Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэрэккэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэрэккэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.11.2019 17:30
Ардыахча ардаабакка уулаах хара былыт халлааны саба бүрүйэн, Эбэ килбэйэр иэнин хараҥардан, санааны баттыыр саппаҕырбыт күнү-дьылы аҕалан, биэрэккэ куустуһан турар уоллаах кыыс эдэр сүрэхтэрин ыга баттыыр курдуга... Кинилэр билсиэхтэриттэн, эн-мин дэһиэхтэриттэн ыла, бу кытылга кэлэн самаан сайыны көрсөөччүлэр. «Сарыал, эн миигин таптыыгын дуо? Мин эйиэхэ тугу эрэ этиэм... Эн, биһиги куруук бииргэ сылдьар буоллахпытына, эн биһиги уонна кырачаан оҕобут. Мин маны саҥа биллим ээ, Сарыал?» Ити мин истиҥ доҕорум миэхэ туһаайан эппит бүтэһиктээх тылларын эрдэ өйдөөбүтүм буоллар, барыта атыннык салаллыах этэ... Мин саҥата суох дөйө таалан турбутум. «Эн, биһиги уонна кырачаан оҕобут. Мин маны саҥа биллим ээ, Сарыал?...» кылгас, ыгым санаабар, бу күнүнэн эдэр сааһым, көҥүлүм бүтэринии, ол көҥүлбүн сарбыйыахтаах төрүү илик кырачаан киһиттэн куттаммытым дуу биитэр доҕорум «куруук» диэн мин санаабын баайар, билигин санаатахха, оо, олус да истиҥ, күндү, күн да аайы истиэх тылларым эбиттэр... Онтон, онтон туох өйбөр тэһэ кэйбитэ эбитэ буолла, биитэр ол күннээҕи хахсаат тыал сабыдыала, биитэр куту-сүрү баттыыр былыттаах халлаан? — Кыратык тохтоон эрбэппит дуо, сылдьа түһүөх, оҕо билигин эн биһиэхэ эрдэ... — диэн эппит халыҥ буруйбун ол күн, били, ардыахтаах хара былыттар төһө да тоҕо түһэн таҥаспын-саппын илитэн, ардах быыһынан доҕорбун эккирэтэн сэдэх тииттэр быыстарынан тыаны курдат сүүрбүт курус күммүн сууйбатахтара... Хата, эбии сылтан сыл ахсын ааспат ахтылҕан, сүрэҕи сүүдүтэр ыар баттык буолан олохпун кытта сэргэстэһэ кэллэхтэрэ. Чап-чараас сайыҥҥы сарапааннаах доҕорум хомойон, хараҕын уута иэдэһин устун сүүрбүтэ. Саамай эрэммит киһититтэн кэлэйбит, хомойбут санаатыттан куота охсоору тыа быыһынан сүүрэн элэстэммитэ. Мин бу сааһыран олорон, оччолорго, тустаах кэмҥэ, олоҕу быһаарар ыгым күҥҥэ, эчи, бытаардахпын. Уоскуйдаҕына кэлэр ини диэн санаанан салайтаран, бастаан утаа халлаан ардыар диэри турбутум. Этиҥ этэн лүһүгүрэтэн барбытыгар, куораттан тэйиччи сылдьар буоламмыт, доҕорум туһуттан долгуйан көрдүүр аакка барбытым... Ардах быыһынан ситэ билбэт тыам устун сүүрэн аҕылаан-мэҥилээн тыын ыла туран, оо, олус куттаммытым. Куттаммытым төрүөхтээх оҕом, доҕорум туһуттан. Доҕорум, мин хаарыаннаахай күндү доҕорум хомолтотун эппинэн-тириибинэн билбитим. Сылайыахпар диэри тыаны эргийэ хаампытым. Арай, доҕорум атаҕын суола, ардаҕы оборбут кумахха олорон хаалбыта, ытыахча буолан, уунан туолбут харахтыы бычалыйан сытара... Балачча көрдөөн баран, массыынабар соҕотох төннүбүтүм. Табахтыы-табахтыы, кэтэһэ олорон санаабытым... Мин кинилиин аан бастаан дойдум ыһыаҕар көрсүбүтүм, кини киоскаҕа мороженай атыылыы турара, оттон мин уолаттары кытта мороженай атыылаһа кэлбитим. Уолаттарым кыысчааны хаадьылаан барбыттарыгар, тоҕо эбитэ буолла, буойбутум. Кыыһым мин диэки олус истиҥник көбүтэ. Ол да иһин ол күнтэн истиҥ доҕорум диэн ааттыыр бэйэм, бүгүн бу ол доҕорбун хомотон харах уутунан сууннаҕым уонна, арааһа, букатыннаахтык сүтэрдим... Ол тапталбыттан, оҕобуттан аккаастаммыт күммүттэн аны кинилэри куруук көрдүүр аакка барбытым. Сылдьарым тухары,
тыаҕа буоллун, куоракка буоллун — өрүү көрдүүбүн. Билигин да көрдүүбүн... Оччолорго быстах санааҕа ылларбатах буолуум, кырачаан уолум дуу, кыыһым дуу билигин номнуо сүүрбэччэлээх буолуохтаах этэ. Оҕом ымманыйар «аҕаа» диэн минньигэстэй саҥатын истиэх этим. Утуйарыгар остуоруйалаан, уһугуннаҕына, сыллаан ылыах этим. Оҕобунуун доҕордуу буолуохтааҕым. Ким диэн ааттыах эбиппит буолла... Оттон кини бары санаатын үллэстиэхтээх чугас киһитэ, аҕата, кини төрүү илигинэ аккаастана сырыттаҕым... Суох, ол кэннэ мин кимниин да билсибэтэҕим, таптаабатаҕым. Эйиэхэ тэҥнээх, эн курдук аһаҕастык күлэр, күн уотугар хараҕын симириҥнэтэн мичээрдиир, дьээбэлэнэн ытыһынан сирэйин хаххалана-хаххалана ыллыыр истиҥ киһини булбатаҕым. Мин куруук манна кэлэбин, бу биэрэккэ өрүү турабын. Санаабынан эйигин көрдүү... Таһырдьа номнуо киэһэрдэ... Умуллубут табаҕым уота күл буолан ыһыллыбыт. Ардах астыйан, салгын ырааһыран хаалбыт. Уһуктан массыынабын собуоттаан куорат диэки айаннаатым. Арай, суол устун чараас сайыҥҥы таҥастаах кыыс баран иһэр, сирэйин кистии тутта-тутта суолтан туора хаамта. Онтон эмискэ кыыс тохтоон кэннин хайыста. Олус сылайбыт, илистибит, уһуннук ытаабыт сирэйдээх, ол мин уһуннук көрдөөбүт истиҥ доҕорум этэ... Ульяна Захарова-СТЕПАНОВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан