор киһим тиһэх суолугар атаарарбар ытаан оҥторботох бэйэм, кэбилэннэхпиний?! Аньыы! Оҕолорум барахсаттар эрэ этэҥҥэ буоллуннар», – диэн, араас аньыылаах санаалар төбөтүгэр киирэллэриттэн кэлэнэ санаата. Ол да гыннар, тоҕо баҕас куруһай, хобдоҕой: кураанахсыйбыт, эмискэ кэҥээн хаалбыт эргэ дьиэ курас салгына!! Тоҕо ыараханай: урут олорон ньиргитэн ааспыт дьоллоох олоҕо аны хаһан да төннүбэттии сүтэн эрэрэ! Субу соторутааҕыта курдуга дии – бу манан, субу дьыбааҥҥа сыры-сыллата оҕолор айдаара-ампаалыктана олороллоро. Бу мантан тутуһа-тутуһа сыҥаһалаан хаама сатыыр аймалҕаннара. Оо, дьүһүн-бодо да дьон этилэр, оҕолорум кыраларыгар. Аҕалара өрүү
да буоларын курдук, мас тиэйэн хойутаан, бэнсиин сытынан аҥылыйбыт таҥаһын устубутунан киирээхтиирэ. Дьиэлээҕилэрин көрөн, сылайбыт сылаата тута сүтэрин, бэйэ дьиэтин ураты тыына киниэхэ күүһү биэрэрин, дьахтар киһи ураты таайар дьоҕура эндэппэккэ билэрэ. Аҕалара кэлэн, ыал барыта мустан, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ күннээҕи сонуну үллэстии саҕаланара. Уолаттар кэпсээннэрэ биир кэм «бипиип да бапаап» буолара. Арай улахан кыыс оскуолатыгар ылбыт сыаналарын ырытыһыы дуоспуруннаах кэпсэтиигэ кубулуйара. Оччолорго кыра кыыс, Сардаанчык, төрүү илигэ. Кини, ороһулаан төрөөбүтэ... Эмээхсин түннүккэ чугаһаан, бэйэтэ да хараҥа киэһэҕэ эбии боруоран, соҥуоран көстөр хотонун одууласпахтаата. Быйыл сүөһүтүн эһэр буолан, сыбаҕын өссө саас онон-манан суйдаан кэбиспитэ, куһаҕан эбит. «Аҥайбыт» эркиннээх хотон санаа баттыга буолан, эчи нүһэрин, тымныытын!!! Өрүөстээҕэ барахсан, быйыл, кырдьык-хордьук, эрдэ ууланаахтаабыта баара... Бу, күөстэнэн олорор Туллуга да, хаарыан төрүөхтээх сүөһү тахсыа эбитэ буолуо. Кыһайбыт курдук, быйыл олус курааннаан, бэл, тиэхиньикэлээх, эр дьонноох ыал кыстыгы ыарырҕата көрүстүлэр. Сүөһүлэрин аҕыйатар аатыгар бардылар. Дьууруй, син үлэтиттэн быыс-хайаҕас булан сайын аайы оттоһор уола, өссө сааһыары эппитэ: «Ийээ, баалаама! Сөбүгэр үлэлээтиҥ, сынньан. Эти булар кыахтанныбыт», – диэн. Эгэ, курааннаан от атыылаһар кыһалҕа тирээбитигэр, от була сатыа этэ диэтэҕиҥ дуу! Оттооҕо буоллар, Өлөксөөс хайдах эмэ гынан сүөһүтүн хаалларар санаалааҕа. Оҕолор сотору өрүс суола турдаҕына, тиһэх идэһэлэрин ыла кэлиэхтээхтэр. Сардаанчык билигин да: «Ийэҕитин илдьэ кэлээриҥ. Куттаан өсөһөн бүтэр ини. Соҕотоҕун тэһийиэ суоҕа. Дьиэбит да кэнники кэминэн сөргүтүллүбэккэ бэркэ тымныйар буолла», – диэн убайдарыгар сакаастаһар сураҕын истэр. Барыларыттан өр бииргэ алтыспыт буолан, Өлөксөөскө ордук кини чугас курдук. Бииргэ төрөөбүттэрдээх буолан баран, мэһэйдээмээри буолуо, туспа хос куортамнаан олорор үһү. Хата, улахаттар үлэ буларыгар көмөлөстүлэр. «Маннааҕы хамнаһыттан үс бүк үрдүк», – дэһэллэр. «Ээ, дьэ, хайдах буолар», – куоракка дьиэ сыаната, бэл, уларсан олоруу кытта – бас быстар сыаната дииллэрин Өлөксөөс син истэр, билэр. Бөөлүүн эмиэ түһээн Мэхээлэтин көрдө. Субу диэн, тугу гынарын өйдөөбөккө хаалбыт. Арай санаарҕаабыттыы көрөргө дылы. Ол туох түһэ эбитэ буолла? Өлөксөөс тус санаатыгар бу сиргэ оҥоруохтааҕын оҥордо, оҕо, сиэн диэн дьолун биллэ. «Оҕолорго чэҥкээйи буолбат туһугар, бэрт чуумпу баҕайытык анараа дойдуга аттаммыт да киһи, бэрт буолуох эбит» дии саныыра кэнники кэмҥэ, ордук сүөһүтүн эһэрэ биллиэҕиттэн, элбээн барда. Эдэригэр балыыһалары балачча кэрийбэхтээбит бэйэтэ, билигин, ол дойду аанын умнубута ыраатта. Соло да суох курдуга. Ол оннугар Мэхээлэ барахсан, хаһан да муннугар сыыҥк киирбэт бэйэтэ, өлөр ыарыытыгар эмискэ охтубута. Хаанын баттааһына эмискэ үрдээн, биир эрэ күн сытан хаалбыта. Маны этэн эрдэхтэрэ «хаахыныыр мас охтон биэрбэт, чэгиэн мас тута барар» диэн. * * * Эмээхсин сүөһүтүн астыырга Тиэхээни, Мэхээлэтин балтын уолун, көмөлөһүннэрбитэ. Үүт-маас убайыгар дылы барахсан, дойдутугар олохсуйан, сүөһү-ас туттан, бэркэ диэн
дьаһанан олорор. Ону көрө-көрө Өлөксөөс ордук кыһыйа саныыр. Тоҕо биир да уола манна олохсуйа хаалбатах абатай! Дьиҥинэн, кини бэйэтэ буруйдаах эбит ээ. «Үөрэхтээх дьон буолуҥ, дьон тэҥинэн сылдьарга кыһаныҥ, сырдыкка тардыһыҥ», — диэн оҕолоро адьас кыра эрдэхтэриттэн тохтообокко сулуйара, такайара. Морууса, Тиэхээн ийэтэ, урут кини уолаттара үрдүк үөрэҕи кыайан-хотон эрэллэригэр аһаҕастык ымсыырар эбит буоллаҕына, билигин төһө да аһаҕастык эппэтэр, Өлөксөөһү аһыммыттыы көрөргө дылы. Ордук соҕотох хаалбытыгар туох кыалларынан көмөлөһө, уолун бу диэки ыыта, билсэ-көрсө тураахтыыр. Кэлин ыарытыйар буолла, бу диэки көстүбэтэҕэ ыраатта... Били, урут оҕолоругар соҥнообут, үҥэр таҥара оҥостубут үрдүк үөрэҕэ, билиҥҥи туругунан көрөн сыаналаатахха, туох да улахан көдьүүстээҕэ биллибэт курдук эбит. Көдьүүһүн-туһатын ситэ биллэрэ илигэ эбитэ дуу? Оҕолоро үөрэммиттэрэ, билигин куоракка олороллор. Салгыыта – тугуй? Тиэхээн, төһө да оскуоланы “токур үһүнэн” бүтэрдэр, бэрээдэгинэн да мөлтөһүөр буоллар, аармыйаттан өйүн тутан кэлэн, сибээс техникумугар киирэн монтер идэтин баһылаабыта. Ол сылдьан Бүлүү кыыһын ойох ылан, дойдутугар аҕалбыта. Билигин сүөһү-ас тутан, сөбүгэр улахан дьиэ туттан, быр-бааччы олорор тыа сирин биир төһүү ыала буолла, түспэтийдэ. Уолаттара улаата охсон, бэлиэр хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөллөр. Өлөксөөс бу санаатаҕына, үөлээннээхтэрэ сыр-мыр бу орто дойдуттан барыталаан бүппүттэр. Дэриэбинэ уһугар Даарыйалаах, Елена Степановна хаалбыттар. Хайа уонна, Моруусата, эдьиий-балыс курдук санаһар киһитэ, баар дии. Онон син дөрүн-дөрүн баран, көрсөн, кэпсэтэн кэлэр. Дьэ, онтубут, куоракка киирдэҕинэ, тохтуур. Бээ, бу да гыннар төбөтө хамсыырын тухары, «өтөҕүттэн» тэйэр санаата суох. Сорох, баҕар, маны сиилиэ. Оҕолордоох аата соҕотоҕун олорор диэн. Оттон кини санаата атын – кини кимиэхэ да мэһэйдээбэккэ, дьол толорутун билбит, киниэхэ олус күндү, сыаната биллибэт иэримэ дьиэтиттэн туох да иһин тэйиэн баҕарбат. Биирдэ эмэ ыалдьыттыы диэн ааттаан, оҕолорун эр-биир кэрийэн уонча хоноору гыннаҕына, тыына-быара хаайтаран, дойдутун ыраас салгынын суохтаабытынан барара. Бэл, ол – кылгас кэмҥэ. Олох бэйэтэ кичээҥи буоларга үөрэппит киһитэ Өлөксөөс, ити да гыннар, миинин тоҕор санаата суох. Көстүрүүлэҕэ кутан уурардыы туттан эрдэҕинэ, күүлэҕэ киирэр атах тыаһа иһилиннэ. Аан аһыллыбытыгар көрбүтэ, Тиэхээн эбит. Тиэхээн олус самныбыт, отуора хамсаабыт сирэйдээҕиттэн эмээхсин тута туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйэ оҕуста. Оо, Морууса барахсан! Арба, икки хонуктааҕыта ыалдьан балыыһаланна диэн баара! Эмээхсин хобдох сонунтан кута-сүрэ улаханнык айманан, эбии кыччаабыкка дылы буолан, көмүү тэрээһинигэр көмөлөһө бараары, истибэт буолбут тарбахтарынан таҥнар таҥаһын бигээн салҕаластыы тураахтаата. ЛоҺуура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан