Кэпсээ
Войти
Регистрация
Алаас кыыһа (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Алаас кыыһа (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
24.12.2017 20:24
Мин билигин 72 сааспын туолбут киһи суруйабын. Мин эмиэ эһиги курдук эдэр сэнэх этим. Бу билигин уҥуох-тирии буолан олорорбун. Һы, буолар да эбит.. Сыл-хонук ааһара түргэнин! Кырдьан олоруом диэн өйбөр оҕустаран да көрбөт этим. Мин диэтэх киһи ону баардыылыам дуо? Киирэн-тахсан, орой мэник уол оҕото этим. edersaas.ru “Мин да ыһыахтары кэрийэр, мүһэ сүүйэр, таас көтөҕөр күннэрдээх этим ээ” диэн санаатахпына эмэхтийбит сүрэхпэр туох эрэ уот кыыма күөдьүйээт оргууй умуллан им баран хаалаахтыыр. Харахпын симэн, ааспыты саныырым кэнники кэмҥэ элбээтэ. Олоҕум кэрчиктэрэ хаартыскалары ылан уурталыыр курдук. Бу манна мин 19 саастаах соноҕос обургу алааһы кыйа бу сүүрэн иһэбин. Үрдүбэр миигин кытта элиэ тэҥҥэ »Бу баарбын! Мин эн курдук көҥүл күөх халлаан иччитэ!” диэбиттии сырсар, кистиир, элиэтиир… Ок-сиэ! Астык даҕаны, бэл сүрэҕим тэбиитэ күүһүрдэ! Саатар биирдэ эдэр-сэнэх эрдэҕинээҕи салгыны иҕэрийбит киһи баар ини. Оо, абаккам эбит доҕоттор! Ол эрэн тугу кэмсиниэхпиний? Олох олордохпут. Мин эмиэ киһи курдук таптаабытым ээ. Чэ кэпсиим.. Билигин да долгуйабын ол күнү санаатахпына. Төһө да саас ыллар киһи санаатынан куруук эдэр. Таптыыр сүрэх кырдьар диэни билиммэт эбит. Бэйи хаҋдах этэй… Саас этэ. Мин Дьокуускайтан тыаҕа бултуу тахсыбытым. Эр киһи барыта куска иирэр кэмэ этэ. Мин эмиэ онтон ордуом дуо? Эр киһи буоламмын, дьэ, биир күн оҥостон доҕотторбунаан кустуу барар буоллубут. Былыргы биир уостаах, биһиги саҕана ол былыргы аатырыа дуо, билигин эһиэхэ былыргы, саабын сүгэн, икки атаспын кытары соҕуруу үрэххэ айаннаатыбыт. Уолаттарым кэпсэтэллэр. Мин тугу эрэ бэйэм испэр толкуйдуу испитим быһыылааҕа. Күн аҥарыттан ордугу хаамаммыт үрэхпитин булбуппут. Мончуук түһэрэн бараммыт, үүтээммитигэр тахсыбыппыт. Сайын чугаһаабыта биллэрэ, чыычаахтар ыллыыллара, мутукча сыта өссө хойдон сүрэҕи быары сылаанньытара. Сарсыарда ойон тураат, тугум имэ кэйбитэ буолла, чугас алаастары кэрийэ барарга сананным. Саабын сүгээт, үрэҕи нөҥүөлээн, бастакы алааска түһүүбэр, арай, антах уҥуор кыыс сылдьара көһүннэ. Санаабар, кыыска чугаһаан истэҕим ахсын кини сырдаатар-сырдаан, күн сардаҥата курдат көрүөх курдук этэ. Бу кыраһыабайын, кэрэтин! Оо, онно көрбүккүт буоллар!.. Халлаантан түспүт Айыы кыыһын курдуга. Алаас ортотугар иккиэйэх эрэ көрсүбүт дьон дорооболоһон кэпсэппиппит. Хантан иһэрин туоһулаһабын, торбостор куоппуттарын көрдүү сылдьар үһү. “Мин үрэхтэн бу түстүм, антах торбостор бааллара көстүбэт, аннараа диэки сылдьаллара буолуо”, — диэтим. Чочумча кэпсэтэ түһээт кини төннүбүтэ. Ол күн оннук ааспыта, мин кустуох да баҕам сүтэн үүтэҥҥэ тахсан сыппытым. Сөп буолар куспутун булбуппут. Дьонум дугданы хомуйан, сарсын барыахпыт диэбиттэрин истэн санаам түспүтэ. Санаабар өссө биирдэ ол кыыһы көрбүт киһи диэн баҕалааҕым. Ол күнү уһун кыһыны быһа санаабытым. Кини нап-нарын бэйэтин суохтуурга дылы этим. “Хайаан даҕаны көрсүөхтээхпин, кэпсэтиэхтээхпин” диэн бэйэм бэйэбэр андаҕайбытым. Кини – мин бастакы тапталым. Олорбут
олоҕум биир саамай тутаах киһитэ. Уол оҕото ол кэнниттэн тылбар турбутум. Кинини көрсүбүтүм. Ол иһин буоллаҕа дии, билигин бу дьиэм иһиттэн куруук минньигэс ас сыта кэлэр, сылаас эйгэ илгийэр. Кинилиин эбээ-эһээ буоламмыт күн бүгүнүгэр дылы олус бэрткэ олорон кэллибит. Төһө даҕаны саас ыллар таптаһар сүрэхтэр куруук эдэрдэр. Бу курдук мин кылгас кэпсээним бүтэр. Таптал туһугар туруулаһыҥ, охсуһуҥ! Соноҕос.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан