Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕонньор кэпсээнэ (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҕонньор кэпсээнэ (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
19.11.2023 00:01
Саҥа Дьылааҕы түбүк чугаһаан дьон бары бырааһынньыктааҕы бэлэмҥэ сүүрүү көтүү бөҕө буола сылдьар кэмэ. Ким эрэ, корпоративка бараары кэтэр таҥас толкуйа, атыттар бырааһынньыктааҕы астарын айдаана. Дьэ ол курдук биир оннук күн, куорат биир киин ырыынагар барарга сананным. Биһиги да эмиэ дьон аатын ылаары кэлэр Саҥа Дьылы көрсөр санаалаах буоллахпыт дии. «Дии» да буолуо баара дуо, оҕолоох киһи оннук гымматахха сатаммат курдук буолар быһыылаах. Оптуобус кэлэрин күүтэ таарыйа, ол бу араас биллэриилэри ыйаабытттарын аахпыта буолан, ону маны көрүтэлээбитэ буолабын. Арай аттыбар биир оҕонньор кэлэн сиптэрин таптайталаан көрөр, арааһата тугу эрэ көрдүүр курдук . Ол туран миигин көрөн: —Эйиэхэ испиискэлээх буолаайаҕын? – диэн наҕыллык ыйытта. —Испиискэ буолбатах, “Зажигалка” баар, – диэн баран сиэппитэн хостоон оҕонньорго уунабын. —Хата бэрт эбит, уматан биэриэҥ дуо? – диэн баран оҕонньорум сиэбиттэн “Беломорканал” паачыкатын хостоон таһааран, табаах ылла. Уматан биэрбиппэр иккитэ-үстэ эҕирийэн ылан баран, чэпчээбит киһилии буруотун унаарытан таһаарда. —Хайа кырдьаҕас, дьэ, дуоһуйдуҥ дуу, хайдах дуу? – диэн оҕонньортон ыйыттым. —Оннук курдук, киһи да күлэр. Дьи4инэн эттэххэ киһиэхэ кыра да наада ээ…Бу миэхэ табааҕым да буруота наадалаах быһылаах, – диэн баран мичээрдээн ылаахтыыр. —Дьэ билбэтим. Холобур, миэхэ этэргэ дылы “наада” элбэх быһыылаах. Эн курдук кыра кыһалҕалаах сылдьыбыт киһи баар ини, –диибин мин оҕонньорго . —“Кыра кыһалҕалаах” диэн үтүктэн баран, оҕонньор биир сири чочумча көрөн турда. Онтон ыксаабыт киһилии табааҕын омуннаахтык хаста да ылан обортолоон баран, миигин саҥа көрбүттүү «Билэҕин дуо, тоойуом, сотору Саҥа дьыл буоларын?» соһуччу ыйытта. —Ону атаҕар хаама сылдьааччы бары билэн эрдэ5э, –диибин мин оҕонньорго. —Оннугун оннук гынан баран, сорох дьон күүппэт бырааһынньыга. Холобур, мин…-диэн баран эмиэ маарыыҥҥытын курдук биир сири көрөн баран турда. —Кырдьаҕас арааһата сыыстардыҥ быһыылаах, хайа киһи үөрбэт буолуой? Саҥа дьыл диэн улуу бырааһынньык буоллаҕа дии. —Улуутун улуу гынан баран, мин Саҥа дьылы көсүбэтэҕим быйыл түөрт уон биирис сыла буолар, –диэн баран сүр улаханнык үөһээ тыынан ылла. — 41 сылын туолар диигин дуу, тоҕо да уһунай? –диэн мин соһуйабын. —Бу санаатахха кырдьык ырааппыт да эбит…Оҕолорум бааллара буоллар, төһөлөөх сиэн, оҕо уруу…-диэн баран ах баран саҥата суох туран ылаахтаата.- Бээрэ тоойуом, мин эйиэхэ кэпсээтэхпинэ сатаныыһы, эн ыксаабат буоллаххына миигин истиэҥ дуо? –диэт илиибиттэн харбаан ылла. —Истэн бөҕө буоллаҕа дии, кырдьаҕаас. Ичигэс сиргэ киириэххэ, итии чэй иһэ-иһэ төһө баҕарар кэпсээ, –диибин мин. Уонна кырдьаҕаспын тоҥолоҕуттан ылан, сирдээн чугастааҕы омуктар аһатар кафеларыгар илдьэ киирэбин. Чаанньыктаах чэй уонна ол-бу ас сакаастаан, тас таҥаспытын устан остуолга олорбуппутун кэннэ, кырдьаҕаһым икки илиитинэн сирэйин саба туттан олорон ылла. Арааһа, ол кэмнээҕитин санаан ылла быһыыта, онтон кэпсээн киирэн барда. —Оччолорго
мин отуппун ааспыт эдэр киһи этим. Сааһым чуолкайын эттэххэ 32 эбит. Ол саҕана билэриҥ курдук Сэбиэскэй кэм саамай кэрэ кэмнэрэ этэ диэххэ эбитэ дуу. Чэ ол хааллын. Мин оччолорго уоллаах кыыс оҕолоох киһи үлэ үөһүгэр сылдьар кэмим. Ойоҕум кыра кыыспытын о5олонон тахсыбыт кэмэ этэ. Саҥа дьыл буолуон икки хонук иннигэр, чугастааҕы оруйуон оскуолатын батарыайата хам тоҥон, миигин онно ыытар буоллулар. Ол саҕана, ама, баартыйа эппитин утарыаҥ баара дуо… Барарбар тиийдэҕим дии. Билиҥҥи курдук сибээс суох кэмэ буолан дьонум былдьаннахтара… Бырааһынньык кэмэ буолан, миигин төттөрү ким аҕалыай? Дьон бары бырааһынньыктыы сырыттахтара. Оруобуна саҥа дьыл буолар түүнүгэр, дьонум уокка былдьаммыттар этэ… Ону мин кэлэн баран биирдэ билбитим. Арай, массыынанан дьиэм диэки чугаһаан иһэн көрбүтүм, дьиэм суох, көстүбэт. Онно эрэ оҥойон тураахтыыр. Түһэн баран уолуйан, соһуйан дьиэбин тула сүүрэкэлии сырыттым. Онтон өй булан ыалларбыттан киирэн сураспыппар, нуучча оҕонньоро: “Ким да тыынаах хаалбатаҕа», — диэбитэ. Тулам барыта эмискэ хараҥара түспүтэ, тыыным кылгаабыта. Түүл дуу, илэ дуу, быһаарбат курдук буолбутум. Атаҕым анныттан сирим түҥнэри баран эрэр курдуга… Ол иһин бу бырааһынньыгы отой сөбүлээбэппин. Хаһан да сорунан көрсүбэппин. Баарым буоллар, баҕар, ол быһылааҥҥа мин эмиэ былдьаныаҕым эбитэ дуу, дьоммун быыһаан ылбыт буолуом этэ дуу… Дьэ билбэтим, хас сыл аайытын ити ыйытык миигин батыһа сылдьар. Баһаарынайдар харыйа уотуттан барбыт диэн быһаарыыга кэлбиттэрэ. Ол саҕана билиҥҥи курдук гирлянда буолбатах этэ. Дьэ, олоххо оннук эмиэ баар буолар. Ким эрэ кэтэһэр, ким эрэ суох… Хата, бу эйиэхэ кэпсээммин чэпчээбиккэ дылы буоллум ээ… Чэ, итини эн бэйэҕэр тутума, киһи олоҕо диэн араас буоллаҕа эбээт, — диэн баран оҕонньорум таҥнан тахсан барда. Мин оҕонньор кэпсээбитин санаан, сонньуйан олоро түһэн баран бардым. Ол быһылааҥҥа дьонун сүтэрбит киһиэхэ чахчы ыарахан. Төһөлөөх да кэм ааспытын иһин, сүрэх бааһа оспот буоллаҕа. Дьонун санаан, ытыктаан баччааҥҥа диэри бэйэтигэр бүгэн, өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар тутан сылдьаахтаатаҕа…
edersaas.ru сайтан