Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таптал сүдү күүһэ (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таптал сүдү күүһэ (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.12.2017 10:00
Матрена Семеновна уолун көрөн долгуйан, хараҕын уутун кыатаммакка, кистии-саба платогунан сотто олорор. Бүгүн кини уола соҕуруу куорат биир бөдөҥ үрдүк үөрэҕин кыһатын бүтэрбит дьоро күнэ. Атын оҕолору кытта күлэ-үөрэ турар кини Колята. Мотя син үгүс дьон курдук олоҕун аргыһын устудьуоннуу сылдьан көрсүбүтэ. Кинилэр дойдубут промышленноһынан аатырбыт бөдөҥ куоратыгар үөрэммиттэрэ. Эдэр дьон оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус сылларыгар үөрэммиттэрэ. Кинилэр тустарыгар олох-дьаһах кыһалҕата улаханнык турбатаҕа, ыал буолбуттарын кэннэ устудьуоннар идэлээх сойуустара көмөлөһөн туспа хос биэрбиттэрэ. Онон үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри күн кыһалҕата суох олорбуттара. Устудьуоннар сыбаайбаларын үһүс куурус кэнниттэн сайыҥҥы сессияларын туттаран баран айылҕаҕа тахсан оҥорбуттара. Олус бэһиэлэй сыбаайба буолбута, хата. Сессияларын этэҥҥэ саппыт, каникуллара саҕаламмыт устудьуоннар саамай дьоллоох күннэрэ. Оччотооҕу хаартыскаларын көрө-көрө Мотя сүргэтэ көтөҕүллэр. Эдэрдэр дойдуларыгар кэлэннэр уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ. Кинилэр да буолуо дуо, төрөппүттэрэ кыыс дьиэтин киэҥ тиэргэнигэр остуол тардыбыттара, бөһүөлэк дьоно үксэ ыҥырыллыбыта. Матрена кэргэнин кытта биир куоракка үөрэммиттэрэ да, тус туһунан институту бүтэрбиттэрэ. Кэргэнэ Володя суол тутар инженерин идэтин ылбыта. Онтон кини — культура үлэһитэ. Дипломун оҕолоноору сылдьан көмүскээбитэ. Мотя кыра сааһыттан кулуупка сылдьан улааппыта. Кини улахан эдьиийин кытта иккиэн бөһүөлэк солбуллубат артыыстара этэ. Эдьиийэ олохтоох театр сүрүн оруолларын толорооччу, оттон кини конферансье да, ырыаһыт да, үҥкүүһүт да этэ. Онон оскуола кэнниттэн икки сыл колхуоска иэһин толорон үлэлээн баран баҕалаах үөрэҕэр туттарсыбыта. Тута киирбитэ. Ол сылдьан маҥнайгы кууруска сахалар мустар көрсүһүү киэһэлэригэр Воватын көрсүбүтэ. Володя онно, арааһа, көрөөт таптаабыта. Ол кэнниттэн Вовата наар кыыһы батыһа сылдьыбыта, сотору иккиэн доҕордоспуттара. Кэлин саныыллар ээ, ол куоракка кинилэр бэйэ-бэйэлэрин булсаары тиийбиттэр эбит. Оҕолор тута кинилэри олус барсар пааралар диэбиттэрэ. Кырдьыга да оннук буолуо. Иккиэн сахаҕа сэдэх үрдүк көнө дьылыгыр уҥуохтаахтар. Сиэттиһэн баран хааман иһэллэрин көрбүт эрэ киһи астынар. Матрена Володятын кытта букатын бииргэ улааппыт курдук саныыр. Оннук кинилэр барсаллар. Бэл диэтэр, кыыс тугу эмит сиэбит киһии дии санаатаҕына уола ол киэһэ холобура баҕарбыт абрикоһун дуу, апельсинын дуу атыылаһан аҕалбыта эрэ баар буолар. Эдэрдэр кыракый хосторугар саҥата да суох олорон бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөр, хайалара да настырыанньатын билэр. Эр киһи уонна дьахтар сыһыаныгар иккиэннэриттэн биирдэһэ ордук таптыыр диэн этии баар. Биирэ ордук таптыыр, иккиһэ таптатар, эбэтэр ол тапталы ылынар дииллэр. Ким билэр. Оттон Мотялаах Володя бэйэ-бэйэлэрин тэҥҥэ таптаһаллар. Володя биир эмит күн уолаттары кытта футболлуу бардаҕына, кыыс сотору ахтан уолун рубашкатын ылан сыттыыр, кууһан олорор. Оттон Мотя ханна эмит концертыы бардаҕына Володя тапталлааҕа суох кыайан аһаабат даҕаны буолар. Уол элбэх оҕолоох ыал улахана буолан, тугу барытын сатыыр. Ол иһигэр ыал ийэтэ астыырын барытын сатыыр. Холбоһоот кини кэргэнин харыстаан, утута түһээри эрдэ туран, тыаһа суох сылдьан
ас астыыр. Мотя минньигэс ас сытыттан уһуктан кэлэр. Эдэр ыаллар былааннаабыт курдук үөрэхтэрин бүтэрээт оҕоломмуттара. Күүтүүлээх уол оҕо күн сирин көрбүтэ. Эдэрдэр үөрэхтэрин бүтэрэн баран кыыс дойдутугар кэлбиттэрэ. Оҕо күүтэр эдэр дьахтарга ийэтин көмөтө наада. Мотя син атын дьахталлар курдук олохтоох балыыһаҕа этэҥҥэ быыһаммыта. — Эн уолуҥ наар утуйан тахсар дии. Аһыы-аһыы утуйар эрэ. Миэнин бу көрүүй, ытаа да ытаа. Эйиэнэ бэрт холку киһи буолсу, — диэбитэ палатаҕа бииргэ сыппыт элбэх оҕолоох дьахтар. Уопуттаах ийэ биллэҕэ, оҕом хата ытанньаҕа суох диэн эдэр ийэ үөрэ санаабыта. Балыыһаттан дьиэтигэр тахсыбыта. Оҕото кырдьык ытанньаҕа суох. — Түүнүн да уһуктубат эбит. Хата, эн утуйан абыранныыһыккын, — диэн ийэтэ кыыһын харыстаан сэмээр үөрэрэ. Володя үлэтиттэн кэлэн баран оҕотун таҥаһын сууйан, өтүүктээн көмө киһитэ. Оттон Мотя сотору олус элбэх үүт киирэриттэн моһуоктанна. Уола кыратык эмэн соппойоро сөп гыммат. Үүтэ буоллаҕына туох даҕаны букатын тэстэн олорор. Ол иһин ыксаан ыанар. Ыатаҕына бүтүн үс киилэлээх бөтүөнү толорор. Сотору кыра оҕолоох, үүттэрэ суох ийэлэр киниэхэ кэлэн үүт ылар буолбуттара. Күҥҥэ хас да төгүл уочараттаан кылыгыраан турар бааҥкаларга үүтүн ыыра. Ол дьарыгыттан улаханнык илистэр да хайыыр да кыах суох. Хата үүтэ суох дьахталлар оҕолорун аһатан абыраммыттара. Аһаабыт аһа тута үүтүгэр барар курдуга. Матрена бүтүн бэйэтэ охсор аҥаара хаалбыта. — Оҕом ынах эбитэ буоллар, хата идэһэҕэ барбакка, үүттэх буолан мааныга сылдьыа этэ, — диэн ийэтэ күлэрэ. Ол курдук наар үүтүн айдаана буолан, оҕото ытанньаҕа суоҕун аанньа, итэҕэстээх төрөөбүтүн хойут билбитэ. Арааһа, биир алтыс-сэттис ыйыттан быһыылааҕа. Оҕото уһугуннаҕына симиктик саҥа таһааран ытыыра. Ыҥырдаххына саҥа хоту хайыспат, тыаһыыр-ууһуур оонньуурдары батыһа көрбөтө. Дьэ, онтон куттанан Матрена быраастары бараабыта. “Оҕоҥ дьүлэй. Оннук итэҕэстээх төрөөбүт”. Ити тыллар муустаах ураҕаһынан ыарыылаахтык хаарыйбыттара, санаатын самнарбыттара. “Эс, ол хайдах? Тоҕо?!” – диэн ыйытыылар уоһуттан төлө көтөн тахсыбыттара. Быраастар ону билбэттэр. Ийэлээх аҕата, аймахтара, Володя дьоно бары соһуйбуттара. Оннук истибэт да, тыла да суохтар биһиги удьуор суоҕа, диэн буолбута. Оттон эдэр ийэ биир суолу тута санаабыта. Кинилэр үөрэнэ сырыттахтарына атом станцията дэлби тэппитэ. Ол кинилэр үөрэммит сирдэригэр чопчу буолбатаҕын да иһин, аттынааҕы куоракка этэ. Ону, биллэн турар, кистээбиттэрэ, айдааны таһаарбатахтара. Сири-буору аннынан дьоннор ыалдьыбыттарын истэллэрэ. Ол гынан баран, бу диэн көрбөтөх дьыалалара буолан, соччо аахайбатахтара. — Володя, эн биһиги үөрэнэ сырыттахпытына оҕобут үөскээбитэ дии. Онтон буолбатаҕа дуо? — Эс, суох. Куһаҕаны санаама. Оннук буолбатах. Доруобайбыт буолбат дуо? Эн оҕо күүтэ сылдьан анализ бөҕөтүн барбытыҥ дии. Барыта үчүгэй этэ буолбат дуо? Ол аата, онтон буолбатах. Мин даҕаны үчүгэйбин дии. — Оччоҕуна тоҕо? — Тоҕотун тоокколоһо сатаамыах. Буолуох буолтун кэннэ… Кырдьык даҕаны,
маннык санааны саппаҕырдар туох да туһаны аҕалбат. Оҕолоро сайдыытынан атын оҕолортон хаалбат. Хата, доруобай. Биирин да туола илигинэ хаампыта. Эдэр ийэ санаарҕыы түһэн баран, оҕотун хайдах сайыннарар, иитэр туһунан толкуйдаабыта. Кэргэнниилэр иккиэн, киин куоракка киирэн анал чинчийиини барбыттара. Хата, барыта этэҥҥэ этэ. — Оннук дэлби тэптэрии сүһүрдэр күүһэ эһиги үөрэммит куораккытыгар дьайыыта олох кыра буолуо. Салгыҥҥа тыалы кытта кэлбитэ биллиэн сөп. Ол кэмҥэ, киһи иммунитета мөлтүү сылдьар буоллаҕына хаптарыан сөп. Оттон эйиэхэ ол кэмҥэ саҥа оҕо үөскээбит буолан, баҕар, дьайбыта буолуо. Ол гынан баран, билигин хааҥҥыт олох ыраас, онон ол чахчыттан буолбут диир кыаҕым суох, — диэбитэ быраас. Матрена оҕотун атын оҕолор курдук иитэр табыллыбатын билэрэ. Аны туран, онуоха анал литература суоҕа атахтыыра. Истибэт оҕону хайдах сайынныарыан сөбүй? Бу ыйытыыны туруоран, кини анал оскуолалары, интернаттары, балыыһалары кэрийбитэ. Түптээх сүбэни кыайан ылбатаҕа. Үөрэтэр ньыма баар да буоллаҕына, оскуола оҕолоругар сөптөөхтөр. Оччоҕуна, тугуй, кини оҕотун оскуолаҕа киириэр диэри туохха да үөрэппэт дуо? Аны туран, эдэр дьахтар истибэт оҕолору көрөн улаханнык санаата түспүтэ. Инбэлииттэр курдук тутуллан сылдьаллар. Үөрэтэр программалара кини көрдөҕүнэ оҕону соччо сайыннарыа суох курдук, тэҥ саастыылаахтарын киэниттэн олох ураты. — Мин туох да иһин оҕобун ити анал оскуолаҕа биэриэм суоҕа! – диэн кэлбитэ кини куорат анал оскуолаларыгар сылдьан кэлэн баран. — Оччоҕуна? – кэргэнэ уолун аһата олорон эрэл кыыма сахпыт хараҕынан тургутардыы көрбүтэ. — Мин бэйэм үөрэниэм уонна уолбун дьарыктаан, доруобай оҕолор оскуолаларыгар биэриэм! – кытаанахтык эппитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Матрена соҕуруу куоракка баран кыайан истибэт оҕолору үөрэтэр идэни биэрэр үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн үөрэммитэ. Кинини дьоно уонна таптыыр доҕоро Володя өйөөн, ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Кини эдэр, туох даҕаны кыһалҕата суох сылдьан үөрэҕин буолуохтаах курдук ылынан, сессияны эрэ туттарар курдук үөрэммит буоллаҕына, бу сырыыга туох баар үөрэтэр предметин ымпыктаан-чымпыктаан билэ сатыыра. Барытын бэйэтин уолугар сыһыары тутан, үөрэппитэ. Ол да иһин кини араас уустук предметтэри баһылаабыта. Туох баар экзаменнарын барытын туйгуннук туттарара. Наһаа кыһамньылаах устудьуону институтугар бэлиэтии көрөннөр бүтэрэр сылыгар профессордар аспирантураҕа киир диэн ыҥырбыттара. Эдэр дьахтар кэлин бу науканан үлүһүйбүтэ. Аспирантураҕа киирэн үөрэммитэ. Үөрэнэрин быыһыгар дьиэтигэр кэлэн, уолун кытта утумнаахтык дьарыктыммыта. Бэйэтэ туспа үөрэтэр ньыма, программа оҥорон үөрэппитэ, уола сайдыытынан атын доруобай оҕолортон уратыта суох буолбута. Киһи саҥатын айаҕыҥ хамсыырынан ааҕар, наадатын толору кэпсэтэр. Онон маҥнайгы кылааска доруобай оҕолору кытта үөрэнэ киирбитэ. Бу Матрена улахан ситиһиитэ этэ. Биллэн турар, Коля атын оҕолортон хаалбатын туһугар кини оскуолаҕа киирбитин кэннэ тэбис тэҥҥэ үөрэммитэ. Күн аайы уруогун толоттороро. Оттон ортоку кылаастан ылата уола бэйэтэ ситиһэр буолбута, математикаҕа, информатикаҕа атыттарга иннин биэрбэт буолан, үгүстүк олимпиадаларга кыттара.
Матрена аспирантуратын бүтэрэн, кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Научнай үлэтигэр истибэт оҕону үөрэтиигэ туһунан ньыма айбыта киирбитэ. Кини үлэтин улаханнык биһирээбиттэрэ. Үлэтэ омук тылынан тылбаастанан кыраныысса таһыгар тахсыбыта. Педагогика эйгэтигэр кини аата аан дойду таһымыгар биллэр, атын бөдөҥ ученайдары кытта бииргэ турар буолбута. Кинини элбэхтик кыраныысса таһыгар лекция аахтара ыҥыраллара. Өр болдьохтоох контракт түһэрсэргэ этиилэр кытта киирэллэрэ. Матрена оннук дьонун хаалларан барар кыаҕа суох буолан, аҕыйах эрэ кэмҥэ баран кэлэр. Матрена Семеновна ылбыт билиитин, аан дойдуга биһирэммит уопутун төрөөбүт дойдутугар тарҕатар баҕа санаалаах. Кини атын омук оҕолорун буолбакка, дойдутугар баар элбэх ахсааннаах ыарыһах оҕолорго көмөлөһөр баҕалаах. Хомойуох иһин, араас итэҕэстээх төрүүр оҕо ахсаана сыл аайы эбиллэн иһэр. Ол иһин, кини анал программа суруйбута, дойдубут былааһа кинини өйөөннөр, анал бөдөҥ киини арыйбыта. Ол киин атаҕар туруутугар кини туох баар сатабылын, уопутун, аан дойду наукатын эйгэтигэр билсиитин холбообута букатын тарбахха баттанар дойду биир бөдөҥ тэрилтэтэ буолбута. Оттон кини төһөлөөх элбэх итэҕэстээх төрөөбүт оҕоҕо толору олоҕунан олорор дьолу бэлэхтээбитэ буолуой. — Ийээ, бу мин дипломум. Суох, бу – биһиги дипломмут! – Коля ис иһиттэн сырдаан, үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэллэр. Матрена Семеновна уолун дипломун имэрийэн ылан баран, сүрэҕэр сыһыары тутта. Айталина НИКИФОРОВА
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан