Кэпсээ
Войти Регистрация

ТЕЛЕГРАММА (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ТЕЛЕГРАММА (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
28.12.2017 18:00
Маайа хотонуттан киирэн оһоҕун сабан баран телевизорын холбоото. Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаан, биэриилэрэ үксүн, ити, киһи эрэ барыта кэтэһэр кэмигэр аналлаах буолбут. Оҕолоох-уруулаах дьон манна эмиэ мааска оҥостуутун сүпсүлгэнигэр, харыйа туруорар түбүккэ түһэ сырыттахтара. Арай кини эрэ үһүс сылын харыйа туруорбат. Оҕото баарына иккиэн көмөлөөн, хайаан да туруорар буолаллара. Кэлин соҕотох хаалан баран, тоҕо эрэ харыйаланан дьэргэйэн олоруон баҕарбат. Саҥа дьылы таһынааҕы ыалларыгар көрсөн, телевизорынан биэрэр концертарын көрө түһээт, киирэн утуйар. Уола куоракка үөрэнэ барбыта үһүс сыла буолла. Каникулугар, саатар сайын биирдэ да кэлэн барбата. Хам-түм аҕыйах тыллаах суруктара кэлэллэр. Үксүн харчы көрдөөбүт буолар. Хайыай, оҕолоох киһи пенсиятын сыыһыттан мунньан ыыта олорор. Сайын тутар этэрээккэ үлэлээн, харчы өлөрөн, танас-сап атыыласпытын туһунан суруйбутун ааҕан баран үөрэ санаабыта. Эдэр киһи мээнэ улдьаара сылдьыаҕынааҕар, үлэлээбитэ ордук. Соҕотох үөскээбит, эрдэ аҕата суох хаалбыт буолан үлэни баҕас кыайар, сатыыр буолуохтаах. Өссө хамандыырбын диэбит этэ. Быйылгы Саҥа дьылга кэлэрэ дуу? Сылын аайы сэмээр кэтэһэр да кэлбэт. Эчи, билиэт да сыаната ыарахана бэрт. Күн-түүн аайы үрдээн иһэр. Аҥардас стипендияҕа уонна ийэтэ пенсиятыттан кырыйан ыытар харчытыгар олорор студент кэлэрэ да кыаллыбат буоллаҕа буолуо. Ол эрээри… Син массыыналар эҥин сылдьаллар дии. Ити таһынааҕы Дьөгүөссэ кыһын устата хаста да баран кэлэр. Хата, онон эт, арыы сыыһа ыытан ийэ киһи оҕотугар кыһалла сатаахтыыр. Элбэҕи ыытыаҕын, дьоно ыарыыллар. Таһаҕаспыт элбэх, киһибит толору диэн иһэллэр. Өссө үнүрүүн Дьөгүөссэ ийэтэ Аана: — Ол, саатар биирдэ кэлэн барбат оҕоҕо эмиэ тоҕо ас ыытаҕын. Иһэ сиксийдэҕинэ, начаас ийэлээҕин өйдүө этэ. «Ийэ сүрэҕэ — оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ — тааска» диэн итини этэн эрдэхтэрэ, — диэн чаҕааран кыһыттаҕа үһү. Кэлэр кыахтааҕа буоллар, оҕом сыыһа кэлиэ эбитэ ини. Ийэтэ ахтарын, суохтуурун ама сэрэйбэт үһүө. Саас, күн уһаатаҕына, арааһа бэйэтэ баран көрсөн-билсэн кэлииһи. Аҕаларынан аймахтара ыалга түстэҕинэ, ол Сэргэлээхтэрин булларан биэрэллэр ини. Сүөһүлэрин Кээтиискэ көрдөрөр гына кэпсэтиэ этэ буоллаҕа дии. Экраҥҥа элэҥниир дьону көрө-көрө итинник адьас атыны саныы олордоҕуна, түннүк аннынан атах тыаһа хоочугураата, кыһыл саһыл бэргэһэ элэс гынан ааста. Хайалара кэллэҕэй диэн кэтэһэн олордоҕуна, аан туманы бүрүнэн, кырыарбыт кыламаннарын быыһынан тырыбыначчы көрөн, үөрэн ыртайбытынан Ксения кыыс киирэн кэллэ. Көнньүөрбүтэ, үөрбүтэ сүрдээх, хаһыаттардаах, суруктаах суумканы нотуруускалыы сүгэн кэбиспит. Маайа тоҕо эрэ сүрэҕэ өрүкүйэ түстэ. Сурук эбэтэр открытка кэллэҕэ диэн санаа күлүм гынан ааста. Ксения: — Дорообо, Маайаа! Хайа, олороҕун дуу? Эйиэхэ телеграмма баар, — диэн чубугураат, суумкатын хаспытынан барда. — Дорообо, дорообо! Телеграмма даа! Бэйи, ол хантан? — диэн кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан ыйытта. Саҥатын бэйэтэ да атыҥыраата. Сүүһүнэн киһилээх бөһүөлэккэ олорон, сороҕор күнү быһа кимниин да кэпсэппэккэ, баатыгарын, саҥата хайдах
иһиллэрин да умнубут быһыылаах. — Коля ыыппыт. Мэ, манна илиитэ баттаа. Уолуҥ кэргэн ылбыт быһыылаах. Иккиэ буолан кэлэллэр үһү, — диэт, кыыс таһырдьа элэс гынан хаалла. Маайа телеграмманы арыйа баттаан аахпыта: «Поздравляем с наступающим праздником. Ждите тридцатого. Коля, Настя» диэн буолан хаалла. Тыый, кырдьык кэргэн ылбыта буолуо дуо? Ол эрээри сүүрбэ биирин туоллаҕа дии. Ылыан да сөп. Бээрэ, хайдах гынабын. Харыйа туруоруохха баар этэ. Маннык лүҥкүрэн олоруом дуо? Хайа, уонна ас астааһына. Бүгүн хаһыс чыыһыланый? Ээ, сүүрбэ ахсыс. Тыый, кэлэллэрэ икки эрэ хонук хаалбыт дии… Маайа мааҕыын бырааһынньык сүпсүлгэнигэр сылдьар дьону туораттан көрөн олорор курдук бэйэтэ эмискэ тиэтэйэн, туох эрэ дьиктини-кэрэни кэтэһэрдии өрүкүйэн турда. Данил МАКЕЕВ, Дьокуускай. Хартыына: интэриниэттэн.
edersaas.ru сайтан