Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Тулуйуом, эрэлбин үлтү тэпсэллэрин»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Тулуйуом, эрэлбин үлтү тэпсэллэрин»
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.12.2017 16:16
«…Ол саҕана Кэбээйигэ Федора Иннокентьевна Кобякова—Эдьиий Дора олохтоохтору алгыыр, арчылыыр этэ. Мин эдьиий Дораҕа дьиэтигэр тиийэн алгыстаппытым, арчылаппытым. edersaas.ru Ол кэннэ Дьокуускайга кэлэммин «Кут-сүр» киинигэр сылдьыбытым, эмиэ ГРЭС-кэ олорбутум. Эр бэрдэ буоларбар элбэх үөрэҕи ааспытым, эппинэн-хааммынан билбитим, олохпор муспут соһуурбун, куһаҕаммын олоччу аллара дириҥҥэ тимирдибитим. Эдэр сэнэх эрдэхпиттэн эриирдээх суолу туппутум. Албын аана чычаас, кырдьык аана дириҥ. Түгэнтэн үөскүүллэр түөкүннүү санаалар, түгэнтэн үөскүүллэр төрүт өйдөбүллэр. Киһи олоҕо сырдыктаах, хараҥалаах. Киһи тоҥуй, сылаас сыһыаннаах дии. Сырдык тыыннаах олох тыллар, үүнэр, тыгар күн утаҕа. Мин тулуйуом эрэлбин, итэҕэлбин үлтү тэпсэллэрин. Кырдьык үрдүгэр сымыйа өр сыппат. Тулуурбун ыһыктыам суоҕа, туох да иһин иннибин биэриэм суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, мин Сахам сиригэр төрөөбүт-үөскээбит Саха Урааҥхайын, айылҕа оҕотобун…», – диэн суруйар «Мин бу орто дойдуга күн сирин көрбүт үктэлим» диэн кинигэ ааптара. Кинигэ ааптара, Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Александр Захаров куһаҕан санаалаах дьон ыар быһыытыттан сылтаан, инбэлиит буолар дьылҕаламмыта. Александр билигин кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр Капитоновкатааҕы интэринээт-дьиэлэригэр олорор. Кинини билбэт киһи «бу инбэлиит сылдьар» диэбэккин. Куруук күлэн мичилийэ сылдьар, олоххо үчүгэйи эрэ булан көрөр, дьон санаатын өрө көтөҕө сатыыр үтүө санаалаах эдэр киһи. Дьиэтэ-уота суох ускул-тэскил кэриэтэ сылдьан, улаханнык эриһэн туран киирбит интэринээт-дьиэтин боруогун атыллаабытын дьолунан ааҕар. Александр: «… Бу аттыбытыгар утары мыраан көстөн турар, кэннибитигэр үрэх уута устара-сүүрэрэ көстөр, тулабытыгар айылҕа. Ол 31.05.2012 сыл этэ, дьылҕабар махтаммытым», – диэн суруйар. Кырдьыга да, иитиллээччилэрин көрөр-истэр амарах санаалаах, тулуурдаах үлэһиттэргэ хас биирдиилэригэр истиҥ-иһирэх махтал тыллары аныыр интэринээт олохтооҕо элбэҕэ суоҕа буолуо. Буолаары буолан, кинигэҕэ. Александр бу кырачаан, ол эрээри очурдаах олоҕун ыраас мууска ууран биэрбит кинигэтин киһи уйадыйбакка эрэ аахпат. Александр кинигэтэ орто дойдуга кэлбит уол оҕоҕо олоҕу сыаналыырыгар, биирдэ бэриллэр олоххо сиэрдээхтик олороругар сүбэ-ама биэрэр аналлаах. Кинигэни «Медиа-холдинг Якутия» ААУо бэчээттээн таһаарбыт. Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан