Кэпсээ
Войти Регистрация

БӨТҮҤНЭР

Главная / Кэпсээн арааһа / БӨТҮҤНЭР

K
edersaas.ru Категорията суох
06.12.2017 18:46
Нуучча омук Саха сирин була илигинэ, сахалар үрэх бастарын аайы ийэ уустаан сылдьаннар, ким бөҕө, харса суох киһилэрин тойон туттар эбиттэр. Тус-туспа аҕа уустарын икки ардыгар иирсээн таҕыстаҕына, ону сэрии быһааран, ким кыайбыт ийэ ууһа ол тойон буолара үһү. Ол курдук олороннор, арай биир бириэмэҕэ баайынан-дуолунан, аймаҕынан-чаҕарынан охторон, Дыгын диэн албан ааттаах киһи, бүтүн Саха норуотугар тойомсуйар киһи үөскээбит. Бу Дыгын билиҥҥи Якутскай куорат оннугар Сайсары күөл таhыгар олоҕурбут. Сүүһүнэн ааҕар үрүҥ-хара сүүрүктээх, төһө эмэ элбэх кулут дьонноох, хас эмэ харабыл бухатыырдардаах, кырдьык даҕаны, тойоҥҥо сөптөөх, сүдү киһи эбит. Дыгын тойон бэйэтин ийэтин уустара үрэх бастарынан сылдьан, атын ийэ уус­тарын тойонноругар Дыгыҥҥа кэлэн хобулааталлар эрэ, саалаах-саадахтаах, аттаах-атыырдаах төһө эмэ сэрии дьонун ыытан кыргыттаран кэбиһэн баран, баайдарын-дуолларын үүрдэрэн ылан, баайын хаҥатынар, биитэр бэркэ абыраатаҕына, бэйэлэрин туттаран аҕалан, кулут оҥостон олорбут. Маннык сураҕын истэ-истэ, оччотооҕу сахалар: «Тойоммут Дыгын Боотур», — диэн ааттыыр эбиттэр. Онон Дыгын сэрии дьонун элбэҕи тутан, ону баhылыктыырын иһин боотур диэн дуоһунастаах тойон аатырбыт. Оччотооҕу бириэмэҕэ билиҥҥи Амма улууһун сиригэр (Амма үрэххэ) Арыылаах хочотугар сэттэ ини-бии дьон олоортор. Бу дьон ыраах иһиллэр ааттара Бөрө Бөтүҥнэр диэн эбит. Оттон биир-биир ааттарын-суолларын араартаан аахтахха: 1) Маһарах диэн барыларын убайдара, бэрт көрсүө, көнө, күөх оту тосту үктээбэтэх, дьиэ киhитэ эбит. Урут төрөөбүтүн быһыытынан бары бырааттарыгар тойонноро буолбут, бары уолаттартан ойохтоохторо диэн соҕотох кини, уоннааҕы алта кыра уол бука бары ойоҕо суохтар. 2) Мас Өнүкүй — ааттаах-суоллаах ойуун, онтон ураты биллэр идэтэ суох эбит. 3) Өргөлөй Бэргэн — былыргы ох саанан ааттаах ытааччы. Ол иhин бар дьоно Бэргэн диэн хос аат биэртэр. 4) Чохунай Дохсун — бэрт куhаҕан киҥнээх, туой кыргыhыы дьарыктаах, кыыhырдар эрэ сэптэнэн-сэбиргэллэнэн, өлөрсөрдүү тэринэн барарын, ону туой убайа Маhарах буойан тохтотор эбит. Онон арай кэргэттэриттэн Маhараҕы эрэ аанньа ахтара үһү. 5) Тиэтэйбит —барыларыттан уhулуччу ат бөҕө, кус быhый, туруору да дьүһүнүнэн бөҕөҕө мөссүөннээх, быhыйга быhыылаах олус бэрт киhи эбит; атын ийэ уус­тара атаҕас­тыыр күннэригэр кини өрүһүйүө диэн ийэтин ууhа бүөмчү саныыр киhилэрэ. 6) Боллох — хайтаҕа‑туоҕа биллэ илик, 20‑тин эрэ туолан эрэр оҕо киhи. 7) Сэгэттэй — саамай кыра уол. Сүүрбэтин туола илик, барыларын баhыгар баар-суох бастыҥ маанылаах оҕолоро. Бу дьон бары биир дьиэ кэргэн буолан, биир баайдаах, үптээх-астаах, орто сэниэ ыал эбиттэр. Кинилэр төрөөбүт ийэлэрэ, аҕалара өлбүттэрэ өр буолбут, аҕаларын оннугар Маhарах, ийэлэрин оннугар кини ойоҕо эбиттэр. Бу дьон чугас ыаллара диэн арай билиҥҥи Амма улууhа, Кэнньэ нэhилиэк сиригэр Хотуйа үрэх чугаhыгар Сыҥаhа диэн алааhы тула Илин Хаҥалас улууhа Наахара нэhилиэктэр төрүттэрэ, 150‑ка кэриҥнээх киhилээх, ийэ ууhа дьон олороллоро
үһү. Бу халыҥ ийэ ууhа ыраах иhиллэр ааттара Наахаралар диэн. Бу дьон Дыгын Боотуртан төрүттээх дьон эбит. Онон кыра быстах ийэ ууhугар улахан суостаах-суодаллаах, чиэстээх-хааннаах дьон эбиттэр. Били Бөрө Бөтүҥ уолаттарын кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар бу наахаралар биир улуу киhилэригэр эргэ тахсан, Бөдьөкө диэн биир уол оҕону төрөппүт. Ол оҕо туран эрэр бүтүн Наахара маанылаах ыччаттара эбит. Икки ыал ийэ уустара төһө да уруулуу, төһө да чугас буолтарын иhин, бэркэ кэлсэн-барсан, сынаҕалаhан билсибэт этилэр, оннооҕор Бөтүҥнэргэ били сиэннэрэ Бөдьөкө кэлэ-бара сылдьыбата үһү. Онон бэйэлэрин икки ардыгар тэйиҥитик олоортор. Ол да буоллар өстөрө суох эбит. Били Бөтүҥнэр уолаттара, Маhарахтан ураты, алта кыра уол саас аайы, Илин, Аллан арҕаа салаа үрэхтэригэр Нуотараҕа, Милгэ бултуу-алтыы баран хаалан бараннар, сайын от үлэтин саҕана киирэр эбиттэр. Бу курдук сааскы өттүгэр бултаан баран, сайын от үлэтин саҕана хас эмэ ат ындыытынан үөлбүт балыгы, хаппыт кыыл, таба, эhэ этин ыҥырдан киирэр үгэстээхтэр. Арай биирдэ күһүн баҕадьы саҕана, Наахаралар чугас­тарынан баҕадьылаабыттар. Ол баҕадьыга Бөтүҥнэртэн, Маһарах ойоҕо, Тиэтэйбит, Боллох, Сэгэттэй буоланнар, түөрт киһи баартар. Тиийэннэр баҕадьылыы сылдьаннар, били сиэннэрэ Бөдьөкө оҕо, таайын Маһарах ойоҕун туойан ыллаабыт. Бөтүҥ уолаттара маны истэн, атаҕастаан элэк туттар дии санаан, сиэннэрин Бөдьөкөнү тутан ылан, охторон сыайатыгар хаары дэлби симпиттэр уонна батыйанан сыайатын тырыта кэйэн кээспиттэр. Бөдьөкө бу курдук атаҕастаммытын Наахара бастаах кырдьаҕастара билбэккэ хаалбыттар. Ол күн үчүгэйдик эйэ дэмнээхтик баҕадьылаан балык таһааран түҥэттэн тарҕаспыттар. Наахаралар киэһэ дьиэлэригэр тиийэн баран, Бөдьөкө атаҕастаммытын дьэ истибиттэр. Ханнык эрэ атах-бытах киһи буолбатах, бүтүн ийэ ууһун маанылаах ыччата атаҕастаммыта барыларын үрдүнэн баттыгас курдук көстүбүт. Биир саамай кырдьаҕастара: «Көр эрэ! Бу маҕай аллаахтар! Биһиги диэтэх сүрдээх ийэ ууһун, Дыгын Боотур удьуордарын — биһигини атаҕастаатахтарын, аны биһиги кинилэр тэпсилгэннэригэр олоруохпут дуо», — диэн ийэтин ууһун бастаахтарын ыҥыртаран сүбэ тэрийдэ, дьэ, бүтүн ийэ ууһа бары да хааннара хамсаабыт. Мустан, сүбэлэһэн баран: «Сэриилэһэр сөп», — диэн тыл буолбут, били, мунньах тэрийбит кырдьаҕастара эттэ: «Өргөлөй Бэргэн ытааччыта бэрт, Тиэтэйбит бөҕөтө бэрт, онон биһиэхэ туруктаах киһи суох, аны сайын улуу тунах буолуор диэри кистии-саба сэрии сэбэ тэриниэххэ. Уонна кыра уолаттар сыл аайы Илин үрэххэ бултуу тахсаллар, ол бириэмэҕэ Маһараҕы быһа тутан өлөрүөххэ, оччоҕо кыра уолаттар, дьаһайар киһилэрэ суох буоллаҕына, бас-баттах киирэн биэриэхтэрэ, билигин ыксаабат уонна хоргутуспут да быһыыны биллэрбэт сөп», — диэн сүбэ тыырахайа тэрийэн биэрдэ. Улуу кырдьаҕас тылыттан туоруохтара дуо, бары сөбүлэһэн тарҕастылар. * * * Салгыытын Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин «Бөтүҥнэр» кинигэтигэр ааҕыҥ. Суруйааччы бу кэпсээнэ орто уонна улахан саастаах оҕолорго ананар. Бу кэпсээн кинигэ буолан «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыта. Кэпсээни
ааҕа олорон киһи харахха ойуулаан көрөрүн курдук олус бэрт уруһуйдардаах. Дьоҕус кээмэйдээх, удамыр сыаналаах кинигэ бэлэххэ олус бэрт.
edersaas.ru сайтан