Кэпсээ
Войти Регистрация

Уот көстүбүтэ (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Уот көстүбүтэ (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
03.12.2017 21:00
Быйыл интэринээппит аһыллаатын кытта бары мустан олорбуппут хаһыс да хонуга. Сайыны быһа көрсүбэтэх дьон араас кэпсээн да элбэх буоллаҕа. Биир оннук киэһэ бары куукунаҕа мустан, уоту умуруоран баран кэпсэтэ олоробут. Уот барыта умуллан, бары биир остуол тула мустан олорор буоллаххына, ол аата туох эрэ мүччүргэннээх сырыы дуу, эбэтэр абааһы дуу туһунар кэпсэтэр буолуохтааххын. Бүгүн оруобуна оннук кэм. Эмиэ биир да уот суох, хараҥа, таһырдьа саатар ый суох. Хабыс-хараҥа. Бу бириэмэҕэ эмискэ Коля Кузьмин диэн уолбут хараҥа түннүгү ыйа-ыйа: — Ол сылдьар, абааһы! — диэн хаһыытаата. Түннүктэн чугас олорооччулар көрө түспүппүт, кырдьык, банаар уотун саҕа эрээри, хайдах эрэ кыһыллыҥы уонна тоҕо эрэ атын сири, суолу эҥин, сырдаппат уот, суол устун эниэни түһэн тэпилииссэ иһигэр киирэн хаалла. Арыый ыраах олорооччуларбыт көрбөтүлэр да быһыылаах. — Оҕолору сымыйанан куттаамаҥ, абааһы баар үһү дуо, өссө пионердар, хомсомуоллар ээ, — дэһистилэр сорохтор. — Кырдьык, кырдьык. Тоҕо оҕолору куттуохпутуй? — Чэ, чэ, сымыйалаамаҥ, сымыйалаамаҥ! – дэһэн мөккүһэн эрдэхпитинэ уоппут тэпилииссэ иһиттэн тахсан оҕуруот кэлииккэтин аанынан киирэн хоруолуктар турар сирдэрин диэки баран тэпилииссэҕэ мэһэйдэтэн сүтэн хаалла. Оҕо барыта ах бара түспүтэ. Бары бүтүннүү харах буолан хараҥа түннүгү кэтэспиппит. Билигин аҕай баар дуу, суох дуу диэн мөккүһэ аҕай олорбут абааһыбыт аҕыйах хаамыылаах сиринэн уот тутан хаампытыттан соһуйан дуу, сөҕөн дуу, мэктиэтигэр тыыммакка туох буоларын күүтэбит. Кулгаах чуҥкунуур чуумпутун асчыт уонна остуорас үлэтин бииргэ толорор, биһигини кытта интэринээккэ бииргэ олорор саас ортолоох дьахтар тоҕо эрэ олус чаҥкынас куолаһынан: — Па, Иван Алексеевич оҕуруотун көрө сылдьар буолбат дуо, — диэбитигэр бары да соһуйан да, муодарҕаан да эргиллэ түстүбүт. – Оо дьэ, хомсомуоллар да бөҕөлөр, абааһы баар үһү дуо. — Кырдьык да, Иван Алексеевич, учууталбыт сылдьар эбит, — дэһэ-дэһэ аны бары таһырдьа үтүрүстүбүт. Таһырдьа тахсан өрүсүһэ-өрүсүһэ учууталбытын ыҥыран үөгүлэстибит. Учууталбыт кэлбэт да, эппиэттээбэт да… Ол аайы ыҥырар саҥабыт улам уостан, мөлтөөн, уһугар кыараҕас аанынан ким да кэнники хаалымаары үтүрүһэ-үтүрүһэ дьиэҕэ төттөрү кутулуннубут. Ол киирэн хосторбутунан тарҕаһан уку-суку утуйар аатыгар бардыбыт. Сарсыныгар хаһыс уруоктан эбитэ буолла, учууталым Иван Алексеевич ыҥыран ылан: — Эһэҥ аахха барар үһүгүн, — диэтэ. Мин муҥнаах, куһаҕан сураҕы күүтэ сылдьар оҕо, сүрэҕим мөҕүл гыммыта уонна хараҕым уута ыган кэлбитэ. Ону көрдөрүмээри оскуолаттан таһырдьа ыстаммытым. Эһэбин аҕыйах хонуктааҕыта баран көрсүбүтүм. «Өлөрү куоппат буола сытабын, эн бэйэҥ хааллыҥ. Үөрэхтээх эрэ киһи буоллаххына бэйэҥ үчүгэйдик сылдьыаҥ, ийэҕин да иитиэҥ. Үөрэҕи кытаатаар, — диэбитэ. — Мин өллөхпүнэ ытаан эҥин аймана сылдьаайаҕын, киһи барыта өлөр, букатын кэлбит суох, — диэн баран төбөбүттэн сыллаан ылта… — Аны мээнэ кэлимэ, ыҥырдахтарына биирдэ кэлээр. Күн сиригэр саамай
күндүтүк саныыр, төрөппүт ийэбинээҕэр да ордорор баар-суох күндү киһибин кытта бүтэһик көрсүһүүм мин өйбөр билигин итинник хаалбыт. Онон бу «эһэҥ аахха барар үһүгүн» диэн этии миэхэ «эһэҥ өлбүт, барар үһүгүн» диэн иһиллибитэ… Батсааптан.
edersaas.ru сайтан